Кэрэхсэбиллээх көрсүһүү
“Молодая гвардия” издательство «Кэрэхсэбиллээх дьон олоҕо» (ЖЗЛ) сиэрийэтинэн тахсыбыт “Исидор Барахов” кинигэ сүрэхтэниитэ Национальнай бибилэтиэкэҕэ буолан ааста.
Бу күн, тохсунньу 19 күнүгэр, оруобуна 100 сыл анараа өттүгэр Сэбиэттэр бүтүн Саха Сиринээҕи бастакы сийиэстэрэ түмүктэммитэ. Ол сугулааны Исидор Никифорович Барахов тэрийсибитэ. Национальнай библиотека историческай саалатыгар Саха Сиригэр Автономияны төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ, судаарыстыбаннай уонна политическай диэйэтэл Исидор Никифорович Бараховка анаммыт кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. “Бу кинигэни суруйарбар миэхэ өй укпут киһинэн учууталым, учуонай, философия наукатын дуоктара, […]
Айталина Мойтохонова — Сахаайта “Кэрэхсэбиллээх көрсүһүү” бүгүҥҥү ыалдьыта, 2022 с.
Арассыыйаҕа норуоттар култуураларын нэһилиэстибэтин сылынан, Өрөспүүбүлүкэҕэ ИЙЭ сылынан, Үөһээ Бүлүүгэ ИЙЭ ТЫЛ сылынан, Култуура үлэһиттэрин идэлээх күннэрин көрсө О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа кулун тутар 24 күнүгэр буолан ааспыт улууспут киэн туттар, талааннаах, дьоҕурдаах дьонун сырдатар “КЭРЭХСЭБИЛЛЭЭХ КӨРСҮҺҮҮ” бырайыак ыалдьыта, СӨ үөрэҕириитин уонна култууратын туйгуна, СӨ Дархан оһуохайдьыта, СӨ култууратын сайыннарыыга аарыма кылаатын иһин […]
“Кэрэхсэбиллээх көрсүһүү”. Юрий Васильев — Дьураай 60 сааһын көрсө (2021)
СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СР культуратын туйгуна, “Чолбон” рок-группа солиһа, Юрий Васильев — Дьураай үбүлүөйдээх 60 сааһыгар “Кэрэхсэбиллээх көрсүһүү” күндү ыалдьытынан буолла.
Миитэрэй Баппаҕай – “Кэрэхсэбиллээх көрсүһүү” бүгүҥҥү ыалдьыта, 2021 с.
1993 сыллаахха Бүлүү тардыытын чулуу үөрэтээччитэ, 1996 сыллаахха киэҥ Саха Сирин чулуу үөрэтээччитэ, Пеликан-Дейли чэрчитинэн бүтүн Арассыыйа үс чулуу үөрэтээччилэригэр киирбит, бары өттүнэн дэгиттэр, ураты дьоҕурдаах, биллиилээх ойкуолак, ыспарысмыан, худуоһунньук, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Дмитрий Михайлович Баппаҕайы кытта “Миитэрэй Баппаҕайдыын олох туһунан сэлэһэ…” үбүлүөйдээх тэрээһин.
Дапсы Мэхээлэ – “Кэрэхсэбиллээх көрсүһүү” бүгүҥҥү ыалдьыта (2 чааһа)
Михаил Петрович Алексеев Дапсы – биллиилээх саха лиҥкибииһэ, тыл үөрэҕин хандьыдаата. Саха тыла ыраас буоларыгар элбэх сыратын биэрбит чулуу киһибитин кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэһии.
Дапсы Мэхээлэ – “Кэрэхсэбиллээх көрсүһүү” бүгүҥҥү ыалдьыта (1 чааһа)
Михаил Петрович Алексеев Дапсы – биллиилээх саха лиҥкибииһэ, тыл үөрэҕин хандьыдаата. Саха тыла ыраас буоларыгар элбэх сыратын биэрбит чулуу киһибитин кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэһии.
“Кэрэхсэбиллээх көрсүһүү” ытык киһибит Н.П. Корякин – Уран Ньукулай 80 үбүлүөйдээх сааһыгар
Дьон-сэргэ дириҥ сыанабылын, муҥура суох махталын ылар, көҥүл тустууга үөһээ бүлүүлэртэн аан бастаан ССРС спордун маастарын аатын ылбыт, Үөһээ Бүлүү улууһун, “Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин”, Боотулуу, Ороһу нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕун, Спорт уонна Үөрэҕирии бочуоттаах бэтэрээнин Николай Павлович Корякин 80 сааһын көрсө кэпсэтии.
Платон САВВИНОВ — «Кэрэхсэбиллээх көрсүһүүлэр» бүгүҥҥү ыалдьыта, 2020 г.
Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотека «Кэрэхсэбиллээх көрсүһүүлэр» тэрээһинин ыалдьыта биллиилээх хапсаҕайдьыт, Манчаары оонньууларын абсолютнай чемпиона, Россия, Саха Республикатын тустууга спордун маастара Платон Саввинов.
“Суруйааччы айар аартыгынан”
Виртуальная книжная выставка “Олонхо-памятник духовного наследия человечества”
Якутский эпос олонхо, один из выдающихся памятников эпического наследия народов тюрко-монгольского мира, возник в глубокой древности, и исследователи относят его по стадиальной типологии к наиболее ранним типам тюркомонгольского эпоса. Олонхо – величайший памятник устного народного творчества, отражающий в яркой художественной форме образ жизни, мировоззренческие и нравственные принципы народа саха, прежде всего, его вековую мечту о […]