«ТОБУРУОКАП КӨМҮС КҮҺҮНЭ» хоһоон көҥүл түһүлгэтигэр ыҥырабыт
Көмүс күһүн эгэлгэ өҥүнэн киэргэнэн, айылҕабыт тула өттүттэн тупсан турар кэмигэр, Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр балаҕан ыйын 6-7 күннэригэр, норуот бэйиэтэ П.Н. Тобуруокап түмэл уһаайбатыгар, VIIl-с өрөспүүбүлүкэтээҕи «ТОБУРУОКАП КӨМҮС КҮҺҮНЭ» хоһоон көҥүл түһүлгэтигэр ыҥырабыт. Тобуруокап көмүс күһүнүгэр Өрөспүүбүлүкэ 14 улууһуттан айар куттаахтар ону сэргэсаха народнай суруйааччыта, тележурналист, поэт, прозаик Наталья Михалева Сайа, “Күрүлгэн” литературнай […]