АЙАР ТЫЛ МААСТАРДАРА

1957 сыл, тохсунньу 13 күнэ

Сахалыы төрүт үгэскэ, тылга-өскө утумнаан иитиллэн аныгы олоххо үктэммит Үөһээ Бүлүү дьоно-сэргэтэ айар талааннаахтарын өрүү да өрө тутар. 20-тэн тахса суруйааччылар сойуустарыгар киирбит, ол иһигэр 4 бөдөҥ норуодунай суруйааччы, бастакы литературоведтар, тыл үөрэхтээхтэрэ Үөһээ Бүлүү улууһуттан тахсыбыттара. Суруйааччы сойууһугар киирбэтэх уран тыл умсулҕаныгар ылларбыт дьон урут да билигин да үгүстэр.

Филологическай  наука доктора Н.Н.Тобуроков суруйбутунан: «Уран тылы, олоҥхону, ырыаны үрдүктүк сыаналыыр, туохтааҕар да тумус туттар дьон-сэргэ ортотуттан отутус сыллартан ыла бастакы суруйааччылар биллэн-көстөн барбыттара. Оччотооҕуга саҥардыы үөрэххэ умньанан эдэр саха ыччатын үксэ поэзияҕа күүстэрин холонон көрөллөрө, араас псевдонимнарынан биирдии-иккилии эрэ хоһоону бэчээттэппиттэр да элбэхтэр этэ. Аҕа көлүөнэ дьоно: «Эдэр эрдэхпитинэ ким сууккаҕа сүүстүү күппүлүөтү суруйар диэн куоталаһар буоларбыт», – диэн күлсэллэр. Кинилэр сайдыыларыгар Үөһээ Бүлүүтээҕи колхозтаах ыччат оскуолатыгар, Бүлүүтээҕи учуутал техникумугар Федор Винокуров-Даадар курдук, оччотооҕуга поэт быһыытынан хайыы-үйэ биллибит киһиэхэ, Гавриил Федотович Сивцев, Александр Николаевич Николаев курдук киэҥ билиилээх, үөрэнээччилэри уус-уран литератураҕа ураты сыһыаннаһыыга иитэр, айар үлэнэн дьарыктаныыга уһуйар дьоҕурдаах учууталларга үөрэммиттэрэ эмиэ сабыдыаллаатаҕа».

            ЫБСЛКС Үөһээ Бүлүүтээҕи райкомун иһинэн тэриллибит ыччат литературнай түмсүүтэ 1956 сылтан  үлэтин саҕалаабыта. Үөһээ Бүлүүтээҕи комсомол райкомун сэкирэтээрэ Ю.Н.Прокопьев,  ССКП Үөһээ Бүлүүтээҕи райкомун иккис сэкирэтээрэ Г.И. Чиряев тэрийсибиттэрэ. Хаһыаттарга хоһооннорун бэчээттэтэн саҥа суруйан эрэр 20-чэ эдэр дьон  киирбиттэрэ. Олор истэригэр Семен Руфов, Степан Дадаскинов, Иннокентий Винокуров, Капитон Гаврильев, Владимир Иванов ким хоһоон, ким кэпсээн, пьеса, фельетон суруйарга холоммуттара. 1957 сылга эдэр автордар айымньыларын илиинэн суруллубут бастакы хомуурунньуктара таһаарыллыбыта. Оччотооҕуга литературнай түмсүүнү оройуон салалтата иилээн-саҕалаан тэрийсибитэ эмиэ ураты.

Үөһээ Бүлүү улууһуттан 1938 с. бастакынан ССРС Суруйааччыларын Сойууһугар Оноҕоччуттан төрүттээх Г.И. Поскачин киирбитэ. Ити сыл ССРС суруйааччыларын Сойууһугар 12 саха суруйааччыта киирбитэ, олортон биирдэстэрэ Григорий Поскачин. Оччотооҕуга, туспа кинигэлэммит суруйааччы тарбахха баттанан ааҕыллар буоллаҕына кини 3 кинигэтэ бэчээттэммитэ.

Аҕа дойду сэриитигэр талааннаах, айар дьоҕурдаах уолаттар бараннар, сэрии толоонуттан эргиллибэтэхтэрэ — Н.К.Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап, Саха сирин суруйааччыларын бастакы тэрийэр конференцияларын кыттыылаахтара В.К.Иванов-Кустуктуурап, Гаврил Лазарев.

«Төлкө» роман (трилогия) ааптара, саха уус-уран литературатыгар Саха сиригэр промышленность төрүттэниитин ойуулаабыт саха норуодунай суруйааччыта Н.Г. Золотарев-Якутскай, оҕо литературатын классига, саха норуодунай поэта П.Н.  Тобуруокап, тылбаас улахан маастара С.Т. Руфов, поэзия уустук форматынан суруллар сонет маастара,  сахалыы  600 сонеты суруйбут саха норуодунай  поэта В.Т. Сивцев – саха литературатын, искусствотын сомоҕо талааннара буолаллар.

Республикаҕа бастакы литературовед учуонайдар Г.К. Боескоров, Г.Р. Кардашевскай, тюрколог, сахалыы тылы чинчийээччи Ю.И.Васильев-Дьаргыстай, сахалыы иҋэ тыл хараанньыта, эмчитэ М.П.Алексеев-Дапсы – үөһээ бүлүүлэр күөн туттар дьоммут.

            Улуустан тахсыбыт тыл үөрэхтээхтэрэ, суруналыыстара, айар үлэһиттэрэ, ырыаһыттара үтүө үгэстэри умнубакка айа-тута, үлэлии-хамныы сылдьаллар. Айар дьоҕурдаах дьонугар улуус салалтата улахан болҕомтотун уурар. 2012 с. суруйааччылар ыһыахтара Үөһээ Бүлүүгэ аан бастакытын ыытыллыбыта. 2013 сылтан республика араас улуустарын хоһоонньуттара түмсэр, алтыһар түһүлгэлэрэ («Тобуруокап көмүс күһүнэ») тэриллэр.  Биллиилээх суруйааччыларбыт үбүлүөйдээх тэрээһиннэрэ киин куоратынан сылдьан киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэнэр, сылын аайы хастыы да кинигэ бэчээттэнэн тахсар.