Алампа драматургиятын чинчийээччи учуонай Георгий Романович Кардашевскай

1983 сыл олунньу 16 күнүгэр учуонай Георгий Романович Кардашевскай доҕоругар, норуот суруйааччытыгар Д.К.Сивцев — Суорун Омоллооҥҥо «Д.К.Сивцевка-Суорун Омоллооҥҥо — саха литературатын Дарханыгар, аарыма драматурга, сэмэй бэлэҕим, бэлиэм буоллун» диэн илии баттааһыннаах саха литературатын критикатыгар хорсун быһыыны оҥорбут «Досоветская драматургия А.И.Софронова» кинигэтин бэлэх уунар. Билигин Г.Р.Кардашевскай үлэтэ «Таатта» түмэлин улуу суруйааччы Анемподист Иванович Софронов – Алампа нэһилиэстибэтин үөрэтээччилэригэр олук буолар.

Хаартыскаҕа: Г.Р.Кардашевскай каллиграфическай буочарынан Суорун Омоллооҥҥо бэлэх суруга.

Г.Р.Кардашевскай аатын саха тылын уонна история салаатыгар үөрэммит устудьуоннар эндэппэккэ билэллэр.  1959с. СГУ бастакы ректора Авксентий Егорович Мординов ыҥырыытынан, Г.Р.Кардашевскай дьиэ кэргэнин кытта Сунтаартан Дьокуускайга көһөн кэлэллэр.  Кинини  университекка саха литературатын үрдүкү преподавателынан аныыллар. Учуутал Георгий Романович  үгүс устудьуону саха фольклорун чинчийиигэ туһаайбыта. Таатта улууһуттан киниэхэ үөрэммит устудьуоннарынан буолаллар суруйааччылар: Н.Е.Винокуров – Урсун, Ф.Ф.Постников, литературнай критик В.Н.Протодьяконов, хомусчут А.И.Чахов, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ: П.Х.Андросов, М.Н.Колесова о.д.а.

Хаартыскаҕа: Георгий Романович кыһатыгар лыҥкыначчы уһаарыллан тахсыбыт Дыгын сиэттэрэ: бастакы эрээккэ хаҥастан уҥа 1.Хомусчут, мелодист Чахов А.И. 2. Тимофеев М.Е., 3-4 Кэргэннии Вера Петровна уонна Василий Никитич Протодьяконовтар, 5.Данилов Роман — поэт, 6.Стручков Тимофей — самодеятельнай композитор. Тураллар: 1.Алексеев И.Г. 2. Тарабукин В.А. — суруйааччы, 3. Андросов П.Х. -краевед, учуутал, 4. Аргунов Ф.С. -композитор, 5. Дмитриев И.А.- Сиэн Чолбодук — суруйааччы. 1960с.

1960-ус сыллар саҕаланыыларыгар  Алампа Соппуруонап  аата норуотугар төннө илик кэмэ этэ.  Үс классик суруйааччыны А.Е.Кулаковскайы, А.И.Софроновы, Н.Д.Неустроевы 1944 сыллаахтан көмүскээн кэлбит  профессор Георгий Прокопьевич Башарин 1969с. “Анемподист Иванович Софронов: жизнь и творчество» саҥа кинигэтэ бэчээккэ тахсыбыта.  «Почти около четверти века назад была написана моя работа «Три якутских реалиста-просветителя». На протяжении двух с лишним десятков лет она принесла мне, как автору, много радостей и неприятностей. Однако основные положения моей книги, несмотря на ее недостатки, отдельные сырые и ошибочные места, выдержали бешеные натиски субъективных критиков и испытание времени. Положительная оценка жизни и деятельности трех писателей, их литературного творчества, данная в упомянутой работе, не только подтверждается, но и значительно расширяется и углубляется в статьях, очерках и высказываниях исследователей, относящихся к последнему времени…». Онон Георгий Прокопьевич  саха литературатын чинчийээччилэргэ саҥа сорудах туруорар. Ол курдук, үөһээ ааттаммыт үлэтигэр суруйар: «Исправление ошибочных, устаревших выводов и положений по мере выявления новых фактов, накопления новых данных — один из основных объективных законов развития науки. Только что отмеченная несправедливость, допущенная по отношению к Софронову в книге «Три якутских реалиста-просветителя», должна быть исправлена в свете успехов науки, достигнутых за последние двадцать с лишним лет, а также вновь открытых архивных документов, особенно документов о ссылке Анемподиста Ивановича по ложному обвинению, в свете фактов и выводов изложенных в настоящей работе». Мантан сабаҕалаатахха Георгий Романович Кардашевскай учууталын Г.П.Башарины утумнаан А.И.Софронов-Алампа нэһилиэстибэтин үөрэтиини дириҥ хорутуулаахтык ылсыбыта.

Хаартыскаҕа: СГУ-га саха литературатын үрдүкү учуутала -Георгий Романович Кардашевскай. Г.Р.Кардашевскай архыыбыттан.

1964-1965 сыллаахха Г. Р. Кардашевскай, Г. К. Боескоров суруйааччы А.И.Софронов  талыллыбыт айымньыларын икки томнаах кинигэтин хомуйан бэчээккэ таһаараллар. Киирии тылын Георгий Романович суруйар: “А.И.Софронов — төрөөбүт норуотун культуратыгар, кини өй-санаа өттүнэн баайыгар «өлбөт-сүппэт өҥөнү оҥорбут, сахалыы суругунан уус-уран литератураны төрүттэспит үтүмэн үтүөлээх биир бастакы аарыма суруйааччы буолар. Кини айбыт айымньыларын критическэй кылаанын сытыыта, тупсаҕай мастерствота, уурбут-туппут курдук уран тыла-өһө, нарын чувствота куруук кэрэхсэнэрэ, билигин да кэрэхсэнэр. Софронов бастыҥ суруйуулара биһиги литературабытыгар бүгүҥҥэ диэри чулуу холобурунан көстөллөр. Ол иһин даҕаны кинилэри норуот таптыыр, үрдүктүк сыаналыыр…». Кинигэ бэчээттэнэр төрүөтүнэн революция иннинээҕи саха суруйааччыларыгар сөптөөхтүк сыһыаннаһыы, биллэрин курдук, партия уобаластааҕы комитетын бюротун 1962 сыллааҕы олунньу 16 кунүнээҕи «Саха литературатын историятын сорох боппуруостарын сырдатыыга алҕастары көннөрөр туһунан» диэн уурааҕын кэнниттэн эрэ үөскээбитин бэлиэтиир. Кинигэ бастакы чааһыгар Алампа “Дьадаҥы Дьаакып”, “Таптал”, “Олох дьэбэрэтэ”, “Кэччэгэй кэриэһэ суох”, “Олох оонньуура”, “Манчаары”, “Эргэ сүктэр кыыс”, “Таҥара накааһа”,  “Эргэттэн саҥаҕа” драматическай айымньылара бэчээттэммиттэрэ. Иккиһигэр суруйааччы кэпсээннэрэ, очеркалара, хоһонноро уонна поэмалара талыллан киирбиттэрэ.  Отучча сыл бобууга сылдьыбыт, норуот илиитигэр тиийбэккэ хаалбыт Алампа айымньылара бэчээттэнэн, ааҕааччыларга улахан бэлэх буолбута.

Мантан сэдиптээн, бэчээккэ Г.Р.Кардашевскай Алампаҕа анааллаах ыстатыйалара бэчээккэ утуу-субуу тахсыбыттара. Суруйааччы төрөөбүтэ 80 сылыгар 1966с. «Хотугу сулуска» үбүлүөйдээх таһаарыыны бэлэмниир. Кини ыстатыйатыгар Алампа Соппуруонап айымньылара  ХХ үйэ саҥатынааҕы Саха сирин олоҕун  сиэркилэтинэн  уонна энциклопедиятынан сыаналыыр. Сурунаалга А.И.Софронов «Албыннаппыт», «Колхозтаах оҕонньор» кэпсээннэрэ, «Оннук-маннык дьоҕустар» диэн суруйааччы 1911-1915сс. күннүгүттэн бэлиэтээһиннэриттэн Г.Р.Кардашевскай тылбааһа, Н.М.Заболоцкай «Быыс муннугун сэгэтэн көрдөххө»  ыстатыйата киирбиттэр.

Ити сыл Георгий Романович «Пробуждение трудового крестьянства (из опыта трактовки образов драмы «Бедный Яков», «Большой художник слова»,  1969с. «О драматических произведениях А.И.Софронова», «Идеи эмансипации женщины в драме А.И.Софронова», 1970с. «А.И.Софронов «Таптал» диэн драмата», 1971с. «Бүдүрүйбүт көммөт» о.д.а. үлэлэрэ бэчээккэ тахсыталаабыттара.

Георгий Романович Алампа алтыспыт доҕотторун,аймахтарын кытта суругунан билсэн, ахтыы хомуйара. Тааттаттан төрүттээх М.Г.Слепцову, Г.А.Елисеевы, Л.Н.Григорьеваны уонна Алампаны тиһэх күннэригэр-дьылларыгар көрбүт-истибит Иван Николаевич Большаков кэргэнин Анастасия Аммосовна Большаковалыын суруйсуулара туоһулууллар.

1975 сыллаахха Георгий Романович олоҕор биир суолталаах түгэнэ тосхойор. Сүүрбэччэ  сыл үөрэппит, олоҕун кэрчигин анаабыт тиэмэтигэр «Саха классик суруйааччыта А.И.Софронов-Алампа сэбиэскэй кэм иннинээҕи драматургията” диэн кандидатскай үлэтин көмүскүүр. Научнай салайааччытынан РСФСР уонна САССР наукаҕа үтүөлээх деятелэ, профессора Г.П.Башарин, официальнай оппоненнарынан филологическай наука доктора, профессор А.А.Белоусов, филологическай наука кандидата А.Ф.Алексеев буолаллар.

1976 сыллаахха Саха сирини кинигэ издательствотыгар Г.Р.Кардашевскай «Софронов Анемподист Иванович. Хоһооннор, поэмалар»  кинигэтин хомуйан таһаарар. Бу таһаарыы А. И. Софронов хоһоонноро, поэмалара 1965 сыллаахха бэчээттэммит «Талыллыбыт айымньылар» 2-с томун матырыйаалларыгар сүрүннэнэн тахсыбыттара. Айымньылары наардааһын хронологическая принцибинэн оҥоһуллубута.

Георгий Романович суруйааччы А.И.Софронов олоҕун уонна кини эйгэтин  сырдатар историческай хаартыскалары мунньара. Хаартыскаҕа  баар дьону барыларын кэриэтэ туоһулаһан, ааттарын-суолларын суруйар идэлээҕэ. Кини буочара каллиграфия бастыҥ холобурунан буолар. Чинчийээччи  биир санаалаахтарын кэккэлэригэр Чөркөөхтөөҕү түмэл бастакы салайааччыта Людмила Николаевна Григорьева киирэр. Кинилэр элбэх хаартыскалары ылсан-бэрсэн, билбиттэрин  үгүһү суруйан хаалларбыттара. Элбэхтэн биир холобуру аҕаллахха, Г.Р.Кардашевскай архыыбыгар Л.Н.Григорьева Алампа убайа — Василий Иванович Софронов учуутал хаартыскатын бэлэх ууммут. Хаартыска кэннигэр суруктаах: “Георгию Романовичу от Л.Григоьевой 7/V-74г”. Георгий Романович уонна Людмила Николаевна доҕордоһууларын бэлиэтинэн  учуонай киниэхэ анаабыт хоһооно буолар.

                                                  Таатта кыыһыгар

                                                                            Людмила Николаевна Григорьеваҕа

Саҥа дьыл үүнүүтүн,

Саҥа дьол кэлиитин

Айхаллыыр күннэргэ

Алгыспын эн тутууй:

Ыалдьары — сүтэри

Ыыра диэн билимэ,

Эрэйи-буруйу

Илистэ көрсүмэ.

Эҕэрдэ эркиннэн,

Айхал диэн аргыстан,

Дьол диэн тускулан,

Үөрүү диэн үрбэлэн!

Уостаргар мичээрдээх,

Уолуккар кыымнардаах,

Олоххор эрэллээх

Ороҥҥор ханыылаах

Кыыс дьахтар буолаҥҥын

Кылбаарый чаастаргар.

Кэскилиҥ кэҥиэхтин –

Килбэчий саастаргар.

                                                                   1979с. ахсынньы.

1982 сыллаахха  Г.Р.Кардашевскай наукаҕа киирбит үлэтэ туспа кинигэ буолан тахсар. Бу үлэ саха литературатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрин А.И.Софронов – Алампа айымньыларын научнай уонна литературоведческай өттүнэн үөрэтиигэ бастакы холонуу буолар. Чинчийээччи үлэтэ түөрт бастан турар.  Бастакы баска Алампа —  саха литературатыгар драма көрүҥүн төрүттээччи быһыытынан сырдатыллар. Иккис баска 1914с. суруллубут  “Дьадаҥы Дьаакып” драмататын уус-уран, эстетическэй уонна тыл өттүнэн араҥатын үөрэтэр холонуу оҥоһуллубут. Үһүс баска «Таптал», «Олох дьэбэрэтэ» айымньыларыгар олоҕуран, ХIХ-ХХ үйэ ыпсыытыгар сытыытык турар саха дьахталларын батталаах олохтон босхолонууларын, эр дьону кытта тэҥ бырааптаахтарын арыйар. Төрдүс баска «Бүдүрүйбүт көммөт» айымньы дириҥ психологическай ис хоһоонун ырытар. Г.Р.Кардашевскай  Алампа сэбиэскэй кэм иннинээҕи драматургиятын дьиҥнээх олоҕу, кини итэҕэстэрин, кыһалҕаларын арыйан көрдөрөр улахан суруйааччынан сыаналыыр. Кини дьиҥнээх олох уонна уопсастыба мөкү өттүлэрин, холобур, социальнай тэҥэ суох буолууну, дьон майгытын итэҕэстэрин уобарастарыгар чаҕылхайдык арыйар.

1987 сыллаахха алаас уола Алампа биир дойдулаахтара, Дьохсоҕон нэһилиэгин олохтоохторо Николай Иосифович Слепцов  уонна Егор Иннокентьевич Посельскай Алампа төрөөбүт алааһыгар Оккуодайга өйдөбүнньүк бэлиэ туруорбуттара. Онно тимир ылтаһыҥҥа учуонай Г.Р.Кардашевскай этиитин суруйбуттара: «Софроновы ситэри, толору сыаналыыр ыарахан курдук көрөбүн. Кини саха дьолугар дэҥҥэ кэлэн чаҕылыс гынан ааһар муҥура биллибэт кыахтаах талааннаах дьоннортон биирдэстэрэ этэ: драматург, прозаик, поэт, критик, тылбаасчыт, общественнай деятель — киниэхэ туох барыта баара, ону барытын кини кыайа тутара».

Хаартыскаҕа:1987с. Оккуодайга Алампаҕа аналлаах бэлиэ. Н.Григорьева түһэриитэ, 2025с.

Георгий Романович 1970-1980сс. Саха сирин национальнай оскуолаларын институтугар саха литературатын учебниктарын оҥоруунан пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ.

Учуонай – литературовед Георгий Романович Кардашевскай дьылҕата остуол ньуурун курдук көнө буолбатах этэ. Норуот өстөөҕүнэн, буржуазнай националиһынан сыыһа ааттаммыт Алампаны сэргэ саха литературатын историятын сырдатыыга В.В.Никифоров — Күлүмнүүр, С.А.Зверев-Кыыл уола, Н.М.Андреев -Түгүнүүрэп ааттарын үйэтитиигэ элбэх утарсыыны көрсүбүтүн туһунан профессор В.Б.Окорокова, дьиэ кэргэнин  ахтыытыттан билэбит.

2025с. сайын Г.Р.Кардашевскай улахан кыыһа, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Галина Георгиевна Алексеева, кини уола Георгий Алексеев уонна сиэнэ аҕалара, эһэлэрэ Г.Р.Кардашевскай чинчийбит, улуу суруйааччыбыт А.И.Софронов-Алампа төрөөбүт дойдутугар Тааттаҕа ыалдьыттаабыттара.  Кинилэр маҥнай Чөркөөхтөөҕү политическай сыылка историятын кэрэһэлиир түмэлгэ Георгий Романович кандидатскай үлэтин харатын көрөн билсибиттэрэ. Салгыы Чөркөөхтөөҕү түмэл салайааччыта Михаил Александрович Протодьяконов салайыытынан, ыалдьыттар «Таатта» түмэлигэр Алампа көмүс уҥуоҕар, кини төрөппүттэрин сайыҥҥы дьиэлэригэр сылдьыбыттара.  Галина Георгиевна аҕатын сырдык мөссүөнүн Алампа аатын үйэтитээчилэр кэккэлэригэр көрөн, аҕатын туһунан кылгастык ахтан ааспыта. Түмэл сырдатар үлэтин суолтатын өйдөөн, учуонай – литературовед Георгий Романович Кардашевскай бэчээттиир массыынаҕа таҥыллыбыт, бэйэтин эт илиитинэн көннөрүллүбүт үлэтин Кардашевскайдар дьиэ кэргэн аатыттан бэлэх ууммуттара. Галина Георгиевна дойдутугар I-кы Хомустаахха тиийээт,  аҕатын баай архыыбыттан, үгүс  матырыйаалы таҥан, Таатта дьонугар анаан куйаар ситиминэн ыыттарбыта. Онон «Таатта» түмэлин аатыттан Галина Георгиевна дьиэ кэргэнигэр уонна кини көмөлөһөөччүтүгэр Елена Москвитинаҕа махтанабыт.

Хаартыскаҕа: Г.Р.Кардашевскай сыдьааннара Алампа сайыҥҥы дьиэтигэр. Чинчийээччи Г.Р.Кардашевскай ыччаттара «Таатта» түмэлгэ бэлэхтэрэ — Г.Р.Кардашевскай «Досоветская драматургия А.И.Софронова» кандидатскай үлэтэ.

Быйыл 2026 сыл ыам ыйын 6 күнүгэр учуонай -литературовед  Г.Р.Кардашевскай төрөөбүтэ 110 сылын, онтон сэтинньи 14 күнүгэр,  улуу суруйааччы А.И.Софронов — Алампа  төрөөбүтэ 140 сылын туолуохтара. Саха бөлүһүөгэ Авк.Е.Мординов эппитинии “Кэскиллээх норуот кэрэхсэбиллээх дьонун кэриэстиир” ытык иэстээхпит.

Хаартыскаҕа:Алампа төрөөбүтэ 90 сылыгар суруйааччылар, учуонайдар кини уҥуоҕар. Хаартыска кэннинээҕи Г.Р.Кардашевскай бэлиэтээһиниттэн: 1.Шевков, 2. Филиппов П.И., 3.Чиряев В.Г. 4. Данилов С.П., 5.Сивцев Д.К.-Суорун Омоллоон, 6. Новиков В.М.-Күннүк Уурастыырап, 7.Миронов Вениамин, 8. Копырин Николай, 9.Егоров А.,10. Архипов И.Д., 11. Федосеев И.Е. - Доосо, 12. Попов Л.А., 13. Яковлев В.В., 13. Кардашевскай Г.Р. 13.11.1976с. Матырыйаалы бэлэмнээтэ Александра Постникова «Таатта» түмэлин пуондаҕа үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна.

Матырыйаалы бэлэмнээтэ Александра Постникова «Таатта» түмэлин пуондаҕа үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна.