Богданов Василий Ефремович

Баһылай – мааны киһи

Киһи барахсан дьылҕата араас. Баһылай аҕата Сургуулукка кини уончалааҕар өлбөтөҕө буоллар, дьиэнэн Дүллүкүгэ көһөн киириэхтэрэ суох этэ. Онно таайдарыгар Боруораҥҥа чугаһаан, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн олорбуттара. Тиийиммэт-түгэммэт буолуу кыһалҕата Баһылайы оскуолаҕа үөрэммэт дьылҕалаабыта. Онон киһини билэр буолуоҕуттан сайынын от мустаран, оҕустаран, кыһынын холкуоска от-мас тиэйэн улааппыта. Онно табаарыһа Ньукулай Павловы кытта «эн-мин» дэһэн, эмдэй-сэмдэй үөскээбиттэрэ, билигин даҕаны истиҥник көрсөллөр, үөрэллэр-көтөллөр.

Түөрт кылаас үөрэхтээх диэн мыымматахтара. 1944 с. сайыныгар аармыйаҕа ыҥырыллан, Японияны кытта сэриигэ киирсибитэ. Онно икки аҥаар сууккаҕа өҥүрүк куйааска истиэп устун иһэр уута суох айаннаабытын санаатаҕына, билигин даҕаны тамаҕа хатарга дылы гынар. Оннук утатан, эстэн-быстан иһэр дьон эмискэ элбэх ууну иһэннэр өлбүт түбэлтэлэрэ кытта баар буолара. Сэрэтии баарын үрдүнэн харахтара хараҥара сылдьар дьон туттунар кыахтара суох буолаллар эбит.

Уоттаах киирсии Хинган хайатын тэллэҕэр буолбута. Онно биир дивизия улахан утарсыыны көрсүбүтүгэр «Катюшанан» лигийэ түһэн ылбыттарыгар, киирсии намыраабыта уонна дьоппуоннар чугуйан барбыттара. Онтон хайаны туораан элбэх киһини билиэн ылбыттара, сотору бэриммиттэрэ, кыайыы-хотуу өрөгөйүн билбиттэрэ.

— Салгыы Харбин куоракка улахан тутуулары, тимир суоллары манаатыбыт. Доруобай уолаттары талан Норильскайга ыыттылар, онно хабылынным, собуоттарга үлэлиир билиэннэйдэри харабыллыыбыт. Ол сылдьан 1950 с. дьэ саллааттаан бүтэн, Дүллүкүгэ кэллим. Семенов Аскалон диэн уолу кытта милииссийэҕэ киирдибит, 1960 с. Бүлүүгэ Василий Григорьев тутар биригээдэтигэр киирдим, — диэн Баһылай Богданов олоҕун түгэннэрин туһунан кэпсии олордо.

Тутууга киирбит иккис сылыгар биригэдьииринэн анаабыттара. Үөһээ Бүлүү уолаттара Андрей Львов, Дмитрий Струкин Бүлүү куоратын көстүүлээх тутууларын барытын туппуттара. Куоталаһан, тэбиэһирэн туран үлэлээбиттэрэ. Василий Ефремович ол саҕана туппут кулуубун, оҕо санаторийын, 2-с №-дээх оскуолатын, Бөтүҥҥэ мөлүйүөннээх хотонун аттынан аастаҕына кыайар-хотор эдэр сааһын саныыр, хойут үтүөкэннээх тутааччылар буолбут доҕотторун ахтар-саныыр. Кинилэр ортолоругар Валерий Кузьмин, Антон Трофимов, Клим Борисов бааллара.

— Үйэлээх сааспар дьон олорор дьиэтин тутар үлэҕэ сылдьыбыппынан киэн туттабын, — диир Ленин, «Бочуот бэлиэтэ», Аҕа дойду сэриитин уордьаннарын кавалера, Бүлүү куоратын бочуоттаах гражданина Василий Ефремович Богданов.

Кини билигин ааспыты, буолбуту эргитэ санаатаҕына, дьон-сэргэ ортотугар дьоһуннаах олоҕу олордо. «Маны Богданов биригээдэтэ оҥорбута» диэн дьон үөрэ-көтө кэпсэтэллэрин үгүстүк истиллэрэ. Аймах-доҕор дьоно кини үтүөкэннээх үлэһит киһи буолбут суон сураҕынан, үрдүк аатынан киэн тутталлара.

Александр Самсонович Архипов

 “Саха сирэ” хаһыат,  1995 с., алтынньы 10 к.