Васильев Степан Иннокентьевич

Үөһээ Бүлүү оройуонун Туобуйа нэһилиэгэр 1925 сыллаахха дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Бэрт эдэр сааһыттан колхоз үлэтигэр эриллибитэ. 1943- 44 сс. нэһилиэгэр ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

1944 сыллаахха Васильев С. И. Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллан 1945 сылга дылы сулууспалыыр. Аармыйаттан эргиллэн баран колхоһугар үүт-таабарынай ферматын сэбиэдиссэйинэн ананар. Онтон икки сыл буолан баран үөрэххэ барбыт Платонов С. Н. солбуйан Молотов аатынан колхоз правлениетын председателинэн талыллар.

Васильев С. И. колхоз председателинэн талыллан баран сылгы иитиитигэр кэскиллээх саҕалааһыннары тиһэҕэр тиэрдэри ситиспитэ. Ол курдук, хас биирдии үөрдэринэн бастайааннай, анал мэччирэҥнэр сыһыарыллыбыттара. Онно сылгы таптаан тохтуур, сөбүлээн аһыыр отгоох сирдэрэ анаммыттара. Ити мэччирэҥнэр атын сүөһүнэн тыытыллыбаттара хааччыллыбыта. Степан Иннокентьевич сылгыһыттар олорор-үлэлиир усулуобуйаларын хааччыйыыны болҕомто киинигэр туппута. Тус бэйэтинэн ыйга биирдэ хайаан даҕаны сылгылары кэрийэн көрөрө, ырыган сылгыны арааттаран эбии аһылыкка туруортарара. Сайынын хас биирдии биэҕэ 2 тонна, субай сылгыга 1,5 тонна от бэлэмнэнэрин ситиһэрэ.

Степан Иннокентьевич ордук үөр атыырдарын сүүмэрдээһини болҕомтолоохтук ыыталларын ирдиирэ. Кыһынын сэтинньиттэн олунньу ыйга дылы атыырдары үөрдэриттэн араартаран аналлаах аһатыыга туруоралларын модьуйара. Саас үөрдэри сүүмэрдээһин ыам ыйынан ситэриллэрэ. Маннык технологиянан сылгыны көрүү-истии, иитии үтүө түмүктэри аҕалбыта. Ол курдук, 1946 сыллаахха 40 биэттэн 25 кулун ылыллыбыт буоллаҕына, 1947 сылга 60 биэттэн 54, 1948 сылга 62 биэттэн 62 кулун төрөөбүтэ.

Молотов аатынан колхоз сылгы иитиитигэр уһулуччу үрдүк көрдөрүүлэри ситиспитин иһин ССРС Верховнай Советын Президиумун 1949 сыл бэс ыйын 30 күнүнээҕи Ыйааҕынан колхоз правлениетын председателигэр Степан Иннокентьевич Васильевка итиэннэ бу колхоз сылгыһытыгар А. Н. Саввиновка Ленин орденын уонна “Сиэрпэ уонна Өтүйэ” кыһыл көмүс медалы туттаран туран Социалистическай Үлэ Геройун үрдүк аата иҥэриллибитэ.

Степан Иннокентьевич Васильев 1949-52 сс. Дьокуускайдааҕы колхозтар салайар кадрдарын бэлэмниир оскуолаҕа үөрэммитэ. Кини ити оскуоланы бүтэрэн баран Үөһээ Бүлүүтээҕи партия райкомун тыа хаһаайыстыбатын отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, онтон райсовет исполкомун председателин солбуйааччынан анаммыта.

Степан Иннокентьевич үһүс ыҥырыылаах ССРС Верховнай Советыгар депутатынан талыллан быыбардааччыларын накаастарын толорууга үтүө суобастаахтык, үрдүк эппиэтинэстээхтик ылсыһан үлэлээбитэ.

Степан Иннокентьевич Васильев бэрт кылгас буолан баран чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта, баара-суоҕа 35 сааһыгар партия райкомун аппаратыгар үлэлии олорон 1960 сыллаахха тохсунньу 25 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ.

Ю. И. Васильев

Үөһээ Бүлүү. Бэҕэһээ. Бүгүн. Сарсын /[хомуйан оҥордо П. И. Докторов].- Дьокуускай: Кудук, 2001.- С. 32-33.