
Республика биллиилээх учууталларыттан биирдэстэрэ, Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии активнай кыттыылааҕа, РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, ССРС норуотун үөрэҕириитин туйгуна Николай Васильевич Егоров 1903 сыллаахха Бүлүү уокуругар Куорамыкы сэлиэнньэтигэр үөрэҕэ суох саха бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
Кинини сэттэ саастааҕар Прокопьев диэн политсыылынай сурукка-бичиккэ үөрэппитэ, онон кыракый Коля ааҕар суруйар буола охсубута. Үөрэх туһатын билэн, Коляны төрөппүттэрэ 1915 сылга Үөһээ Бүлүү түөрт кылаастаах оскуолатын бүтэттэрбиттэрэ. Үчүгэй үөрэнээччинэн биллэн, үөрэппит учууталлара үөрэҕин салҕыырыгар сүбэлииллэрэ. Онон Бүлүү үрдүкү начальнай училищетыгар үөрэнэ киирбитэ.
Коля революция саһарҕатын көрсүһэ Бүлүүгэ үөрэммитэ. Бу бириэмэҕэ кини олоҕу билиитигэр тосту уларыйыылаах кэм үөскээбитэ. Үөрэнэр кэмнэригэр кини Бүлүү хаайыытыгар олорбут Н. Г. Чернышевскай, поэт Павло Грабовскай тустарынан аан маҥнай билбитэ.
Бүлүү оскуолатын бастакы комсомолецтара Маркел Бубякины, Илья Староватовы, Лев Антоновы, Николай Нюрбинцевы, Иннокентий Санниковы о.д.а. кытта доҕордоспута. Онон Коля Егоров революционнай ыччат кэккэтигэр киирбитэ.
17 саастаах Коля Егоров Үөһээ Бүлүү улууһун ревкомун суруксутунан ананан баайдар ходуһаларын сирин ылаттаан дьадаҥыларга биир тэҥник үллэрсиигэ көмөлөһөр. Н. Егоров үөрэҕэ суох хараҥа норуот сырдыкка-кэрэҕэ тардыһыытыгар, өйө-санаата уһуктуутугар элбэх сыратын биэрэн үлэлээбитэ. Н. Егоров оскуолаҕа уопсайа отучча сыл үлэлээбитэ. 1920-1921 сыллаах үөрэх дьылыттан ылата оскуола үлэтин системата уларыйбыта. Николай Егорович 1922 сылга Ньурба уеһыгар биир кылаастаах оскуолаҕа учууталынан анаммыта. Түөрт кылааска 30-ча оҕолооҕо. Саҥа үлэлээн эрэр учууталга түөрт кылааһы биир сменаҕа тэҥҥэ үөрэтии ыарахан этэ. Ол эрээри үлэлииргэ баҕата, оҕолору кытта бииргэ сылдьыыта, кинилэр санааларын билэргэ дьулуһуута учуутал быһыытынан кыһамньылааҕын көрдөрбүтэ. 1924 сыллаахха Н. В. Егоров Үөһээ Бүлүү сэттэ группалаах оскуолатыгар анаммыта. Бу оскуолаҕа опыттаах биллибит-көстүбүт Е. К. Припузова, С. Н. Жирков, Н. К. Булкин курдук учууталлары кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиир, кинилэртэн элбэххэ үөрэнэр.
Хайа-үйэҕэ үчүгэй учууталлар ахсааннарыгар киирбит, билиигэ-көрүүгэ баҕалаах эдэр учууталы республика үөрэҕин наркома Тааттаҕа Э. К. Пекарскай аатынан Игидэй оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн анаан ыытар. Ити Москва, Ленинград бастыҥ оскуолаларын көрөн, элбэҕи билэн кэлэрин кытта буолбута.
1929-30 үөрэх дьыла үгүс уратылааҕа. Үөрэх-иитии үлэтигэр уларыйыылар киирбиттэрэ. Сир түҥэтигэ ылыныллыбыта, кулаагы кылаас быһыытынан букатыннаахтык эһии барбыта, биирдиилээн ыаллары холбоһуктааһын тэриллибитэ. Итиннэ барытыгар Николай Васильевич активнайдык кыттыбыта.
Э. К. Пекарскай аатынан оскуола бастыҥ үлэлээҕинэн биллэн опорнай көрдөрүүлээх оскуоланан ааттаммыта. Чугастааҕы оройуоннар оскуолаларын учууталлара көрө-истэ, опыт атастаһа, үөрэнэ манна кэлэр буолбуттара. Ол оскуолаҕа Н. В. Егоров диэн сатабыллаах үөрэҕи салайааччы баарын, бочуоттаах академик Э. К. Пекарскай кытта билбитэ. Кини оскуолаҕа суруга, көмөтө элбэхтик кэлэр буолбута. 1931 с. ахсынньы 3 күнүгэр Э. Пекарскай суруйбута: «Ытыктабыллаах, Николай Васильевич! Эн оскуола туһугар сыламтата суох үлэҕин эҕэрдэлиибин уонна махтанабын… Мин бэйэм өттүбүттэн оскуолаҕа туох кыалларынан барытынан, көмөлөһүөм». Э. К. Пекарскай бэйэтин библиотекатыттан, академиятыттан элбэх кинигэлэри, пособиелары ыыттарбыта. Ол түмүгэр оскуола баай библиотекалаах, үчүгэй тэриллээх, физика, химия кабинеттардаах, музейдаах буолбута.
Н. В. Егоров Игидэйгэ олорон научнай-исследовательскай үлэтин саҕалаабыта. 1930 сыллаахха Г. П. Хоютановы, Н. Е. Афанасьевы кытта «Сайдыы суола» диэн кыра үөрэхтээх дьон ааҕар кинигэтин таһаартарбыта. Программаны, методическэй пособиелары оҥорууга, тылбаастааһыҥҥа кыттыбыта. Үһүөйэх эрэ сыл эрчимнээхтик үлэлээн нэһилиэнньэ дириҥ ытыктабылын ылбыт Николай Васильевиһы атын сиргэ ыытар буолбуттара.
Н. В. Егоровы Мэҥэ-Хаҥаласка Хаптаҕай сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үлэлэтэллэр. Ханна хаалыылаах, мөлтөх оскуола баарый да, онно кинини ыытан иһэллэр этэ. Хаптаҕай оскуолатыгар 7 сыл үлэлээн оскуоланы бастыҥнар кэккэлэригэр таһаарбыта.
Н. В. Егоров Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ кытаанах санаалааҕын, тулуурдааҕын көрдөрбүтэ. Рядовой саллааттан отделение, кэлин взвод командира буолан, Сталинград аттыгар Орловскай-Курскай Тоҕойго хорсуннук сэриилэспитэ. Кини Украина, Молдавия хонууларыгар кыргыспыта, Болгарияны, Румынияны, Польшаны, Чехословакияны, Венгрияны босхолоспута уонна бэйэтин бойобуой суолун Австрия столицатыгар Венаҕа түмүктээбитэ. Николай Васильевич немецтары кытта хорсуннук сэриилэспитин иһин Верховнай командование 13 төгүл махтал грамоталарын ылбыт. Дойдутугар кыайыы көтөллөнөн кэлиитигэр Кыһыл Сулус орденнааҕа, 5 бойобуой мэтээллээҕэ. Сэрии кэнниттэн Дьокуускай куорат 2-с №-дээх орто оскуолатыгар сэттэ сыл үлэлээбитэ.
Н. В. Егоров республика биир биллиилээх методиһа. 1954 сылтан олоҕун тиһэх күннэригэр тиийэ 28 сыл устата учууталлар идэлэрин үрдэтэр республикатааҕы институт педагогикаҕа уонна начальнай кылаастарга кабинеттарын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Үйэ чиэппэриттэн ордук кэм устатыгар методист быһыытынан улахан научнай методическай үлэни ыыппыта. Сылга хастыы да оройуоннарга сылдьан уонунан оскуолалары хабара. Бастыҥ үлэлээх оскуолалар, учууталлар опыттарын тарҕатара. Атын уобаластарга, республикаларга сылдьыталаан, кинилэр үчүгэй өрүттэрин дойдутугар эмиэ аҕалан тарҕатара. Ордук эдэр учууталларга куруутун аҕа табаарыс, убай быһыытынан сыламтата суох сүбэ-ама биэрэрэ. Киһи, үлэһит, үтүө өттүн бэлиэтии көрөрө, итэҕэһи-быһаҕаһы айдаана суох ыйан биэрэрэ.
Энтузиаст педагог элбэх нэһилиэстибэни хаалларда. Бэчээттэммит научнай методическай үлэлэрдээх. Ити иһигэр алта учебник, оскуолаларга үөрэтэр историческай пособиелар автордара. 1925 сылтан республика хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар, киин да сурунаалларга уонунан ааҕыллар методическай ыстатыйалары суруйбута. Н. В. Егоров 60 сыл устата сыламтата сүох үлэлээбит олоҕо, айар методическай үлэтэ оскуоланы, республика учууталларын кытта быстыспат ыкса сибээстээҕэ. Н. В. Егоров өр сыллаах эҥкилэ суох педагогическай-методическай үлэтин партия, Советскай правительство үрдүктүк сыаналаабыта. 1947 сыллаахха Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, 1962 сыллаахха РСФСР оскуолатын үтүөлээх учууталын үрдүк аата иҥэриллибитэ. Ленин орденынан уонна Үлэ Кыһыл знамята орденынан наҕараадаламмыта.
Н. АНДРОСОВ