Поэт, журналист. Аҕа дойду сэриитин буойуна.

Үөһээ Бүлүү оройуонун Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1933 с. “Колхоз суола” хаһыат (Бүлүү оройуона) редактора. 1934 с. Саха сирин суруйааччыларын бастакы конференцияларыгар дэлэгээтинэн талыллан кыттыбыта. Онтон 1937 с. Өлүөхүмэ “Колхозтаах” хаһыатын редакторынан үлэлээбитэ.
Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмытыгар баҕа өттүнэн фроҥҥа барбыта. Политсастаабы үрдэтэр кууруска үөрэммитэ. 1942 с. от ыйын 1 күнүттэн 1943 с. муус устарга дылы Брянскай фронт политсастаабын резервэтигэр баара.
ГУК 11.04.1946 0887 №-дээх бирикээһигэр, младшай политрук Иванов Василий Ксенофонтович 1942 с. от ыйыгар сураҕа суох сүппүт диэн ыйыллыбыт. Элиста куорат таһыгар өлбүт буолуон сөп.
Олоҕун туһунан
Ороһуунускай, Уйбаан (1945). Уруйдан Улуу Кыайыы : (Ороһу, Тамалакаан буойуннарын туһунан ахтыылар, хоһооннор) /Уйбаан Ороһуунускай. – Бүлүү : Улуус. тип., 1995. – 62 с. : ил., портр. ; 20 см. – (Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат).
Ороһуунускай, Уйбаан (1945). Айхаллан Улуу Кыайыы : Очеркалар, ахтыылар, хоһооннор. – Дьокуускай : Бичик, 2000. – 24 с. ; 26 см. см. – (Кыайыы 55 сыла).
Ороһуунускай, Уйбаан (1945). Айхаллан Улуу Кыайыы : очеркалар, ахтыылар, ыстатыйалар / Уйбаан Ороһуунускай ; [Улуустааҕы киин б-ка кыраайы үөрэтэр отд.]. – Үөһээ Бүлүү, 2005. – 58 с.
***
Дмитриев, Н. Сүгүрүйэн ааһар ытык миэстэбит буолуох этэ : [Сэрииттэн тӨҥнүбэтэх журналист-буойуннар тустарынан] // Саха сирэ. – 2000. – Кулун тутар 29 к. – С.2.
Егорова, Галина Алексеевна. Саха сирин суруйааччыларын I съеһэ : [Үөһээ Бүлүү улууһуттан кыттыыны ылбыт дьоннор тустарынан] / Галина Егорова // Үөһээ Бүлүү. – 2022. – Кулун тутар 1 күнэ (N 15). – С. 7.
Корякина, Тамара. Суруналыыс Кустуктуурап : [суруналыыс, поэт Василий Ксенофонтович Иванов-Кустуктуурап туһунан] / Тамара Корякина // Саха сирэ. – 2015.- Ыам ыйын 26 күнэ. – С. 14.
Корякина, Тамара Васильевна (1941). Эдэр эрчимин, олоҕун норуотугар анаабыта : (сэрииттэн эргиллибэтэх суруналыыс, бэйиэт Василий Кустуктуурап туһунан) / Тамара Корякина. – (Манчаары) // Саха сирэ. – 2023. – Атырдьах ыйын 3 күнэ (N 30) (6373). – С. 18.
Сивцев, В. Поэт аата умнуллубат : [Поэт Василий Кустуктуров туһунан] // Кыым. – 1992. – Олунньу 4 к. – С.5.