Кухотов Василий Макарович-Быралгы

Поэт, 1990 «Саха сирин литератора» Ассоциация чилиэнэ

1953 сыллаахха  Кэнтик нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1984 сылтан кини айымньылара “Үөһээ Бүлүү”, “Ньурба”,  “Ильич уоттара”, “Сахаада”, “Кэскил”, “Саха сирэ” хаһыаттарга уонна «Аргыс» сурунаалга,  «Чэчир»-91 хомуурунньукка  бэчээттэммиттэрэ.

Ассоциация уонна “Чэчир” айар түмсүү 1992 сыллаахха  айар талааннар республикатааҕы конкурстарыгар  III-c  бириэмийэни ылбыта. Автор бэйэтин тула элбэх ааҕааччылардааҕын кини  суруйбут хомоҕой  сатирическай хоһоонноро уонна монологтара, сценкалара туоһулууллар. “Чэ, бэйи!” монологтар, сатирическай хоһооннор, үгэлэр киирбит кинигэлээх.

Кинигэлэрэ

Чэ, бэйи! : сатирическай хоһооннор, монологтар, үгэлэр / Баһылай Быралгы ; “Саха сирин

литератора” ассоц. – Дьокуускай : Ситим, 1994. – 39, [1] с. : ил., портр.

Олоҕун уонна айымньыларын туһунан

Васильева, Л.  Баһылай Быралгы Хара Лааҥкыга “ҮӨһээ Бүлүү” хаһыакка таһаартарбыт эпиграмматыгар : [Кухотов В.М.-Баһылай Быралгы Харлампьев В.П.-ХараЛааҥкыга анаан суруйбут эпиграмматыгар] //ҮӨһээ Бүлүү. – 1999. – Олунньу 24 к. – С. 2.