Николаев Иван Григорьевич

Үлэ чиэстээбит киһитэ

Биһиги Ийэ дойдубут саамай үрдүк наҕараадатынан биһирэммит биир бэлиэ киһини — Иван Григорьевич Николаевы хаһан, хайдах, ханна көрсүбүтүм, билсибитим чааһынан хайы-сах быһааран, кэпсээн, эмиэ даҕаны суруйан-ойуулаан турардаахпын. Ол да буоллар, били, Чыычайбыт Мөрөөйүтүгэр, ходуһа хоһууттарыгар, эргиллибит саҕа сананыаҕыҥ эрэ.

— Иван Григорьевич, эн оройуоннааҕы эт-үүт комбинатын үлэһитэҕин, чуолкайа, миэстэтигэр эт тутааччыгын. Чэ, туох да диэбит иннигэр эт тутааччы — лаппа сэмэй дуоһунас. Кэпсээ эрэ, баһаалыста, Ленин орденынан хаһааҥҥы-ханнааҕы үлэҥ ханнык көрдөрүүлэринэн наҕараадаламмыккыный диибин мин кыра-куйа эрээри сып-сытыытык көрбүт-истибит, турбут-олорбут, улгум-улгумнук саҥарбыт-иҥэрбит саас ортолоох эр киэптээх, дьулурҕа-дьухха киһини сыҥа-сылыктыы, тэһииркии-чинчилии оргууй аҕай одуулаһа-одуулаһабын.

— Комбинакка кэлин киирбитим, иллэрээ сыллаахха. Ол иннинэ тыа хаһаайыстыбатын үлэлэриттэн илиибин араарбатах киһибин. Ленин орденынан ахсыс пятилеткаҕа көрдөрбүт түмүкпүтүнэн наҕараадаламмытым, 1971 сыл муус устар 27 күнүгэр.

Иван Григорьевиһы кытта бииргэ оччолорго бүтүн бөлөх дьон орденнарынан, медалларынан бэлиэтэммиттэр эбит. Ааҕа бары сүөһү үлэһиттэрэ, ыанньыксыт ааттаахтара. ыһыынчалыы киилэ арыый иһинэн-таһынан ыаһыннаахтар кэмэ суохтук кэрэхсэнэллэр. «Оттоох» сайылыкка ону ынах «боруодата буккуллубутунан, уруулуу хаана булааспытынан» быһа-бааччы быһаараллар этэ. Бэйэтэ да билэринэн, дьон да дьэбэлэйдииринэн «мээрин биригэдьиир» Иван Григорьевич, дьиктиргиэм иһин, итини эмиэ бигэргэтэр. Өссө чиҥэргэтэн ветеринарнай, зоотехническай сулууспа идэлээхтэрэ хаачыстыба, кыһамньы өттүнэн уруккулара билиҥҥилэрдээҕэр ордуктарын кэрэһилиир. Парадокс курдук иһиллэрэ да, хайаныллыай, производство маяга буола сылдьыбыт коммунист киһи сүгэ-балта тыллара эбээт. Хайа уонна сыччах ити хаачыстыбаҕа партия сыалай съеһэ анаммыта эмиэ баар дии. Тэпсэҥниири ааһан үөһээҥи үрдэлтэн үҥкүрүйүү, кимэн ылыллыбыт кирбииттэн кэннинэн кэхтии күннээҕи олохпутугар чахчы баар, масштаба баһаамнаабыт буолан да хаһаайыннааһын саҥалыы ньымаларынан экономиканы эргитэ тутуу курсун тутустахпыт, түргэтэтии, уларыта тутуу политикатын толорорго туруннахпыт кэтит-киэҥ ийэ дойдубут үрдүнэн.

Коммунист Иван Николаевка быйылгы өркөн-төлөн юбилейдаах өрөгөйдөөх дьыл атын өттүнэн эмиэ ааһа бэрт арыалдьыттаах. Көмөр хара баттаҕа күрэҥсийиэхтээҕэр буолуох, биирэ эмэ да маҥхайа сорумматах сэргэх-сэнэх сэбэрэлээх бэйэккэтэ пенсияҕа тахсар сааһын субу дьыл иһинэн туолар.

Уот уоттан саҕыллар, киһи киһиттэн уһуллар. Онон, ол иһин Иван Григорьевич туой дьону чорботор, наар атыттары ыйар. Убай туттуталаан уһулуччу амарахтык ахтыталыыр урукку салайааччыларын Василий Петрович Васильевы, Елисей Семенович Семеновы. Бу иккиэн колхозтарга, олохтоох Советтарга председателлээбит, дьоһун сурахтара республикаҕа тиийэ биллибит дьоннор. Партияҕа Иван Григорьевиһы эмиэ ити кинилэр мэктиэлээбиттэр эбит. «Кинилэр мин өйбүттэн-санаабыттан тахсыбаттар, бэйэбинээн бииргэ сылдьар курдуктар. Василий Петровиһы, бука, сэриигэ ылбыт бааһа-үүтэ соторулаттаҕа буолаахтыа», — дэтэлиир сааһын тухары сыһа Мэйиккэ, Далырга биригэдьиирдээбит Иван Николаев. Тус бэйэтигэр ураты суолталааҕынан, додо курдук туһалааҕынан НХСБ-га икки төгүл сылдьыыта буолар.

Оччолорго салайааччыта Платон Николаевич Львов улахан оруолламмытын кичэйэн кэпсиир. Иван Григорьевич ааспыт хайҕаллаах суолун ырыта олорон, бэйэтин кэмигэр стахановец эбит ээ диэххэ сөп. Партия райкомун бюротун уурааҕынан диир гынан баран, Иван Григорьевич И. Барахов аатынан совхоз Тамалакааннааҕы отделениетыгар тахсан икки сыл биригэдьиирдээбит чахчыта эмиэ баар. Орто сүһүөх салайар кадр рангатынан отучча сыл үлэлээһин, «мээрин биригэдьиир» аатырааһын этэн эрэ кэбиһэргэ дөбөҥ, хайа да өттүттэн хаһыс, бүтүн киһи үйэтэ дии.

Айылҕаны тыыннаспыт, сири симэспит, олоҕу оҥорсубут үтүмэн үтүөлэрин иһин үлэтинэн үрдэппит, бэйэтинэн билиммит киһитин норуот төһөҕө даҕаны өйүүр-убуур, наадатынан көрөн учуоттуур. Ол да иһин биһиги киһибит эт тутааччы буола дьүһүн кубулуйуутун кистэлэҥэ итиниэхэ эбит. Сөп ээ. Ким да бэйэлээҕи санньытар саас сыанан аҕаабат. Доруобуйа алларыйар диэн буолар, оттон субу түбэлтэҕэ эт-хаан илистиитэ дуу, нервэ сындалыйыыта дуу сабырыйаҕын, бэл наука сүгүн-саҕын быһаара илик. Нөҥүө өттүнэн өйдөөтөххө, тыа хаһаайыстыбатыттан, чопчу сүөһүнү-аһы бэрэлиир үлэттэн Иван Григорьевиһыҥ күн бүгүн даҕаны арахсан арахсыбата эбээт. Эт-үүт комбината уонна совхоз. Хардары-таары ситимнэрин-сибээстэрин биирдии бичиктээһин, эргитэ эридьиэстээһин мин кыаҕым таһынан, ычам ылбатынан. Дьэ, бу турабыт-олоробут дии Чыыйа Мөрөөйүтэ диэн улахан ходуһа бырдырҕас уулаах баһыгар дуу, атаҕар дуу. Тоҕо? Эт-үүт комбината совхоз отделениетынаан шефтэһэр, онон кини үлэтин-хамнаһын билсиһэ. Кэпсэтэбит, ырааҕы ырыҥалыыбыт, чугаһы торумнуубут.

Шефтээхтэр илиинэн оттуур звенолара сэттэ киһилээх, салайааччылара, биллэн турар, Иван Григорьевич. Бэйэтин уола Андрей, тэрилтэтин шофера Петр Поскачин, тоҥ маһы тостурута тыытыах толомон саастарыгар сылдьаллар. Маҥаас нэһилиэгин киһитэ Дмитрий Саввинов эдэрдэри оччо-бачча илиннэппэтэрбин диэххэ айылаах бэрт чиккэ табаарыс. Нуучча норуотун өһүн хоһооно этэрин курдук: «Эдэр саас билэрэ, кырдьар саас кыайара буоллар ньии», — диэн. Бу звенону таҥыыга ол учуоттаммыт курдукка дылы. Тиэрдиллибит 45 тонна оту шефтээхтэр улаханын толорорго дьулуурдаахтар. Эрэнэн эрдэхтэрэ, охсор, мунньар МТЗ-82 трактордаахтарын, кэбиһиигэ өссө биир оннук кэлиэхтээҕин. Сыллата оттуурга бу сирдэрин моой анатар туһунан совхоһу кытта дуогабар түһэрсиэхтээхтэр эбит, оччотугар тула күрүөнэн эргитиниэхтэрэ, ол үлэтин сибилиҥҥэттэн саҕалыахтара үһү.

Баай биографиялаах киһиттэн биһиги наар туһааннаах үлэтин, производствоҕа хайдаҕын хаһан-түөрэн көрдүбүт аҕай. Комсомолтан үүммүт коммунист ыччаты революционнай, бойобуой уонна үлэҕэ үгэстэргэ иитиигэ активнай кыттыытын, общественнай түбүгүн-садьыгын төргөстөрбүт суруйуубут биһиэнэ олус унньулуйуо эбитэ буолуо. Инники биһиги хастыыта эмэтэ төхтүрүйэн Иван Григорьевич пенсияҕа тахсыахтааҕын бэлиэтээбиппит. Тахсымына, тахсыахтаах. Дьэ ол тахсан таах олоруо, быар куустунуо дуо? Суоҕа чахчы. Кини курдуктар таах олорууну ис айылгылара адьаһын ылыммат, көлдьүннээһини дууһалара туура тулуйбат дьоннор. Хаһааҥҥыта эрэ сылгыһыт аҕатыныы, ыанньыксыт ийэтинии үлэлээбэтэхпинэ ыалдьабын диирэ сиэрдээх даҕаны, ситимнээх даҕаны. Таарыччы эттэххэ сыахтааҕы партийнай тэрилтэ иһинэн администрация деятельноһын хонтуруоллуур комиссияны салайар эбээт Иван Григорьевич Николаев. Баччааҥҥа диэри тустаах үлэтин тулуппатах киһи, саҥа оттуура баарай, үрдэтиилээх социалистическай эбэһээтэлистибэтин син биир толоруоҕа, общественность окко көмөтүн инники күөнүгэр тахсыаҕа диэн бигэтик эрэнэбит. Үлэ киһитэ онтон атын буолуо суохтаах.

И. НЮРГУСОВ.

«Коммунизм сардаҥата» хаһыат, 1987с., атырдьах ыйын 15 к., с. 2.