
Ленин, Октябрьскай революция уордьаннар кавалердара, «Ытык Аҕа» бэлиэ хаһаайына, Саха АССР үтүөлээх механизатора, биллиилээх рационализатор, Үөһээ Бүлүү улууһун, Нам нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, сэрии, тыыл ветерана Павлов Спиридон Степанович 1923 сыл кулун тутар ый 27 күнүгэр Нам нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ.
1937 сыллаахха, 14 саастааҕар тулаайах хаалан баран, «Чолбон» колхозка киирбитэ уонна Туобуйанан, Лена өрүс 40 арыыларыгар булчутунан сылдьыбыта, республика биллиилээх булчута буолбута. Павлов С. С. 1945 сыллаахха Советскай Армияҕа ыҥырыллыбыта, Порт-Артурга 92-с стрелковай полкаҕа сулууспалаабыта, 1947 сыллаахха дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлээт, «Чолбон» колхозка биригэдьииринэн, солбуйааччы председателинэн, оройуон киинигэр партия райкомун дьиэтин, балыыһа тутуутугар биригэдьииринэн, Исидор Барахов аатынан колхозка солбуйааччы председателинэн үлэлээбитэ. 1955-1956 сылларга РТС-ка үөрэнэн суоппар, тракторист, комбайнер идэлэрин баһылаабыта, хас да сайын комбайнердаабыта. 1958 сылтан Нам учаастагар механигынан үлэлээбитэ. Ити сылларга рационализаторскай арыйыылары оҥорбута, ол курдук баҕана үүттүүрү, от кээһиитигэр Исаковскай сыарҕаны, техника уонна сүөһү иитиитигэр механизацияны чэпчэтэр үлэлэри оҥорбута. «Чолбон», И.Барахов аатынан бөдөҥсүйбүт колхозка, совхозка 40 сыл устата техника үлэтин чэпчэтиигэ сүдү улахан кылааты киллэрбитэ.
С. С. Павлов салайааччы, талааннаах тэрийээччи, айымньылаах механизатор быһыытынан республикаҕа киэҥник биллибитэ, 1963-1967 сылларга Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан, 2 төгүл ССКП обкомун чилиэнинэн, ССКП райкомун чилиэнинэн, оройуон, олохтоох Сэбиэт депутатынан хаста да талыллыбыта.
Спиридон Степанович Павлов төрөөбүт оройуонугар, нэһилиэгэр үтүөлэрин иһин ССРС Верховнай Советын Президиумун 1966 сыл бэс ыйын 23 күннээх ыйааҕынан «Ленин» уордьанынан, «Октябрьскай революция» уордьанынан, элбэх мэтээллэринэн наҕараадаламмыта, ВДНХ-ҕа кыттыбыта, маны таһынан «Аҕа дойду сэриитин» 2-с степеннээх уордьанынан, бойобуой мэтээлинэн бэлиэтэммитэ.
2004 сыллаахха Спиридон Степанович Республика Президенин «Ытык Аҕа» бэлиэтинэн наҕараадаламмыта.
Үөһээ Бүлүү.— 2006.— Тохсунньу ый 31 к.— С.4