Потапов Александр Георгиевич

Александр Георгиевич Потапов — Потапов Г. Е. улахан уола. Кини 01.06.1891 с. төрөөбүтэ. Саняны оҕо эрдэҕинэ убайа Кииччэ ииппит, сүрдээх көрсүө, өйдөөх оҕо буола улааппыта. Сүүрбэтин да туола илигинэ Дьокуускайга реальнай училищены бүтэрбитэ, онтон Казань куоракка университеты бүтэрэн врач буолан революция буолар сылыгар Бүлүүгэ кэлбитэ. Александр Потапов революция иннинэ үөрэҕин бүтэрэн, луохтуур буолан, Бүлүү куоратын балыыһатыгар үлэлии кэлбитэ. Ханнык да политическай охсуһууларга кыттыспатаҕа. Ол эрээри Колчак былааһын кэмигэр, Бүлүү куоратын баайдара уонна тойотторо Александр Георгиевич Потапов луохтууру «Бүлүү куоратын дууматын председателинэн» быыбардаабыттара. Кини 1919 сыллааҕы ахсынньы ыйга диэри Бүлүү куоратын дууматын председателэ этэ.

Сунтаар оройуонугар эмчитинэн 20-тэн тахса сыл үлэлээбитэ. Биирдэ, 1926 с. Бодойбо диэкиттэн уоспа ыарыы тарҕанан Бүлүү оройуоннарын саба сүүрэр куттала кэлбит. Онуоха Александр Георгиевич бэйэтэ эмп оҥорон уоспаны утары быһыы ыыппыт, онтуката олус табыллыбыт, уоспалаабыт 18 киһи өрүһүллүбүттэрэ. Онон Бүлүү сүнньүнэн уоспа тарҕаабатаҕа. Сунтаар улууһугар Кэмпэндээйигэ баар бадараанынан эмтиир балыыһаны маҥнайгынан тэрийсибитэ.

Кини дьон ортотугар сылдьарын сөбүлүүр этэ. Оннооҕор 1947 с. төһө эмэ сааһыран баран, уоппускатыгар сынньаммакка, бэйэтэ ыарыһах буолан баран, дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ 72 киһиэхэ харахтарыгар операция оҥорбута. Уһулуччулаах эмчит үтүөтэ-өҥөтө үрдүктүк сыаналаммыта. Киниэхэ Саха АССР уонна РСФСР үтүөлээх враһын үрдүк аата иҥэриллибитэ, «Бочуот Знага», Ленин орденнарынан наҕараадаламмыта.

Сэрииттэн кэлэн Нам оройуонугар олорбута, Дьокуускайга көмүллүбүтэ. Кэргэнэ Үөһээ Бүлүү, Монастырев кыыһа, Мария Васильевна диэн учуутал, дьоно былыргы учууталлар.

Валентина Афанасьевна ПОТАПОВА

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат, 1995 с., тохсунньу 1 к., С.4.