Прокопьев Прокопий Степанович

Поэт,  1990 с. “Саха сирин литератора” Ассоциация чилиэнэ, педагогическай үлэ ветерана.

1920 с. I Боотулуу нэһилиэгэр колхозтаах кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1927 с. начальнай оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. 1935 с. Бүлүү куоратыгар киирэн 7 кылааһы үөрэнэн бүтэрбитэ. Онтон 1938 с. Бүлүү училищетын бүтэрэн учуутал идэтин ылан учууталынан үлэлээбитэ уонна кэтэхтэн пединститутка нуучча тылын отделениетыгар үөрэммитэ. 37 сыл устата Боотулуу, Маҥаас, Сургуулук, Ыйылас, Дүллүкү оскуолаларыгар начальнай кылаас учууталынан, нуучча, саха тылын үөрэтээччинэн, оскуола завуһунан, директорынан уонна 3 сыл үөрэх салаатын инспекторынан үлэлээбитэ. Боотулуу оскуолатыгар “Сардаҥа” литературнай түмсүүнү салайбыта. Кини үөрэппит, уһуйбут үөрэнээччилэрэ биллэр суруйааччылар, журналистар, поэттар буолбуттара. Боотулуутааҕы норуот театрын солбуллубат артыыһа этэ. Оройуон, нэһилиэк саахымакка уонна дуобакка күрэхтэһиилэрин хас да төгүллээх чемпиона этэ.

 Кинигэлэрэ

Мичийээнэ: остуоруйа.— Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1988.— 24 с.

Көөчүк-көөчүк көмүстэриэм!: оҕолорго хоһооннор.- Дьокуускай: Бичик, 1997.-44 с.

 Олоҕум миигин таптаабыта… / Прокопий Прокопьев ; хомуйан оҥордо Е. П. Иванова. – Дьокуускай : Офсет, 2019. – 525 с., [12] л. ил. : ил., портр., нот. 

Олоҕун уонна айымньыларын туһунан

Иванова Е.  “Олоҕум миигин таптаабыта” : [учуутал, бэйиэт Прокопий Степанович Прокопьев төрөөбүтэ 100 сылыгар, Боотулуу нэһилиэгэ (Үөһээ Бүлүү улууһа)] / Евдокия Иванова // Үөһээ Бүлүү. – 2020. – Сэтинньи 3 күнэ (N 80). – С. 5.

Самсонова-Сиибиктэ, С. Н.  Боотулууттан төрүттээх саха суруйааччыта : [учуутал, бэйиэт Прокопий Степанович Прокопьев төрөөбүтэ 100 сылыгар, Үөһээ Бүлүү улууһа)]  // Үөһээ Бүлүү. – 2021. – Олунньу 2 күнэ. – С. 5.

Семенов Г. “Таптал туоһута”: [Боотулуу народнай театрын туруоруута] //Үөһээ Бүлүү.— 1996.— Муус устар 23 к.

Титов В. Сценаҕа — “Мичийээнэ”: учуутал, поэт Прокопий Прокопьев 70 сааһын туолла //Коммунизм сардаҥата.— 1991.— Кулун тутар 14 к.