САМОДЕЯТЕЛЬНАЙ КОМПОЗИТОР, ССРС КУЛТУУРАТЫН ТУЙГУНА БОЙЛОХОВ НИКОЛАЙ ИВАНОВИЧ

Николай Иванович Бойлохов 1929 с. кулун тутар 10 к. Үөһээ Бүлүү оройуонугар төрөөбүтэ.

        1957-1961 сс. Дьокуускайдааҕы музыкальнай училище теоретическай-композиторскай салаатыгар Г. А. Григорян кылааһыгар үөрэммитэ. 1946 с. Далыр сельпотугар кассир-счетоводунан, сибээс оройуоннааҕы отделениетыгар телеграфиһынан, 1961 сылтан Үөһээ Бүлүүтээҕи, 1970 с. Сааскылаах оҕо музыкальнай оскуолаларыгар учууталынан, директорынан үлэлээбитэ.

        1957 с. республикатааҕы ырыа куонкуруһугар кыттан П. Тобуруокап «Туллуктуура Маарыйа», Н. Босиков «Алааһым» диэн хоһоонноругар бастакы ырыалара биһирэбил бириэмийэни ылбыттара.

       

         1967 с. Үөһээ Бүлүүгэ норуот айымньытын Дьиэтин арыйбыта. Өр сыл устата салайан норуот айымньытын, фольклорун хомуйан, эдэр айар талааннары түмэн, кинилэргэ күүс-көмө буолбута. 1965 с. Саха радиотын, республиканскай хаһыаттар, общественнай корреспонденнарын быһыытынан биллибитэ. «Хотугу сулус» сурунаалга «Саха музыката уонна ырыата» диэн ыстатыйата (1977 с.) бэчээттэммитэ.

И. Бубякинныын «Ыччат ыллыыр» диэн саха мелодистарын ырыаларын хомуурунньугун (1957 с.), Г. Сыромятниковтыын «Ырыалар» диэн иккис хомуурунньугун (1959 с.) таһаарбыттара. 1978 с. самодеятельнай композитор.

30-ча сыл айбыт ырыаларын хомуйан «Бүгүн ыллыыр ырыабар», «Кырачааннар ыллыыллар» диэн оҕолорго аналлаах ырыанньыктарын бэлэмнээн норуот айымньытын научнай-методическай киинин музыкальнай фондугар киллэрбитэ.

Салайааччы, учуутал, пропагандист, самодеятельнай композитор Н.И. Бойлохов 1988 с. бэс ыйын 11 күнүгэр өлбүтэ.

Айымньылара: «Уот туһунан тойук» Степан Дадаскинов либреттотыгар ораторияны 1965 с. Г. Никифоровтыын, С. Гоголевтыын айбыттара. (Ыччат III-с фестивалыгар лауреат буолтара), «Кырачааннар ыллыыллар» Дьокуускай к. кинигэ издательствота, 1983 с. Г. Новгородовтыын таһаартарбыттара.

Ырыалара: «Төрөөбүт дойдум» (И. Федотов), «Күннэй» (Е. Крылатов), «Туллуктуура Маарыйа» (П. Тобуруокап), «Эйэ ырыата» (Л. Попов), «Кыайыы күнэ» (А. Николаев), «Тыыннаахтар умнубат сыллара» (П. Одорусов), «Арҕаа ааһа турдулар» (М. Хара), «Сааскылаахха кыргыттар» (С. Руфов), «Кыһыл көмүс куоластар» (В. Башарин), «Алааһым» (Н. Босиков).

Олор өссө, ыллаа-туой!

(Н. И. Бойлохов 55 сааһын туолуутугар)

Петр Одорусов

Айымньылаах үлэҕэ

Арахсыспат аргыспын,

Дьиэҕэ, истиҥ эйгэҕэ

Ньукулайбын атаспын

Улаханнык хайгыыбын!

Убаастыыбын, таптыыбын!

Үөрэн-көтөн сэгэйэр,

Сэҥийэтэ энньэйэр,

Кулгаахтара кытарар,

Баттахтара кучарар

Ньукулайбын хайгыыбын!

Ньукулайбын таптыыбын!

Күннэй кыыһын ырыата

Күөрэгэйдии дьырылыыр.

Кырыымпатын кыл тыла

Кыталыктыы лыҥкыныыр

Ньукулайбын хайгыыбын!

Ньукулайбын таптыыбын!

Биэс уон биэһин да туоллар,

Пенсионер да буоллар,

Сүүрбэ биэстээх эр уоллуу

Сүүрэр-көтөр ойуолуур

Ньукулайбын хайгыыбын!

Ньукулайбын таптыыбын!

Ньукулайым ырыатын

Норуот ыллыы сылдьыаҕа.

Тыыннаах баарын тухары

«Тыыннаахтарын» хайгыаҕа.

Саха кэлэр ыччата

Санаан, ахтан ааһыаҕа.

Ньукулайым, доҕорум!

Туһалаахтык олордуҥ!

Дьоҥҥо иэскин толордуҥ!

Дьоһуннааҕы оҥордуҥ!

Онон доҕоор, туох буолуой!

Олор өссө, ыллаа-туой!!!

«Коммунизм сардаҥата» хаһыат, 1984 с., муус устар 10 к., 4 стр.

Бэҕэһээҥи колхозтаах — бүгүн мелодист

         Биһиги иннибитигэр ыччат республикатааҕы II фестивалыгар ананан таһаарыллыбыт «Ыччат ыллыыр» диэн республика үүнэн иһэр мелодистарын ырыаларын хомуурунньуга сытар. Хомуурунньугу Н.И. Бойлохов, И.А. Бубякин бэлэмнээбиттэр.

         Биһиги оройуоммут ыччата, өтөрдөөҕүгэ диэри колхоз бригадирынан үлэлээбит Николай Иванович Бойлохов хаһааҥы ыккардыгар музыкальнай билиилэнэн итинник хомуурунньуктары бэлэмниир кыахтаммытай? диэн кинини билэр дьоннор бары соһуйуохтарын сөп.

         Кырдьык кини өтөрдөөҕүгэ диэри колхозтаах, музыкаҕа кыра да билиитэ суох киһи этэ. Ол эрэн кини бэйэтин дьаныарынан республикаҕа биир биллэр мелодист буола оҕуста. Итини кини хайдах ситистэ, ол туһунан оройуон ыччаттарыгар билиһиннэриэҕи баҕарыллар.

         Таб. Бойлохов Якутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун иккис курсугар үөрэнэ сылдьан Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Армияҕа кини эҥкилэ суох сулууспалаабыта уонна уонна иккис кылаастаах радист аатын ылбыта.

         Армияттан кэлээт Кэнтик нэһилиэгэр комсомольскай тэрилтэ секретарынан уонна сельскэй библиотека сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Онтон нөҥүө сылыгар уруккута Ворошилов аатынан колхоз 2 №-дээх бригадатын бригадирынан анаммыта.

         Кини ити үлэлии сылдьан уус-уран самодеятельноска активнайдык кыттара, нотата суох слуҕунан (истиинэн) гармошкаҕа оонньуу үөрэммитэ.

         Бойлохов бэйэтин ити саҥа идэтин дьаныардаахтык сайыннаран испитэ, 1956 сылтан ыла саха ырыаларын мелодияларын айыыга бастакы холонуулары оҥорбута: В. Прокопьев «Ахтыы», В. Башарин «Кыһыл көмүс куоластар» диэн хоһоонугар мелодиялары айан Кэнтик сельскэй кулуубугар толортообута.

         Кини ол кэмҥэ нотаны билбэт буолан, бэйэтин мелодияларын мелодистарга — Г. Никифоровка, Г. Кысылбаиковка суруттарара. 1957 сыллаахха кини ыччат республикатааҕы бастакы фестивалыгар мелодистар конкурстарыгар кыттан ити маҥнайгы айымньыларыгар биһирэбил бириэмийэни ылбыта. Оттон бу сылга ыччат республикатааҕы иккис фестивалыгар кыттарыгар И. Алексеев «Якутскай туһунан ырыа» диэн хоһоонугар икки куоласка хору суруйан үһүс миэстэни ылан III степеннээх диплому ылбыта.

         Николай Иванович музыкаҕа талааннаах ыччат быһыытынан Якутскайдааҕы музыкальнай училищеҕа ылыллыбыта. Кини быйыл ити училище теоретико-композиторскай отделениетын икки курсун ситиһиилээхтик бүтэрдэ.

         Бойлохов билигин ырыа мелодияларын айыыга эрэ буолбакка, музыка атын көрүҥнэригэр холонуулары эмиэ оҥортуур. Ол курдук кини үс чаастаах икки инструментальнай пьесалары скрипкалаах, кларнеттаах фортепианоҕа толорорго, И. Артомонов «Кыһыҥҥы киэһэ» диэн хоһоонугар сахалыы романсы суруйда. Ити айымньыларын профессиональнай музыканнар бэркэ биһирээн бэчээккэ таһаарарга сүбэлээбиттэрэ.

         Кини билигин бэйэтин айымньыларын хомуурунньугун бэчээккэ бэлэмнии сылдьар. Ити курдук урут музыкаҕа ханнык да билиитэ суох, боростуой колхозтаах уол үс-түөрт сыллар истэринэн профессиональнай музыканнар таһымнарыгар тиийэ хардыыны оҥорбута улахан кэрэхсэбиллээх дьыала.

Д. ИВАНОВ.

«Коммунизм суолунан» хаһыат, 1959 с., алтынньы 23 к., 4 стр.

Куруук тыыннаах ыллыы-туойа сылдьыаҕа

         Хайалаах Армения чулуу уолун, уһулуччулаах чаҕылхай талааннаах композиторын, РСФСР уонна Саха АССР искусстволарын үтүөлээх деятелин Грант Арамович Григорян тапталлаах үөрэнээччитэ, Саха сирин биир биллиилээх мелодиһа, самодеятельнай композитор, ССРС культуратын туйгуна, бэртээхэй педагог, айылҕаттан дьоҕурдаах популяризатор-журналист, лектор, общественник Николай Иванович Бойлохов 1960-70-80 сылларга саха самодеятельнай искусствота сайдыытыгар улахан өҥөлөөх дьонтон биирдэстэринэн буолар.

         Николай Иванович 1929 с. кулун тутар 10 к. Үөһээ Бүлүү улууһугар Дүллүкү нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Эһэтэ Федот — Иркутскай уобалаһыгар Бодойбоҕо көмүс бириискэтигэр 1912 сыллааҕы Ленатааҕы событиелар кэмнэригэр үлэлээбит сытыы-хотуу саха киһитэ. Аҕата Иван Федотович Бодойбоҕо төрөөбүтэ. Кыра сааһыттан революционнай өйгө-санааҕа иитиллибит буолан гражданскай сэрии сылларыгар саа-саадах тутан Бүлүү сүнньүгэр кэлэн үрүҥнэри утары охсуспута. Кэлин сэбиэттээбитэ, «Арбаҥда» колхоһу тэрийэн өр сылларга председателлээбитэ. Букатын кырдьыар, өлүөр диэри олоххо активнай позициялаах оҕонньор этэ. Кини дьонугар-сэргэтигэр үчүгэй куоластаах, уус-уран тыллаах, ырыаһыт, тойуксут, үҥкүүһүт быһыытынан биллэрэ.

         Николай Иванович үлэ-хамнас дьонун ортотугар улаатан, кыра сааһыттан үлэҕэ эриллэн уонна сэрии сыллара сабыдыаллаан, ортотугар уһуннук үлэлээн, бастаан олох оскуолатын бүтэрэн баран кэлин биирдэ Үөһээ Бүлүүтээҕи орто оскуола ахсыс кылааһын  сүүрбэ саастааҕар үөрэнэн бүтэрбитэ. Ити кэнниттэн армияҕа үс сыл сулууспалаан телеграфист идэлээх дойдутугар кэлэн икки сыл телеграфиһынан, онтон 1954-57 сс. Кэнтиккэ библиотекарынан, Ворошилов аатынан колхоз биригэдьииринэн үлэлээбитэ.

         Халлааны хаппахтаабаккын, күн уотун саба туппаккын. Сороххо эрдэлээн, сороххо хойутаан син биир чаҕылхай талаан, эн баҕар-баҕарыма, бэйэтэ төлө тэбэн тахсар, сырдыыр, сыдьаайар, сириэдийэр, чаҕылыйар. Кини көҥүлгэ дьулуһар, баҕар ол иһин этэллэрэ буолуо: сытыы уһуктаах бүргэһи мөһөөччүккэ кыайан хаайбаккын диэн.

         50-с сылларга Үөһээ Бүлүүгэ араас талааннаах, дьоҕурдаах ыччаттар: поэттар, мелодистар, музыканнар саамай ыанньыйбыт-ыгылыйбыт, тыҥаабыт-муҥутаабыт күөгэйэр күннэрэ этилэр. Ол кэмнэргэ ким билбэтэй Петр Тобуруокабы, Семен Руфовы, Степан Дадаскиновы, Георгий Никифоровы, Гаврил Кысылбаиковы, Трофим Семеновы, Мария Константинованы, Серафим Гоголевы, Владимир Останины. Ити сулустар ортолоругар кимиэхэ да маарыннаабат ураты куоластаах, матыыптаах, суоллаах-иистээх музыка диэн баран муннукка ытаабыт, айар үлэҕэ абылаппыт биир чаҕылхай талаан — Николай Иванович Бойлохов этэ.

         Кини 1957 с. Петр Тобуруокап тылыгар «Туллуктуура Маарыйа», Николай Босиков тылыгар «Алааһым», Дмитрий Таас тылыгар «Сибэкки» диэн мелодияларынан Саха ыччатын I фестивалыгар республикаҕа кыттан улахан биһирэбили ылбыта. Грант Григорян кинини бэлиэтии, таба көрөн Дьокуускайдааҕы музыкальнай училищеҕа саха талааннаах ыччатыгар анаан бэйэтэ аспыт композиторскай отделениетыгар үөрэххэ ылбыта. Ити кэмҥэ Николай Иванович сүүрбэ аҕыс саастааҕа, үс кыра оҕолоох ыал аҕата этэ. Сыччах музыка кэрэ эйгэтигэр муҥура суох ыраас таптал уонна айар үлэ уҕараабат абылаҥын күүһэ эрэ кыайан кини олус кыһамньылаахтык, дьаныардаахтык үөрэнэн үөрэҕин 1961 с. ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.

         Николай Иванович олоҕун бүүс-бүтүннүүтүн кэрэ эйгэҕэ, бэйэтин таптыыр идэтигэр анаабыта. М.Н. Жирков аатын сүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо музыкальнай оскуолатыгар олоҕун усталаах туоратыгар бастаан директорынан, онтон кэлин преподавателинэн үлэлээбитэ. Кини оскуола түөрт истиэнэтигэр хаһан да хаайтарбатах, далааһыннаах, киэҥ диапазоннаах, дэгиттэр сайдыылаах, айар эрэ үлэнэн буолбакка, ону ааһан улахан тэрийэр дьоҕурдаах киһи этэ. Кини өссө 1967 сылтан саҕалаан Үөһээ Бүлүүгэ Норуот айымньытын дьиэтин бэйэтэ сүүрэн-көтөн тэрийэн, онно директордаан утуйар-олорор диэни умнан үгүс өрүттээх үлэ-хамнас бөҕөнү ыыппыта.

         Николай Иванович айылҕаттан үчүгэйдик суруйар дьоҕурдаах журналист, чуолкай саҥалаах үчүгэй дикциялаах лектор, сылайары-элэйэри билиммэт киэҥ-дириҥ билиилээх искусство пропагандиһа, деятелэ этэ. Араас темаларга, ол иһигэр уус-уран самодеятельность бастыҥ толорооччуларын, норуот талааннаах ырыаһыттарын, музыканнарын тустарынан элбэх ыстатыйаны, очерканы чаастатык суруйан хаһыаттарга бэчээттэтэрэ, радионан бэрдэрэрэ, биирдиилээн айар талааннар, композитордар, мелодистар айымньыларыгар лекция-концертары тэрийэрэ, бэйэтэ лекциялары ааҕара, дакылааттары оҥороро, фестиваллары, конкурстары иилээн-саҕалаан ыытар үгэстээҕэ. Эдэр көлүөнэни искусствоны, кэрэни таба өйдөөһүҥҥэ, үөрэтиигэ-иитиигэ уонна уус-уран самодеятельноһы сайыннарыыга үлүһүйэн туран үлэлээбитэ. Итиннэ кини киллэрбит кылаата сүүнэ улахан. Бэйэтин улууһунан эрэ муҥурдаммакка талааннаах дьону түмэн, салайан Халыманан, Муоманан, Абыйынан эмиэ сылдьара, бар дьон истиҥ махталын ылара.

         Саха мелодистарын ырыаларын өссө музыкальнай училищеҕа үөрэнэр сылларыттан ыла пропагандалаабыта, дьон-сэргэ билиитигэр таһаарбыта.

Николай Иванович бэйэтин үйэтигэр суруйбута, айбыта элбэх. Ол иһигэр атын мелодистарга көмөлөһөн бииргэ суруйсубута эмиэ баар. 60-с сылларга Үөһээ Бүлүү культурнай олоҕор биир кэрэ-бэлиэ түгэнинэн Степан Дадаскинов «Уот туһунан тойук» диэн ораторията III-с республиканскай фестивальга 1-кы миэстэни ылбыта буолар. Музыкатын Н. Бойлохов, Г. Никифоров, Г. Кысылбаиков, С. Гоголев бииргэ көмөлөөн суруйбуттара.

         Николай Иванович оҕоҕо даҕаны, улахан дьоҥҥо даҕаны сольнай да, хоровой да ырыалары айан ырыа араас жанрыгар элбэхтик үлэлээбитэ. Ким билбэтий «Күннэйи»?! Саха киһитин сүрэҕин-быарын ортотунан сайа киирэр дьиҥнээх сахалыы лирическай ырыалартан биирдэстэринэн «Күннэй» буолар. 60-с сылларга «Күннэйи» истибэтэх эбэтэр ыллаабатах саха киһитэ бука суох буолуо. Патриотическай ырыалартан «Тыыннаахтар умнубат сыллара», «Сэбилэнии Сир шарыгар тохтоотун!» — чахчы табыллыбыт матыыптар. Аатырбыт ырыаһыт Анна Дмитриева-Иванова толоруутугар «Тыыннаахтар умнубат сыллара» диэн ырыа «Мелодия» фирмаҕа 1982 с. «Ырыа ыһыаҕа» грампластинкаҕа уһуллубута. Бүтүн Союзтааҕы патриотическай ырыалар конкурстарыгар бастыҥ ырыалар ахсааннарыгар киирсэн 1985 с. ССРС композитордарын Союһун Дипломунан наҕараадаламмыта. Өссө ити ырыаны Волгоградка Мамаев Кургаҥҥа ыллаталлар эбит.

         Оҕолорго анаан суруйбут ырыаларын оҕо садтарыгар уонна оскуолаларга оҕолор таптаан ыллыыллар. «Эрдэ турбут оҕолор», «Чычып-чаап», «Детсад оҕолоро», «Кыһын тоҕо буоларый?», «Биһиги маамабыт» онтон да атыттары оҕолор уостарыттан түһэрбэккэ ыллыыллар.

         Николай Иванович 1983 с. З.К. Степанов редакциялааһынынан, Григорий Новгородовтыын кыттыһан «Кырачааннар ыллыыллар» диэн ырыанньыгы таһаарбыта. Ити ырыанньыкка кини 36 ырыата киирбитэ.

         Николай Иванович Бойлохов айар талаанын саамай үгэнигэр сылдьан 1988 сыл бэс ыйын 11 күнүгэр өлөн туораабыта. Кими да аһыммат ыар ыарыы күндү доҕорбутун, көмүс киһибитин көрдөрбүтүнэн туран биһиги кэккэбититтэн былдьаан илдьэ барбыта. Николай Иванович олоҕун кэнники сылларыгар өрүһүспүт курдук олус таһаарыылаахтык үлэлээн таптыыр сахатын норуотугар бэртээхэй матыыптаах сүүстэн төһө эмэ тахса ырыаны бэлэх хаалларбыта.

         Табаарыспыт, доҕорбут, чугас киһибит Николай Иванович Бойлохов тыыннааҕар: «Өллөрбүн даҕаны ыллыы сытыам» — диэччи. Кырдьык, кини курдук дьоннор өлбөттөр. Кини айбыт ырыалара эҥин бэйэлээх көмүс күөмэйдээхтэр толорууларыгар үйэ-саас тухары туойулла-ыллана, урааҥхай саханы мэлдьи үөрдэ-көтүтэ туруохтара. Доҕорбут бэйэтэ эппитин курдук тыыннаах, ыллыы-туойа сылдьыаҕа.

Петр ОДОРУСОВ, саха суруйааччыта.

1994 сыл, кулун тутар 19 к.

«Н.И. Бойлохов. Бүгүн ыллыыр ырыабар» кинигэттэн, 1997 сыл, 3-8 стр.

 

Мелодист, учуутал, общественник

(Н. И. Бойлохов 50 сааһын туолуутугар)

         Мин Николай Иванович Бойлоховы кытта 1953 сыллаахха билсибитим. Николай Иванович армияттан демобилизацияланан баран, төрөөбүт Үөһээ Бүлүүтүгэр кэлэн телеграфиһынан үлэлии сылдьан, комсомол ыҥырыытынан Кэнтик нэһилиэгинээҕи Ворошилов аатынан колхозка бибригэдьииринэн уонна библиотека сэбиэдиссэйинэн үлэлиир кэмэ этэ. Оччотооҕуга мин оройуоннааҕы культура дьиэтигэр художественнай салайааччынан үлэлиирим.

         Биирдэ, үлэлии сырыттахпына, Николай Бойлохов диэн ыраас, ис киирбэх көрүҥнээх эдэр оҕо киһи көрсөн, Кэнтик сельскэй кулуубун самодеятельноһыгар көмө оҥорорбор көрдөспүтэ. Көмөм диэн самодеятельность кыттыылаахтарыгар ырыа, хоһоон үөрэтиэхтээҕим. Сотору кэминэн Кэнтиккэ тахсан самодеятельность оҕолоругар сольнай нүөмэрдэри уонна хас да хордары, сценкалары бэлэмнээбитим. Ол тухары Николай Ивановичка хонон сылдьан, сорох күн чугас фермаларга биригээдэ тэрийэн бэсиэдэлэри, концертнай толоруулары оҥортообуппут. Николай бэйэтэ кылаабынай буолан баран, самодеятельность тэрээһинигэр сүүрэр-көтөр этэ, олус умсугуйан үлэлиирэ.

         Онтон кэлин Саха сирин ыччаттарын I-кы республиканскай фестивалыгар бэйэтин мелодияларынан кыттан кэрэхсибили ылбыта. Кини ырыаларын нотаҕа доҕотторо Г. Никифоров уонна Г. Кысылбаиков көмөлөрүнэн суруйбута. Кини фестивалга П. Тобуруокап тылларыгар «Туллуктуура Маарыйа», Н. Босиков тылларыгар «Алааһым», В. Башарин тылларыгар «Кыһыл көмүс куоластар» диэн хоһооннорго суруйбут мелодияларыгар көрүү-конкурс жюрита үрдүк сыанабылы биэрбитэ. Бу фестивалга сылдьан аан бастаан композитор Грант Григорянныын билсибитэ. Грант Арамович Николайы Якутскайдааҕы музыкальнай училище теоретическай-композиторскай отделениетыгар киирэн үөрэнэригэр сүбэлээбитэ. Манна даҕатан эттэххэ, Николай кыра сааһыттан музыканы сөбүлүүрэ, төһө да нотаны билбэтэр, сахалыы истибит ырыаларын балалайкаҕа таһаарара.

         Николай Иванович төһө да сааһырдар Грант Арамович сүбэтин ылынан, Якутскайдааҕы музыкальнай училище теоретическай-композиторскай отделениетыгар үөрэнэ киирбитэ. Дьэ, итинтэн ыла киниэхэ ыарахан, дьаныардаах үлэ саҕаламмыта. Барытын саҥа нотаны үөрэтииттэн саҕалаан сыралаах үлэҕэ туруммута.

         Композитор Грант Григорян бэйэтин үөрэнээччилэрин музыка теориятын, композиция төрүттэрин эрэ үөрэтиинэн муҥурдамматаҕа.

         Өссө училищеҕа үөрэнэ сылдьар кэмигэр Николай Иванович Г. Григорян редакциялааһынынан «Ыччат ыллыыр» диэн хомуурунньугу доҕорунаан Иван Бубякинныын таһаарбыттара. Онтон 1959 с. Г. Сыромятниковтыын хомуйан иккис кинигэтин «Ырыалар» диэн хомуурунньугу таһаарбыта.

         Кини итини таһынан үгүс хоһооннорго мелодиялары айбыта.

         Ыччаттар 3-с республикатааҕы фестивалларыгар табаарыстарынаан Г. Никифоровтыын, Г. Кысылбаиковтыын, С. Гоголевтыын «Уот туһунан тойук» диэн Бүлүү ГЭС-ин тутааччыларыгар аналлаах ораторияны суруйбуттара. Фестиваль музыкальнай конкурсугар «Уот туһунан тойук» оратория музыката бастакы миэстэни ылбыта.  Манна Николай Иванович үтүөтэ-өҥөтө улахан. Кини биһиги оройуоҥҥа общественнай саҕалааһынынан тэриллибит норуот айымньытын дьиэтин хайа тэриллиэҕиттэн, 1967 сылтан, солбуллубат директора. Николай Иванович салайыытынан үгүс өрүттээх үлэ ыытыллар. Төрөөбүт Сахатын сирин культуратын сыламтата суох пропагандалыыр. Ол курдук биирдиилээн композитордар, мелодистар айар үлэлэригэр лекция-концертары тэрийтиир, онно лекциялары ааҕар. Бэйэтин оройуонун таһынан хоту оройуоннарга: Абый, Муома, Халыма, Эдьигээн о.д.а. оройуоннарга хас да төгүл айар концертары тэрийэн сырытыннарда, үгүс көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыта.

         Николай Иванович Д. Таас тылларыгар «Сибэкки», И. Федосеев тылларыгар «Туллуктар», Е. Едукин тылларыгар «Дорообо, тугутчаан», Е. Крылатов тылларыгар «Күннэй» диэн бэртээхэй ырыалардаах. Кэнники олохтоох автор Петр Одорусовтыын ордук таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Ким билбэтий «Тыыннаахтар умнубат сыллара», «Кыһын тоҕо буоларый?», «Биһиги маамабыт» курдук ырыаларын.

            Н.И. Бойлохов Культура министерствотын коллегиятын быһаарыытынан уһук хотугу Анаабыр оройуонугар саҥа аһыллар оҕо музыкальнай оскуолатын тэрийэн, 1970-71 сылларга Сааскылаахха үлэлии сылдьыбыта.

         Н.И. Бойлохов 20-тэн тахса сыл устатыгар суруйбут ырыаларыгар олоҕуран, «Кырачааннар ыллыыллар» диэн оҕо садтарыгар аналлаах хомуурунньугу бэлэмнээтэ.

         Кини «Бүгүн ыллыыр ырыабар» диэн авторскай хомуурунньугун бэлэмнээн кинигэ издательствотыгар биэрбитэ. Ол хомуурунньуга быйыл 1979 сыл мелодистар уопсай мунньахтарыгар туспа раздел быһыытынан бэчээттэниэхтээх.

         Николай Иванович Бойлохов 1978 сылтан ыла самодеятельнай композитор аатын ылла.

         Н.И. Бойлохов төһө да 50 сааһын туоллар айар үлэтин үгэнигэр сылдьар, үгүһү айан былааннаах. Самодеятельнай композитор Николай Иванович Бойлоховка бииргэ үлэлиир доҕотторо 50 сааһын туолуутунан истиҥник эҕэрдэлииллэр.

И. ДАВЫДОВ.

«Коммунизм сардаҥата» хаһыат, 1979 с., кулун тутар 13 к., 6 стр.   

 

Айар үлэ аартыгынан

            Нэһилиэнньэ ортотугар культураны уонна искусствоны пропагандалааһыҥҥа общественнай саҕалааһынынан тэриллэн үлэлиир Норуот аймньытын оройуоннардааҕы дьиэлэрэ улахан миэстэни ылаллар. Итинник дьиэлэр республика үгүс оройуоннарыгар тэриллэн үлэлииллэр. Бастыҥ үлэлээх норуот айымньытын дьиэлэрин ахсааныгар Үөһээ Бүлүү оройуонун мелодист Николай Бойлохов директордаах Норуот айымньытын дьиэтэ эмиэ киирсэр.

         Бу тэрилтэ үлэтин айар совет иилээн-саҕалаан тэрийэр. Совет састаабыгар мелодист Георгий Никифоров, муосчут Анисим Прокопьев, норуот ырыаһыта Андрей Титаров, культура үлэтин ветерана Илья Давыдов, киноҕа любитель-устааччы Николай Николаев, оһуордьут Варвара Алексеева талыллан үлэлииллэр. Кинилэр биирдии бэйэлэрэ тус-туспа салаа үлэлэргэ эппиэттиир эбээһинэстээхтэр.

         Норуот айымньытын дьиэтин активистара оройуоҥҥа айар үлэнэн дьарыктанар энтузиастары киэҥник тардыыга уонна кинилэр идэлэрин сайыннарыыга элбэх өрүттээх үлэни ыыталлар. Онуоха музыкальнай-фольклорнай, прикладной искусство уонна киинэҕэ устуу секциялара ордук үчүгэйдик үлэлииллэр.

         Оройуоҥҥа 60-тан тахса норуот  талааннаахтара бааллар. Олору норуот айымньытын дьиэтэ туспа учуокка ылан, кинилэри  кытта үлэни ыытар. Норуот талааннаах ырыаһыттара Тимофей Дойдуков, Иван Федоров, Андрей Титаров, көмүс уустара Данил Чучайцев, Дмитрий Прокопьев, маһынан кыһан оҥоруу маастардара Кирилл Никифоров, Степан Боескоров, мас силиһиттэн-мутугуттан араас уус-уран фигуралары оҥорооччу Василий Харлампьев, уран тарбахтаах оһуордьут – иистэнньэҥнэр Варвара Алексеева, Степанида Николаева, Ульяна Дагаярова, онтон да атыттар норуот айымньытын дьиэтин салалтатынан уонна көҕүлээһининэн бэйэлэрин талааннарын сайыннараллар, норуот илиинэн оҥоһуктарын быыстапкаларыгар, араас көрүүлэргэ республикаҕа тиийэ кытталлар.

         Норуот айымньытын дьиэтэ итини сэргэ тематическай биэчэрдэри, лекция-концертары, айар талааннаахтары кытта көрсүһүүлэри тэрийэн ыытар, илии оҥоһуктарын быыстапкаларын тэрийэр. Норуот айымньытын дьиэтин бастыҥ үлэлээх айар активистара бэйэлэрин үлэлэрин пропагандалыы республика хоту Абый, Муома оройуоннарыгар тиийэ ыалдьыттыы сылдьыбыттара. Онно хоту дойду табаһыттара, балыксыттара кинилэри истиҥник көрсүбүттэрэ, кинилэр бэйэлэрин айымньыларын толорууларын, илиинэн оҥоһуктарын быыстапкаларын олус биһирээбиттэрэ.

         Музыкальнай секция тэрийбит саха национальнай инструменнарын оркестрын толорууга Бүлүү бөлөх оройуоннарын куоталаһыыларыгар биһирэммитэ уонна Иркутскайга буолбут уус-уран самодеятельноһы зона көрүүгэ кыттар чиэскэ тиксибитэ. Оттон талааннаах чабырҕахсыттар Иона уонна Петр Николаевтар зонатааҕы көрүүгэ бастаан, уус-уран самодеятельноһы Бүтүн Союзтааҕы көрүүгэ кыттыбыттара.

Норуот айымньытын дьиэтэ уус-уран самодеятельность коллективтарыгар көмөлөһүүнү тэрийэр. Онно репертуарнай листоктары анаан таһаарар,  активистары миэстэтигэр сылдьан практическай көмөнү эмиэ оҥороллор. Норуот талааннаахтарын ырыаларын-тойуктарын, саҥа мелодиялары магнитофона усталлар, бэчээтинэн пропагандалыыллар.

         Быйыл Норуот айымньытын дьиэтэ Тамалакаан сельскэй культуратын дьиэтин базатыгар филиал тэриннэ. Киниэхэ 10 инструменнаах национальнай ансамбль бэрилиннэ. Бу инструменнары Д. Чучайцев, Д. Прокопьев, П. Семенова оҥорбуттара. Билигин бу ансамблынан «Дьулуруйар Ньургун Боотур» операттан хас да көстүүнү доҕуһуоллатан, ыччаттар концерка кытта сылдьаллар.

Николаев В.

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат,  1975 сыл,  олунньу 11 к.

Үөһээ Бүлүүлэр ыллыыллар /Норуот айымньытын республикатааҕы дьиэтэ.— Дьокуускай: «Ситим» КИФ, 1994.— С. 24.

Талааннаах мелодист

           Мелодист. Бу поэт хоһоон айарыныы, прозаик кэпсээн суруйарыныы эмиэ туспа ис хоһоонноох үлэ. Этэргэ дылы, хас биирдии мелодияҕа өрө күүрүү, санаа ытылҕана, үөрүү-көтүү – барыта баар.

         Мелодияҕа айылҕа араас кэрэтэ, сир-халлаан халбаҥ уларыйыыта, ону тэҥэ дьоллоох олох дьоһун долгуна, уол кыыстыын итии тапталлара, арыт кутурҕан хомолтото эҥсилгэннээхтик, иэйиилээхтик этиллэр. Киһи эрэ барыта мелодист, ырыа аргыстаах, дорҕоон, тойук доҕордоох буолбат.

         Уйбаан оҕонньор уола Ньукулай кыра сааһыттан ырыаны таптыыра, дьон ырыатын, олоҥхо тойугун, эһиэкэй тылын сэргии, сөбүлүү истэрэ. Былыргы кырдьаҕастар этэллэринэн, этэ-хаана аһаҕас киһи ырыаһыт буолара үһү. Оттон Ньукулай эмиэ оннуга эбитэ дуу, — айыл5а көстүүтүн, чыычаах ырыатын, тыал суугунуурун,  сэбирдэх сиккиэрин, олох күүрээнин хайдах эрэ иэйэн-куойан кэрэхсиирэ. Ол эрээри кини улаатыар, үлэ-хамнас киһитэ буолуор диэри музыка диэн тугун, дорҕоон мелодия кимин билбэт этэ.

         Николай сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта Далыр сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ. Онтон эргиэн тэрилтэтигэр үлэлии сылдьан, Якутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ киирбитэ. Ол сылдьан Советскай Армияҕа ыҥырыллыбыта.1953 сыллаахха Николай радиотелеграфист идэлэнэн дойдутугар эргиллэр. Кинини кэлээтин комсомол райкома путевка туттаран колхозка биригэдьиирдэтэ таһаарар.

         Урукку «Ворошилов» колхозка үлэлиир кэмигэр 1957 сыллаахха сайын маҥнайгы республиканскай фестиваль саҕаланар. Ити кэмҥэ Николай истиҥ табаарыстара Г. Никифоров, Г. Кысылбаиков музыканан үлүһүйэн дьарыктанан эрэр этилэр. Николай онно көҕүйэн П. Тобуруокап «Туллуктуура Маарыйа»,  Н. Босиков «Алааһым» диэн хоһоонноругар мелодиялары айбыта фестиваль конкурсугар бастаан хайҕаммыта.

         Эдэр киһи, тыа уола мелодист Н. Бойлохов бастакы айымньытын Г. А. Григорян сөбүлүү истибитэ, ис дууһатынан сэргээбитэ. Саха музыкатын аҕата буолбут Грант Арамович талааннаах уолу бэйэтин мэктиэтинэн музыкальнай училищеҕа үөрэххэ ылар. Дьэ онтон саҕаламмыта Н. И. Бойлохов музыка теориятын үөрэтиитэ, мелодия кистэлэҥин билиитэ. Биллиилээх композитор эрэнэн студенын, Николайы, саха ырыаларын хомуйтара, республикатааҕы Норуот айымньытын дьиэтин командировкатынан Бүлүү бөлөх оройуоннарыгар ыыппыта.

         1957 сыллаахха Г. Григорян редакциялааһынынан эдэр мелодист Н. Бойлохов уонна И. Бубякин мелодияларыгар «Ыччат ырыалара» диэн хомуурунньук бэчээттэммитэ.

       Үлэ үлүскэннээх диэбиккэ дылы, Н. Бойлохов Г. Сыромятниковтыын «Ырыалар» диэн иккис хомуурунньугу бэлэмнээбиттэрэ. 1965 сыллаахха поэт С. Дадаскинов «Уот туһунан тойук» диэн айымньытыгар Н. Бойлохов Г.Никифоровтыын оратория айаннар республикатааҕы үһүс фестивальга маҥнайгы миэстэни ылбыттара. Итинтэн салгыы мелодист Николай Иванович өссө дьаныардаахтык үлэлээн «Саха ырыалара» диэн үһүс хомуурунньугун Салиман Владимиров  тупсаран оҥоруутунан Москваҕа уонна Саха сирин издательствотыгар бэчээттэтэн таһаарбыта.

         Николай Иванович Бойлохов айар, түбүктээх үлэтин таһынан 1960 сылтан оройуоннааҕы Марк Жирков аатынан оҕо музыкальнай оскуолатыгар учууталынан үлэлиир. Кини ону таһынан 1967 сылтан 70-ча киһилээх оройуоннааҕы Норуот айымньытын дьиэтин салайар. Манна мастан кыһар Д. Чучайцев, муостан оҥорор А. Прокопьев, туостан тигэр С. Николаева, оһуордьут В. Алексеева, музыкант Г. Никифоров, тойуксут Т. Дойдуков о.д.а. дьоннор ураты талааннарынан бүтүн республикаҕа биллэллэр.

         Николай Иванович икки сылы кыайбат кэмҥэ 20-чэҕэ тиийэр ырыаны айда. М. Данилова «Үөһээ Бүлүү», С. Руфов «Сааскылаах кыргыттара», П. Тобуруокап «Тапталлааҕым ханнаный», П. Одорусов «Тыыннаахтар умнубат сыллара»,  «Маҥан хаар»,  «Кыһын тоҕо буоларый?», «Биһиги маамабыт» диэн хоһоонноругар мелодиялары айбытын үгүстүк истиэххэ сөп.

         Н.И. Бойлохов – 5 оҕо аҕата. Кини оҕолорун музыканы таптыырга иитэр. Улахан кыыһа Наташа музыкальнай оскуола VI, орто кыыс Саргы II, кырата Валя I баян, фортепиано кылаастарыгар ситиһиилээхтик үөрэнэллэр.

         Түүн хойукка диэри, сороҕор сарсыарда бэрт эрдэ Николай Иванович дьиэтин биир хоһун уота ыраахтан сандаарар. Ити аата мелодист эмиэ саҥа ырыаны айаары кэрэ, нарын, наҕыл, намчы, эҥээркэй, дьүрүскэннээх дорҕоону тала, холбооттуу олордоҕо дии саныыгын.

П. ПРОКОПЬЕВ

«Коммунизм сардаҥата» хаһыат, 1973 с., кулун тутар 1 к.

 

Самодеятельнай композитор, педагог, общественник

(Н. И. Бойлохов төрөөбүтэ 60 сылыгар)

            Саха биллиилээх мелодиһа Николай Иванович Бойлохов 1929 сыллаахха кулун тутар 10 күнүгэр Үөһээ Бүлүү оройуонун Дүллүкү нэһилиэгэр колхозтаах кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кини 1946 сыллаахха Далыр сэттэ кылаастаах оскуолатын, онтон Үөһээ Бүлүүгэ киирэн, орто оскуола ахсыс кылааһын бүтэрбитэ. Николай 1950-1953 сылларга Советскай Армияҕа сулууспалаабыта, армияттан кэлээт 2 сыл телеграфистаабыта. 1954-1955 сылларга комсомол ыҥырыытынан Кэнтиккэ библиотека сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

         Итинтэн ыла Николай Иванович оройуон олоҕор активнайдык кыттан барбыта. Библиотека үлэтин астымматаҕа эбитэ дуу, 1955-1957 сыллардаахха Ворошилов аатынан колхозка биригэдьиирдээбитэ.

         50-с сыллар ортолоругар Үөһээ Бүлүүгэ араас талааннаах ыччаттар бааллара. Мелодистар уонна музыканнар Георгий Никифоров, Гаврил Кысылбаиков, Трофим Семенов, Мария Константинова, Владимир Останин, поэттар уонна эдэр автордар Петр Тобуруокап, Семен Руфов, Степан Дадаскинов, Александр Николаев саамай күөгэйэр күннэригэр сылдьаллара. Маны таһынан үгүс ахсааннаах олоҥхоһуттар, талааннаах норуот ырыаһыттара, тойуксуттар, чабырҕахсыттар сир-сир аайы үгүстэрэ.

         Бу үөһэ ааттаммыт дьон үтүө сабыдыалларынан Николай Иванович эдэр сааһыттан ырыа, музыка абылаҥар ылларан барбыта. 1957 сыллаахха Петр Тобуруокап тылларыгар «Туллуктуура Маарыйа», Николай Босиков тылларыгар «Алааһым», Дмитрий Таас тылларыгар «Сибэкки» диэн ырыаларга бастакы мелодияларын суруйан кыттан, саха ыччатын 1 республикатаҕы фестивалыгар улаханнык биһирэммитэ. Онтон ыла талааннаах мелодист быһыытынан республикатааҕы конкурстарга элбэхтик кыттан, бириистээх миэстэлэргэ тиксибитэ.

         Бу фестивальга сылдьан, аан бастаан РСФСР уонна Саха АССР искусстволарын үтүөлээх деятелэ, композитор Г.А. Григоряны кытта билсибитэ. 1957 сыллаахха Якутскайдааҕы музыкальнай училищеҕа Грант Арамович дьоҕурдаах оҕолору түмэн үөрэтээри теоретическай-композиторскай отделениены туруорсан астарбыта. Бу сабыс-саҥа аһыллыбыт отделениеҕа композитор талааннаах саха ыччатын муспута: Денис Данилов, Ольга Иванова, Мария Константинова, Тимофей Стручков о.д.а. үөрэммиттэрэ.

         Николай Иванович төһө да отуччатыгар чугаһаан сырыттар Грант Арамович сүбэтин ылыммыта уонна композиторскай отделениеҕа үөрэнэ киирбитэ, бу 3 кып-кыра оҕолоох ыал аҕатыгар хорсун быһаарыныы этэ.

          Н. И. Бойлохов учуутала уонна доҕоро Г. А. Григорян үтүөкэннээх педагог, кэрэ дууһалаах сэмэй киһи, саха норуотун музыкальнай культуратыгар хаһан да умнуллубат бэлиэ суолу хаалларбыт бөдөҥ композитор этэ. Оннук да киһи буолан, саха талааннаах ыччаттарын мунньан үөрэттэҕэ уонна үгүс ахсааннаах айымньылары аҕыйах сыл иһигэр айан хааллардаҕа. Ылан көрүөҕүҥ «Сахам сирэ барахсан» диэн Иван Гоголев тылларыгар айбыт музыкатын. Соҕотох бу да ырыа көрдөрөр композитор хайдах курдук кыахтааҕын, саха музыкатыгар бэриниилээҕин.

         Айылҕаттан улахан талааннаах композитор бэйэтин үөрэнээччилэрин саха народнай музыкатын интонационнай, ладовай уратыларын өйдүүргэ, гармония, полифония, музыкальнай форма курдук уустук теоретическай предметтэри таһынан музыкант айар идэҕэ дьоҕурун сайыннарар – композиторскай техника сүрүн төрүттэрин үөрэппитэ. Г.А. Григорян Саха сиригэр кэлбэтэҕэ буоллар, ити үөһэ ааттаммыт бүгүҥҥү самодеятельнай композитордарбыт кини илиитигэр түбэспэтэхтэрэ буоллар, улаханнык үүнүө-сайдыа, үөрэниэ, үлэлиэ, айыа суохтара эбитэ буолуо…

        Өссө музыкальнай училищеҕа үөрэнэ сылдьан, Николай Иванович доҕоро Иван Бубякинныын Г.А. Григорян редакциялааһынынан «Ыччат ыллыыр» диэн хомуурунньугун бэлэмнээн таһаарбыттара. Онтон 1959 сыллаахха Гаврил Сыромятниковтыын хомуйан «Ырыалар» диэн хомуурунньугу таһаартарбыттара. 1983 сыллаахха табаарыһа Г.Д. Новгородовтыын кыттыһан «Кырачааннар ыллыыллар» диэн кыра саастаах оҕолорго анаан ырыа кинигэтин таһаарбыттара. Бу хомуурунньукка Николай Иванович 36 ырыата киирбитэ.

         60-с сылларга оройуон культурнай олоҕор биир саамай бэлиэ түгэнинэн Степан Дадаскинов «Уот туһунан тойук» диэн ораториятын туруоруу буолбута. Музыкатын Г. Никифоров, Г. Кысылбаиков, Н. Бойлохов уонна С. Гоголев куолаан суруйбуттара. Ораторияны туруора Якутскайтан балетмейстер К.В. Посельская анаан-минээн кэлбитэ уонна оройуон талааннаах ыччаттарын мунньан 40-тан тахса хонукка бэлэмнээбитэ. Бу Булуу Гэһин тутааччыларыгар анаммыт оратория 3-с республикатааҕы фестивальга 1 миэстэни ылбыта. Манна Николай Иванович үтүөтэ-өҥөтө улахан этэ.

         Н.И. Бойлохов үөрэҕин кэнниттэн оҕо музыкальнай оскуолатыгар ханна да халбарыйбакка преподавателинэн үлэлээбитэ. 1961-1965 сылларга оскуолаҕа директордаабыта.

         Николай Иванович 1967 сыллаахтан оройуоннааҕы Норуот айымньытын дьиэтин директорынан үлэлээбитэ уонна үгүс өрүттээх үлэни ыыппыта. Ол курдук биирдиилээн композитордар, мелодистар айар үлэлэригэр лекция-концертары тэрийтиирэ, онно лекциялары ааҕара. Бэйэтин оройуонун таһынан хоту Абыйга, Муомаҕа, Халымаҕа, Эдьигээҥҥэ сылдьыбыттара уонна дьон махталын ылбыттара.

         Н.И.Бойлохов кэлиҥҥи сылларга И. Федосеев тылларыгар «Туллуктар», Е. Едукин тылларыгар «Дорообо, тугутчаан», Е. Крылатов тылларыгар «Күннэй» диэн дьон-сэргэ таптаан ыллыыр ырыаларын айбыта. Ордук таһаарыылаахтык кини биир дойдулааҕа, доҕоро учуутал Петр Одорусовтыын табыллан үлэлээбиттэрэ. Ким бүгүн билбэтий «Тыыннаахтар умнубат сыллара», «Кыһын тоҕо буоларый?», «Биһиги мамабыт», «Сир шарыгар сэбилэнии суох буоллун» диэн ырыалары?

          Николай Иванович өр сыллаах айар уонна общественнай үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, ССКП обкомун, ЫБСЛКС обкомун, ССРС композитордарын Союһун, Саха АССР культуратын министерствотын Бочуотунай грамоталарынан, элбэх ахсааннаах дипломнарынан бэлиэтэммитэ. 1987 сыллаахха ССРС культуратын министерствотынан «Культура туйгуна» знагынан уонна «Үлэ ветерана» медалынан наҕараадаламмыта.

         Кини баара буоллар бүгүн 60 сааһын үөрэ-көтө бэлиэтиэх этибит. Ону баара быһаас ыарахан ыарыы биһиги кэккэбититтэн былдьаабыта. Кини соҕотох «Тыыннаахтар умнубат сыллара» диэн аатырбыт ырыатын айбыта да буоллар, аата саха музыкальнай культуратын историятыгар кыһыл көмүс буукубаларынан суруллуох этэ. Кини ситэри айбатаҕын билигин үөрэнээччилэрэ салгыыллар.

                                                  М. КОНСТАНТИНОВА, И. АРХИПОВ

«Коммунизм сардаҥата» хаһыат, 1989 сыл, кулун тутар 11 к.

Библиография

Кинигэлэрэ

Бойлохов, Н. И. Бүгүн   ыллыыр ырыабар. 2 чаастаах /[хомуйан оҥордо А. Н. Николаев]— Үөһээ  Бүлүүтээҕи  киин  библиотека,   1996.    —  51 с.

Бойлохов, Н. И., Новгородов, Г. А.  Кырачааннар ыллыыллар. —   Дьокуускай:   Кинигэ  изд-вота, 1983.— 74 с.

Ырыалар:   саха   мелодистарын  уонна эдэр композитордарын хомуурунньуга    /[бэчээккэ    бэлэмнээтилэр   Н. И. Бойлохов уонна Г. Г. Сыромятников.   —   Дьокуускай:   Кинигэ  изд-вота,   1960.

Ыччат ыллыыр: ноталаах ырыалар /[бэчээккэ бэлэмнээтилэр: Н.И. Бойлохов, И.А. Бубякин].—Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1959.— 80 с.

Бэчээккэ тахсыбыт ыстатыйалара

Алексей Сазонов ыалдьыттыыр: [мелодист А. Сазонов  Среднеколымскай куоракка] //Коммунизм сардаҥата. — 1961. — Олунньу 28 к.

Айар талааннар түмсүөхтэрэ //Коммунизм сардаҥата.— 1978.— Ыам ыйын 11 к.

Аркадий Алексеев: Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, самодеятельнай композитор, ССРС физкультуратын туйгуна: [рукопись]. — Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотека. 1980. — 4 с.

         Афанасий  Дмитриевич Аммосов: уус-уран самодеятельность уонна культура үлэтин ветерана: [рукопись]. — Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотека, 1983. — 6 с.

Бары ылсыһан үлэлээтэххэ //Коммунизм сардаҥата. —1987. — Олунньу 14 к.

Бырааттыы көмөҕө тирэҕирэн: [саха музыката  сайдарыгар нуучча композитордарын көмөтө]     //Коммунизм     сардаҥата.— 1964.   —   Ыам  ыйын 23  к.

Валерий    Ноев:    мелодист,    самодеятельнай    композитор: [рукопись]  —  Үөһээ  Бүлүүтээҕи  киин  библиотека,   1981.—  6  с.

Дууһаттан төрүүллэр: [П. Н. Тобуруокап] //Коммунизм сардаҥата.— 1987.— Алтынньы 22 к.

Дьон дууһатын тутааччы: [музыкальнай оскуола преподавателэ А. П. Дмитриева] //Коммунизм сардаҥата.— 1976.— Сэтинньи 4 к.

         Захар Винокуров: ырыаһыт-композитор, Саха Республикатын    культуратын    үтүөлээх    деятелэ: [рукопись].— Үөһээ  Бүлүүтээҕи  киин библиотека,   1981.—   11  с.

“Интернационалтан” силис тардан //Коммунизм сардаҥата.—  1987.—   Сэтинньи  12  к.

Истиҥ иэйиилээх мелодист: [В. В. Ноев]  //Коммунизм сардаҥата.— 1976.—  Атырдьах ыйын  10  к.

Истиҥ ырыалардаах поэт: [П. Н. Тобуруокап] //Коммунизм сардаҥата.— 1977.— Алтынньы 25 к.

Композитор  Герман  Комраков   //Коммунизм   сардаҥата.— 1982.— Ыам  ыйын 20  к.

Композитор М. Н. Жирков  //Коммунизм    сардаҥата.— 1967. — Муус устар 8  к.; 1975.-  Сэтинньи  25  к.

Кырдьыбат куолас: [Е. Н. Чарпыкова айар үлэтин 50 сыла туолуутугар] //Коммунизм сардаҥата.— 1976.— Бэс ыйын 17 к.

Кэнчээри кэскилин иннигэр: [фронтовик поэт  А. А. Софронов   кэриэһигэр]   //Коммунизм  сардаҥата. —  1985. — Кулун тутар 19 к.

Мария Федоровна Иванова: культура, самодеятельность ветерана: [рукопись].— Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотека, 1982.— 8 с.

Мелодист Виталий Андросов //Октябрь знамята.— Өлүөхүмэ.— 1980.— От ыйын  19  к.

Мелодист Георгий Никифоров //Коммунизм сардаҥата.— 1976.— Ыам ыйын 6 к.— С. 4.

Мелодист Иван Семенов: Саха АССР уонна РСФСР культуратын үтүөлээх үлэһитэ: [рукопись].— Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотека, 1981.— 11 с.

Мелодист Серафим Павлов //Коммунизм    сардаҥата.— 1976.— Олунньу 17 к.

Мелодистар түмсүүлэригэр //Коммунизм сардаҥата.— 1984.— Ыам ыйын 1 к.

Музыка алыба //Коммунизм сардаҥата.— 1976.— Бэс ыйын 3 к.

Музыка хардарыта сабыдыала //Коммунизм сардаҥата.— 1984.— Бэс ыйын 9 к.; От ыйын 14 к.

Музыкальнай оскуола үлэтин тупсарыахха //Коммунизм сардаҥата.— 1963.— Алтынньы 15 к.

Музыкант доҕорум: [И.   Бубякин   50   сааһын   туолуутугар] //Коммунизм  сардаҥата.— 1982.— Бэс ыйын 1  к.

Норуот талааннара //Коммунизм сардаҥата.— 1972.— Тохсунньу 4 к.

Оҕолор ыһыахтарын тэрийээччи: [Г. Д. Ойунскай, Хомустаах нэһилиэгэ] //Эдэр коммунист.— 1972.— Ыам ыйын 31 к.

Оҕону ырыаҕа, музыкаҕа үөрэтии //Коммунизм сардаҥата.— 1964.— Муус устар 7 к.

Олоҕу үлэнэн айабыт //Коммунизм сардаҥата.— 1978.— Бэс ыйын 27 к.

Олоҕу үлэнэн айсыбыта: [И. Ф. Бойлохов] //Коммунизм сардаҥата.— 1987.—  Алтынньы  7  к.

Оонньуур Артур Васильев //Кыым.— 1986.— Ахсынньы 18 к.

Оонньуур Владимир Ксенофонтов //Кыым.— 1976.— Балаҕан ыйын 10 к.

Революционнай ырыалар //Коммунизм сардаҥата. —1976.—Атырдьах  ыйын  21  к.

Саха бастакы композитора: [М. Н. Жирков] //Коммунизм сардаҥата.— 1987.— Муус устар 11 к.

Саха бастакы музыканнара: [А. Скрябин, Ф. Корнилов] //Коммунизм сардаҥата. — 1975. — Балаҕан ыйын 13 к.

Саха инструментальнай народнай музыката //Коммунизм сардаҥата.— 1975.— Бэс ыйын 19 к.

Саха маҥнайгы опералара //Бэлэм буол.— 1976.— Атырдьах ыйын 26 к.; Коммунизм сардаҥата.— 1976. — От ыйын 13 к.

Саха матыыптарыгар абылаппыта //Эдэр коммунист.— 1979.— Муус устар 13 к.

Саха музыкальнай культурата Советскай былаас сылларыгар //Коммунизм сардаҥата.—1967.— Кулун тутар 11 к.

Саха музыкатын сайдыыта //Коммунизм сардаҥата.— 1975. — Бэс ыйын 28 к.

Саха норуотун ырыаларын уонна музыката //Бэлэм буол.— 1977.— Алтынньы 6 к.; Хотугу сулус.— 1977.— № 4.— С. 109-112.

Саха народнай ырыаларын уратылара //Коммунизм сардаҥата.— 1975.— Муус устар 8 к.

Саха сирин үһүс композитора //Коммунизм сардаҥата.— 1975.— Ахсынньы 5 к.

Саха таптыыр композитора: [Г. Григорян] //Коммунизм сардаҥата.— 1975.— Сэтинньи 13 к.

Сцена умсулҕана: [А. А. Попова] //Эдэр коммунист. — 1980.— Бэс ыйын 6 к.

Трофим Семенов: cамодеятельнай композитор: [рукопись].— Үөһээ Бүлүүтээҕи  киин библиотека, 1982.— 7 с.

Трофим Семенов ырыанньыга: [«Ахтабын төрөөбүт алааспын»] //Коммунизм сардаҥата.— 1973.—Кулун тутар 9 к.

Үлэ быатын атастаһаллар //Коммунизм сардаҥата.— 1977.— Олунньу 22  к.

Үлэ, таптал ырыата //Коммунизм сардаҥата.— 1987.— Кулун тутар 24 к.

Үлэ, ырыа аргыстаах: [И. С. Семенов] //Коммунизм сардаҥата.— 1979.— Ахсынньы 27  к.

Үөһээ Бүлүү оройуонун культурнай олоҕун сайдыыта: [рукопись].— Үөһээ  Бүлүүтээҕи киин библиотека, 1989.— 14  с.

Үрдүк сыанабыл элбэххэ эбээһинэстиир: [Илин Сибиир зонатын уус-уран самодеятельноһын Бүтүн Россиятааҕы көрүүтэ] //Коммунизм сардаҥата.— 1973.— Олунньу 10 к.

Федор Корнилов: [бастакы саха мелодист-композитора] //Октябрь знамята.— Өлүөхүмэ.— 1980.— Бэс ыйын 6 к.

Федор Лобанов: саха комсомолун бириэмийэтин лауреата, Саха АССР үтүөлээх үлэһитэ, самодеятельнай композитор: [рукопись].— Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотека, 1982.— 6 с.

Хоһооҥҥо куорсун анньааччы: [Т. Семенов] //Коммунизм сардаҥата.— 1987.—   Тохсунньу 21  к.

Хоту сир устун ырыа-тойук аргыстаах: [Үөһээ Бүлүү айар бригадата Муома, Абый, Үөһээ Халыма оройуоннарынан] //Коммунизм сардаҥата.— 1970.— От ыйын 23 к.

Чаҕылхай  талааннааҕа:   [Д. Т.   Михайлов]   //Бэлэм   буол. — 1975. — Балаҕан   ыйын   11   к.;   Коммунизм   сардаҥата. — 1974. — Атырдьах ыйын 17  к.

Ылбаҕай ырыа маастара: [Т. Семенов] //Коммунизм сардаҥата.— 1980.— Кулун тутар 6 к.

Ыллыыр — «Алые петлицы»   //Коммунизм сардаҥата.— 1987.-  Ыам ыйын 26 к.

Ырыа   —   олох   аргыһа //Бэлэм   буол.— 1978.— Олунньу 12 к.

Ырыалыын аргыстаһан: [оройуон художественнай самодеятельноһа] //Коммунизм   сардаҥата.— 1981.— Тохсунньу 22 к.

Ырыалыын аргыстаһан: [И. Е. Давыдов] //Кыым. — 1977. — Ыам ыйын 11  к.

Ырыанан үлэни айхаллыыбыт //Коммунизм сардаҥата.— 1987. — Ахсынньы 17 к.

Юбилейнай ыһыахха //Коммунизм сардаҥата.— 1980.— Бэс ыйын 28 к.

***

Песня — спутница жизни: [о мелодистах Якутии] //Знамя Октября.— Олекминск. — 1980.— 15 июля.

Пой, скрипка: [о народном музыкальном инструменте кырыымпа] //Социалистическая Якутия. — 1977. — 3 июля.

Список народных талантов Верхневилюйского улуса: [рукопись].— Верхневилюйская центральная библиотека, 1982.— 16 с.

Олоҕун уонна айар үлэтин туһунан

            Николай Иванович Бойлохов /[хомуйан оҥордо И. С. Иванова].- Дьокуускай: Бичик, 2019.- 336 с.

***

Алексеева А. Норуоттан тахсыбыт талааннар: [Н. Бойлохов, П. Одорусов о.д.а.] //Коммунизм сардаҥата. — 1978. — Бэс ыйын 15, 20, 24 кк.

Афанасьев Е. Ырыаҕа абылаппыт дьон: [Н. Бойлохов, П. Одорусов, А. Дмитриева] //Кыым.— 1979.— Алтынньы 18 к.

Васильева С. Кэрэни, үйэлээҕи уһанар кыһа: [Н. И. Бойлохов 1961-1965 сс. оҕо музыкальнай оскуолатын директора] //Үөһээ Бүлүү.— 2008.— Ахсынньы 16 к.— С.6.

Давыдов И. Ырыанан хардыылыыр доҕорбут //Кыым.— 1979.— Муус устар 6 к.; Коммунизм сардаҥата.– 1979.— Кулун тутар 13 к.

Иванов Д. Бэҕэһээҥҥи колхозтаах — бүгүн медодист //Коммунизм суолунан.— 1959.— Алтынньы 23 к.

Иванов И. Самодеятельнай композитор, педагог, общественник: [рукопись].— Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотека, 1990.—  6 с.

Константинов В. Бүгүн да ырыата ылланар: [Н. Бойлохов «Бүгүн ыллыыр ырыабар» ырыанньык презентацията] //Үөһээ Бүлүү.— 1998.— Кулун тутар 21 к.

Константинова М. Самодеятельнай композитор, педагог, общественник //Коммунизм сардаҥата.— 1989.— Кулун тутар 11 к.

“…Куруук тыыннаах ыллыы-туойа сылдьыаҕа” : [самодеятельнай композитор Н. И. Бойлохов туһунан төрөөбүтэ 85 сылыгар] / Үөһээ Бүлүүтээҕи Оҕо искусство оскуолатын педколлектива // Үөһээ Бүлүү. – 2014. – Кулун тутар 14 күнэ. – С. 7.

Лазарев   И.    Кэрэхсэбил   өйдөбүнньүк: [П. Одорусов, Н. Бойлохов, А. Дмитриева     «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыаларын  туһунан] //Саха  сирэ.— 1995.— Ыам   ыйын 7 к.

Никаноров В., Семенов А. Саха самодеятельнай композитордара уонна мелодистара.— Дьокуускай: «Ситим» КИФ, 1993.— С. 26-27.

Николаев В. Айар үлэ аартыгынан: [норуот айымньытын дьиэтин үлэтиттэн бэлиэтээһиннэр] //Коммунизм сардаҥата. — 1975. — Олунньу 11 к.—  С.3.

Одорусов П. Доҕорум Ньукулай туһунан //Коммунизм сардаҥата.— 1989.— Бэс ыйын 10 к.; Үөһээ Бүлүү.— 2009.— Кулун тутар 6 к.— С. 14.

Одорусов П. Олор өссө, ыллаа-туой //Коммунизм сардаҥата.— 1984.— Муус устар 10 к.

Прокопьев В. Талааннаах мелодист //Коммунизм сардаҥата.— 1973.— Кулун тутар 1 к.

Саха Республикатын Президенэ В. Штыров Н. И. Бойлохов аатын Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо искусствотын оскуолатыгар иҥэрэр туһунан Ыйааҕа //Саха сирэ.— 2008.— Ахсынньы 23 к.— С.2; Якутия.— 2008.— 23 декабря.— С. 3.

Семенов Т. Ырыаны доҕордоһон //Бэлэм буол.— 1975.— Тохсунньу 19 к.

Судинов В. Ырыа алыбар ылларыы //Кыым.— 1984.— Муус устар 3 к.

Хормуоска олук охсубута //Ленин суола.— Нам.— 1978.—  Сэтинньи 14 к.