
Прокопий Софронов-Боороо 1916 сыл от ыйын 2 күнүгэр Балаҕаннаахха Дьүүллээн алааска төрөөбүтэ. Төрөппүт аҕата Орукуй уола — Дадаҕа Ньукулай, ийэтэ Даарыйа Софроновтар диэн орто хаһаайыстыбалаах ыал этилэр.
Иккис уолларын Борокуоппайы-Боороону “абааһыттан куоттаран” оҕото суох Халый Силиппиэнэ-Габышевтар диэн ыалга ииттэрэ биэрбиттэрэ. Ииппит дьонноро эрдэ өлөннөр, 10 сааһыгар төрөппүт дьонугар төннөн кэлбитэ.
Сэрии иннигэр Борокуоппай колхоз төһүү үлэһитэ этэ. Кини туһунан оччотооҕу хаһыакка суруллубут: “Прокопий бэрт кыайыылаах доруобай киһи этэ. Кини үөрэнэн кинигэни, хаһыаты добдугураччы ааҕар буолбута. Үлэҕэ турунна да биир сорунуулаах этэ”.
1936 сыллаахха комсомол Саха уобаластааҕы комитетын ыҥырыытынан Алдаҥҥа көмүс хостооһунугар үлэлии барбыта. Онно үс сыл үлэлээн, билии-көрүү өттүнэн сайдан, нууччалыы саҥарар буолан дойдутугар төннүбүгэ.
Биир дойдулаахтара кинини аҕыйах саҥалаах, лаппа күүстээх, бэйэтин кыанар киһинэн ахталлара. Сэриигэ барыан иннигэр Хампаттан дьонун дьиэтин көтүрэн, саннынан таһан, бөһүөлэккэ киллэрэн 2-3 күн иһинэн тутан кэбиспитэ үһү.
1942 сыллаахха МТС-ка үлэлии сылдьан сэриигэ барар бэбиэскэ туппут. Дьонугар сылдьан быраһаайдаһар бокуойа суох быһа оройуоҥҥа киирбит. Аара билэр ыалыгар сылдьан ааспыт, дьонугар илдьит хаалларбыт: “Мөлтөх киһи баран эрэр буолбатахпын, санааргыы хайыы олорботуннар, этэҥҥэ сылдьан эргиллиэм”.
Соҕуруулуу-арҕааҥҥы фроҥҥа 1942 сыл тохсунньу ый 19 күнүгэр биир хабыр хапсыһыы кэмигэр Прокопий Софронов-Боороо холобура суох хорсун быһыыны көрдөрбүтэ. Өстөөҕү кытта киирсиигэ хамандыырын өстөөх буулдьатыттан бэйэтин түөһүнэн хаххалаан, өлөр өлүүттэн быыһаабыта, тыынын толук ууран туран. Саха буойунун хорсун быһыытын туһунан ССТА иһитиннэриитинэн дойду бары муннуктарыгар иһиллибитэ. Оччотооҕу ССТА иһитиннэриитин “Социалистическая Якутия” хаһыат 1942 сыл олунньу 18 күнүгэр бэчээттээбит: “Подвиг комсомольца Сафронова. Юго-Западный фронт. 15 февраля (ТАСС). Н-ская часть получила приказ о наступлении. Первым ринулся в бой комсомолец Сафронов. В пылу сражения он заметил, что немец в упор нацелился в командира. Сафронов в мгновение ока подбежал к нему и своей грудью заслонил командира. Грянул выстрел. Герой упал, сраженный вражеской пулей, отдав жизнь за Родину”. Оттон Москва радиота 1942 с. олунньу ыйга “Саха Данкота” диэн радиокомпозицияны биэрбит.
Өлөртөн быыһаммыт нуучча лейтенана Трифонов Прокопий дьонугар суруйбута: “Маннык хорсун уолу ииппиккит иһин Ийэ дойду аатыттан дириҥник махтанабын. Кини мин олохпун, бэйэтин тыынын толук ууран, быыһыы сылдьан геройдуу өллө. Эһиги албан ааттаах уолгут сырдык олоҕун фашистартан хайаан да иэстэһиэм”. 1942 сыл олунньу 6 күнүгэр 160-с стрелковай дивизия 443-с стрелковай полкатын командованиета герой аҕатыгар маннык ис хоһоонноох иһитиннэриини ыыппыта:
Извещение
Ваш сын Софронов Прокопий Афанасьевич, уроженец Якутской АССР, Верхневилюйского района, Намского сельсовета, в бою за социалистическую Родину, верный воинской присяге, проявив геройство и мужество, убит 10 января 1942 г. Похоронен в могиле в селе Сокольня Плото Шигорского района Курской области.
Настоящее извещение является документом для возбуждения ходатайства пенсии (Приказ НКО СССР).
Командир полка п/п-к Гагарин
Военный комиссар, батальонный комиссар : Зенин,
Начальник штаба п/п : Голубов
Бу иһитиннэрии сурук Бүлүү военкоматын архивыгар харалла сытар эбит.
Сэрии кэмигэр саха художнига Кривошапкин “Подвиг рядового Софронова” диэн хартыына уруһуйдаабыта. Ол хартыынаны почтовай открыткаҕа бэчээттээн, сэрии кэмигэр саха саллааттарыгар ыыталлар эбит. Ол хартыына билигин Е. Ярославскай аатынан музей фондатыгар баар. 1944 сыллаахха Балаҕаннаахха суруйааччы М.Н. Тимофеев-Терешкин диэн суруйааччы кэлэ сылдьыбыт. Кини Прокопий Софронов дьонугар — Дадахаларга уонна сэриигэ өлбүт Никита Докторов-Оборуу дьонугар сылдьыбыт. Ол кэлэн барбытын түмүгэр “Подвиг пехотинца Софронова” диэн хоһоон суруйбута.
Прокопий Софронов-Боороо бойобуой суолун бастакынан биллиилээх журналист Дмитрий Бубякин чинчийбитэ. Кини Курскай уобаласка герой көмүллүбүт братскай могилатыгар тиийэ сылдьыбыта. Киин архивка, военнай архивка үлэлээбитэ. Ол түмүгүнэн хаһыакка очерк бэчээттэппитэ.
Балаҕаннаах нэһилиэгэ /[хомуйан оҥордо Н. С. Софронова].- Дьокуускай: Медиа-холдинг “Якутия”, 2012.- С. 103-105.