Федоров Петр Никифорович-Хоро Бүөтүр

Суруйааччы, 1992 «Саха сирин литератора» Ассоциация чилиэнэ,

СӨ уонна РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.

1950 с. Үөһээ Бүлүү оройуонун 2 Хоро нэһилиэгэр төрөөбүтэ. “Бэлэм буол” хаһыакка маҥнайгы заметката 1962 с. тахсыбыта. Онтон ыла журналист буолар суолу тутуспута. 1976 с. СГУ саха салаатын бүтэрбитэ, 1975 с. бэчээккэ үлэтин саҕалаабыта. “Эдэр коммунист”, “Сахаада” хаһыат редакцияларыгар литературнай сотруднигынан, отдел сэбиэдиссэйинэн, телевидение уонна радио комитетыгар, “Чуораанчык” сурунаалга редакторынан үлэлээбитэ. Кэлин Культура министерствотын “Ситим” коммерческай издательскай фирматын директорынан уонна сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. П. Хоринскай «Ыраах суоллар ыҥыраллар» 1978 с., «Маҥнайгы хардыылар» 1985 с., «Тыыннаахтар умнубат сыллара» 1990 с., диэн кинигэлэр ааптардара, оҕолорго аналлаах «Дьоһун дьон буолуҥ» 1989 с. кэпсээн кинигэлээх. Кэлин  «Көмүс ардах» 1992 с., «Эһиги билэҕиэт», «Мин кынаттарбар эрэнэбин» 1992 с., 1993 с. “Умнуллубат сайын” диэн сэһэнэ тахсыбыта, кэлин ити кинигэ салгыытын суруйбута. “Буруйдаамаҥ дуу, миигин” диэн Сэргэлээх 70-с сыллардааҕы ыччатын олоҕун-дьаһаҕын туһунан уус-уран айымньылаах. 1994 с. урукку өттүгэр сахалыы тылынан тахсыбыт оҕолорго аналлаах кинигэтэ “Будьте добрыми людьми” диэн ааттанан, А. Борисова тылбааһыгар күн сирин көрбүтэ.  «Сүдү иэс төлөнөн сүтүллүө» 1994 с. кинигэтэ тахсыбыта.

Кинигэлэрэ

Ыраах суоллар ыҥыраллар: очеркалар.— Дьокуускай, 1978.

Маҥнайгы хардыылар.— Дьокуускай, 1985.

Үтүө дьон буолуҥ.— Дьокуускай, 1989.

Тыыннаахтар умнубат сыллара.— Дьокуускай, 1990.

Көмүс ардах: сценкалар, монологтар, юмор, сатира.— Дьокуускай: Ситим, 1992.— 96 с.

Умнуллубат сайын: сэһэн.— Дьокуускай: Бичик, 1993.        

Эһиги билэҕиэт?: «Чуораанчык» оҕо журналын геройдарыгар акростихтэр.— Дьокуускай: Ситим, 1993.— 16 с.

Сүдү иэс төлөнөн сүтүллүө /[ред. С. С. Лебедкин].- Дьокуускай: Ситим, 1994.- 67 с.: ил., портр.

Будьте добрыми людьми : рассказы для детей /Петр Хоро ; пер. с якут. Альбина Борисова. – Якутск : Ситим, 1994. – 15, [1] c. : ил. 

Олоҕун уонна айымньыларын туһунан

Матахова, М.  Оннук оҕолор бааллара : [Улуус хаһыатын корреспонденнара П.Н.Хоринскай, В.С. Нанова туһунан ахтыылар] // ҮӨһээ Бүлүү. – 2002. – Тохсунньу 11 к.- С.3.