Үөһээ-Бүлүү оройуоннааҕы комсомольскай тэрилтэ

    Үөһээ-Бүлүү оройуоннааҕы комсомольскай тэрилтэ — Саха сирин Комсомолун быстыспат сорҕото. Кини дуолан охсуһуу, күүрээннээх үлэ, дьаныардаах үөрэх килбиэннээх суолун ааспыта.

      Ити суол кыырыктыйбыт баттахтаах комсомол кырдьаҕас ветераннарыгар өйтөн-санааттан умнуллубат үтүөкэннээх өйдөбүнньүк, эрчим санаалаах, төлөннөөх сүрэхтээх үүнэр көлүөнэни үтүө холобурга угуйар сырдык сулус буолан көстүөҕэ.

           Биһиги оройуоммутугар комсомол Бүлүү оройуонун састаабыгар киирсэн, бэйэтин бастакы силиһин 1921 сыллаахха тардыбыта. Үөдүгэй уонна Үөһээ-Бүлүү улуустарыгар тэриллибит комсомольскай ячейкалар уончаны кыайбат чилиэннээхтэрэ. Үөһээ-Бүлүү комсомольскай ячейкатын маҥнайгы секретарынан Игнатий Тобохов, оттон Далыр комсомольскай ячейкатын тэрийээччинэн уонна секретарынан Дмитрий Донской-I (Чөрөктүүрэп) этилэр.

      Комсомоллар, оччотооҕу баайдар тобохторун утары охсуһууга, советскай тутууга ыччаттары киэҥник тардыыга, Саха өрөспүүбүлүкэтин политическай уонна хаһаайыстыбаннай ситиһиилэрин, нэһилиэнньэ ортотугар киэҥник өйдөтүүгэ күүскэ үлэлээбиттэрэ уонна кинилэр сабыдыаллара күннэтэ улаатан испитэ. Ол түмүгэр 1927 сыл тохсунньу 1 күнүгэр кинилэр кэккэлэригэр 187 ыччат (168 чилиэн, 19 кандидат) киирбиттэрэ, ити сыыппара 1928 сыл от ыйын 1 күнүгэр 307 (283 чилиэн, 24 кандидат) тиийбитэ. Ити кэмҥэ комсомольскай тэрилтэлэр, кинилэр активистара нэһилиэнньэҕэ культурнай революцияны ыытыыга, сир түҥэтигэр, кулаактары кылаас быһыытынан эһиигэ, бастакы артыаллары тэрийиигэ, саамай активнай күүс быһыытынан кыттыбыттара.

    1922 сыл муус устар ыйга Далырдааҕы комсомольскай ячейканы бандьыыттар үрэйбиттэрэ, бандьыыттар хааннаах илиилэриттэн элбэх бастыҥ ыччаттар, комсомолецтар Далырга, Кэнтиккэ, Намҥа, Харбалаахха, Сургуулукка, Үөһээ Бүлүүгэ өлбүттэрэ. Никифор Иванов (Ханды), Николай Винокуров Хохочойго бандьыыттар тоһуурдарыгар түбэһэн сырдык тыыннара быстыбыта, Василий Долгунову Ыйыласка бандьыыттар кыыллыы өлөрбүттэрэ.

    Ыарахаттары, мэһэйдэри эрчимнээх эдэр түөстэринэн үлтү солоон, саҥа олоҕу күүһүрдэн, сайыннаран, үөрэххэ, сырдыкка тардыһыы күүһүрэн, тэтимирэн испитэ.

30-с сыллар

       1931 с. Далырга комсомолец ахсаана 28 киһи этэ. Манна секретарынан Корякин Павел Иванович үлэлээбитэ.

      1935 с. Бүлүүттэн арахсан Үөһээ-Бүлүү туһунан оройуон буолбута. Комсомол райкомун I секретарынан Егор Яковлевич Пахомов (1935-1937 сс.) үлэлээбитэ. Ити бириэмэҕэ 61 колхоз баар буолбута. Комсомольскай тэрилтэ састааба: партийнай-комсомольскай үлэһиттэр — 11 киһи, рабочай — 48 киһи, колхозтаахтар — 46 киһи, үөрэнээччи — 50 киһи, дьиэ хаһаайкалара — 4 киһи этилэр.

I секретарь Пахомов Егор Яковлевич үлэлиир кэмэ

         Ити кэмҥэ дойду үрдүнэн киэҥник тэнийбит Стахановскай хамсааһыҥҥа оройуон ыччата эрчимнээхтик ылсыбыта. 1935 с. Бүлүү зонатыгар бастакынан биһиэхэ машинно-тракторнай станция (МТС) тэриллибитэ. Онно бастакы трактористарынан комсомолецтар Т.И. Иванов, А.С. Егоров, А.А. Оконосов, В.М. Барахов, П.Н. Ойурова этилэр. Сир оҥоһуута тосту тупсарыллыбытын түмүгэр «Чолбон», «Саҥа олох», «Бааһынай», «Кэскил киинэ», «Ворошилов» аатынан колхозтар үрдүк үүнүүнү ылар буолбуттара. Ити бириэмэҕэ комсомоллар А.И. Ычырова, М.А. Николаева, Е.Н. Григорьева оройуон бастыҥ трактористара буолбуттара.

      Алдан көмүһүн сууйууга республика комсомолун ыҥырыытын өйөөн Үөһээ-Бүлүүттэн 30 чулуу ыччаттары ыыппыттара. Кинилэр ортолоругар Сургуулуктан К.Ф. Борисов баран, саха урут билбэт үлэтин баһылаан, бастыҥнар ахсааннарыгар киирбитэ, шахтерынан, колхоз, совет председателинэн уһуннук үлэлээбитэ, Алдан оройуонун бочуоттаах гражданина буолбута.

  Балаҕан ыйын 20 күнүгэр 1932 сыллаахха, социалистическай тутуу ударнигын, райкомол бюрота, Сургуулук комсомольскай ячейкатын икки комсомолеһыгар Д.Т. Тарасовка, С.И. Семеновка иҥэрбитэ.

   1935 с. тохсунньу бастакы күнүгэр оройуоннай комсомольскай тэрилтэ учуотугар 368 чилиэн турара. Комсомольскай ячейкалар маҥнайгы сүһүөх комсомольскай тэрилтэлэргэ уларытыллан тэриллибиттэрэ.

     1935 с. культармеецтарынан 10 учуутал үлэлээбит буоллаҕына, 1936 сыллаахха 124 киһи кыттыыны ылбыта.

    Пятилетка бастакы сылларыгар Боотулууга, Хороҕо, Дүллүкүгэ, Кудуга, Өргүөккэ, Үөһээ-Бүлүүгэ, Быракааҥҥа, Мэйиккэ оскуолалар базалара кэҥэтиллибитэ, 1932 сыллаахха 19 оскуолаҕа 1785 оҕо үөрэнэрэ.

I секретарь Мойтохонов Н.Е. үлэлиир кэмэ (1937-1938 сс.)

      1938 с. ахсынньы 15 күнүгэр районнай комсомольскай конференцияҕа 68 быһаарар куоластаах делегат кыттыыны ылбыта. Ити бириэмэҕэ 46 комсомольскай тэрилтэ баар буолбута. 1937-38 сс. комсомолецтартан 2 нэһилиэккэ Совет председателлэрэ, 3 совет секретардара, 3 колхоз председателэ, 11 бригадир, 11 суоччут, 7 ыанньыксыт бааллара. Ити саҕана ыччаты политическай үөрэхтээһиҥҥэ улахан болҕомто ууруллара.

I секретарь Орлова Харитина Алексеевна үлэлиир кэмэ

     1938-40 сс. райкомол 54 төгүл кружоктар үлэлэрин туһунан боппуруоһу дьүүллэспит, 70 кружоктарга оройуон үрдүнэн 4 тыһыынча уолаттар уонна кыргыттар дьарыктаналлара, билии-көрүү оскуолатын ааһаллара.

   1940 с. оройуоҥҥа 45 стахановец, 167 үлэ ударниктара бааллара. Стахановскай хамсааһын Макар Узнаев секретардаах «Арбаҥда» колхозка киэҥник тэнийбитэ. Ити колхозка оройуоҥҥа аан-маҥнайгы ыччат комсомольскай коллектива тэриллибитэ, 28 ыччат социалистическайдыы эбэһээтэлистибэлээх үлэлээбитэ, ыһыы үлэтин 7 күнүнэн бүтэрбиттэрэ. Ити сыл күһүнүгэр 1 гаттан 14 центнер бурдук хомуллубут. «Кыһыл колхозтаах» артыалга, 30 комсомолецтар үрдүк социалистическай эбэһээтэлистибэлэрин чиэстээхтик толорбуттара, тракторист, стахановка Зинаида Егорова күннээҕи нуорматын 200% толорбута, «Чолбон» колхоз сириттэн үрдүк үүнүүнү ылбыта. Колхозтаахтар дохуоттара улааппыта, комсомолец Т. Такасаев 450 үлэ күнүн аахсыбыта, онтугар сыл түмүгэр 4140 кг бурдугу, 7020 кг оту, 15 кг арыыны ылбыта.

   Ити курдук, түргэн тэтиминэн олох тупсан, үөрэх-билии кэҥээн испитэ, онно комсомолецтар бэйэлэрин холобурдарынан ыччаты угуйан, нэһилиэктэргэ сабыдыаллара улааппыта.

Пахомов Егор Яковлевич

Мойтохонов Николай Егорович

Орлова Харитина Алексеевна

40-с сыллар

1940-42 сс. комсомол райкомун бастакы секретарынан Иван Федорович Афанасьев үлэлээбитэ.

            Аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт, иэдээннээх сэрии турбутугар, Ийэ дойдуларын көмүскэһэ биһиги оройуонтан 1622 бастыҥ ыччаттар, саа-саадах тутаннар, кырыктаах өстөөҕү утары кыргыһыы толоонугар тиийбиттэрэ. Оҕус, ат көлөлөөх, хотуур, кыраабыл тэриллээх, тыа сирин уолаттара фашистскай Германия үөрэхтээх талыллыбыт сэрииһиттэриттэн чаҕыйбакка, күөн-күөҥҥэ көрсүбүттэрэ, сэрии хонуутугар 991 киһи геройдуу охтубуттара.

            1942 с. олунньу 6 күнүгэр Прокопий Софронов (Балаҕаннаахха төрөөбүт), командирын бэйэтинэн хаххалаан өстөөх буулдьатыгар киирэн биэрбитэ.

            «Сталинград оборонатын иһин» медалга түһэриллибит, бааһырбыт буойуннар испииһэктэригэр, 15 киһи биһиги биир дойдулаахтарбыт бааллара. Кинилэр ортолоругар Федоров Г.В. — Сэбэдьээнтэн, Ильин Н.Н. — Намтан бааллар. Сталинград көмүскэлигэр кыргыһыыга 16 буойун геройдуу өлбүттэрэ. Кинилэр ортолоругар Иванов Г.Н. — Молотов аатынан колхозтан, Федоров В.В. — Ворошилов аатынан колхозтан бааллара.

            Ийэ дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ биһиги оройуонтан, нэһилиэктэртэн ыҥырыллан уоттаах сэрииттэн тыыннаах төннүбүт уонна сэрии толоонугар геройдуу охтубуттары дьон билиитигэр таһаарабыт:

№

Нэһилиэгэ

Уопсай ахсаана

Өлбүт

Эргиллибит

1.

Үөһээ Бүлүү

166

95

71

2.

Нам

129

74

55

3.

Үөдүгэй

114

70

53

4.

Ороһу

116

67

40

5.

Харбалаах

61

43

18

6.

Өргүөт

128

75

53

7.

Туобуйа

59

33

26

8.

Кэнтик

106

85

21

9.

Хоро

100

64

36

10.

Оҥхой

66

46

20

11.

I Боотулуу

109

59

50

12.

Мэйик

46

31

15

13.

Сургуулук

63

44

19

14.

I Үөдүгэй

54

30

24

15.

Маҥаас

47

30

17

16.

2 Боотулуу

90

58

32

17.

Дүллүкү

146

97

49

            Үөһээ-Бүлүү оройуонун комсомолецтара, ыччаттара оборона фондугар 673 тыһ. солкуобайы киллэрбиттэрэ, 258 тыһ. солкуобай танковай колонна тутуутугар барбыта, ити таһыгар саллааттарга анаан, түүлээх ичигэс таҥаһы тигэн, хомуйан ыыппыттара.

            1941 с. 65 маҥнайгы сүһүөх комсомольскай тэрилтэ, о.и. 37 колхозтааҕы, 8 оскуолатааҕы, 10 учреждениелааҕы тэрилтэлэргэ 551 комсомолец учуокка турара. Сэрии сылларыгар, 70-тан тахса комсомолец партия кэккэтигэр үүммүтэ, ити бириэмэҕэ кыһыҥҥы уонна сайыҥҥы кросстар тэрээһиннээхтик бараллара. 1943 сыл кросска 1700 киһи кыттыбыта, обороннай үлэҕэ 1944 с. үһүс, 1945 с. бастакы миэстэни ылан, ЫБСЛКС обкомун грамотатынан уонна көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамятынан оройуон комсомольскай тэрилтэтэ наҕараадаламмыта. Сэрии сылларыгар комсомол райкомун бастакы секретарынан Ольга Андреевна Тарасова үлэлээбитэ.

            1942 сылтан райкомол колхозтарга, ыһыы үлэлэригэр ыччат-комсомольскай биригээдэлэри тэрийтэлиир буолбута, 1943 с. — 26, 1944 с. — 24, 1945 с. — 25 биригээдэлэр үлэлээбиттэрэ. 1945 сылтан үрдүк үүнүү звенолара тэриллибиттэрэ. 1943 сылтан үүнүү хомууругар оскуола оҕолоро биригээдэ, звено тэринэн үлэлиир буолбуттара. «Кыһыл үлэһит» колхозка 20 үөрэнээччилээх ыччат звенота сайын устата 143 гектары охсубута уонна мунньубута, 90 гектар сир отун кээспитэ. Сэриигэ барбыт механизатордары солбуйан үлэлээбит Марфа Тобохова, комбайнҥа үлэлээбит Е. Иванова ааттара киэҥник биллибиттэрэ.

1945-46 сс. комсомол райкомун 1 секретарынан Васильева Акулина Прокопьевна үлэлээбитэ. Комсомол райкома 1946-48 сс. тыа хаһаайыстыбатыгар ыччат оруолун үрдэтэр туһунан боппуруоһу 20 төгүл дьүүллэспитэ, маҥнайгы сүһүөх комсомольскай тэрилтэлэргэ 578 төгүл боппуруос көрүллүбүт.

            ЫБСЛКС чилиэнин 60% тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиирэ. Оройуоҥҥа оҥоһуллар үлэ күнүн 42,7% ыччат күүһүнэн оҥоһуллара. Нэһилиэктэр, тыа хаһаайыстыбатын эппиэттээх үлэтигэр ыччаттар, бастыҥ комсомолецтар туруоруллар буолбуттара. Нэһилиэктэр уонна оройуон үлэтигэр, общественнай олоҕор комсомол салалтатынан ыччат быһаарар күүс буолбута.

1946-48 сс. райкомол бастакы секретарынан Дорофеев Кирилл Иванович, 1948-50 сс. 1 секретарынан Николаев Николай Константинович үлэлээбиттэрэ.

Афанасьев Иван Федорович

Тарасова Ольга Андреевна

Дорофеев Кирилл Иванович

Николаев Николай Константинович

50-с сыллар

            1952 с. МТС-ка 44 трактор баара, 28 комсомолецтар трактористарынан үлэлээбиттэрэ, Еремей Михайлов, Х. Андреев, Н. Иванов, А. Елисеев, А. Анисимов, республикаҕа трактористар куоталаһыыларыгар 1 миэстэни ылбыттара, Обкомол Почетнай грамотатынан наҕараадаламмыттара. Еремей Михайлов былаанын 291% толорбута, 1915 кг горючайы экономиялаабыта. 4 пятилетка чулуу дьонун ааттарыгар механизатордар-комсомолецтар Н. Николаев, М. Егоров, Н. Ычыров, М. Тимофеев киирбиттэрэ.

            1951 с. Үөһээ-Бүлүү оройуона ВДНХ Саха сириттэн бастакынан кыттар буолбута, онно «Чолбон», Молотов аатынан, Андреев аатынан, колхозтар уонна МТС кыттыбыттара.

            1952 с. 20 колхоз баар этэ, 1941 сылы кытта тэҥнээтэххэ колхозтаахтар дохуоттара 2 төгүл, харчынан дохуот 2,3 төгүл эбиллибитэ. 1960 с. VIII комсомольскай конференция дакылаатыгар оройуоҥҥа, 23 драматическай, 16 хоровой, 3 музыкальнай, 15 танцевальнай — барыта 56 куруһуоктарга, 723 ыччат дьарыктанарын туһунан этиллэр. Ити коллективтарга 117 постановкалары, 111 концертары, 17 самодеятельность, 18 танцевальнай биэчэрдэри ыыппыттар. 1950-52 сс. райкомол 1 секретарынан Егоров Александр Максимович, 1952-53 сс. 1 секретарынан Пахомов Иннокентий Петрович үлэлээбиттэрэ

            1956 с. сэтинньи 13 күнүгэр Ленинскай комсомол «Ленин» орденынан наҕараадаламмытынан сибээстээн митинг тэриллибитэ. Онно 100 тахса ыччат, комсомолецтар кыттыыны ылбыттара, 6 киһи тыл эппиттэрэ уонна өссө үрдүк таһаарыылаахтык үлэлииргэ ыҥырыы таһаарбыттара.

            1955-56 сс. Далырга учуутал М.А. Алексеев салалтатынан араас техническай куруһуоктар: машиноведение, мотоцикл, фото, кино, физика о.д.а. ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Манна үөрэммит оҕолортон араас идэлээх инженердэр, механизатордар, технологтар тахсаннар, норуот хаһаайыстыбатыгар таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ уонна бэйэлэрин холобурдарынан элбэх үүнэр көлүөнэни уһуйбуттара.

            1956 с. ыччат производстваҕа оруола лаппа улааппыта. Фермаларга 18 ыччат комсомольскай учаастактар тэриллэн 70-ча кыргыттар. 1000-тан тахса ынаҕы ыабыттара, 17 кыргыттар ньирэй көрөөччүннэн үлэлээбиттэрэ, ыччаттар 9732 бэрэбинэни кэрдибиттэрэ. Комсомолкалар М. Потапова, М. Семенова. М. Потапова, А. Николаева ааттара киэҥник биллибиттэрэ.

            Харбалаах нэһилиэгэр, Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрбит Семен Иванов ыҥырыытын өйөөн, ЫБСЛКС райкома, оройуон киинин сулууспалаахтарыттан, үөрэҕи бүтэрээччилэртэн, 40 киһилээх звенону тэрийэн сүөһү үлэтигэр таһаарбыта.

            1956 с. кыстыкка Калинин аатынан колхоз ыччатын хамсааһына оройуон ыччатын ортотугар киэҥник тарҕаммыта.

            Колхоз правлениета, партийнай тэрилтэтэ ыччат инициативатын өйөөбүттэрэ. Ол түмүгэр комсомолецтар 70% сүөһү үлэтигэр үлэлии тахсыбыттара. В. Тарасов, Н. Тарасов, Т. Иванова, М. Борисова, А. Игнатьева ааттара өр сылларга киэҥник сураҕырбыттара. Кинилэр ынахтан 1312-1536 кг үүтү ыабыттара.

Комсомол райкомолун 1 секретардарынан Егоров Марк Трофимович 1953-1956 сс., Прокопьев Юрий Николаевич 1956-1959 сс. үлэлээбиттэрэ.

            1957 с. сэтинньигэ, колхозтар эдэр сүөсүһүттэрин бастыҥнарын оройуоннааҕа бастакы слета буолбута, слет кыттыылаахтара ыҥырыы таһаарбыттара. Слекка кыттыбыт комсомолецтар Мэйиктэн В. Эттянов, Хороттон М. Сергеева, «Чапаевтан» И. Степанов үлэҕэ өссө үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэргэ сорудахтаммыттара уонна оройуон ыччатын оскуола кэнниттэн колхозтарга тахсан үлэлииргэ ыҥырбыттара. Слекка Далыр орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ оскуоланы бүтэрэн баран, колхозтарга тахсан үлэлииргэ аан маҥнай бачыын көтөҕөн ыҥырыы таһаарбыттара.

            Бу хамсааһын киэҥ далааһыннаммыта, республика үрдүнэн «Школа — Производство — ВУЗ» диэн лозуҥҥа кубулуйбута, үтүмэн элбэх ыччат буһар-хатар кыһатынан буолбута.

Егоров Александр Максимович

Егоров Марк Трофимович

Прокопьев Юрий Николаевич

60-с сыллар

            1959-60 сс. ЫБСЛКС райкомун бастакы секретарынан Долгунов Василий Сергеевич талыллан үлэлээбитэ.

         60-с сыллар саҕаланыыларыгар, тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр наука уонна техника ситиһиитэ маассабайдык туттуллар, производственнай процесстар уустугуран барбыттара. Тыа хаһаайыстыбатын салайыыга, сайдыы саҥа кэрдиис кэмигэр эппиэттиир билиилээх, онно сөп буолар таһымнаах кадрдар наада буолбуттара.

            Итиннэ сөп түбэһиннэрэн, бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн, райкомол аппараатын үлэһиттэрэ, колхозтарга үлэлии тахсыбыттара. Ол курдук райкомол бастакы секретара В.С. Долгунов «Правда» колхоз солбуйааччы председателинэн, иккис секретарь К.П. Шадрин М. Горькай аатынан колхоз председателинэн, бюро чилиэнэ В.К. Котоконов солбуйааччы председателинэн, Е.Т. Гаврильева Энгельс аатынан колхоз председателин солбуйааччынан, бюро чилиэнэ А.П. Акимов Карл Маркс аатынан колхозка солбуйааччы председателинэн быыбарданан үлэлээбиттэрэ, В. Трофимов, К. Николаев, А. Харабаев биригэдьииринэн ыытыллыбыттара, ЫБСЛКС райкомун бастакы секретарынан 1960-61 сс. Платонов Андрей Николаевич, 1961-63 сс. Архипов Александр Самсонович үлэлээбиттэрэ.

            1961 с. Ленин аатынан колхоз «Чараҥнааҕы» ыччат-комсомольскай фермата, хас биирдии ынахтан 1635 кг ыырга эбэһээтэлистибэлээҕин 117,5% толорон, оройуоҥҥа 1 миэстэни ылбыта. Оройуон ыччата 4985 ньирэйи тутан 95,64% тыыннаахтыы ииппитэ, 21 ньирэй көрөөччү 100% тыыннаахтыы ииппиттэрэ. Кинилэр ортолоругар Матрена Иванова, Мария Егорова, Татьяна Мыскатова, Ефросинья Федорова 51-100 ньирэйи тыыннаахтыы ииппиттэрэ. 23 ыччат-комсомольскай фермаларга 103 эдэр ыанньыксыт 1350 ынахтан ортотунан 1198 кг үүтү ыабыттара, ол саҕана бу уһулуччу үрдүк көрдөрүү этэ. Комсомолецтар Захар Егоров, Евдокия Чычахова, Галина Николаева, Григорий Харлампьев, Револий Такасаев ааттара киэҥник биллибиттэрэ.

            Василий Наумов орто оскуола кэнниттэн аатырбыт ыанньыксыт У. Лазареваны кытта үлэлээн биирдии ынахтан 2475 кг үүтү ыабыта. Кини Москваҕа Комсомол КК бюротун киэҥ ыҥырыктаах мунньаҕар кыттыыны ылбыта. Комсомолка М. Егорова, Ленин аатынан колхоз ыанньыксыта, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин Хабаровскайдааҕы сүбэ мунньаҕар кыттыыны ылбыта.

ЫБСЛКС райкомун 1 секретарынан Герасимов Николай Афанасьевич 1965-66 сс., Дмитриев Николай Захарович 1966-67 сс., Федотов Дмитрий Яковлевич 1967-68 сс. үлэлээбиттэрэ.

            Тыа хаһаайыстыбатын бородууктатын оҥорон таһаарыыны үрдэтэр сыаллаах Партия ыҥырыытыгар эппиэттээн, Александра Иванова 17 ыччаттар уонна комсомолецтар бөлөхтөрүн кытта, комсомольскай тэрилтэ секретарын солбуйааччынан үлэлии сылдьан, ыанньыксытынан И. Барахов аатынан колхозка тахсыбыта. Кини республикаҕа аан бастакынан 3860 кг үүтү биирдии ынаҕыттан ыан, уһулуччу үрдүк көрдөрүүнү ситиспитэ.

            Александра Николаевна — сүүрүүгэ, хайыһарга оройуон хас да төгүллээх чемпионката, СГУ медицинскэй факультетын бүтэрбитэ, билигин Тамалакаан участковай балыыһатын сэбиэдиссэйэ, РСФСР үтүөлээх бырааһа.

            Орто оскуола кэнниттэн үлэлээбит А. Алексеева, М. Долгунова, В. Николаева, К. Саввинова, Г. Гоголева, В. Лепчикова, М. Захарова, М. Федорова, механизатордар И. Семенов, С. Николаев, П. Руфов, комсомол ХVI съеһин делегата учуутал О. Васильева, Саха АССР Верховнай Советын депутаттарынан быыбардаммыт комсомолецтар З. Хогурова, М. Данилова, М. Ильина, К. Тимофеева, С. Андреева о.д.а. оройуоннааҕы комсомольскай тэрилтэ киэн туттуутунан буолбуттара.

Долгунов Василий Сергеевич

Платонов Андрей Николаевич

Михайлов Петр Александрович

Герасимов Николай Афанасьевич

Дмитриев Николай Захарович

Федотов Дмитрий Яковлевич

70-с сыллар

            Оройуон олоҕор биир историческай бэлиэ событиенан, И. Барахов аатынан орто оскуолаҕа, физико-математическай кылаастар аһыллыылара буолбута. Кэлин бу үтүө, кэскиллээх дьыала, үрдүкү турар партийнай, советскай салайар органнар өйөөһүннэринэн кэҥээн, сайдан 1974 с. 2-с №-дээх анал орто оскуола саҥа дьиэтэ тутуллан аһыллыбыта. Бу оскуолаҕа, Саха сирин араас оройуоннарыттан, бэл диэтэр Якутскай куораттан кэлэн, дьоҕурдаах оҕолор анал программанан үөрэнэн, Советскай Союз ханнык баҕарар ВУЗ-тарыгар иҥнигэһэ суох киирэн үөрэнэн киэҥ билиилээх дьон буолан тахсаллара.

            Билиҥҥи кэмҥэ республиканы салайар таһымнаах кадрдар үүнэн таҕыстылар, элбэх киһи үөрэхтэрин өссө салҕаан, наука үлэһиттэрэ, биллиилээх учуонайдар буоллулар. Олор истэригэр, Ил Түмэн депутаттара Ф.С. Тумусов, В.С. Поскачин, учуонайдар Иван Дмитриев, Светлана Мачахова, Иван Шамаев, Иван Николаев, Александр Самсонов, Егор Егоров, Александр Иванов, Юрий Васильев, Елена Дмитриева-Давыдова, Семен Гаврильев, Иван Анисимов, А.Р. Варфоломеев, В.Д. Михайлов, А.Ф. Абрамов, Ф.В. Габышева, Д.Д. Саввинов, М.С. Саввинова, П.Г. Петрова-Карадчина, А.Г. Лыглаев, И.Е. Егоров, А.И. Петрова уо.д.а.

            Физико-математическай үөрэхтээһини бастакынан тэрийбит, иилээбит-саҕалаабыт, олох сайдыытын ирдэбилин эрдэттэн өтө көрбүт, уһулуччулаах учуутал, саха саарына, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх учуутала М.А. Алексеев ССРС народнай учууталын үрдүк аатын ылбыта.

            Физмат кылаастар аһыллан, айымньылаахтык үлэлээбиттэригэр, улахан кылааты киллэрбит дьон, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх учуутала Д.С. Спиридонов, Саха АССР үтүөлээх учууталлара В.С. Долгунов, А.И. Семенов, П.П. Одорусов, М.И. Мярикянова, Н.Ф. Иванов, А.А. Маччасынов, Н.П. Саввинов о.д.а. үтүөлэрэ-өҥөлөрө улахан.

            Фашистскай Германияны кыайыы 30 сылын көрсө, өлбүттэр сырдык кэриэстэрин үйэтитиигэ, кинилэр оннуларыгар, үлэ нуорматын толорууга хамсааһын киэҥник тэнийбитэ. Промкомбинат (секретарь И. Семенов) кыргыһыы хонуутугар, бойобуой хамандыырын түөһүнэн хаххалаан, геройдуу охтубут П. Софронов суотугар, 11 тыһ. солк. эбии продукция оҥоһуллубута. Хохочойго гражданскай сэриигэ, саҥа олох туһугар сырдык тыынын толук уурбут, комсомолец Н. Иванов (Хандыы) аата, тыыннаахтары сэргэ Маҥаас «Юбилейнай» коллективыгар ааттана сылдьыбыта. Далыр «Тэкэндэтигэр» комсомольскай фермаҕа, гражданскай сэрии активнай кыттыылааҕа, М. Потапова аата коллективка сыһыарыллыбыта.

            Кэнтик отделениетын «Тайга-76» коллектива (наставник П.В. Федоров, групкомсорг Л. Акимова) республикаҕа ыҥырыы таһааран, ЫБСЛКС XVIII съеһин көрсө, хас биирдии бороонтон 127 кг эбиллиини ылан, биэрбит тылын чиэстээхтик толорбута.

            И. Барахов аатынан совхоз, Балаҕаннаахтааҕы биригээдэтигэр «Чэйиҥ эрэ, уолаттар» диэн девизтаах бачыым көтөҕүллэн уолаттар «Кэскил» ыччат комсомольскай ферматыгар түмсэн үлэлээбиттэрэ. Киэҥ сэҥээриини уонна өйөбүлү ылбыта.

            ЫБСЛКС райкомун бастакы секретаарынан Николаев Прокопий Васильевич 1972-73 сс., Дмитриев Владимир Иевич 1973-76 сс., Иванов Петр Иннокентьевич 1976-79 сс. үлэлээбиттэрэ.

            Октябрь 60 сааһын көрсө социалистическай куоталаһыы кыайыылаахтарынан ыанньыксыттар ортолоругар Галина Иванова «Дүллүкү» совхозтан, Наталья Васильева И. Барахов аатынан совхозтан тахсыбыттара.

            Ыччат ферматын коллективын ортолоругар кыайыылаахтарынан, В. Дойдукова аатынан ыанньыксыт фермата (наставник Прокопьева А.И., комсорг Г. Иванова), «Тайга-76» (наставник Федоров В.П., комсорг Л. Акимова) ыччат сүөһүнү төлөһүтэр коллективтар буолбуттара.

            Онус пятилетка сылларыгар оройуон норуотун хаһаайыстыбатыгар үлэһит илии: промышленноска — 72%, тыа хаһаайыстыбатыгар — 82%, атыыга-эргиэҥҥэ — 68%, бытовой хааччыйыыга — 63%, сибээскэ уонна транспорка — 76%, тутууга — 56% ыччаттар этилэр. Ыччаттар 66 ыччат комсомольскай коллективтарга түмсүбүттэрэ.

            Көдьүүс уонна хаачыстыба пятилеткатын сылларыгар оройуоҥҥа үүт ыамын эдэр ыанньыксыттара Сусанна Ныннырова, Александр Прокопьев, Валентина Семенова биирдии ынахтан ортотунан 2000 кг тахса, онтон наставниктар Михайлова А.И., Алексеев Н.Д. 3000 кг тахса үүтү ыаннар, ыамы үрдэтиигэ кыахтар баалларын дьиҥ-чахчы дьыаланан дакаастаабыттара.

            1978 с. түмүгүнэн, 1979 с. бастакы аҥаарыгар оройуоннар, куораттар комсомольскай тэрилтэлэрин көрүүгэ, Саха АССР тыа хаһаай   ыстыбаннай көрүүгэ, Саха АССР тыа хаһаайыстыбаннай оройуоннарын бөлөҕөр, оройуон комсомольскай тэрилтэтэ кыайыылааҕынан тахсыбыта, икки төгүл ЫБСЛКС КК көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамятынан наҕараадаламмыта.

            Оройуон бары ыччаттара ССКП XXVI съеһин көрсө 26 нэдиэлэлээх үлэ вахтатыгар турунан ыччат-комсомольскай икки биригээдэтэ, 17 коллектив, 80 эдэр ыанньыксыттар, 22 механизатор, 28 бороон көрөөччү ылыммыт социалистическай эбэһээтэлистибэлэрин чиэстээхтик толорбуттара.

            Ыччат-комсомольскай коллективтар эстафеталарын кыайыылаахтарынан Күүлэт бригадата (бригадир Егоров З.Д., секретарь Петрова С.Т.), Кэнтиктэн «Романтика» (наставник Еттянова Е.П., секретарь К. Алексеева), 3-с №-дээх маҕаһыын «Мичил» (наставник Федорова А.Е., групкомсорг Н. Иванова) коллективтара буолбуттара.  

Үлэҕэ үрдүк ситиһиилээх бэйэтин активистарын комсомол сыаналыыр, хайҕал уонна махтал бэлиэтин, киллэрбит кылааттарынан көрөн наҕараадалыыр этэ. Москваҕа Кыайыы Знамятын аттыгар хаартыскаҕа түһэр чиэс Тамалакаан киномеханига Г. Ивановаҕа, Нам орто оскуолатын үөрэнээччитэ Н. Ивановаҕа, Ленинград куоракка «Аврора» крейсерга хаартыскаҕа түһүү И. Барахов аатынан оскуолаттан Л. Семеноваҕа тиксибитэ.

«Пятилетка эдэр гвардееһа» түөскэ анньыллар, бронзаттан, үрүҥ көмүстэн оҥоһуллубут КК бэлиэлэринэн 258 киһи наҕараадаламмыта. Кинилэр ортолоругар П. Тумусов, М. Архипова, Д. Соргоев, П. Богданова, Г. Иванова, М. Оконосова, З. Иванова, В. Семенова, С. Николаев, А. Гаврильева, В. Семенова, М.  Христофорова о.д.а. бааллара. «Ударник» үрдүк аатын сылларынан 460 киһи ылбыта. «Сатабыллаах маастар» аата 119 киһиэхэ иҥэриллибитэ. Христофорова Марианна Ивановна «ЦК ВЛКСМ молодому передовику производства» диэн комсомол киин комитетын анал бэлиэтинэн наҕараадаламмыта.

Октябрь 60 сылын чиэһигэр культура уонна спорт эстафетатыгар 4000 киһи, комсомол XVIII съеһин ЫБСЛКС 60 сылын чиэһигэр ыытыллыбыт эстафетаҕа 5000 киһи кыттыбыта, ССКП XXVI съеһин, Саха комсомолун 60 сылын чиэһигэр 6000 киһи кыттара ситиһиллибитэ.

Оройуоҥҥа физкультура уонна спорт куруук маассабай буолара, 26 физкультурнай коллективтар 4500 киһини түмэллэрэ, тэрилтэлэринэн разрядтаах спортсменнары иитии сылга 1200 киһиэхэ тиийбитэ. Пятилетка устата 34 I спортивнай разрядтаах киһи бэлэмнэммитэ. В. Семенов, А. Устинов, О. Москвитина, В. Иванов, В. Попов, В. Филиппов, Н. Егорова, С. Долгунов, П. Семенов, В. Дмитриев XXII Олимпийскай ооньууларга сылдьыбыттара.

«Спутник» международнай лааҕырга 14 киһи, «Доҕордоһуу» поездка 1, Венгрия народнай республикатыгар 8, Польшаҕа 5, Амур өрүс устун 25 киһи баран күүлэйдээн, сынньанан кэлбиттэрэ. Ити таһынан Кубаҕа, ГДР-га, Чехословакияҕа оройуон бастыҥ ыччаттара сылдьыбыттара. X пятилетка сылларыгар орто оскуола кэнниттэн тута 209 оҕо үрдүк үөрэххэ, 105 оҕо орто специальнай үөрэххэ, 119 оҕо СПТУ-ларга үөрэнэ киирбиттэрэ. Сыллата 230 оҕо оскуола кэнниттэн тыа хаһаайыстыбатын производстватыгар тахсан үлэлээбиттэрэ, буһуу-хатыы оскуолатын ааспыттара.

Николаев Прокопий Васильевич

Дмитриев Владимир Иевич

Иванов Петр Иннокентьевич

80-с сыллар

Ыччаты үлэҕэ уһуйууга үлэ-сынньалаҥ лааҕырдара элбэх үлэни ыыппыттара. 1981 с. 24 лааҕырга 1320 оҕо хабыллан 7000 тн. оту оттоон туттарбыттара. Оройуон 8 пионерскай дружиналарыгар 94 пионерскай этэрээттэргэ «Уҥа турааччылар» диэн бочуоттаах аат иҥэриллибитэ. Иккис №-дээх, Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү 8 кылаастаах оскуолаларын пионер баһаатайдара ЫБСЛКС КК «Пионердары кытта активнай үлэтин иһин» диэн знагынан Е.А. Егорова, В.В. Васильева, В.И. Михайлова наҕараадаламмыттара. ЫБСЛКС райкомун I секретарынан Федоров Михаил Федорович 1979-81 сс., Сибиряков Марк Гермогенович 1981-83 сс. үлэлээбиттэрэ.

80-с сыллар саҕаланыыларыгар оройуон эдэр ыччата XI пятилеткаҕа — «эдэрдэр ударнай үлэлэрин, билиилэрин, инициативаларын уонна айымньыларын» диэн массовай хамсааһыҥҥа кыттыбыта. Ыанар ынах 85%, субай сүөһү 80% көрбүтэ. Оттон механизатордар 78% 30-гар диэри саастаах эдэр дьон этилэр. Ыччат-комсомольскай коллективтар уонна звенолар ахсааннара 72-гэ тиийбитэ.

Далыр орто оскуолатын бүтэрбит Руслан Николаев 6 сыл устата ыанньыксытынан таһарыылаахтык үлэлээбитэ, X пятилетка сорудаҕын 1984 с. сэтинньитигэр толорбута уонна салгыы кэлэр пятилетка суотугар үлэлээбитэ.

«Исидор Барахов» совхоз рационализатор-механизатора Ойунскай Владимир Елисеевич, толору механизациялаах звенону салайан, бэйэтэ айан оҥорбут от кэбиһэр агрегатын туһанан 1984 с. 1004 тн. оту, звено хас биирдии киһитигэр 143,5 тн. оттообута. Үөһээ Бүлүүгэ оттооһуҥҥа маннык үрдүк көрдөрүү аан маҥнай ситиһиллибитэ. В.Е. Ойунскай билигин РСФСР үтүөлээх механизатора, Саха республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.

«Кыайыы 40 сылыгар — 40 охсуулаах нэдиэлэ» вахтаны эрдэ түмүктээн, оройуон комсомольскай тэрилтэтэ тыа хаһаайстыбатынан дьарыктанар оройуоннар бөлөхтөрүгэр бастаан, ЫБСЛКС обкуомун өйдөбүнньүк Кыһыл Знамятынан наҕараадаламмыта.

Социалистическай Үлэ Геройа П.И. Яковлев бирииһин иһин Бүлүү бөлөх оройуоннарыгар, социалистическай куоталаһыыга үс сыл устата оройуон совхозтарын комсомольскай тэрилтэлэрэ кыайыылааҕынан тахсыбыттара. Ол курдук:

  • 1982 с. бастакы кварталын түмүгүнэн «Үөһээ Бүлүү» совхоз (комком секретара Тамара Кан)
  • 1983 с. төрдүс кварталын түмүгүнэн «Боотулуу» совхоз (комком секретара Тамара Антонова)
  • 1984 с. бастакы кварталыгар «Үөдүгэй» совхоз (комком секретара Галина Иванова)

Ити сылларга «Үөдүгэй» совхоз Кэнтиктээҕи отделениетыгар «Романтика» ЫКЗ биир тэҥ үрдүк көрдөрүүлэри ситиспитэ, 1982-83 сс. түмүктэринэн социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕынан тахсыбыта. 1984 с. биир фуражнай ынахтан 1850 кг. үүтү ыабыта, сыллааҕы социалистическай эбэһээтилистибэтин 10 ыйынан толорбута.

1983-84 сс. «Боотулуу» совхоз Сургуулуктааҕы отделениетын «Эрчим» ЫКЗ субай сүөһүнү төлөһүтүүгэ Республика үрдүнэн социалистическай куоталаһыыга ЫКЗ ортолоругар кыайыылааҕынан тахсыбыта, ССКП Обкомун, Саха АССР министирдэрин советын, ЯОСПС уонна ЫБСЛКС Обкомун көһө сылдьар Кыһыл Знамятынан наҕараадаламмыта.

1984 с. 20 үлэ-сынньалаҥ, үс эбии аһылык бэлэмигэр, икки үүт ыамыгар оҕолор лааҕырдара тэриллэн үлэлээбиттэрэ. XI пятилетка соруктарын болдьоҕун иннигэр толорбуттарын туһунан 22 ыччат-комсомольскай звенолара уонна 171 эдэр рабочайдар арааппардаабыттара.

«И. Барахов» совхоз Ороһутааҕы отделениетын бостууга, комсомолец Андрей Иванов 1985-86 сс. кыстыкка хас биирдии төбөҕө 210 кг эбиллиини ситиһэн, 16 тыһ. солк. барыыһы биэрбитэ, оройуоҥҥа рекорд олохтообута.

            «Үөһээ Бүлүү» совхоз комсомольскай тэрилтэтин секретара Тамара Кан инициативатынан, быһаччы тэрээһининэн орто сүһүөх эдэр специалистар хаалыылаах Оҥхой отделениетыгар ыанньыксыттарынан тахсыбыттара.

1987 с. сайыныгар «Үөһээ Бүлүү» совхоз 5 ыччат-комсомольскай коллектива окко ылыммыт былаанын 139% толорон, «Көмүс хотуур» бирииһигэр Бүлүү зонатыгар бастакы миэстэни ылбыта.

ЫБСЛКС райкомун секретарынан үлэлээбиттэрэ: Адамова Марина Спиридоновна 1983-84 сс., Долгунов Александр Васильевич 1984-86 сс., Атласов Валентин Михайлович 1986-88 сс., Обулахов Василий Николаевич 1988-90 сс.

90-с сыллар.

 Ленинскэй Комсомол 70 сылын көрсө К. Шадрин аатынан ЫКЗ (групкомсорг Марианна Таныкова) уонна нэһилиэнньэҕэ олох-дьаһах өҥөтүн оҥорор комбинат «Ровесник» ЫКЗ социалистическай куоталаһыыга республика үрдүнэн кыайыылааҕынан тахсыбыттара, ЫБСЛКС КК Кыһыл Знамятынан наҕараадаламмыттара.

ЫБСЛКС райкомун бастакы секретардарынан үлэлээбиттэрэ: Донской М.М. 1990-91 сс., Ильин В.Н. 1991-92 сс.

Маһы таҥастыыр комбинат, директор Ильин В.Е., комсомольскай тэрилтэ секретара И. Семенов үлэһиттэригэр столовай тэрийэн үрдүттэн итии аһылыгынан хааччыйан, сынньанар, үлэлиир усулуобуйаларын тупсарбыта.

1992 с. олунньу 14 күнүгэр «Чэчир» түмсүү биир сыллаах отчуота туруоруллубута. Литературнай сектор салайааччыта Г.К. Семенов, мелодистар үлэлэрин А.В. Долгунов отчуоттаабыттара. «Чэчир» түмсүү биир сыл иһигэр оройуон эдэр талааннарын таһаарыыга уонна түмүүгэ боччумнаах үлэни ыыппытын бэлиэтээбиттэрэ уонна маннык түмсүү салгыы үлэлиирэ, үлэтин кэҥэтэрэ наадалааҕын ыйбыттара.

Оройуон олоҕор биир улахан биллэр-көстөр событиенан Бүлүү экологиятын комитетын тэрийии буолбута. Ааспыт уон сылларга бу комитет дьоһуннаах, элбэх үлэни ыыппытын көрө, билэ, истэ сылдьабыт. 1992 с. олунньу 20 күнүгэр Бүлүү регионун экологиятын проблемаларыгар аналлаах зональнай научнай-практическай конференция ыытыллыбыта. Ити түмүгүнэн 4 улуустар баһылыктарын модьуйуу суруктара ылыллыбыта. Ити сурук Россия салалтатыгар тиийэ барбыта. Элбэх дьаһаллар, тэрээһин үлэлэр ыытылланнар, экология көнөрүгэр эрэл үөскээн эрэр.

1992 с. олунньу ыйга Ленинскэй Комсомол аата уларыйбыта, «Ыччат союһун оройуоннааҕы комитета» диэн буолбута.

Рыночнай сыһыаҥҥа киирии, Социализм төрүттэрин олоҕуттан уларытыы, бүтүн Россия үрдүнэн барбыта, совхозтар ыһыллан, коллективнай предприятиелар, бааһынай хаһаайыстыбалар буолбуттара. Коммунистическай партия баһылыыр-көһүлүүр оруола туоратыллыбыта, ол оннугар үтүмэн элбэх партиялар, түмсүүлэр тэриллибиттэрэ. Комсомол тэрилтэ быһыытынан бэйэтин үлэтин тохтоппута, ол оннугар улууска уонна нэһилиэктэргэ ыччаттар түмсүүлэрин лидердара диэн ананан үлэлиир буоллулар.

Федоров Михаил Федорович

Долгунов Александр Васильевич

Донской Михаил Михайлович

Туһаныллыбыт литература:

  1. Үөһээ Бүлүү: 1917-1967 /Яковлев Н. Н. уо.д.а.- Үөһээ Бүлүү: Оройуоннай типография, 1968.-  С. 115-128.
  2. Үөһээ Бүлүү комсомола: (ЫБСЛКС 60 сыла туолуутугар).- Үөһээ Бүлүү, 1978.- 21 с.
  3. Комсомол – мин үөрүүм, мин дьолум төлөнө! : Саха сирин комсомолун 90 сылыгар: [хомуйан оҥордулар О. Д. Федорова, Е. П. Долгаева].- Үөһээ Бүлүү: Киин бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр отдела, 2011.- 156 с.
  4. Үөһээ Бүлүү комсомола – иитиллибит кыһам, мин киэн туттуум: Ыччат уһулуччулаах түмсүүтэ, алта уордьаннаах Ленинскэй комсомол 100 сыллаах үбүлүөйүгэр: [хомуйан оҥордулар Г. А. Степанов, Г. А. Егорова].- Дьокуускай: Дани-Алмас, 2018.- 152 с.