1876 сыл — Үөһээ Бүлүүгэ маҥнайгы церковной-приходской оскуола арыллыбыта

Саха сирэ революция иннинэ ыраахтааҕылаах Россия саамай хараҥа муннугунан буолара, суруйар уонна ааҕар киһи аҕыйаҕа.

            Маҥнайгы оскуола  Үөһээ Бүлүү улууһугар Куорамыкыга 1876 сыллаахха аһыллыбыта. Бу 12 үөрэнээччилээх биир кылаастаах оскуола этэ. Оскуолаҕа үөрэнэр оҕолорго оскуола дьиэтин иһигэр пансион аһыллыбыт уонна биирдии нэһилиэктэн биир оҕону ылан, пансиоҥҥа олордон, аһатан үөрэттэрэр эбиттэр.

В. Г. Монастырев

            Үөһээ Бүлүү оскуолата бастаан биир кылаастаах, кэлин икки кылаастаах биир учууталлаах оскуола буолан, сэбиэскэй былаас олохтонуута 41 сыл устата баара-суоҕа 8 учуутал үлэлээбит. Кинилэртэн уһуннук Неустроев Митрофан Гаврильевич уонна Монастырев Василий Гаврильевич үлэлээбиттэр.

            Неустроев М.Г. үөрэппит оҕолоруттан үөрэхтэрин салгыы Якутскайга үөрэммит оҕолор суохтар. Оттон Монастырев В.Г. үөрэммит үгүс эдэр ыччаттар Бүлүү уонна Якутскай куораттар орто оскуолаларыгар ситиһиилээхтик үөрэммиттэр уонна учуутал, врач, судьуйа уо.д.а. үлэһиттэр буолбуттар. Олортон сорохторо Саха сирин маҥнайгы революционердара, салайааччылара буолбуттара: Исидор Барахов, Марфа Потапова-Габышева, Руф Кардашевскай, Капитон, Серафим, Александр Георгиевич Потаповтар, Тихон Адамович Васильев курдук үөрэхтээх, кэлин республика олоҕор биллэр-көстөр дьон иитиллэн тахсыбыттара.

Ити кэмҥэ Майнов И.И. суруйуутунан оскуола биир сыллааҕы ороскуота 1710 солк. эбит. Пансион оҕотун ахсаана 12 оҕо. Оскуола остуораһын хамнаһын, пансион ороскуотун уонна оҕолор сыллааҕы аһылыктарын үбүн барытын улуус ороскуота (улуус ис түһүгэ «внутренняя повинность») диэн ааттаан нэһилиэктэртэн харчынан хомуйаллара.

Оскуола сыллааҕы ороскуота маннык эбит:

  1. Учуутал хамнаһа 300 солк.
  2. Остуорас хамнаһа уонна маһын харчыта 120 солк.
  3. Үөрэх пособиетыгар — 50 солк.
  4. Пансион оҕолорун аһылыгын үбэ 1000 солк.
  5. Пансион оҕолорун таҥастарын харчыта 240 солк.

Барыта: 1710 солк.

(Майнов И.И. Зачатки народного образования в Якутской области.— Иркутск, 1897.— С.195. Одорусов П.П. Исидор Барахов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи орто оскуола. 1876-2001 сс.— Дьокуускай, 2001.— С. 5.)

Ити кэмҥэ улуус нэһилиэгиттэн биирдии оҕону түһээн курдук түһэрэн оҕону үөрэтэллэрэ. Баайдар оҕолорун оннугар дьадаҥы ыал оҕотун ыыталлара, ол туһунан кырдьаҕас учуутал, краевед И.К. Васильев ахтыытыгар этиллэр (И. Барахов аатынан орто оскуола 120 сыла.— Покровскай, 1996.— С.3).