
Саха сиригэр Якутскайдааҕы таҥара сулууспатын салалтата 1731-1753 сс. Иркутскай епархияҕа бас бэринэрэ, онтон кэлин Камчаткатааҕы епархияҕа көспүтэ. Таҥара сулууспатын алын сүһүөҕүнэн таҥара дьиэтин прихода буолара.
1861 с. Даллырга аан бастаан чочуобуна тутуллубута. аҕабыттара сылга биирдэ-иккитэ ыыталлара. Онтон 1879 с., дьон сиэртибэлээн, дьиҥнээх таҥара дьиэтэ урукку чочуобуна оннугар тутуллубута. Танара дьиэтин 1880 с. муус устар ый 20 күнүгэр Якутскай уонна Бүлүү епискоба Дионисий сибэтии гыммыта, онтон ыла Даллыр Иннокентьевскай таҥара дьиэтэ ааттаммыта. Таҥара дьиэтэ колокольнялааҕа, биэс төбөлөөҕө, биир бүрүстүөллээҕэ, таҥара дьиэтин бары тэрилинэн хааччыллыылааҕа, библиотекалааҕа.
Таҥара дьиэтин үлэһиттэрэ, аҕабыт уонна лөчүөк, нэһилиэк дьоно тутан биэрбит дьиэлэригэр олороллоро, 55 дэһээтинэ сирдээхтэрэ. 1873 с. Уус-Майаҕа таҥара дьиэтин үлэһиттэрин дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт Винокуров Евгений Михайлович 1898 с. аҕабытынан анаммыта. 1901 с. Российскай Кыһыл Кириэс Бүлүүтээҕи комитетын дьиҥнээх чилиэнэ, 1910 сылтан Бүлүү уокуругун духовенствотын уопсай духовнига буолбута. Наҕараадалара: 1900 с. — набедренник, 1905 с. — бархатнай скуфья, 1913 с. — түөскэ кэтэр кириэс уонна мэтээл, камилавка. Кини оҕолоро Михаил, Серафим, Георгий, Лиза бары үөрэхтэммиттэрэ, нэһилиэккэ советскай былааһы олохтооһуҥҥа, дьону үөрэхтээһиҥҥэ бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрбиттэрэ.
1913 с. танара дьиэтэ дьайар сиригэр I, III Үөдүгэй, Мэйик, Нам, Кырыкый, I, II Хоро, II Боотулуу нэһилиэктэригэр 4049 таҥараны итэҕэйэр дьон бааллара. Маны таһынан III Үөдүгэйгэ Чуондулуга алтаардаах уонна бүрүстүөллээх Николаевскай диэн ааттаах чочуобуна баара, XX үйэ саҥатыгар эргэрэн, сууллар туруктаах буолан киниэхэ таҥара сулууспата ыытыллыбат буолбута.
Өктөөп революциятын кэннэ таҥара дьиэтэ үлэтин тохтоппута. Дьиэтэ бастаан ааҕар балаҕан, кэлин бурдук кутар, харайар сир буолбута. Куолакалларын Бүлүү куоратыгар тиэйтэрбиттэрэ. Олортон биир кыра куолакал Тааттаҕа Чөркөөх музейыгар баара биллэр.
Далыр нэһилиэгэ. I чааһа / [хомуйан оҥордо: А. С. Аксаков].- Дьокуускай: Медиа-холдинг “Якутия”, 2014.- С. 31-32