
Быракааҥҥа 1912 сыллаахха үөрэххэ баҕалаахтар көрдөһүүлэринэн биир кылаастаах “туора урдустар” үөрэнэр оскуолаларын көҥүллээбиттэр. Ол билигин Быракаан начальнай оскуолата буолан турар. Куорамыкы оскуолатын кэнниттэн иккис оскуола. Быракаан нэһилиэгин олохтоох уола Васильев Тихон Адамович Дьокуускайдааҕы учуутал семинариятын бүтэрбит, улуус үөрэҕириитин историятыгар биир биллэр-көстөр миэстэни ылбыта. Советскай былаас сылларыгар норуот үөрэҕириитэ босхо бириэмэтигэр кыра дьаданы ыал оҕолоро киниэхэ үөрэммиттэрэ
Аны санаатахха оччотооҕу үйэҕэ дьиэлиин-уоттуун, сэптиин-сэбиргэллиин, көрдөрөр ойуулуун-бичиктиин, прибордуун-майыырдыын чахчы үчүгэй оскуола этэ. Ити кэмҥэ советскай былаас саҥа тэриллэн эрэрэ. Оччолорго саха тыла үөрэтиллэ илигэ. Онон 1-кы кылааска нууччалыы Михеев букварынан үөрэммиппит. Бастаан киирэрбитигэр биһиэхэ таҥаһа суох дьоҥҥо: сон, ыстаан, ырбаахы биэртэлээн тарбыйах тириитэ хаххабытын уһулларбыта.
Онтон сотору аһылык биэрэр буолтара. Сууккаҕа 200 г эт, 4 г арыы, 400 г бурдук биэрэн өрүһүйбүтэ. Маны сэттэлии хоно-хоно субуотаҕа дьиэбитигэр илдьэрбит. Оччоҕо биһиги дьиэбитигэр ас кэллэҕинэ, үөрүү-көтүү, бырааһынньык буолара.
С.А. Новгородов “Сурук-бичик” буквара тахсыан иннинэ Тихон Адамович сахалыы букварь суруйа сылдьарыгар элбэх ойууну уруһуйдаппыта үһү.
Тихон Адамович үөрэтэр ньыматын туһунан тохтообокко эрэ, быһаччы эттэххэ, киниэхэ үөрэммит оҕолор Бүлүүгэ уо.д.а. үрдүкү үөрэххэ киирдэхтэринэ үчүгэй бэлэмнээх буолан, туйгуннук үөрэнэллэрэ. Ол иһин аатырдан, үгүс атын сиртэн-дойдуттан бары кэлэн үөрэнэр буолар этилэр. Үлэ уруогар биир саалаҕа 20-тэн тахса оҕо туран эрэн үлэлиир иккилии кыбытардаах верстактаах этибит. Оттон “учуутал верстага” диэн сүүнэ улахан, анал чертеһунан оҥоһуллубут, эмиэ икки эрэдэһин кыбытардаах, дьааһыктаах остуол баара. Итинтэн ураты атаҕынан үктээн хамсатыллар, маһынан оҥоһуллубут токарнай станокка үлэлиирбит. Остуол, устуул атаҕын чочуйан оҥорорбут. Учууталбыт мас ууһа Иванов Василий диэн этэ. Кини ыйыытынан тыа хаһаайыстыбатыгар туттар кыра сэби-сэбиргэли оҥорорбут. Оскуолаҕа элбэх паартаны, ыскаабы, остуолу оҥорбуттара. Онно Тихон Адамович быһаччы көмөлөһөрө. Өйдүүн-санаалыын, быһыылыын-таһаалыын, май-гылыын-сигилилиин кырдьык дьиҥнээх Учуутал этэ.
И. ВАСИЛЬЕВ, Коммунизм сардаҥата” хаһ., 1966 с. от ыйын 7 к.