1940-1945 сылларга хоргуйуу сыыппаралара

Үөһээ Бүлүү оройуонун киһитин ахсаана 1939-1946 сылларга:

1939 сылга 14853 киһи (1939 сыллаахха ыытыллыбыт биэрэпис көрдөрүүтүнэн);

1943 сылга 9880 киһи;

1944 сылга 11831 киһи, ол иһигэр сулууспалаах уонна рабочай 1414, колхуостаах 8544, онтон атыттар 1873 киһи;

1945 сылга 10435 киһи, ол иһигэр сулууспалааҕы кытта рабочай 1660, колхуостаах 8700, единоличник 75.

1946 сылга 10711 киһи, ол иһигэр 5880 дьахтар. Сулууспалаах уонна рабочай 1347, колхуостаах 8957, единоличник 32, быстах кэмҥэ олоро кэлбиттэр 365 киһи. ((Үөһээ Бүлүү оройуонун үлэһиттэр депутаттарын Сэбиэтин сыллааҕы отчуоттарыттан / «Үөһээ Бүлүү: сыллар, кэрдиистэр, чахчылар, 2010 с.» кинигэ).

Үөһээ Бүлүү оройуонугар 1940-1944 сылларга киһи өлүүтэ:

1940 сылга 430 киһи

1942 сылга 792 киһи

1943 сылга 740 киһи

1944 сылга 324 киһи

Сэрии сылларыгар оройуоҥҥа барыта 2848 киһи өлбүт.( Никитина, С. Е. Глубокий тыл в Великую Отечественную войну: голод в Якутии (1941-1945 гг.)

Саха сиригэр хоргуйуу 1939-1940 сыллартан саҕаламмыт. Улахан кураан туран от үүммэккэ колхуостар сүөһү ахсаанын кыччатарга күһэллибиттэр. Ол оннугар колхуостаах кэтэх сүөһүтүнэн эт туттарыытын толунуу курдук сыыһа дьаһалынан салайтарбыттара. Онон 1940-1944 сс. республикаҕа сүөһү төбөтө лаппа кыччаабыта, ол оннугар 1940-1943 сс. Кыһыл Армияҕа  ыытыллар эт фондатын былаанын толоруу үрдээбитэ. Бу сылларга сүөһү төбөтө 28% (226,044 төбө) кыччаабыт. 1943 сыл тохсунньутугар сүөһүтэ суох хаһаайыстыбалар уопсай ахсаантан 45,2 %, ынаҕа суох хаһаайыстыбалар 51,2 %  тиийбиттэрэ. Кэтэх сүөһүтэ суох хаалбыт колхуостаах дьиэ кэргэнин аһатарыгар колхуостан да ылара дуона суоҕа, кураан буолан бурдук үүммэтэҕэ. Харчы суох буолан фроҥҥа уонна оборона фондатыгар ынах арыытын туттараллара. 1944 с. ВКП КК (б) Саха сиригэр олохтоох нэһилиэнньэ ортотугар өлүү үрдээһинин биричиинэтин силиэстийэлиир анал комиссия ыытан «Объяснительная записка по естественному движению населения Якутской республики» диэн докумуон толоруллубута, хоргуйан өлүү биричиинэлэрэ ыйыллыбыттара, ол иһигэр: « Большая часть населения в 1941, 1942 и 1943 гг. не употребляла молочных продуктов, так как после выполнения молокопоставок, оставшееся молоко давалось телятам»… (Никитина, С. Е. Глубокий тыл в Великую Отечественную войну: голод в Якутии (1941-1945 гг. // Молодой ученый. – 2015. – № 17.- С. 30-34).