Сэрии сылларыгар Саха сириттэн «Өйдөбүнньүк кинигэ» чахчыларынан сэриилэһэр аармыйаҕа 62509 киһи ыҥырыллыбыта. Мантан 26129 буойун кыргыс толоонугар охтубутунан, сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕыллар. 22767 киһи тыыннаах эргиллибиттэргэ киирсэр. Үөһээ Бүлүү оройуонуттан 2163 киһи барбыта, мантан 1131 киһи сэрии толоонуттан эргиллибэтэҕэ, 746 киһи тыыннаах эргиллибиттэрэ.
Саха АССР-тан сэриилэһэр чаастары толорууга ыҥырыллыбыттар ахсааннарын туһунан дааннайдар, САССР Байыаннай комиссариатын 1943 сыл сэтинньи 10 к. өрөспүүбүлүкэ Совнаркомун бэрэссэдэтэлигэр уонн БРК(б) уобаластааҕы кэмитиэтин сэкирэтээригэр иһитиннэриитигэр бааллар.
Сэрии кэмигэр боруоҥҥа аттаммыттар ахсааннарын чуолкайдааһынынан, араас сылларга история наукатын кандидата Д.Д.Петров уонна сэрии бэтэрээнэ, ист. наука кандидата П.Н. Токарев дьарыктаммыттара. Бу ааптардар үлэлэригэр 1941 сыл бэс ыйыттан 1945 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри ыҥырыллыбыттар тустарынан дааннайдар араастаһаллар.
Токарев П.Н. кинигэтигэр маннык суруйар: «ВОХР» үлэтигэр 1784 киһи, 418 дьахтар ыҥырыллыбыт. Байыаннай хамыссырыйаат отчуотунан 62091 киһи ыҥырыллыбыт. Дойду үрдүк үөрэҕин кыһаларыттан, Ленинградтан уо.д.а., 1997 сылга чуолкайдаммытынан, 252 киһи ыҥырыллыбыт. Барыта – 62343».
Сэрии сылларыгар өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ кыччааһынын туһунан кырдьыктаах сыанабылы ылар инниттэн, демографическай ыстатыыстыкаҕа сигэниэҕиҥ. Улахан охсууну тыа сирин дьоно-сэргэтэ ылбыта.
Сэрии сылларыгар нэһилиэнньэ ахсаанын хамсааһына (сыл саҕаланыыта, киһи)
1941 сыл : нэһилиэнньэ барыта: 413125, ол иһигэр куоракка 111564, тыа сиригэр 301564, куоракка. Бырыһыанынан – куоракка 27,0%; тыа сиригэр 73,0%
1942 сыл: нэһилиэнньэ барыта 416100, ол иһигэр куоракка 139700, тыа сиригэр 276400, куоракка 33,6 %, тыа сиригэр 66,4 %
1943 сыл: барыта 405900 киһи, ол иһигэр куоракка 146500, тыа сиригэр 259400, бырыһыанынан куоракка 36,1%, тыа сиригэр 63,9 %
1944 сыл: барыта 374900 киһи, ол иһигэр куоракка 155200, тыа сиригэр 219700, бырыһыанынан куоракка 41,4; тыа сиригэр 58,6.
1945 сыл: барыта 357494 киһи, ол иһигэр куоракка 146200, тыа сиригэр 211294, бырыһыанынан куоракка 40,9 %; тыа сиригэр 59,1%
Табылыыссаттан көстөрүн курдук, сэрии сылларыгар тыа сирин нэһилиэнньэтэ улахан охсууну ылбыт. 0л курдук, 90,3 тыһыынча киһинэн аҕыйаабыт, ол эбэтэр 29,9%-нан кыччаабыт. Тыа сирин нэһилиэнньэтэ эмискэ уонна күүскэ аҕыйааһыныгар, эр дьону сэриилэһэр аармыйаҕа ылыы, тыылга олохтоох нэһилиэнньэ – холкуостаахтар, оҕолор уонна кырдьаҕастар ортолоругар – хоргуйууну, күүһү таһынан үлэни уонна эмтээһин мөлтөҕүн кытта сибээстээх маассабай өлүү-сүтүү тахсыыта сүрүн төрүөтүнэн буолбута.
СӨ Национальнай архыыбын кылаабынай археограба Александр Калашников суруйуутуттан. (Прокопий Иванов бэчээккэ бэлэмнээһинэ) / Ил Түмэн. – 2020. – Кулун тутар 13 к.- С 14-15.
Саха сиригэр сэрии сылларыгар сылларынан төрөөһүн уонна өлүү ахсаана:
1941 сылга 9247 киһи төрөөбүт (36,4 %), 11672 киһи өлбүт (44,4 %)
1942 сылга 6437 төрөөбүт (27, %), 13368 киһи өлбүт (49,0 %)
1943 сылга 3867 төрөөбүт (21,2 %), 11108 киһи өлбүт (47,5 %)
1944 сылга 4988 киһи төрөөбүт (27,2 %), 5667 киһи өлбүт (30,3 %)
1945 сылга 6914 киһи төрөөбүт (36,4 %), 4337 киһи өлбүт (22,0 %), +14,4 % прирост
Барыта төрөөбүт киһи ахсаана 31453; (29,8 %), өлбүт киһи ахсаана 46152 (38,6 %) —8,8%.
Историческай наука доктора (СВФУ) С.И. Сивцева ыстатыйатыгар суруйбут: «Людские потери в республике были катастрофическими. Урон для народа саха в войне был настолько велик, что без преувеличения его можно сравнить с убылью населения СССР, куда вошли и боевые потери, гибель военнопленных, смертность спецконтингента и населения на оккупированной территории. В сумме естественная убыль населения СССР составила 30.7 % за счет уровня смертности и частично — за счет падения рождаемости. В Якутии титульный народ саха в районах своего традиционного проживания имел снижение естественного движения, выразившееся в 8.8%. Это произошло вследствие традиционного, несколько высокого (по сравнению с населением СССР), порога рождаемости, тогда как смертность оставалась чрезвычайно высокой. Об этом свидетельствуют и темпы сокращения рождаемости (в % о): в 2,1 раза в СССР и в 1,7 раза в Якутии. Показатели смертности у саха были огромны в 1941-1943 гг., притом в 1942 г. они были даже выше цифр по СССР.
А якутская женщина тех лет заслуживает особого Уважения, Восхищения и Вечной памяти: именно она спасла будущность нации, дав продолжение жизни новым поколениям в лихолетья, выпавшие на ее долю сполна. Хотелось бы видеть не только скорбящую мать, а достойный Памятник».( С.И. Сивцева, доктор исторических наук / Ил. – 2005. №2).
Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотека кыраайы үөрэтэр отдела.