
Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д. Федорова аатынан улуустааҕы киин модельнай библиотекаҕа уоттаах сэриигэ ыҥырыллан, Кыайыыны уһансыбыт ытык дьоммут олохторун, геройдуу быһыыларын ахтан-санаан, үйэтитэр сыаллаах бэтэрээннэр төрөппүт оҕолоро, сиэннэрэ кэлэн долгуйа кэпсээтилэр, слайда, хаартыскалары, альбомнары көрдөрдүлэр. “Кыайыыны түстээбит кэриэс маллар” бэтэрээннэр тутта сылдьыбыт маллара, дөкүмүөннэрэ, суруктара, наҕараадалара быыстапкаҕа турда.



Дьоппуон сэриитин кыттыылааҕа, өр сылларга эргиэн салаатыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбит Ариан Аввакумович Конобулов бойобуой суолларын туһунан кыыһа Г.А. Никитина кэпсээтэ.

П.Н. Тобуруокап түмэлин үлэһитэ Г.П. Саввинова учуутал, буойун, народнай поэт Петр Николаевич Тобуруокап сэрии кэминээҕи бэйэтэ суруйбут ахтыытын, сэрии тематыгар суруйбут айымньыларын билиһиннэрдэ.

Педагогическай үлэ ветерана Р.С. Долгунова аҕатын Ильмень күөл кырыктаах кыргыһыы кыттыылааҕын Семен Данилович Долгунов туһунан, кини аҕата сэриилэспит сиригэр Ильмень күөл кыргыһыыта 80 сыллаах өйдөбүлүн бэлиэтиир түгэҥҥэ саха сирин делегациятыгар киирсэн үс буолан Новгородскай область Ретля куоратыгар бара сылдьыбыт долгутуулаах сырыыларын туһунан кэпсээтэ.

Кэнтик нэһилиэгиттэн Чап түмэлин волонтердара, Дьүөгэ Ааныстыырап аатынан орто оскуола үөрэнээччилэрэ Усова Аина, Чагылысоваа Дайна, Герасимова Ванесса Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылаахтара Сэбиэскэй Союз Геройв Миронов А.А. уонна Сталиниград сэриитин кыттыылааҕа Федоров В.В., Седалищев Н.К. ааттарын үйэтитэр туһугар ыытыллар үлэлэрин кытта билиһиннэрдилэр, салайааччылар Васильева Л.А., Алексеева А.В.


Кэнтик нэһилиэгин библиотекатын сэбиэдиссэйэ М.З. Ущницкая Кэнтик нэһилиэгиттээх төрүттээх Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа Советскай Союз Героя, снайпер Венгрияҕа Немешкерештур дэриэбинэҕэ сэриилэһэ сылдьан геройдуу охтубут Алексей Афанасьевич Миронов көмүллэ сытар сирин көрдүүргэ үлэ ыыппытын, Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 75 сылыгар буойун көмүллэ сытар көмүс уҥуоҕун көрдүүргэ Венгрияҕа олорор сахалары Анна Протопопаны уонна Галина Лаврентьевна Чупринаны кытта билсэн, сибээстэһэн Будапешт куоракка герой сытар уҥуоҕун көрдүүллэригэр кэпсэтэн, сибэкки дьөрбөтүн уурдарбытын туһунан кэпсээтэ.

Советскай, муниципальнай, педагогическай үлэ ветерана, Үлэ уонна тыыл ветераннарын Советын солбуйааччы председателэ Сыбахов П.А. аҕатын Бухарест куорат босхолооһунун кыттыылааҕа Сыбахов Алексей Николаевич бойобуой суолун туһунан кэпсээтэ.

Маҥаас нэһилиэгиттэн төрүттээх, Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэспит Семенов Николай Иннокеньевич бойобуой суолун кэпсээтилэр сиэннэрэ О.В. Львова уонна Т.В. Аргунова.

Үлэ бэтэрээнэ Тарасова Р. М. аҕатын Дьоппуон сэриитин кыттыылааҕын Максимов Михаид Алексеевич туһунан интириэһинэй ахтыыны онордо, элбэх сэдэх хаартыскалары көрдөрдө.

Бу көрсүһүүгэ Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум курсаннара кыттыыны ылбыттара хайҕаллаах. Саввинова Алина эһэтин үлэ, тыыл бэтэрээнин Саввинов Ион Михайлович туһунан кэпсээтэ.

Техникум курсана Кашлаков Артем байыаннай дьайыыга сылдьар убайын туһунан кэпсээтэ.

Бу долгутуулаах көрсүһүүгэ Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыгын сүбэһитэ, РФ коммунистическай партия улуустааҕы сэбиэтин салайааччыта Г.А. Степанов Аҕа дойду улуу сэриитин туһунан кылгас ахтыы оҥордо, эйэлээх олоҕу, дьоллоох олоҕу баҕарда.
Бар дьоммутун уонна улуус бары олохтоохторун Улуу Кыайыы 79 сылынан истиҥник эҕэрдэлиибит! Баҕарабыт бары үтүөнү, күөх халлааны, эйэни. Кэлэр 2025 сылга Улуу Кыайыы 80 сылын туолар үбүлүөйдээх сылга улуус, нэһилиэк олохтоохторун сэрии, тыыл бэтэрээннэрин, сэрии кэминээҕи олоҕу-дьаһаҕы көрдөрөр тэрээһиннэргэ туора турбакка, үйэтитии, сырдатыы үлэлэргэ көхтөөхтүк кыттыҥ диэн барыгытын ыҥырабыт.