Главная / Библионовости / “Тобуруокап көмүс күһүнэ” ыалдьыттарын үөрүүлээхтик көрүстэ

“Тобуруокап көмүс күһүнэ” ыалдьыттарын үөрүүлээхтик көрүстэ

Бүгүн, балаҕан ыйын 6 күнүгэр VIII төгүлүн ыытыллар “Тобуруокап көмүс күһүнэ” Тобуруокап сибэккинэн симэммит түмэл уһаайбата ыалдьыттарын үөрүүлээхтик көрүстэ.

“Тобуруокап көмүс күҺүнэ” Vlll-с өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон көҥүл түҺүлгэтэ саха наруодунай поэта Бүөтүр Николаевич Тобуруокап түмэл – уһаайбатыгар араас сирдэртэн дьону түмтэ.
ХоҺоон түҺүлгэтигэр республика араас муннуктарыттан, ол курдук Сунтаар, Ньурба, Бүлүү, Кэбээйи, Чурапчы, Нам, Уус Алдан, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү улуустарыттан, Дьокуускай куораттан, “Иэйии” түмсүү уонна улууспут нэһилиэктэриттэн ыалдьыттар барыта 11 улуустан түмсүүлэр уонна биирдиилээн хоһоон абылаҥар ылларбыт айар куттаахтар муҺуннулар.
ТэрээҺини Үөһээ Бүлүү улууһун баҺылыгын солбуйааччыта А.М. Уларова, Дьокуускай куораттан ыалдьыт саха норуотун суруйааччыта Н.В. Михалева – Сайа, тыл билимин дуоктара В.Б. Окорокова, Нам нэһилиэгин баҺылыга А. И. Кардашевскай эҕэрдэ тылларын эттилэр. Бу тэрээһини былааннаан, элбэх хоһоон суруйуутун абылаҥар ылларбыт дьону кытта көрсөн-кэпсэтэн, бииргэ булсуһуннаран көҕүлээччи, бу тэрээһин ааптара, сүрүннээччитэ ытыктыыр киһибит, саха норуотун суруйааччыта Дмитрий Федосеевич Наумов үөрүүлээхтик арыйда. Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим иһинэн тэриллибит “Санаа ситимэ” литературнай түмсүү саха поэттарын хоһооннорунан, Н.И. Ильина арфаҕа доҕуһуолунан уонна Нам нэһилиэгин иһинэн тэриллибит “Дьиэрэй ырыам” ансаамбыл тэрээһин арыллыытын киэргэттилэр.