Бу күннэргэ ,,Үрүҥ торуоска,, көрбөттөр аан дойдутааҕы күннэригэр сөп түбэһиннэрэн улууспут биир, бары өттүнэн талааннаах киһибит , хараҕынан бастакы группалаах инвалид, Туобуйа нэһилиэгиттэн төрүттээх Петров Валентин Константинович, И.Н.Егоров-Горнай аатынан республиканскай көрбөттөр библиотекалара уонна Хомус музейа уонна Хомус аан дойдутааҕы киинэ кэтэхтэн ыытар ll -с өрөспүүбүлүкэтээҕи ,,ХОМУС – музыка души моей,, күрэҕэр кыттар үлэтин дьүүллүүр сүбэҕэ ыытта.
Валентин Константинович хомус иэйэр дьүрүскэнигэр ис дууһатынан ылларан ,бэйэтэ айан, эрчиллэн оонньуурга холоммута сылы да кыайа илик эрээри, киһини долгутар хомуһун дьүрүскэнэ барыбытын сөхтөрөр ,астыннарар. Киниэхэ ситиһиини,кыайыыны баҕарыахайыҥ!