Заслуженный работник культуры ЯАССР, отличник здравоохранения СССР

Родился 7 сентября 1925 г. в I Едюгейском (бывшем 1-м Кюлэтском) наслеге Верхневилюйского улуса ЯАССР. Окончил фельдшерско-акушерскую школу (1954 г.). Участник Великой Отечественной войны — командир снайперского отделения. После войны был командиром отдельной полковой школы. Работал в медицинских учреждениях. В 1973-1981 г. избирался заведующим отделом культуры Верхневилюйского райисполкома. В 1982 г. на общественных началах организовал в районном центре музей революционной, боевой и трудовой славы, который с 1 января 1990 г. получил статус филиала республиканского музея им. Е. Ярославского. Работает как мастер-ювелир, косторез и резчик по дереву, занимается и монументальной скульптурой. Основные произведения: объемная резьба по бивню мамонта: «Разведчики», «Оленья упряжка» (1963); «Проводы невесты» (1969); «Знаменосец» (1989); «Счастливое детство» (1970); «Отряд» (1987); «Нежность» (1992); серия портретов — героев войны (рельефы): «Снайпер Гуляев», «Снайпер Герой Советского Союза Ф. Охлопков», «Снайпер Кульбертинов», «Снайпер-артиллерист, Герой СССР Г.Г. Протодьяконов» (2000); рельефы, мамонтовая кость: «Якутская башня», «Никольская церковь», «Преображенская церковь», «Памятник на площади Победы в г. Якутске», «Символ Севера — мамонт» (2002); ювелирные работы: комплекты женских украшений из серебра (1972, 1982, 1985, 1988, 1989); смешанный материал: «Табакерка», «Комаромахалка» и др.; кузнечное дело: якутские мужские седла (1990, 2000) женское седло (2002); монументальная скульптура: «Матушка-Вилюй» (железобетон, 1967, Верхневилюйск); «Солдат-победитель» (железобетон, Верхневилюйск); «Герой Советского Союза Ф. Попов» (гипс, тонировка); «Герой Советского Союза Н.Н. Чусовской» (гипс, тонировка, 2000); «Герой Советского Союза А. Миронов» (скульптура, гипс, 2000). Участник республиканских, зональных, всероссийских выставок народного прикладного искусства Якутии в Москве (1963, 1970, 1988, 1989, 2002), Ленинграде (1983), Хабаровске, Петропавловске-Камчатском (1963), Владивостоке (1985); Якутске (1982, 1990, 2003). Персональная выставка: Якутск (1995). Участвовал в международной ярмарке-выставке в Австрии (Вена, 1988). Ряд лет избирался членом райисполкома и райкома КПСС, членом районного Совета ветеранов войны и труда. Член КПСС с 1951 г. Член Союза художников России (1991).
Награжден орденом Отечественной войны II степени, боевыми и трудовыми медалями, Почетной грамотой Президиума Верховного Совета ЯАССР.
Энциклопедия культуры и искусства Якутии /М-во культуры и духов. развития Респ. Саха (Якутия); [сост.: В.А. Босиков, Р.Г. Иванова, Л.М. Корякина].— Кн.1.— Якутск: Бичик, 2011.— С. 406-407.
Өйдөбүнньүк монуменнар
«Хотун Бүлүү» монумент Үөһээ Бүлүү символа, үүнэр көлүөнэ маннык үтүө монумены ким оҥорбута буолуой диэн санаатаҕына, художник идэлээх, черчение учуутала, «Күннэй» диэн соҕотох ырыа автора, Ороһуга төрөөбүт Егор Николаевич Крылатов дириҥ толкуйуттан, эскиһыттан үүнэн тахсыбыта. Ол кэмҥэ уруккута учуутала Марк Трофимович Егоров райисполком председателинэн үлэлиирэ. Киниэхэ көрдөрбүтэ, сөбүлэппитэ, көмө киһинэн фельдшер, тиис протеһын оҥорооччу, фронтовик Анисим Григорьевич Прокопьевы биэрбитэ. Скульптураны иккиэн тутан Октябрьскай социалистическай революция 50 сыллаах үбүлүөйүн чиэһигэр 1967 сыллаахха сынньалаҥ пааркатыгар Бүлүү алмааһын өрө ууммутунан, уу күөх ньаҕын бүрүммүтүнэн ууттан тахсан иһэр монумены туруорбуттара.
Чугастык билэр киһи быһыытынан суруйдахпына, Егор Николаевич ис дьиҥэ баараҕай монумент Хоро арыытыгар туруорар баҕа санаалааҕын кэпсиирэ. Аҕыйах сыл үлэлээри үйэҕэ өлбөт монумены бэлэхтээбитэ. Кини олоҕун Нам улууһугар Киллэм бөһүөлэгэр түмүктээбитэ уонна көмүллүбүтэ.
Итинтэн сылтаан Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэр киһи киэн туттар, үчүгэй көстүүлээх цементнэй скульптуралар тэнийэн барбыттара.
Советскай кэмҥэ общественность күүһүнэн, комсомолецтар, ыччаттар үбүлээһиннэринэн Улуу Октябрьскай революция сирдьитэ В.И. Ленин памятнига, биэс уордьаннаах комсомол памятнига, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр бу мантан барбыттара диэн өйдөбүлүнэн Бүлүү эбэ хотун биэрэгэр советскай саха саллаатын мөссүөнэ, Кыайыы болуоссатыгар советскай саллаакка дьон-норуот иннигэр сөһүргэстээн турара, цемент истиэнэҕэ саха дьахтарын барельеба, суруктаах таастар уо.д.а. Анисим Григорьевич Прокопьев сүдү талаанын, үлэтин көрөбүт.
Михаил Иванов, үлэ, тыыл ветерана.
Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэ.— Дьокуускай: Медиа-холдинг «Якутия», 2011.— С. 331-332.
«Хотун Бүлүү» монумент автора Крылатов Егор Николаевич

Дьөгүөр Ороһу 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран, артыалга тимир ууһунан үлэлээбитэ. Кини кыра сааһыттан уһанар, уруһуйдуур, ону-маны айар, оҥорор дэгиттэр талааннаах оҕо этэ.
Ньэгэдьээккэ олорор эрдэхтэринэ, бэйэтигэр үс көлөһөлөөх велосипед айан оҥостон, онно баар оҕолор бары ымсыырбыттара, баҕарбыттара. Биһиэхэ, табаарыстарыгар уларсан, үөрүү-көтүү бөҕө буоларбыт. Сүөһү тириититтэн саппыкы оҥостон, сымыыт уоһаҕар курунньугу буккуйан килэбэчитэн кэппитин, оскуола оҕолоро баҕаран батыһа көрөллөрө.
Оскуолаҕа Кремль макетын олус сиэдэрэйдик оҥорон сөхтөрбүтэ, ону Якутскайга выставкаҕа ыыппыттарын өйдүүбүн. Уһанар араас сэбин-сэбиргэлин угарыгар анаан маһынан ыскаап оҥостубута. Хатааһына суох этэ да, биһиги сатаан аспат этибит. Онтон бэйэтэ ыскаап ойоҕоһугар кнопканы баттаатаҕына аһыллан кэлэрэ.
Үлэ бастыҥнарыгар мэтээл биэртэлээбиттэрэ. Дьөгүөр туойунан киэп оҥорон, оннук мэтээли үүт-үкчү гына кутан бобуллубутун өйдүүбүн. Эстэр гына бэстилиэт оҥорбута, ону эмиэ милициялар кэлэннэр ылбыттара уонна боппуттара.
Онтон да атын ону-маны элбэҕи оҥорбутун, айбытын, мындырын дьон-сэргэ олус сөҕөрө.
Уруһуйуттан хотойу оҥорбутун, олус үчүгэйин, чуолкайын дьон-сэргэ олус сэҥээрбиттэрэ.
Республикаҕа киэн туттар монумеммыт «Хотун Бүлүү» 1967 сыллаахха Улуу Октябрьскай Социалистическай революция 50 сылын көрсө оҥоһуллубута. 1976 с. Саха АССР Министерствотын Советын уурааҕынан, олохтоох суолталаах искусство өйдөбүнньүгүн быһыытынан государство харалтатыгар ылыллыбыта. Бу монумены биир дойдулаахпыт Егор Николаевич Крылатов эскиһинэн Анисим Григорьевич Прокопьев көмөлөһөн оҥорбуттара.
«Хотун Бүлүү» монуменын туһунан казах биллиилээх суруйааччыта Калаубек Турсункулов «Пароль: «Здравствуй, Якутия!» диэн эссе-романыгар маннык суруйбута: «Сынньанан баран биһиги хоммуппут уонна оройуон салайааччыларын кытта сэлиэнньэ саамай уһугунааҕы үрдэлгэ баар пааркаҕа бардыбыт. Пааркаҕа киирэр аан аттыгар улахан сымара гранит таастан чочуллан оҥоһуллубут сүүнэ памятник турара. Ити памятник өрүскэ анаммыт этэ. Киниэхэ бөдөҥ буукубанан «Вилюй» диэн суруллубут. Памятник туруоруллубут бу хайдахтаах өрүс буолуой? Дьон киниттэн элбэҕи, үтүөнү сомсубуттара сэрэйиллэр. Аан дойдуга аҕыйах өрүстэргэ памятник туруоруллубута эбээт».
Ыраахтан кэлбит ыалдьыкка биһиги монумеммыт гранит таас курдук буолан көстүбүтэ автордарга чиэһи эрэ оҥорор диэхтээхпит.
Сыллар ааһыахтара, көлүөнэлэр солбуллуохтара. Онтон ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут, үс саханы үөдүппүт, түөрт саханы төлкөлөөбүт күндү өрүспүт — Бүлүү, ырыа тылынан эттэххэ Хотун Бүлүү мэлдьи эдэр буола туруоҕа.
Бүлүү өрүс кыыс кэрэтин, ийэлии истиҥин уонна модунун монументальнай искусство көмөтүнэн дьоҥҥо кэпсээбит уонна ону бэлэхтээбит уус дьон Е.Н. Крылатов, А.Г. Прокопьев ааттарын махталлаах көлүөнэ ыччат кэнэҕэскитин даҕаны үтүө-мааны тылларынан ахта-саныы туруоҕа.
Маҥнайгы тапталыгар анаан «Күннэй» диэн хоһоону суруйбутугар, Николай Бойлохов мелодиятын айбыта. Ырыаны билиҥҥэ диэри ыччат уоһуттан түһэрбэккэ ыллыыр.
Гаврил Иванович Селясинов-Балла, журналист В. Попов, М. Иванов.
Ороһу нэһилиэгэ.— Дьокуускай: Сахаполиграфиздат, 2007.— С. 196-197.
Воспетый Вилюй
Издавно славится богатством прибрежная Вилюйская тайга: пушниной, занимающей одно из первых мест на мировом рынке, золотом, которое начали здесь добывать в первые годы советской власти. Кэнтикские кузнецы кустарным способом еще до революции разрабатывали железную руду и ковали всевозможные сельскохозяйственные и охотничьи орудия, домашнюю утварь. И наконец, природный газ, алмазы, гидроэлектростанция еще более прославили могучую реку Вилюй.
А как отобразить все это в художественной форме? Каким должен быть образ сибирской красавицы? Разработать монументальный памятник и создать его взялись энтузиасты фельдшер Анисим Григорьевич Прокопьев, который зарекомендовал себя как незаурядный скульптор, и учитель восьмилетней школы Егор Николаевич Крылатов, выпускник Якутского художественного училища.
Много вечеров трудились они, создавая образ, сочетающий в себе красоту и богатство родной реки. Появились эскизы, из которых постепенно начали вырисовываться контуры будущего монумента.
Наконец закончен кропотливый труд. На постаменте, словно вышедшая из воды озаренная светом алмазного сияния, устремленная вперед, встала фигура, олицетворяющая таежную красавицу. Монумент установлен при въезде в Верхневилюйск у восьмилетней школы.
К. Оросутцев.
«Социалистическая Якутия», 1967 г., ноябрь.
Хотун Бүлүү хайдах оҥоһуллубутай?
Үөһээ Бүлүүгэ сылдьыбатах даҕаны дьон манна, оройуон киинигэр, «Хотун Бүлүү» диэн монумент баарын бэркэ билэллэр уонна кэрэхсииллэр. Ол курдук бу монумент оройуон эмблематын быһыытынан киэҥник билиннэ. Монумены хаһан, хайдах, кимнээх оҥорбуттарай? Маннык ыйытыы үгүстэри интэриэһиргэтэрэ чуолкай. Ол иһин итинник ыйыттыбыт «Хотун Бүлүү» биир авторыттан Анисим Григорьевич Прокопьевтан.
— Октябрьскай революция 50 сылын көрсө, 1967 сыллаахха, иитиллэр Эбэбитин искусство тылынан айхаллаабыт, үйэлээх оҥоһугунан бэлиэтиир киһи диэн санаанан салайтаран, оскуола худуоһунньуга Егор Крыловтыын сүбэлэһэн монумент эскиһин оҥорбуппут, — диир Анисим Григорьевич. — Бүлүү өрүс туһунан ырыаҕа ылланар, тойукка туойуллар. Оттон монументальнай, үйэлээх оҥоһук суох.
Эскизпитин оройуон салалтата сөбүлээбитэ итиэннэ бары өттүнэн көмө оҥорбута. Итиннэ В.С. Кынатов салайааччылаах биригээдэ үлэлээбитэ. Пионердар дьиэлэригэр хос көстөн үлэбитин саҕалаабыппыт. Бу иккиэйэх киһиэхэ чэпчэкитэ суох үлэ этэ. Бастаан, үс метр үрдүктээх макет макет оҥоһуллубута. Макеппытын дьиэ үрдүгэр, эркиннэригэр туттартаабыппыт. Ол кэнниттэн дьэ алебастрынан, цеменинэн, туойунан үлэлээбиппит. Мин бэйэм уонна кыттыгаһым Егор Крылатов анал худуоһунньук үөрэхтээх да буоллар, маннык улахан монумены урукку өттүгэр оҥоро илик буоламмыт ыарырҕатыы да баара. Ону, ол диэбэккэ, харса суох үлэлээбиппит. Хас тонна туойу, цемени, алебастры мэһийбиппитин бэйэбит даҕаны билбэппит. Оройуон салалтата биһигини өйөөбүтэ диэн үөһэ ахтыбытым. Ол курдук партия райкомун иккис секретара Николай Никитич Яковлев, райисполком председателэ Марк Трофимович Егоров биһиги үлэбитин мэлдьи интэриэһиргииллэрин ааһан, күн аайы мастарыскыайга киирэн кэлэллэрэ. Райком уонна райсовет аппаратын үлэһиттэрэ, оскуола оҕолоро монумент постаменын оҥоһуутугар субуотунньуктарга үгүстүк үлэлээбиттэрэ. Уопсайынан, киһи барыта көмөлспүтэ.
Биһиги аҕыс ый устата үлэлээн, сыбаан, киэп устан монумеммытын түмүктээбиппит. Бэлэм постамеҥҥа илдьэн олордубуппут. Бу үлэҕэ барыта, матырыйааллыын сэттэ тыһыынча солкуобай эрэ ороскуоттаммыта. Үлэтин, үксүн, общественность толорбута. Икки худуоһунньук илиибитигэр иккилии тыһыынчаны ылбыппыт. Улуу Октябрь 50 сылын көрсө монумент аһыллыыта оройуон культурнай олоҕор кэрэ-бэлиэ событиенан буолбута.
Монумент эскиһин быһыытынан өрүс биэрэгин үрдүгэр туруоруллуохтаах этэ. Биэрэккэ, кэтит улахан кирилиэһинэн өрө дабайан таҕыстахха, Бүлүү хотун утары көрсүөхтээх. Итиэннэ сибэкки уурардаах буолуохтаах. Биэрэк көстүүтүн лаппа тупсарыахтаах этэ. Монумент билигин турар миэстэтэ, оччолорго, кылгас болдьоххо дэммитэ эрээри, араас биричиинэнэн көһөрө кыаллыбатаҕа.
Оройуон тэриллибитэ 50 сыллаах юбилейынан сибээстээн монумены көһөрүөххэ баар этэ. Аан бастаан былааннаммытыттан туораабакка, өрүс үрдүгэр аҕалар ордук этэ. Сааһым тухары син ону-маны оҥордум да, «Хотун Бүлүүбүн» ордоро саныыбын. Ол эрээри, билигин даҕаны, ситэриллибэккэ турарыттан хомойобун.
Монумент биир наадалаах матырыйаалын хайдах аҕалбыттарын типография директора, оччолорго, активнай общественник Василий Степанович Кынатов маннык кэпсиир:
— Өргүөккэ Алтан ферматыттан үс биэрэстэлээх сиргэ алаас баар. Ити алааска кыһын тоҥ туой буор үллэн тахсар эбит этэ. Ити туойу көҥүтэ сынньан 40 куулу 6-7 таба сыарҕатынан бөһүөлэккэ киллэрбиппит. Өргүөттэн, улахан грузовой массыынаҕа тиэйэн, туойбутун оройуон киинигэр аҕалбыппыт. Итиннэ уонча киһилээх биригээдэ бэркэ үлэлээбитэ.
Монумент автордарыттан биирдэстэрэ Е.Н. Крылатов билигин Дьокуускайга олорор, үлэлиир. Оттон А.Г. Прокопьев оройуоннааҕы Революционнай бойобуой уонна үлэ албан аатын музейын үлэһитэ.
Бу икки киһи кэпсээниттэн сыаналаатахха, Хотун Бүлүү монумент уран тарбах, мындыр өй кыттыһыыларын эрэ түмүгэр күн сирин көрбүтэ диир кэрэгэй, манна төрүтүнэн оройуон салалтатын өйөбүлэ уонна чуолкай тэрээһин, дьон күүһүн туһаныы буолбуттар эбит диэн санааҕа кэлэҕин.
«Хотун Бүлүү» монумент туһунан казах биллиилээх суруйааччыта Калаубек Турсункулов «Пароль: Здравствуй, Якутия!» диэн эссе-романыгар маннык суруйбута: «Сынньанан баран биһиги хомуммуппут уонна, оройуон салайааччыларын кытта, сэлиэнньэ саамай уһугунааҕы үрдэлгэ баар паркаҕа бардыбыт. Паркаҕа киирэр аан аттыгар улахан сымара гранит таастан чочуллан оҥоһуллубут сүүнэ памятник турара. Ити памятник өрүскэ анаммыт этэ. Киниэхэ бөдөҥ буукубаларынан «Вилюй» диэн суруллубут. Памятник туруоруллубут бу хайдахтаах өрүс буолуой? Дьон киниттэн элбэх үтүөнү сомсубута сэрэйиллэр. Аан дойдуга аҕыйах өрүскэ памятник туруоруллубута эбээт». Ыраахтан кэлбит ыалдьыкка биһиги монумеммыт гранит таас курдук буолан көстүбүтэ автордарга чиэһи эрэ оҥорор диэхтээхпит.
Сыллар ааһыахтара, көлүөнэлэр солбуллуохтара. Оттон ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут, үс саханы үөдүппүт, түөрт саханы төлкөлөөбүт күндү өрүспүт — Бүлүү, ырыа тылынан эттэххэ Хотун Бүлүү, мэлдьи эдэр буола туруоҕа. Бүлүү өрүс кыыс кэрэтин, ийэлии истиҥин уонна модунун монументальнай искусство көмөтүнэн дьоҥҥо кэпсээбит уонна ону бэлэхтээбит уус дьон Анисим Григорьевич Прокопьев уонна Егор Николаевич Крылатов ааттарын махталлаах көлүөнэ ыччат, кэнэҕэскитин даҕаны үтүө-мааны тылларынан ахта-саныы туруоҕа.
В. ПОПОВ.
«Коммунизм сардаҥата», 1984 сыл, бэс ыйын 23 к.
Үөлээннээҕим Анньыыһын
Прокопьев Анисим Григорьевич 1925 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһугар, урукку 1 Күүлэт нэһилиэгэр (билиҥҥитэ Далыр нэһилиэгэ) Сылаҥ түбэтигэр төрөөбүтэ. Кини уонна мин төрөпүттэрбит 1935 с. колхозка киирбиттэрин кэннэ, бастаан, «Мөрөөйү», онтон «П. Осипенко» аатынан колхозка 8-9 сааспытыттан оҕус сиэтиитигэр, хортуоппуй үүннэриитигэр үлэлээн барбыппыт. Кини төрөппүттэрэ: аҕата Киргиэлэй, ийэтэ Аана колхоз стахановец, удаарынньык үлэһиттэр этилэр. Анисим биһикки Далыр оскуолатыгар төрдүс кылаастан бииргэ үөрэммиппит. Сэрии саҕаланар 1941 сылыгар сэттис кылааһы бүтэрбиппит, олус тапсарбыт, истиҥник доҕордоспуппут. 7-8 биэрэстэлээх сиртэн сатыы сылдьан үөрэммиппит, уруокпутун бииргэ бэлэмнэнэрбит. 1941 сыл Далыр оскуолатын бүтэрбиттэртэн түөрт буолан, ол иһигэр Анисим биһикки, күһүн Бүлүү педучилищетыгар экзамен туттарсан үөрэнэ киирбиппит. Ону баара сэрии саҕаланан Анисим, ыал соҕотох оҕото буолан, дьонун кытта бииргэ олоро түһээри, аргыс көстүбүтүгэр үөрэҕин быраҕан дойдулаан хаалбыта.
Анисим оскуола оҕото эрдэҕиттэн күүс өттүнэн бэйэтин кыанар, атаҕынан кытыгырас, көрсүө-сэмэй оҕо этэ. Оччоттон уруһуйдьут талааннааҕа.
Мин педучилищеҕа үөрэнэ сырыттахпына, 1943 сыл саас, Анисим армияҕа ыҥырыллан барбыта. Бүлүү биэрэгиттэн пароход палубатыгар турарын көрөн хаалбытым.
Кини сулууспатын Тас Монголияҕа саҕалаабыта. Бастаан автоматчик этэ. Сотору командование, кини туйгуннук ытарын бэлиэтии көрөн, снайперскай сборга ыыппыт. Сбору ситиһиилээхтик бүтэрэн, снайпер диэн ааты ылан, урукку чааһыгар төннүбүтэ. Онтон сотору буолан баран, Анисимы бастайааннай үлэлиир снайперскай сборга төттөрү ыҥыран ылаллар уонна отделение командирынан, ефрейтор званиетын биэрэн туран, аныыллар. Бастакы сборга түөрт снайперы иитэн таһаарбытын кэннэ, ол саллааттары фроҥҥа атаараллар, бэйэтин младшай командиры үөрэтэн таһаарар полковой оскуолаҕа ылаллар. Ону бүтэрэн младшай сержант званиелаах эмиэ саҥа тэриллибит снайперскай сборга фашистскай Германия үлтүрүтүллүөр диэри быыстала суох үлэлээн, элбэх снайпердары үөрэтэн таһааран фроҥҥа атаарбыта. Ити уһун кэмнээх, бэриниилээх сулууспатын учуоттаан, командование аатыттан төрөппүттэригэр «Махтал сурук» ыыппыттара. Ол суруктара, оччолорго, оройуон хаһыатыгар бэчээттэнэн турар.
Япония милитаризмын утары сэриигэ хааннаах хапсыһыыларга Прокопьев көхтөөхтүк кыттар. Хаста да харса суоҕун көрдөрбүтүн иһин «За отвагу» уонна «За боевые заслуги» мэтээллэринэн наҕараадаланар. Биирдэ бааһырар. Сэрии кэнниттэн Анисим армия кэккэтигэр өссө үс сыл сулууспалаабыта, буолаары буолан, морской пехота чаастарыгар.
1948 сыллаахха армияттан босхолонон баран, икки сыл культура эйгэтигэр библиотека, кулууп сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, сэрии кэмигэр быста дьадайбыт льонун атахтарыгар туруорбута.
Онтон республикаҕа киэҥник биллэр геронтолог быраас Л.А. Львов уонна биир дойдулааҕа, фронтовик, райздрав сэбиэдиссэйэ Я.Ф. Алексеев сүбэлэринэн, 1950 сылга Дьокуускайдааҕы фельдшерскай-акушерскай оскуолаҕа үөрэнэ киирэр. Кини ити үөрэнэр сылларыгар үчүгэй үөрэҕин таһынан, коммунист, активнай общественнай үлэһит быһыытынан биллибитэ. Түөрт сыл устата оскуола комсомольскай тэрилтэтин секретарынан үлэлээбитэ, оскуола педсоветын чилиэнэ этэ. Ону таһынан уопсай дьиэ старостатынан, «Медик» эркин хаһыат редакторынан быыстала суох үлэлээбитэ.
Медик идэтин ылыаҕыттан, 19 сыл тухары, Анисим Григорьевич төрөөбүт оройуонугар тахсыылаахтык уонна бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Аан бастаан Мэйик нэһилиэгэр Төбүрүөҥҥэ медпуну аһан үлэлэппитэ. Оччолорго суол-иис мөлтөҕөр, транспорт суоҕар, сибээс куһаҕаныгар фермалар, учаастактар көстөөх сирдэринэн ыһыллан олорор кэмнэригэр, саҥа үлэлээн эрэр биэлсэргэ олус ыарахан этэ. Ол кэмҥэ биэлсэр «универсал» буолара, хайа баҕарар бырааһы солбуйара. Оҕо төрөтүүтүн этиллибэт даҕаны. 50-с сылларга сэллиги, трахоманы, илиистиги утары охсуһуу, кинилэри имири эһии комплекснай үлэлэргэ саамай күүстээхтик ыытыллыбыт кэмнэрэ этэ. Анисим Григорьевич бэйэтин нэһилиэгэр чахчы үчүгэй үлэни ыыппыта. Ол сылларга Мэйиккэ, сайын 3-4 биэни тутан, сэллик ыарыһахтарга, стационар ыалдьааччыларыгар кымыһы иһэрдэллэрэ. Ол биллэрдик көмөлөспүтэ. Ити сылларга бэйэтэ бырайыактаан, сүүрэн-көтөн медпуун саҥа дьиэтин туттарбыта. Сорох ийэлэр барахсаттар ыараханнык оҕолонон, бэйэлэрин уонна оҕолорун быыһаабытын иһин махтанан, эмчиттэрин чиэстээн Анисим диэн ааты оҕолоругар иҥэрэллэрэ. Ол билигин, Анисим кырдьан олорон, саныырыгар олус үчүгэй. Ол сылларга киниэхэ, эдэр медиккэ, көмө, сүбэ-ама буолбут Мэйик оччотооҕу салайааччыларыгар, сельсовет председателигэр В.П. Васильевка (Балла Баһылай), колхоз председателигэр, И.Д. Анисимовка, кини солбуйааччытыгар Н.Г. Александровка махтала улахан.
Үс сыл буолан баран, 1957 с. Анисим Григорьевиһы Хороҕо көһөрбүттэрэ, үс куойкалаах ФАП-ка. Манна, кини опытыран уонна оройуон киинин баттаһа сытар нэһилиэккэ буолан, үлэтэ арыый чэпчээбитэ. Эмиэ бэйэтин бырайыагынан 10 куойкалаах балыыһа дьиэтин тутууну саҕалаабыта. Анисим оройуоҥҥа киирбитин кэннэ, балыыһа тутуута бүппүтэ. Ол дьиэҕэ участковай балыыһа билигин да үлэлии турар. Хороҕо үс сыл үлэлээн баран, Дьокуускайга тиис оҥорор техниктэр курстарыгар үөрэммитэ. Онтон Үөһээ Бүлүүгэ 13 сыл устата үлэлээн дьон-сэргэ махталын ылыан ылбыта. Төрүт уус дьоҕурдаах буолан, тииһи да оҥорууга улахан сатабыллааҕа, киниэхэ тэҥнээҕэ аҕыйах буолуо.
Онон өр сыллаах эҥкилэ суох үлэтин иһин 1972 с. «ССРС доруобуйатын харыстабылын туйгуна» бочуоттаах аакка тиксибитэ.
Анисим Григорьевиһы 1973 с. культураҕа чугас сыһыанын уонна тус бэйэтэ уус-оҥоһуктарга талаанын учуоттаан, райисполком культураҕа отделын сэбиэдиссэйинэн өрө таһаарбыттара. Бу эппиэттээх үлэҕэ тоҕус сыл устата үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, оройуоҥҥа улахан авторитетынан туһаммыта. Кини, оройуон историятыгар культура отделыгар сэбиэдиссэйинэн уһуннук үлэлээбиттэртэн биирдэстэрэ. Ону киниэхэ «Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ» үрдүк аат иҥэриллибитэ даҕаны туоһулуур.
1980-1990 сылларга Анисим Григорьевич, пенсияҕа тахсан баран, аны оройуон музейын тэрийбитэ, атаҕар туруорбута. Дьиэтин туттарбыт улахан өҥөлөөх. Музей общественнай бэрээдэгинэн үлэтин саҕалаан баран, билигин государственнай статустаах музей буолан үлэлии турар.
А.Г. Прокопьев айылҕаттан бэриллибит талаана, оҕо эрдэҕиттэн иитиэхтээбит хос идэтэ уруһуй буолар. Кини оҕо сааһыттан биэнсийэҕэ тахсыар диэри плакаттан, лозунтан саҕалаан оскуолаларга, фермаларга, оройуон киинигэр Үөһээ Бүлүүгэ, ДьФАШ-ка төһөлөөх көрдөрүүлээх агитацияны оҥорбутун быһаарар кыах суох, арай, айбыт бэйэтэ билэн эрдэҕэ.
Мин кини Үөһээ Бүлүүгэ, Ньурбаҕа 60-с сылларга монументальнай пропаганданы саҕалааччынан буолбутун туоһутабын. 1963 сылтан 1967 сыл бүтүүтүгэр диэри, биэс сыл устата, мин Үөһээ Бүлүүгэ бастаан Бүлүүтээҕи сельскэй производственнай партком (икки оройуон холбоспут кэмэ) секретарын солбуйааччынан, онтон Үөһээ Бүлүү райкомун иккис секретарынан үлэлии олорон идеология боппуруостарын салайбытым. Ол 1965-1967 сылларга оройуоҥҥа монументальнай пропаганда көрүҥнэрэ (стелалар, статуялар) оҥоһуллан барбыттара. Олортон саамай бөдөҥнөрө, искусство айымньытыгар киирсэр ис хоһоонноохторо «Хотун Бүлүү» монумент буолар. Улуу Өктөөп революциятын 50 сыллаах үбүлүөйүн көрсө оройуон историятыгар кинигэ суруйуутугар уонна киинэ оҥоһуутугар үлэ саҕаламмыта, итиэннэ улуу үбүлүөйгэ аналлаах монументальнай пропаганда көрүҥэр конкурс биллэриллибитэ. Онуоха мин тэрийэр комитет председателэ этим. Хас да бырайыак киирбититтэн Анисим Григорьевич уонна Егор Крылатов оҥорбут эскизтэрэ талыллыбыта. Үлэ сааһы, сайыны быһа барбыта итиэннэ бырааһынньык иннигэр, алтынньы саҥатыгар, бүтэриллибитэ. Ол памятник билигин да бэркэ турар. Бүлүү өрүс, кини алмааһын символын быһыытынан Саха сирин үрдүнэн киэҥник биллэр, почтовай конверга бэчээттэнэн бүтүн Союзка тарҕаммыта. Билигин санаатахха, итэҕэспит диэн, кинини үрдүк, көстүүлээх сиргэ туруорбатахпыт эбит. Кэлин, Улуу Кыайыы 50 сылыгар анаан, улуус Аҕа дойдутун сэриитигэр охтубут буойуннарын ааттарын тааска, тимиргэ тиһэн, оҥорон таһаарбыта эмиэ кини төрөөбүт улууһугар бэлэҕэ буолар.
1991 сыллаахха Анисим Григорьевич ССРС худуоһунньуктарын союһун чилиэнинэн ылыллыбыта. Кини муосчут, норуот маастарын быһыытынан киэҥник биллэр, элбэх республиканскай, российскай, союзнай быыстапкалар кыттыылаахтара. Кэлиҥҥи кэмнэргэ кини үрүҥ көмүстэн үлэлэрэ, ат тэрилин курдук ханна да хатыламмат уһулуччулаах оҥоһуктара Италияҕа, Францияҕа, Австрияҕа уонна Германияҕа ситиһиилээхтик көрдөрүллүбүттэрэ.
Анисим Григорьевич олох араас проблемаларыгар тэптэрэн бэйэтин, айылҕаттан бэриллибит худуоһунньук, уус-уран талаанын толору арыйбакка, норуотугар ситэ көрдөрбөккө эрэ, кырдьан эрэр диэн тус бэйэм улаханнык хомойобун. Бэйэтэ да оннук саныыра буолуо диэн сабаҕалыыбын. Ол эрэн, кини билигин да чэгиэн, өлүөр, сэргэх, бэйэтин талаанынан, санаатын баҕатынан элбэҕи, туһалааҕы уһанар, айар.
Доҕорум Анисим Григорьевич, «ССРС доруобуйатын харыстабылын туйгуна», «Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ», ССРС худуоһунньуктарын Союһун чилиэнэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Аҕа дойду сэриитин II степеннаах орденын кавалера, элбэх бойуобуой мэтээллэрдээх, көмүс, мас ууһа, муосчут, скульптор, элбэх оҕо аҕата, эһэтэ, хос эһэтэ Дьокуускай куоракка чөл доруобуйалаах олорор.
Николай Никитич ЯКОВЛЕВ,
сэрии, үлэ, компартия ветерана,
СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,
республиканскай суолталаах пенсионер,
Абый уонна Үөһээ Бүлүү улуустарын бочуоттаах олохтооҕо.
Прокопьев А.Г. Кырдьарга бокуой суох.— Дьокуускай: Сайдам, 2010.— С. 4-8.
Айбыт аҕам туһунан тэттик санаалар
Бүлүү өрүс… Хотун Бүлүү… Бу Бүлүү өрүс символа буолбут монумены Бүлүү сүнньүн олохтоохторо эрэ буолбакка Саха дьоно үксэ билэр, ону ааһан Үөһээ Бүлүүгэ сылдьыбыт Россия, омук да сирин дьонноро бары сөҕө-махтайа көрөллөр. Дэлэ сөхпүттэригэр, казах делегацията бу сүҥкэннээх бетон оҥоһугу «величественный монумент из гранита» диэхтэрэ дуо.
«Хотун Бүлүү» биһиги аҕабыт биир саамай биллэр-көстөр, аатырбыт үлэтэ. 2004 сыл сааһыгар Сунтаартан төрүттээх Н. Михалева-Сайа «Кэпсиэ» программатыгар: «Хайа да омук улуу пааматынньыгынааҕар «Хотун Бүлүү» монумены ордук саныыбын» диэн истиҥ, иһирэх тыллары эппитэ, аҕабытыгар эрэ буолбакка биһиэхэ, оҕолоругар, аймахтарыгар, билэр дьонугар-сэргэтигэр барыбытыгар күндүтүк иһиллибитэ.
Саха сиригэр, мин саныахпар, Үөһээ Бүлүү курдук элбэх пааматынньыктаах бөһүөлэк аҕыйах буолуо. Олору биир-биир ааттыыр буоллахха маннык: Кыайыы 20 сылыгар, Хотун Бүлүү, Кыайыы 30 сылыгар пааматынньыктар, Кыайыы 35 сылыгар аналлаах Кыайыы болуоссатыгар стелла, оройуон биллиилээх дьонноругар аналлаах аллеяҕа бюстар, пааркаҕа Кыайыы 40 сылыгар аналлаах стелалар. Бу барыта биһиги аҕабыт үтүөтэ-өҥөтө, уһун сылларга сыралаах үлэтин түмүгэ.
Маны таһынан аҕабыт куруук дьон бюстарын оҥорор идэлээх. Биһиги оҕолор туой эллиирбитин, киэп сыбаһарбытын, нарылыырбытын бу баардыы өйдүүбүн. Олортон биир саамай өйдөөн хаалбытым — М.М. Герасимова, ыарахан, уһун ыарыыттан эрдэ олохтон туораабыт мин бастакы тапталлаах учууталым бюһа этэ.
Оҕо сааһым биир чаҕылхай өйдөбүлэ — Кыайыы күнэ. Оччолорго Үөһээ Бүлүүгэ Кыайыы бырааһынньыгын миитинэ «Улуу Кыайыы 20 сыла» пааматынньык аттыгар буолара. Бүлүү биэрэгэ, аҕам оҥорбут памятнигын тэллэҕэр веноктар, А. Дмитриева толоруутугар «Тыыннаахтар умнубат сыллара», «Вспомним всех поименно…» диэн Р. Рождественскай тыллара өйбөр-санаабар дириҥник иҥпиттэр, умнуллубат өйдөбүл буолбуттар. Чороччу улаатан эрэр оскуола оҕото кыайыы хайдахтаах курдук ыарахан сыананан тиксибитин онно өйдөөбүтүм, этим-сааһым аһыллыар, куйахам ытырбахтыар диэри күүскэ ылыммытым… Кэлин улаатан баран, бэл, Ленинград, Ладога курдук сэрии ыар тыына илэ биллэр сирдэригэр сылдьан оччотооҕу оҕо эрдэҕинээҕим курдук уйадыйа долгуйарбын өйдөөбөппүн, искусство күүһэ диэн ордук чаҕылхай, сүдү дьайыылаах буолар эбит.
Билигин аҕабыт төһө да сааһырдар айар-тутар идэтиттэн арахпат. Бу сайын уолаттарынаан, скульптор сиэнинээн государственнай, политическай деятель Юрий Николаевич Прокопьев аатын үйэтитэргэ анаан, Саха сирин Правительствотын сакааһынан, граниттан памятник оҥорон-чочуйан бүтэрдилэр.
Кыра кыыһа Альбина Даниловна МИХАЙЛОВА,
СГУ киин библиотекатын ааҕар саалатын сэбиэдиссэйэ.
Балаҕан ыйын 12 к., Дьокуускай. 2005 с.
Прокопьев А.Г. Кырдьарга бокуой суох.— Дьокуускай: Сайдам, 2010.— С. 38-39.
Михаил Соров
Таас хотун таһыгар санаа
Иэгэйэр икки атахтаахха
Иэримэ дьиэтин иччилэппит,
Иитэр сүөһүтүн күрүөлэппит
Илгэ быйаҥ эҥэрдэммит
Бүлүү хотун өрүскэ
Бүгүн тиийэн кэллим.
Таас хотун дьахтар
Таһыгар тураммын
Хоммут уоспун хоннорон
Хоһуйарга холоннум,
Аллаах тылбын айаннатан,
Айар туойар сананным…
Айылҕа маанылааҕа
Арыы тыа саҕатыгар,
Атыыр сылгы саалын курдук
Араҥас тумул аттыгар
Алтан от ардайдаах
Ача күөх кырыстаах,
Күөл ньуурунуу көнө
Көстүүлээх күөх толооҥҥо
Хобордоох курдук төгүрүк
Хоннох хонуу тоҕойго
Үрэллибэт үрдүк мындааманнаан
Үктэл таастаан
Үскэл көрүҥнээн,
Үтүө мөссүөннээн,
Суһуоҕун субурутан
Субатын туналытан
Муодарастаан толкуйдааннар,
Монумент оҥороннор
Хоту дойду хоһуун өрүһүн
Хотун Бүлүүнү ааттааннар
Аныгы Куону айан оҥорбуттар.
Анаан чочуйан туруорбуттар.
Кини бэйэлээх хотун
Киһи-аймах остуоруйатыгар
Кэнэҕэһин даҕаны
Кэпсээҥҥэ кэпсэнэр
Килбиэннээх бэлэҕинэн
Киэн туттан,
Аан дойдуга аатырар
Алыптаах тааһы
Алмаас барахсаны
Адаар илиитигэр арылытан
Көй салгыҥҥа көтөҕөн
Күн уотугар күлүмүрдэтэ
Көрдөрө турарын көрөн
Сахабыт сирэ барахсан
Сайдыытын санаатым.
Үөһээ Бүлүү өбүгэттэн
Үтүө үлэһит дьонноро
Улуу нуучча убайдарыттан
Уустук идэлэригэр уһуйулланнар
Талааннаах тарбахтарынан
Тааһы талбыттарынан таҥастааннар
Үйэлээх үтүө үлэлэрин
Үөрэ-көтө көрөммүн
Ыалдьыттаан ааһарбар
Ыллаан-туойан аастым.
Культура тэрилтэлэрин үлэлэриттэн кылгас быһа тардыылар
Оройуон Советын исполкомун культураҕа отделын сэбиэдиссэйинэн 1973-81 сс. ананан үлэлээбит кэммэр отдел инструкторынан И.Е. Давыдов — опыттаах культура үлэһитэ, бухгалтерияҕа өр сылларга үлэлээбит А.С. Прокопьева уонна кассир В.П. Васильева буолан үлэлээбиппит. Маны таһынан клубнай үлэ салаатын салайар оройуоннай культура дьиэтин директорынан И.С. Семенов уонна оройуон бары библиотечнай тэрилтэлэрин салайар оройуоннай киин библиотека директора, анал үрдүк үөрэхтээх, өр сылларга үлэлээбит опыттаах үлэһит О.Д. Федорова буолан культура тэрилтэлэрин үлэлэрин салайбыппыт.
Оройуоҥҥа 17 СДК, 8 СК, 1 РДК, 1 автоклуб, 20 тыа библиотеката, 1 киин библиотека, 1 оҕо библиотеката үлэлииллэрэ. Оройуон картата уһун синньигэс буолан, онуоха эбии оччолорго суол-иис мөлтөҕө уонна сибээс линията эмиэ мөлтөх буолан культура тэрилтэлэрин күннэтэ билсэр, салайар ыарахан этэ. Хоту нэһилиэктэр, оройуон кииниттэн 20-чэ көс, соҕуруу өттө — 30 көс ыраах сыталлара. Атыннык эттэххэ Өлөөн уонна Өлүөхүмэ оройуоннарын кытта кыраныыссалаһарбыт.
Культура отделын сүрүн соругунан этэ: оройуон бары культурнай сырдатар тэрилтэлэрин үлэлэрин туһааннаах кэм ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн, тэрийэр үлэни тупсарыы уонна ирдэбиллээх буолуу этэ. Коммунистическай партиянан уонна советскай правительствонан быһаарыллыбыт олох сайдыытын пятилетнэй былааннарын туолуутун ситиһии иһин культура тэрилтэлэрэ дьону көҕүлүүргэ культурнай маассабай үлэни ахсаабакка ыытар, тэрийэр соруктаах үлэлээбиппит.
Культура министерствотын культураҕа фестивалларын балаһыанньатыгар уонна бэйэбит сыл аайы тэрийэр культура эстафеталарбытыгар сөп түбэһиннэрэн культурнай сырдатар, тэрийэр үлэлэрбитин ыытарбыт. Ити тэрийэр үлэлэрбит ордук күүстээх уонна далааһыннаах буоларын наадатыттан комсомол райкомун уонна спортсовет оройуоннааҕы салаатын кытта холбоһуктаах эстафеталары тэрийэрбит уонна түмүктүүрбүт. Үлэ ордук үчүгэй тэрээһиннээҕэ уонна түмүктээҕэ биллибитэ. Культура отдела, комсомол райкома, спортсовет үлэлэрэ улаханнык сөргүйбүтэ, оруолламмыта. Бары былааннаах үлэлэр үлэҕэ ситиһиинэн түмүктэнэллэрэ. Оройуон Бүлүү сүнньүгэр да, республикаҕа да бастыҥнар ахсааннарыгар киирсэрэ.
Үгэс курдук культура эстафеталарын тэрийэн ыытаммыт үлэ бары көрүҥнэригэр социалистическай куоталаһыылары көхтөөхтүк, күүстээхтик тэрийбиппит уонна нэһилиэнньэни культурнай сынньалаҥынан тэрийбиппит. Эстафета хаамыытын графигын быһыытынан нэһилиэк аайы үчүгэй тэрээһиннээх үлэҕэ, культураҕа үлэ рапортардаах көрдөөх сынньалаҥ киэһэлэрэ буолаллара. Күүстээх үлэҕэ сылдьар үлэһиттэр, ыччаттар активнайдык эстафетаҕа кытталлара. Ол түмүгэр туйгун үлэлээх кулууптар, библиотекалар ахсааннара элбээбитэ. РДК тэрийэр үлэтэ лаппа тупсубута, библиотека үлэтэ куруук да үчүгэй, киэҥ далааһыннаах буолара уонна үрдүк үөрэхтээх анал кадрдар үлэлииллэрэ. Намнааҕы, Тамалакааннааҕы, Ороһутааҕы, Үөдүгэйдээҕи, Кэнтиктээҕи, Хоротооҕу, Дүллүкүтээҕи, Далырдааҕы, Мэйиктээҕи, Боотулуутааҕы культура дьиэлэрэ бастыҥ үлэлээх культура дьиэлэринэн биллэллэрэ. Ити культура дьиэлэригэр бастыҥ культура үлэһиттэринэн ааттаналлара: анал үөрэҕэ суох эрээри эбээһинэстэрин өйдүүр, ирдэбиллээх үлэһиттэринэн И. Трофимовы, М. Намыыны, В. Харлампьевы, В. Иванованы ааҕабын. Ол курдук анал үөрэхтээхтэр М. Константинова, Г. Никифоров, В. Васильев, А. Аммосов, К. Петров, М. Пестрякова, М. Михайлова, Е. Евдокимова, кэргэннии Николаевтар, Д. Семенова, И. Иванов, А. Донская, В. Иванов о.д.а.
Культура үлэһиттэрин сыллааҕы үлэлэрин түмүгүнэн уонна кэлэр сыллааҕы былааннары туруора үчүгэй үлэлээх культура дьиэлэригэр мунньахпытын, семинарбытын ыытар буолбуппут. Ол курдук Үөдүгэй, Нам, Тамалакаан, Кэнтик, Өргүөт кулууптарыгар тэрийбиппит. Опыт атастаһыытын бэрээдэгинэн. Үлэҕэ ити эмиэ улахан сабыдыаллааҕа биллибитэ. Ыаллыы олорор оройуоннарбытын кытта уус-уран самодеятельноһын концертарынан хардарыта ыалдьыттаһар этибит, 60-тан тахсалыы киһилээх коллективтарынан. Итиннэ биһиги культура фестивалларын түмүгүнэн бастыҥ толорооччуларбытын кытыннарарбыт. Уруккуттан биллэр талааннары сэргэ саҥа тахсыбыт талааннаахтарбытын дьоҥҥо билиһиннэрэрбит.
Культураҕа, искусствоҕа талааннаах дьоннорбутун түмэн үлэлэтэр, салайар оройуоннааҕы норуот айымньытын дьиэтэ Н.И. Бойлоховунан утумнаахтык салаллар этэ. Ол курдук суруйааччылар, поэттар, мелодистар салаалара саҥа айымньылары чаастатык дьүүллэһэллэрэ, ырыталлара. Ону сэргэ прикладной искусство эмиэ араас жанрдарыгар холонооччулар, үлэлээччилэр выставкаларын көрүүлэр, сүбэлэр ыытыллаллара. Оскуола оҕолорун ортолоругар прикладной искусствоҕа дьарыктанар оҕолордоох оскуолаларга анал выставкалар тэриллэн жюринан быһаарыллан кыайыылаахтары быһаарарбыт уонна республиканскай выставкаларга кытыннарарбыт. Итиннэ культура отдела уонна үөрэхтээһин оройуоннааҕы отдела оскуола оҕолоругар анаан балаһыанньа оҥорон бары оскуолалар кыттар көрүүлэрин үгүстүк тэрийбиппит.
Оройуоҥҥа, республикаҕа аан маҥнайгынан саха национальнай музыкальнай инструмент оҥорор сыаҕы арыйыыга үлэлээбиппит. Манна энтузиаст учуутал П.П. Семенов элбэх сыратын биэрэн турууласпыта уонна итини культура отдела өйөөбүтэ, анал үөрэхтээх музыкальнай инструменнары оҥорор маастардары үөрэттэрбиппит, 5 киһини Казахстаҥҥа ыытан. Сыах промкомбинат иһинэн арыллан үлэтин саҕалаабыта, салайааччытынан П.П. Семенов үлэлиир.
Культура отделын туруорсуутунан оройуон киинигэр оройуоннай музей дьиэтин кыра үбүнэн 2 этээстээх музей дьиэтэ тутуллубута. Музей тутуутун оройуоннааҕы милиция отдела (начальник П.П. Иннокентьев) ылсыһан туппута. Матырыйаалы уонна үбүлээһини райисполком уйуммута. Музей оборудованиетын оҥорууга Дьокуускайдааҕы краеведческай музей дирекцията бэйэтин үлэһиттэриттэн биригээдэ ыытан кылгас болдьоххо оҥорбуттара культура отделын идеятын, көрдөһүүтүн ылынан. Музей экспонатын хомуйуунан уонна туруоруутунан тус бэйэм дьарыктаммытым. 1981 сылтан пенсияҕа тахсан баран дьарыктанан общественнай саҕалааһын быһыытынан, сэрии ветерана, инвалид Н.Н. Ивановтуун үлэлээн 1989 сылга оройуоҥҥа государственнай, статустаах үлэһиттэрдээх буолар музейы оҥорон туттарбыппыт. Онон музейы үлэлэтиигэ үрдүк үөрэхтээх историктар киирэн үлэлээн барбыттара.
Мин культура отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир сылларбар да инниттэн даҕаны оройуоммар көрдөрөн агитация стендаларын, плакаттарын оҥорторуунан уонна монументальнай пропаганданан дьарыктаммытым. Онно бары улахан нэһилиэктэр кииннэригэр сэриигэ охтубут буойуттар ааттарын үйэтитэр памятниктары, стеллалары оҥороллоругар кыһанарым.
Культура отдедын биир сүрүн соругунан культура үлэһиттэрин саҥа кадрын үөрэттэрии этэ. Онно республикатааҕы культпросвет училище базатыгар элбэх оҕо үөрэммиттэрэ уонна Хабаровскай, Улан-Удэ, Кемерово культура институттарыгар, Биробиджан культпросветучилищетыгар үөрэммиттэрэ Пантелеймой, Люба Степановтар, Марина Иванова, Светлана Копыленко, Николай Портнягин, Надя Корякина о.д.а. Ол курдук оройуон культурнай сырдатар тэрилтэлэрин базаларын бөҕөргөтүү турара. Саҥа культура дьиэлэрэ Намҥа, Хороҕо, Мэйиккэ, Кырыкыйга, оройуоннай библиотека, музей дьиэтэ тутуллубуттара уонна элбэх культура дьиэлэригэр капитальнай ремоннар оҥоһуллубуттара. Улахан кулууптарга театральнай скамейкалар улахан комплектара атыылаһыллан туруоруллубуттара, ол курдук РДК-ҕа, Нам, Хоро, Балаҕаннаах, Үөдүгэй, Боотулуу о.д.а. кулууптарга. Музыкальнай инструменнарынан о.и. баяннарынан, пианиноларынан, сценалар, заллар сырдатынар люстра лаампаларынан хааччыллаллара, былаан быһыытынан. Отделга көрүллэр бюджет кыра буолааччы, онон кыра-кыралаан тэрилтэлэринэн ыһар буоллахха туһата суох курдук буолара, ол иһин сыаллаахтык, былааннаах расходтуур этибит. Сыл бүтэһик кварталыгар культура министерствотыттан сорох кыайан туһамматах оройуоннар үптэрэ баарын билэн көрдөстөххө биэрэр этилэр. Министерство ону сөбүлүүр этэ. Оннук үп көһүннэҕинэ ремоннарга, мебель булунуутугар туттарбыт. Оройуоннай библиотека тутуутугар элбэх үп тиийбэтэҕэр көрдөһөн ситэттэрбиппит. Ол курдук совхозтартан эмиэ кулууптарын ремоннуулларыгар, оборудованиенан (скамейкаларынан) хааччыйалларыгар көмөлөһүннэрэрбит. Кинилэр үбүн биэрэргэ сөбүлэстэхтэринэ биһиги мебелин буларбыт. Итинник боппуруоска ордук П.Н. Львов түргэнник сөбүлэһэр буолара. Ол иһин кини үлэлиир совхозтарын территориялааҕы кулууптар үчүгэй туруктаах, хааччыллыылаах этилэр.
Оройуон бары салаа үлэлэригэр пятилеткаларынан былааннаммыт үлэлэрин толорууга культура үлэһиттэрэ, тэрилтэлэрэ улахан кылааты киллэрсибиттэрэ. Өйдөтөр-сырдатар үлэнэн уонна үлэһит дьону, нэһилиэнньэни культурнайдык сынньатар иһин утумнаахтык күүскэ үлэлээбиттэрэ. Ол түмүгэр оройуон культурнай-сырдатар тэрилтэрэ республикаҕа биир бастыҥ үлэлээхтэринэн биллибиттэрэ.
Урукку культура отделын сэбиэдиссэйэ, культура үтүөлээх үлэһитэ
А. ПРОКОПЬЕВ.
Егор Крылатов диэн кимий?
Мин сэрии сылларыгар оскуолаттан олус ыраах олорор буолан үөрэммэккэ хаалбытым. Кэлин Ороһуга аймахтарбар Бырдакарова Балааҕыйалаахха дьиэ, хотон үлэтигэр көмөлөһөн олорон үөрэммитим. Кустук уһун уулуссатыгар Крылатов Егордааҕы кытта ыаллыы олорбуппут. Гоша 5-6 кылааска үөрэнэрэ, кини быраата Арамааны кытта 2-с кылааска бииргэ сылдьарбыт. Сүрдээх кыаммат ыал этилэр. Гоша дьоҕурдааҕа өтө биллэрэ, бэс маһынан, чөҥөчөк хатырыгынан мончуук оҥороро, ону убайа Семен Крылатов (кэлин биллиилээх рационализатор буолбута) кустууругар туттара, ордугун туохха эмит мэнэйдэһэрэ. Саппыкы үөдүйэ илигинэ ынах тириитинэн оҥосторо, киэбин быһаҕынан чочуйара. Оскуолаҕа истиэнэ хаһыатыгар уруһуйдуура, плакат суруйара, учууталлар сорудахтарынан И.В. Сталин мэтириэтин боростуой харандааһынан улахан гына уруһуйдуура. Оройуоннааҕы күрэххэ В.И. Ленин мавзолейын мастан чочуйан республикаҕа кыттыбыта. Дьоҕурдаах уолу Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа үөрэнэ барарыгар сүбэлээбиттэрэ, ол курдук үөрэнэ киирбитэ. Үөрэнэ сылдьан Кустукка олорон ньирэй көрөөччү кыыс Маанньа уобараһыгар «Күннэй» диэн хоһоону суруйбута. Мелодист Н.И. Бойлохов ырыа айан, маассабайдык ылламмыта. Гоша киһи быһыытынан Маанньаны сөбүлүүрүн кэпсиирэ.
Художественнай училищеҕа иккис дуу, үһүс дуу курска үөрэнэ сылдьан, дойдутугар Ороһуга кэлбитэ. Онно кини курдук талааннаах Иванов Володя диэн уолга художественнай училищеҕа үөрэнэригэр эппитэ, ону Володя аһым-таҥаһым суох диэн аккаастанан оттуу барбыта. Гоша сылгылаан аҕалан, харчы уонна бэйэтин көстүүмүн устан биэрэнучилищеҕа илдьэ барбыта. Кэлин Владимир Иванов Саха сиригэр биллиилээх худуоһунньук буолбута.
Худуоһунньук Егор Николаевич алта уонус сыллар ортолоругар И. Барахов аатынан оскуолаҕа черчение учууталынан, кэргэнэ Евдокия Михайловна омук тылын учууталынан үлэлээбиттэрэ. Кини үлэтин быыһыгар нуучча остуоруйатыгар кэпсэнэр русалкаҕа майгынныыр, сахалыы сирэйдээх «уу иччитэ» уу күөх ньамаҕын бүрүнэн тахсыбыт мөссүөнүн барылын айа, толкуйдуу сылдьара. Ол кэмҥэ Бүлүү өрүс төбөтүгэр алмаас кыырпахтара көстөннөр «Мир» туруупка уонна Мирнэй мас куората тутуллан үүнэн тахсыбыта айар дьоҕурдаах эдэр киһиэхэ тирэх, идея буолбута өйдөнөр. Бүлүү Эбэ хотун дириҥ далайыттан күөх ньамаҕы бүрүммүт уу иччитэ кыыс алмааһы туппутунан ууттан тахсан иһэрин дьоҕурдаах худуоһунньук элбэх барылы — эскиһи оҥорбутун көрдөртүүрэ, оройуон салалтата эмиэ билэрэ.
Эргэ таҥара (пионер) дьиэтигэр биир хоско буорунан (дьиҥэр, пластилинынан эбит) ууттан тахсан иһэр дьахтары сыбыыра. Бытааннык, уһуннук толкуйдуура, кыҥаан көрөрө. Бу улахан үлэ соҕотох киһиэхэ кыаллыбата. Оччолорго өссө «Хотун Бүлүү» диэн аат иҥэриллэ илигэ. Егор Николаевич көмө көрдүү райисполком председателигэр М.Т. Егоровка киирэр былааннааҕын кэпсээбитэ. Ол саҕана кини 35, мин 31 саастаах этибит. Ити кэпсэтии кэнниттэн райисполком дьаһалынан стоматолог-фельдшер А.Г. Прокопьев бииргэ үлэлэһэр сүбэһит-көмөлөһөөччүнэн анаммыта, онтон активнай общественник, типография директора В.С. Кынатовы Өргүөт Алтаныттан туой буору тиэйэн аҕаларыгар сорудахтаабыттара. Постамент буорун кутуутугар оскуола оҕолоро уонна нэһилиэнньэ субуотунньуктаан көмөлөспүттэрэ. Егор Крылатовка Анисим Прокопьев сүбэһит, санаатын тэҥҥэ үллэстэр киһи, табаарыс буолбута. Бу иннинэ хайалара да фундаментальнай монумены айа-тута иликтэрэ. Ол иһин да Егор Николаевич: «Умнуллубаты, үйэлээҕи — Хотун Бүлүүбүт мөссүөнүн айыахтаахпыт», — диирэ, иккиэн «айар үлэбит талисмана» диэн ааттыыллара.
Үчүгэй мөссүөннээх, быһыылаах-таһаалаах, саха дьахтарыгар төрүт буолбут буолуохтарын сөп: Маанньа, Леля Оконешникова, Анисия Донская уо.д.а. Ол төрүөтүнэн «Күн тааһа» сюита оонньоно сылдьыбыта.
Октябрьскай революция 50 сыллаах үбүлүөйэ ыган турара. 8 ый устата автордар түүннэри, күнүстэри үлэлииллэрэ. Райисполком дьаһалынан үлэ тэтимнээхтик барбыта. Үбүлүөйгэ монумент таһааран туруоруллубута. Егор Крылатов монумент турар сирин сирэрэ. Биэрэк үөһэ туруохтааҕын 1957-1958 сс. халаан уута олус киэҥник алдьаппыта, онтон сэрэммиттэрэ. Автор бэйэтэ миэхэ: «Хоро кумах арыытыгар үрдүк постамеҥҥа туруорбут киһи борокуотунан, самолетунан ааһааччылар, эргиччи көрүө этилэр», — диэн баҕа санаатын кэпсиирэ.
Автордар ити сүдү монумены айан, онтон кэлин тирэх ылан, чуолаан А.Г. Прокопьев элбэх пааматынньыктары, бюстары, барельефтары туруортаабыта. Онтон Е.Н. Крылатов Бүлүү куоракка өр кэмҥэ олорбута, айымньылаахтык үлэлээбитэ. Элбэх скульптурнай оҥоһуулардаах. Оҕолоро билигин аҕам дьоннор, Ороһуга аймахтардаах. Кини оҕолоруттан Рафаэль Крылатов Дьокуускай куоракка кырдьаҕастар дьиэлэригэр үлэлиирин истэбин.
Түөрт уонча сыл — киһи олоҕор кырата суох кэм ааста, онон эдэр ыччакка анаан Е.Н. Крылатов туһунан тугу билэрбин кэпсээтим. Кини соҕотох сүдү айымньыта умнуллуо суохтаах. Талааннаах биир дойдулаахпыт Тулагы-Киллэм дэриэбинэтигэр олорон оһолго түбэһэн олохтон туораабыта.
Михаил ИВАНОВ, үлэ, тыыл ветерана.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат, 2006 сыл, ыам ыйын 26 к., 6-с стр.
Гордость Верхневилюйска
Испокон веков каждая местность имеет свои достопримечательности, красивые памятники, которыми гордится. В моем родном Верхневилюйске есть первый и пока единственный в мире монумент, посвященный реке. Можно увидеть как женщина выходит из реки Вилюй с алмазом в руках. На постаменте сооружен маленький фонтанчик. Из него льется вода, и кажется, что она действительно выходит из воды. Это очень завораживающее зрелище, в нем сосредоточена вся наша любовь к родной реке Вилюй.
Авторы монумента — Егор Николаевич Крылатов и Анисим Григорьевич Прокопьев. Его установили в 1967 году в парке. Все, кто приходит сюда, обязательно стараются сфотографироваться на фоне монумента. «Хотун Бүлүү» — муза для поэтов и писателей нашего улуса. О ней написано много стихотворений и теплых слов.
Пробегут года, пройдут века, но наша всегда молодая «Хотун Бүлүү» будет стоять и радовать жителей нашего города.
Маша ВАСИЛЬЕВА,
ученица Х «а» класса СОШ № 1 им. Исидора Барахова.
«Юность Севера», 2007 г., 7 июля, С. 7.
«Пааматынньык туруоруллубут бу хайдахтаах өрүс буолуой?»
Сэтинньи 24-25 күннэригэр Дьокуускай куоракка Улуу Кыайыы 60 сыллаах үбүлүөйүн уонна Үөһээ Бүлүү туспа оройуон быһыытынан тэриллибитэ 70 сылын туолар бэлиэ түгэнин чэрчитинэн Үөһээ Бүлүү улууһун күннэрэ буолан ааста. Төрөөбүт түөлбэлэриттэн тэйбит аҕа көлүөнэ, үөрэнэ сылдьар ыччат дьон ахтылҕана хаһан да ааспат дойдуларыгар аналлаах күннэри сүрэхтэригэр-быардарыгар сүрдээх сылаастык ылынан, өрө көтөҕүллэн, иэйэн-куойан туран бэлиэтээтилэр.
Бк күннэр саҕана «Үөһээ Бүлүү» общественнай түмсүү «Үөһээ Бүлүү — кэскил түһүлгэтэ» (25.11.2005) анал таһаарыытыгар биллиилээх журналист, биһиги киэн туттар биир дойдулаахпыт А. Павлов-Дабыл «Быдан дьыллар быыстара» улуус түҥ былыргытын историческай докумуоннарга олоҕуран олус интэриэһинэй ыстатыйатын бэчээттээбитэ. Кини ол суругун саҕаланыытыгар: «Үөһээ Бүлүү атын улуустар курдук ураты баай историялаах дойду. Олох ха йдахтаах да уустук кэмнэригэр кини бэйэтин ис дьиҥин ыһыктыбатах, үгэстийбит утумун быспатах дьикти тыыннаах сир буолар. Ол курдук, сэбиэскэй кэмҥэ Саха сиригэр норуот эмчиттэринэн, эбэ дойду иччитигэр сыһыаннаах Хотун Бүлүү диэн кэрэхсини туруоруунан, физмат оскуолатынан, саха тыла, литература, культура сайдыытыгар киллэрсэр кылаатынан ордук сураҕырбыта…» — диэн аҕыйах судургу этиинэн бэрт элбэҕи бэлиэтээн турар.
Мантан биһиги «… эбэ, дойду иччитигэр сыһыаннаах «Хотун Бүлүү» диэн кэрэхсини туруоруутунан…» диэнтэн сиэттэрэн, били этэргэ дылы, өтөрүнэн сөҕүрүйбэтэх төлөнү күөдьүттүбүт. Ааспыты санаттахха, өссө күһүн алтынньы 16 күнүгэр буолан ааспыт нэһилиэк таһымнарыгар олохтоох салайыныы баһылыктарын уонна депутаттарын быыбарын саҕана, оччолорго «Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэ» МТ баһылыгын дуоһунаһыгар кандидат В.С. Поскачин быыбардааччыларын кытта көрсүһүүлэргэ аан бастакынан аһаҕастык «Хотун Бүлүү» монумент улуус эмблемата, ону ааһан Бүлүү түбэтин нэһилиэнньэтин биир өйгө-санааҕа түмэр, сомоҕолуур ураты суолталаах символын быһыытынан биһиги көрүөхтээхпит диэн этэн турар. Кини, бастатан туран, ол инниттэн бу монумеҥҥа сыһыан төрдүттэн уларыйыахтаах. Иккиһинэн, биһиги «Хотун Бүлүү» монумены биэрэк үрдүгэр көһөрөн, томтор сиргэ саҥа, үйэлээх матырыйаалтан дьон-сэргэ хараҕар хатанар гына оҥорторон туруоруохтаахпыт. Үсүһүнэн, бу үйэлээх тутууну айааччылартан биирдэстэриттэн, Анисим Григорьевич Прокопьев-Анньыыһынтан сөбүлэҥи ылан хамсааһыны саҕалыах тустаахпыт диэн дьоһуннаах этиитэ олохтоох нэһилиэнньэ сэҥээриитин уонна кэрэхсибилин ылыан ылбыта.
Дьэ, онтон бу Үөһээ Бүлүү улууһун күннэрин кэнниттэн билигин «Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэ» МТ баһылыга В.С. Поскачин уонна «Хотун Бүлүү» монумент ааптара, 80 сааһын томточчу туолбут, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа А.Г. Прокопьев көрсүһэн, бастакынан иккиэн ымыы гыммыт баҕа санааларын үллэһиннилэр. Атах тэпсэн олорон, сыыйа ууларыгар-хаардарыгар киирэн кэпсэтэн истэхтэрин аайы, арай, санаалара букатын да биир буолан соһутта.
Бастатан туран, салайааччы уонна ытык кырдьаҕас «Хотун Бүлүү» монумент билигин турар сириттэн адьас астыммат эбиттэр. Иккиэн миэстэтин уларытан, биэрэккэ үрдүк сиргэ туруорар баҕалаахтар. Холобур, монумент Бүлүү эбэнэн устан ааһар, сиринэн кэлэр-барар сырыы-айан дьонугар, ыраахтан сылдьар ыалдьыттарга Бүлүү түбэтин нэһилиэнньэтин сомоҕолоһуутун бэлиэтэ буолан ыраахтан сырдыкка-кэрэҕэ ыҥыра-угуйа туруохтаах.
Иккиһинэн, тимир-бетон үйэтэ кылгаһынан, бу бэлиэ кэрэхси үйэлэргэ хаалар бөҕө-таҕа үйэлээх матырыйаалтан оҥоһуллуохтаах.
Үсүһүнэн, баҕалаах уонна үбү-харчыны булар киһи хамсатыыны таһаарыан сөп этэ. Кылаабынайа, ылыммыт санааны олоххо киллэрэргэ дьулуһуохха наада.
Ытык кырдьаҕас ымыылаах баҕа санаата
«Хотун Бүлүү» кэрэхси хайдах оҥоһуллубутун туһунан ааптар Анисим Прокопьев бу курдук кэпсиир:
… Биһиги 1967 сыллаахха Октябрьскай революция 50 сылын көрсө Бүлүү эбэбитин искусство тылынан айхаллаан, үйэлээх оҥоһугунан бэлиэтээбит киһи диэн баҕа санаанан салайтаран, Ороһуттан төрүттээх Егор Николаевич Крылатовтыын бу монумент эскиһин оҥорбуппут. Оччолорго Улуу Октябрь 50 сылын көрсө монумент аһыллыыта оройуон культурнай олоҕор умнуллубат кэрэ-бэлиэ түгэнинэн буолбута. Ол эрээри, монумент эскиһин быһыытынан өрүс биэрэгин үрдүгэр томтор сиргэ туруохтаах этэ. Кэтит кирилиэһинэн биэрэги өрө дабайан таҕыстаххына, эйигин Хотун Бүлүү уруйдуу-айхаллыы көрсүөхтээҕэ. Дьиҥинэн ыллахха, бастакы эскиһин быһыытынан турбута буоллар, бу монумент кытылы лаппа тупсарыахтаах этэ. Хомойуох иһин, «Хотун Бүлүү» билигин турар сирэ, оччолорго кылгас болдьоххо дэммитэ эрээри, араас төрүөтүнэн уонна сылтаҕынан көһөрө кыаллыбатаҕа. Онтон ылата баччааҥҥа диэри оннуттан хамсаабакка турар. Ити эрээри мин монумены көһөрүүгэ баҕа санаам билигин да сүппэт. Владимир Поскачин «Хотун Бүлүүнү» көһөрүү туһунан бүччүм санаалааҕа миэхэ, 80-нун томточчу туолбут кырдьаҕас киһиэхэ, улахан эрэл кыымын сахта. Мин маннык хорсун санаалаах эдэр киһини күүппүтүм ыраатта. Онон тыыннаахпар айымньыбын Бүлүү эбэм үрдүк кытылыгар көһөрөр баҕа санаалаах салайааччы баар буолбутуттан сүрдээҕин үөрдүм уонна ити санааны икки илиибинэн өйүүбүн. Өскөтүн туох эмэ төрүөтүнэн мин үйэбэр көспөтөҕүнэ да, улуханнык хомойуом суоҕа.
Ситэрбэтэхпин сиэним ситэриэ
Тоҕо диэтэххэ, эрэллээх туйах хатарааччылаахпын. Сиэним, Николай Никитич Чоччасов, бастаан Дьокуускайдааҕы художественнай училищены бүтэрэн ювелир, онтон Санкт-Петербургдааҕы Репин аатынан Художественнай академияны кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрэн скульптураҕа биир дьоһуннаах үлэтин ситэрээри сылдьар. Онон анал үөрэхтээх эдэр киһи «Хотун Бүлүү» монумены көһөрүүнү билигин да ылсыһыан сөп. Мин ити ыра буолбут баҕа санаабын сиэммэр урут-уруккуттан этэ сылдьабын.
Муттуххай БОРОҤ
«Саха ыала» «Саха сирэ» хаһыат сыһыарыыта, 2005 сыл, ахсынньы 23 к., 2-с стр.
Саллааттар быыстапкалара
… Сэрии уонна үлэ ветераннарын республикатааҕы сэбиэтэ (председатель — саппаас полковнига А.Л. Дохтуров) Кыайыы 58 сылын алтыһа Бэчээт дьиэтин дьоҕус саалатыгар гвардеец саллааттар, уран тарбахтаах уустар Ф.П. Догоров, А.Г. Прокопьев айар быыстапкаларын тэрийдэ. Кырдьаҕастар остуолга эрэ туруоруллар дьоҕус үлэлэрин көрдөрдүлэр. Саха устудьуоннара, интеллигенцията барыта сылдьар А.С. Пушкин аатынан национальнай библиотекаҕа күн бүгүнүгэр диэри столярдыыр Федор Петрович оҥорбут остуолун, олоппоһун, оронун, ыскаабын барытын туруордахха, ханнык да улахан саалаҕа баппат балаһыанньа буолар. Онтон Анисим Григорьевич «Хотун Бүлүү» диэн үс киһи үрдүктээх монуменын Үөһээ Бүлүүттэн хайдах сүгэн-көтөҕөн аҕалыаҥый? Саамай үчүгэйэ — Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх автордар иккиэн чэп-чэгиэннэр, доп-доруобайдар, Кыайыы 60 сылыгар тиийэбит диэн бигэ санаалаахтар. Бастакы күн наҕараадаларын кэтэн кэлбиттэрэ — түөстэригэр күн күлүмнүү оонньуур! Иккиэннэригэр саллаат киэн туттуута «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллэр кылапаччыһаллар. Ол аата, биһиги дьоммут уот сэрии ортотугар сырыттахтара!
… Анисим Григорьевич Прокопьев аата айар эйгэҕэ биллибитэ ыраатта. ССРС Худуоһунньуктарын союһун чилиэнэ, САССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, муосчут, скульптор, уруһуйдьут, көмүс ууһа. Сэриигэ снайпердары үөрэтэр оскуолаҕа инструктордаабыт. Барыларыттан бастыҥ буолан учууталлаатаҕа. Кини таба ытарга уһуйбут сүүһүнэн снайпердара тыһыынчанан өстөөҕү сууһардахтара. Кыраҕы харахтаах, бинтиэпкэ хас биирдии деталын тарбаҕын төбөтүнэн имэрийэн билэр худуоһунньук Анисим Прокопьев саама й улахан үлэтэ Үөһээ Бүлүүгэ туруорбут «Хотун Бүлүү» монумент буолар. Бүлүү өрүскэ алмааһы арый ааччыларга анаммыта. Кырдьаҕас саллаат Улуу Кыайыы 60 сылын көрсө бу сүдү үлэтин металтан хаттаан оҥорон, өрүһү көрөн турар гына туруоруоҕун баҕарар. Оччоҕо Бүлүү өрүс устун борокуотунан устан иһэр хас биирдии киһи «Хотун Бүлүүнү» көрөн, сүгүрүйэн ааһыа этэ. Эбэ хотуну тайаан сытар 4 улуус уолаттара сэриигэ баралларыгар умсаахтыы оонньообут Бүлүүлэринэн уһуннахтара, сорох-сорохторо бүтэһик айаннара буолллаҕа. Оччоҕо бу монумент кинилэри атаара хаалбыт Ийэлэрин курдук буолуо этэ…
Александр ВАСИЛЬЕВ-КӨРДҮГЭН.
«Кэскил» хаһыат, 2003 сыл, бэс ыйын 3 к., 3-2-с стр.