Бу күннэргэ “Үрүҥ торуоска” көрбөттөр аан дойдутааҕы күннэригэр сөп түбэһиннэрэн И.Н. Егоров – Горнай аатынан республиканскай көрбөттөр библиотекалара, Хомус музейа уонна Хомус аан дойдутааҕы киинэ кэтэхтэн ыытар ll-c өрөспүүбүлүкэтээҕи “ХОМУС- музыка души моей” күрэҕэр Үөһээ Бүлүүтээҕи көрбөттөр обществоларын чилиэнэ, l группалаах инвалид Валентин Петров олус ситиһиилээхтик кыттан lll м. лауреат үрдүк аатын ылары ситистэ, барыбытын үөртэ-көтүттэ. Онон барытыгар талааннаах, дьоҕурдаах Валентин Константиновичка өссө үрдүк ситиһиилэри, дабайыылары баҕарыаҕыҥ!