Главная / Библионовости / Дапсы дьыктаана 2024

Дапсы дьыктаана 2024

Үөһээ Бүлүү улууһугар сэтинньи 6 күнэ – «Биһирэм тыл күнэ».
Саха тыла чөл туруктаах буоларын туһугар элбэх сыратын биэрбит лингвист-учуонай, публицист, поэт, литературнай кириитик Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы төрөөбүт күнүгэр анаан сэтинньи 5-6 күннэригэр «Биһирэм тыл күнүн» иитинэн төрдүс төгүлүн «Дапсы дьыктаана» аахсыйа ыытылынна. Дапсы дьыктаана улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи сүбэ мунньаҕыттан саҕаламмыта уонна бүгүн киин бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар нэһилиэк олохтоохторугар ыытылынна.
Бүгүн улууспутугар омук тылын кыбыппакка ыраастык сахалыы саҥарарбыт булгуччулаах.
Күннээҕи олохпутугар туттуллар киирии тыллары сахатытан, кэпсэтэр тылбытын имитэн ийэ өйбүтүн уһугуннарыхха, өбүгэбит ситимин салгыахха, саха буолан сандаарыахха!