Главная / Библионовости / Событие дня: 7 ноября

Событие дня: 7 ноября

2014 сылга Чыбыыда эбэни туоруур муостаны арыйыы сиэрэ-туома ыытыллыбыта. Үөһээ Бүлүү-Дьокуускай трассатынан сылы эргиччи хааччаҕа суох айан суола аһыллыбыт күнэ!


1927 сылга “По заветам Ильича” (“Красная Якутия”) хаһыакка Саха сирин ВКП(б) обкуомун бастакы сэкиритээрэ Исидор Барахов “К 10-летию Октябрьской революции” ыстатыйата бэчээттэммит.


1930 сылга Саха араадьыйата аан бастаан «Саҥарар Дьокуускай» диэн тылларынан саҕалаан сахалыы тахсыбыт.


Москуба куорат иһин кыргыһыы кэмигэр фронт линията куораттан аҕыйах километрдаах сиргэ турдаҕына, бу бараат сэрии саамай ыарахан түгэнигэр Кыһыл Аармыйа уонна норуот сүргэлэрин көтөҕүүгэ улахан суолталаах этэ. Байыаннай бараат сэтинньи 7 күнүгэр сарсыарда 8 чаастан саҕаламмыта. Генерал Георгий Жуков столица оборуонатын тутан турар сэриини салайар буолан маршал Семен Буденнай барааты туппута. Трибунаҕа Иосиф Сталин, Вячеслав Молотов, Лазарь Каганович, Анастас Микоян, Лаврентий Берия о.д.а салайааччылар турбуттара, трибуна икки өттүнэн омук сирин корреспонденнарын олордубуттара. Байыаннай бараакка 28 467 киһи: артиллеристар, пехотинецтар, зенитчиктэр уонна моряктар былаахтарын күөрэччи тутан, аттаахтар колонналара, 160 тааҥка ааспыттара. И.В. Сталин дьаһалынан КВ-1 ыарахан тааҥкалар батальоннара собуоттан тутатына барааттан фроҥҥа аттаммыттара. Кыһыл болуоссакка Иосиф Сталин тыл этиитэ улахан суолталаах буолбута.


Бүгүн Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин күнэ. “Тоҕо сэтинньигэ бэлиэтииллэрий?” – диэххит. Кырдьык, өрөбөлүүссүйэ урукку халандаарынан алтынньы 25 күнүгэр буолбута. Ол гынан баран, эһиилигэр бу билиҥҥи григорианскай халандаарбытыгар көһөн, 13 күн сыҕарыйан, сэтинньи 7 күнүгэр түбэспитэ.

Сэбиэскэй Сойуус кэмигэр ити дата халандаар кыһыл күнэ этэ. Тоҕо диэтэххэ, бу күн ыраахтааҕылаах Арассыыйа баттаммыт норуота, сэбилиниилээх өрө туран, Зимнэй дыбарыаһы ылан, Временнэй бырабыыталыстыбаны тутан ылан хаайан, Сэбиэт былааһын олохтообута, сирдьитинэн Ленини билиммитэ. Чахчыта да, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ диэн история хаамыытын уларыппыт, киһи аймах сайдыытыгар сабыдыаллаабыт, инники кэскили түстээбит Улуу күн буоллаҕа эбээт. Ол улууканнаах күн тыынын, салгынын, күүрээнин П.А. Ойуунускай “Былааһы —Сэбиэккэ” хоһоонун ааҕан билэбит, ылынабыт:

“Сэтинньи сэттистиир күүрээннээх күнүгэр,
Сэриинэн сэтэрэн, уотунан умайан,
Сир ийэ үрдүнэн силлиэлээх холорук
Силлиэрэн-боллоорон ытыллан таҕыста.

Бары баар баттаммыт
Барыта тахсаннар,
Барабаан охсоннор
Баргыһан бардылар…
Уруйдааҥ!
Уруйдааҥ!
Былааһы — Сэбиэккэ!


  • Саха аатырбыт атыыһыттарыттан биирдэстэрэ, Саха сиригэр ырыынак сыһыаннарын олохтооһуҥҥа сүҥкэн оруоллаах киһи Гаврил Васильевич Никифоров-Манньыаттаах уола төрөөбүт күнэ (1871).
  • Саха радиота төрүттэммит күнэ (1930).
  • Топонимист, биллиилээх кыраайы үөрэтээччи Михаил Спиридонович Иванов – Багдарыын Сүлбэ төрөөбүт күнэ (1928).