Поэт, 1990 «Саха сирин литератора» Ассоциация чилиэнэ

1953 сыллаахха Кэнтик нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1984 сылтан кини айымньылара “Үөһээ Бүлүү”, “Ньурба”, “Ильич уоттара”, “Сахаада”, “Кэскил”, “Саха сирэ” хаһыаттарга уонна «Аргыс» сурунаалга, «Чэчир»-91 хомуурунньукка бэчээттэммиттэрэ.
Ассоциация уонна “Чэчир” айар түмсүү 1992 сыллаахха айар талааннар республикатааҕы конкурстарыгар III-c бириэмийэни ылбыта. Автор бэйэтин тула элбэх ааҕааччылардааҕын кини суруйбут хомоҕой сатирическай хоһоонноро уонна монологтара, сценкалара туоһулууллар. “Чэ, бэйи!” монологтар, сатирическай хоһооннор, үгэлэр киирбит кинигэлээх.
Кинигэлэрэ
Чэ, бэйи! : сатирическай хоһооннор, монологтар, үгэлэр / Баһылай Быралгы ; “Саха сирин
литератора” ассоц. – Дьокуускай : Ситим, 1994. – 39, [1] с. : ил., портр.
Олоҕун уонна айымньыларын туһунан
Васильева, Л. Баһылай Быралгы Хара Лааҥкыга “ҮӨһээ Бүлүү” хаһыакка таһаартарбыт эпиграмматыгар : [Кухотов В.М.-Баһылай Быралгы Харлампьев В.П.-ХараЛааҥкыга анаан суруйбут эпиграмматыгар] //ҮӨһээ Бүлүү. – 1999. – Олунньу 24 к. – С. 2.