Сэтинньи 13 күнүгэр, биһиги ытыктыыр бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнэ. Бүгүн киин бибилэтиэкэҕэ ытык киһибит туһунан үтүө тылынан ахтан-санаан аастыбыт. Ол курдук, «Тускул» оҕо киинин иһинэн үлэлиир «Тускул» оҕо прессатын уонна «Саҥа Стэп» холбоһук үөрэнээччилэрэ кэлэн Михаил Ефимовичка анаммыт быыстапканы уонна улуу киһибит өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут сайдыытыгар үлэлээн, айан-тутан ааспыт дьоһун олоҕун, саха норуотун дьылҕатын, историятын туһунан кэпсэнэр киинэ көрдүлэр. Кэнчээри ыччат маннык улуу киһи олорон, үйэлээҕи түстээн ааспытын билиэхтээх. Кини ыллыктаах этиилэрэ-ыйыылара салҕааччылардаах уонна өрүү да сыаналана туруоҕа.






