Главная / Библионовости / Далыр бибилэтиэкэтин ситиһиитэ

Далыр бибилэтиэкэтин ситиһиитэ

Өссө биир үөрүүлээх сонун кэллэ. И.Н. Егоров аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр бибилэтиэкэлэрэ ыыппыт дьиэ кэргэнинэн ааҕыыга туһуламмыт “Семейное чтение: возрождая традиции” бастыҥ библиотечнай акция күрэҕин ыытта. Далыр бибилэтиэкэрэ Ирина Михайловна Евсеева 2023-2024 сс. көрбөттөргө анаан ыыппыт үлэлэринэн “Слышать жизнь” бырайыага бу өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллыбыт күрэххэ бастаата. Далырдааҕы бибилэтиэкэ доруобуйаларынан хааччахтаах ааҕааччыларга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр олоҕу кытта бииргэ хардыылыырга, ситиһии, билинии үктэлигэр таһаарарга ситимнээх үлэни ыытар.
Билиини, кэрэни тарҕатар үлэһит кыыспытын Ирина Михайловнаны улуус киин бибилэтиэкэтин аатыттан эҕэрдэлиибит! Түбүктээх үлэҥ үтүө түмүктээх буолбутуттан биһиги үөрэбит, инникитин даҕаны санаабыккын саргылаа, ылсыбыккын ыһыктыма. Үүнэн-үрдээн, ситэн-силигилээн ис диэн алгыспытын аныыбыт.