Үөһээ Бүлүү симиэбийэтэ олохтонуута

Сахалар  Бүлүү түбэтигэр  кэлиэхтэрин  иннинэ  бу дойдуга тоҥус   араас    бииһэ   баһылаан   олорбуттара.    Бүлүү балыгын батыһан,     бэйэлэрин     ииттинэн     олорбуттарын     үөрэхтээхтэр бигэргэтэллэр.

Сахалар этнографияларын уонна историческай төрүттэрин үөрэппит Г.В. Ксенофонтов 1920 сыллаахтан хомуйбут историческай үһүйээннэрин 1937 сыллаахха «Урааҥхай сахалар» диэн кинигэтин бастакы тома Иркутскайга бэчээттэммитэ. Онно сүрүн соругунан саха омуга үөскээһинин уонна тэнийиитин чинчийбитэ. Бу үлэтигэр сахалар тэнийиилэрин үс түһүмэххэ араарбыта.

Бастакы түһүмэххэ, Азия норуоттарын (биистэрин) улуу көһүүлэрэ б.э. 1-гы үйэтин бүтүүтүгэр саҕаламмытын ыйар уонна Байкал таһыттан табалаах биистэр Урааҥхайдар Бүлүү түбэтигэр кэлбиттэрин бэлиэтиир. Урааҥхайдар түүр, тоҥус, хуун, монгол булкуспут биистэрэ этилэр. Кинилэр тыллара хууннуу этэ уонна тимир сэптээхтэрэ. Бу биистэр кэннэки кэлии биистэринэн хоту үтэйиллибиттэрэ уонна табалаах хотугу сахалар төрүттэринэн буолбуттара.

Иккис түһүмэххэ, Ангара /Аллараа/ өрүс таһыттан 7-8 үйэлэргэ Нүүйэ, Өлүөхүмэ өрүһү батыһан Сунтаарынан Бүлүүгэ сүөһүлээх курыканнар /кырыы хааннар/ тарҕаммыттар. Онон Бүлүү өрүс сүнньүнэн сылгы, ынах сүөһүлээх уонна табалаах, булдунан, балыгынан эбинэн ииттинэр дьарыктаах биистэр эбиттэр.        

Үһүс түһүмэххэ, 9-12 үйэлэргэ Байкал таһыттан уйгур төрүттээх «саха» диэн ааттаах биистэр «тыгын» диэн баһылыктаах Өлүөнэҕэ көһүүлэрэ буолар, Саха сирин киин өттүн баһылыыллар. Ону тэҥэ уйгуур хааннаах сахалар Байкал таһыттан Бордоҥ уонна Дьаархан биистэри Бүлүү түбэтигэр үтэйбиттэрэ диэн Г.В. Ксенофонтов бигэргэтэр. Биллэрин курдук, итинник ааттаах нэһилиэктэр Бүлүү түбэтигэр билигин Ньурба уонна Сунтаар улуустарыгар бааллар.

Рисунок карта 001

Сэһэн Боло саха историческай үһүйээннэригэр 13 үйэ саҕаланыытыгар монголлартан куотан, саха аймаҕа Өлүөнэҕэ кэлбиттэрэ кэпсэнэрэ да туоһулуур. Онон, сахалар соҕурууттан төрүттээхтэрэ чуолкайданар курдук.

Ол эрэн, исторический наука кэнники көстүбүт чахчыларга олоҕуран, сахалар урут Бүлүүгэ олохсуйбуттарын бигэргэппэт да буоллар, саха омук буккаас омук буолар «народ смешанного этнического происхождения» диэн түмүгү кытта сөбүлэһэллэр.

Оттон бу олохсуйбут көрүүнү уун-утары туспа санааны этнограф-учуонай С. И. Николаев-Сомоҕотто суруйар. Кини көрүүтүнэн, саха төрүт олохтоох омук уонна сүөһүтэ- сылгыта, көлүнэр табата, булчут ыта барыта бэйэтэ ииппит, дьиэтиппит кыыллара буолалларын археологическай хаһыылар түмүктэринэн бигэргэтэр. Биирдэ санаатахха, олохтоох омуктар кэлии сахалар биистэрин кытта булкуһан, Өлүөнэ киин улуустарыгар саха омугу үөскэппит буолуохтарын да сөп.

Бүлүү өрүс түбэтин Дыгын Дархан кэмигэр киниттэн күрэнэн ийэ-аҕа уустара булбуттарын туһунан үгүс үһүйээннэргэ кэпсэнэр, ону сэргэ Дыгын Бүлүү түбэтин сэриилээх кэлэн аамайдаан барбыта чахчыларга олоҕурар.

Дьэ бу кэмнэргэ Нуучча судаарыстыбата Илиҥҥи Сибиири бас бэриннэрэр тирэхтэри Тобольскайга, Енисейгэ туппутун кэннэ, казактар этэрээттэрэ илиҥҥи сырыылара саҕаланар.

Бүлүү тоҥустарын уонна сахаларын Россияҕа холбооһун уһун кэми хаппыта. Бүтэһигин Тобольскайтан төрүттээх бояр уола Воин Шахов 1635-1639 сс. 38 киһилээх этэрээтэ үгүс киһитин кыртаран туран, (15 киһи эрэ ордубута) холбообут. Бу Воин Шаховка христианин итэҕэлин ылыммыт Ивашка диэн саха Мангазеяттан тылбаасчытынан сылдьыбыт, Шахов этэрээтэ симиэбийэ олохтообут уонна түүлээх хомуйбут. Онтон ыла Бүлүү түбэтин олохтоохторо ыраахтааҕы былааһыгар дьаһаах төлүүр буолбуттар.

Рисунок ….. 122951

Дьаһааҕы хомуйарга нууччалар симиэбийэ олохтууллара. Бүлүү түбэтигэр аан бастаан симиэбийэ Түүкээн үрэх Бүлүүгэ түһэр төрдүгэр олохтоммут. Ол туһунан биллиилээх историк Долгих Б. О. бу курдук суруйар: «Вилюйское верхнее (или Верхне-вилюйское)  ясачное зимовье восходит к ясачному зимовью в устье р. Туканки (современная Тюкан), в которых в 1634-1635 гг. собирали ясак Мангазейские служилые люди. Когда Верхневилюйск был перенесен на современное место, на 45 км. вниз по Вилюю от устья р. Тюкан, нам известно. К приходу русских и первое время после основания Вилюйского верхнего ясачного зимовья в нем платили ясак только тунгусы. Якуты официально были включены в число верхневилюйских плательщиков ясака лишь в 1668г.» (Б.О. Долгих Родовой и племенной состав народов Сибири в 18 веке.— М.: Изд. АН СССР, 1960.— С. 470).

Рисунок….. 123040

Онон, Үөһээ Бүлүү зимовьета диэнтэн Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ олохтоммут, ол эрэн сыла 1637 с. бэриллибит, оттон Бүлүү куората сорох докумуоҥҥа 1634 сылынан, оттон «Энциклопедия Якутии» диэҥҥэ олох да бэлиэтэммэтэх. (Энциклопедия Якутии. Том 1— М., 2000.— С. 31, 54.) Чопчулаатахха Үөһээ Бүлүү улууһун киинэ Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ 1637 сыллаахха төрүттэммитинэн ааҕыллар.

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ турар сирэ Куорамыкы диэн урут ааттанар этэ. Топонимистар Куорамыкы быһаарыытын араастык сабаҕалыыллар.

Бүлүү уокуругун чинчийбит академик Р. К. Маак 1858 с. оҥорбуг нэһилиэктэрин испииһэгэр «II Второго Удюгейского наслега 440 Карамыкы при оз. Капталахь» диэн Үөһээ Бүлүү дэриэбинэтэ Карамыкы (Куорамыкы) диэн ааттанарын туһунан суруйар». (Р. Маак. Вилюйский округ Якутской области. Часть III.— СПб., 1887.— С. 32).

Онон, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ турар Куорамыкы диэн күөлэ нууччалар Үөһэ Бүлүүнү олохтообут кэмнэриттэн биллэр уонна сурукка тиһиллибит буолуон сөп. Оттон билигин Үөһээ Бүлүү улууһун киинэ Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин икки ардыгар сытар күөлэ эрэ ааттанар, оттон улуус киинэ Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ дэнэр буолла.

Иннокентий СТЕПАНОВ.

Туһаныллыбыт литературалар:

Ксенофонтов Г.В. Урааҥхай сахалар.— Иркутск, 1937.

Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо.— Якутск, 1994.

Якутия: Рекорды, самые первые, самое, самое.— Я.: Бичик, 2004.

Васильев Н.И. История Якутии.— Я.: Бичик, 2004.

Долгих Б.О. Родовой и племенной состав народов Сибири в 18 в.— М.: Изд-во АН СССР, 1960.

Сафронов Ф.Г. Үөһээ Бүлүүгэ куорат баар буола сылдьыбыта //Кыым.— 1972.— Алтынньы 29 к.

Энциклопедия Якутии. Т.1. — М., 2000.

Маак Р. Вилюйский округ Якутской области. Часть III.— СПб., 1887.

Иванов И.Е.-Ороһуунускай. Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрин ааттара (топонимика).— Бүлүү, 1992.

Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэ /Саха Респ. “Үөһээ Бүлүү улууһа (оройуона) муниц.тэриллии дьаһалтата”; [хомуйан оҥордулар М. Е. Иванов, И. В. Степанов].- Дьокуускай: Медиа-холдинг “Якутия”, 2011.- Ч. 1.- C.5-23.

Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотека кыраайы үөрэтэр отделын архыыбыттан

краевед Лазарь Филиппович Николаев

суруйуулара

***

            Л.Ф. Николаев суруйуутунан сахалар Үөһээ Бүлүү сиригэр-уотугар үс улахан түһүмэҕинэн көһөн кэлбиттэрэ ахтыллар. Аан маҥнайгы түһүмэххэ — намнар, иккискэ — үөдүгэйдэр, үһүскэ — боотулуулар. Ити көһүүлэр Өлүөнэ хочолоругар нууччалар кэлиилэрин, кинилэри утары күүс өттүнэн өрө туран хотторууну, онтон күрэнэн, сойуолааһынтан,   өлүүттэн-сүтүүттэн  дьаарханан   куотууну,   сири-уоту уларытыыны кытары ыкса сибээстээхтэрэ көстөр.

Өргүөттэр, Көбдө баһылыктаах Нам дьонноро Үөһээ Бүлүүнү булбуттарын кэнниттэн, урут Өлүөнэ өрүс хаҥас биэрэгэр олорбут үөдүгэйдэр, урукку эйэлээх, чуумпу олохторуттан тэйэн, туох баар кэргэн-чаҕыр дьоннорун илдьэ 18 ыал буолан Куорамыкыга кэлбиттэр. Бүлүү өрүс уҥа өртүгэр Күҥкү баһылыктаах Быйакы, Чочу, Бакы, Чап, Быыгынас Боотур, Дьаархан, Күүлэ, Халбаакы хаалбыттар. Оттон өрүс хаҥас өртүгэр Наакаан баһылыктаах Дэди, Мотуруос, Лүһүрүкээн, Асхабыл, Эгэй, Өбүкэ, Суор Ойуун, Түүлээх Түлэҕэй тахсыбыттар.

Күҥкү ураһатын олоҕо Күүлэҕэ турбут. Кини Күүлэнэн, Боруу Көлүйэнэн олорбут. Чочу, Быйакы, Бакы олохсуйбут алаастара билигин кинилэр ааттарынан ааттаммыттар диэн буолар.

Чап Куорамыкыттан көс кэриҥнээх сиргэ, Кэнтиккэ тахсан олохсуйбут.

            Дьэ ити курдук Бүлүү өрүс уҥуор-маҥаар өртүлэригэр икки Үөдүгэй нэһилиэктэрэ баар буолбуттар. Кэлин, 1839 сылтан, өссө үһүс Үөдүгэй нэһилиэгэ эбиллибит.

Былыр-былыргыттан кэлин улуус киинэ буолбут Куорамыкы дэриэбинэтэ II Үөдүгэй сирэ буолан, өр кэмҥэ нэһилиэк олоҕо-дьаһаҕа, дьаһаныыта-тэриниитэ мэлдьи кэриэтэ кинини кытары алтыһан-буккуһан олорбута.

***

Сибиир генерал губернатора ыйаах таһаарбыт.

1820 сыл от ыйын 22 күнэ.

            Генерал-губернатор 1820 сыл от ыйын 22 күнүгэр таһаарбыт Ыйааҕын олохтооһун 1822 сылга буолбут:

1. Волостары уларытан нэһилиэк диэн ааттыырга.

2. Бу Бүлүүгэ түөрт улууһу оҥорон баран, биир округу Бүлүү куоратыгар кииннээн тэрийбиттэр (Орто Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Марха, Сунтаар улуустара)

3. Үөһээ Бүлүү улууһугар 9 нэһилиэги салайар-дьаһайар бас кулубанан, II Үөдүгэй нэһилиэгин киһитэ «Ороһу» күөлгэ олорор Лебедкины оҥорбуттар. Лебедкин улууска кулуба буолан баран, «Ороһу» күөл хоту ойоҕоһугар, көнө ньуурдаах хонууга икки хостоох быраабаҕа анаан дьиэ туттаран түннүгэр тиийбитин кэннэ Лебедкин кулубатыттан уурайан сиппэккэ хаалбыт. Ону чочуобуната туттараары гыммыта эмиэ сиппэккэ хаалбыт.

Винокуров Савва кулуба буолаат, «Дүллүкү» күөлтэн 8 биэрэстэ арҕаа үчүгэй хонуулаах «Бэттиэмэ» күөлгэ (I Үөдүгэй нэһилиэгин сиригэр) улуус быраабатыгар икки хостоох дьиэни туттарар. Онно быраабаны олохтуур уонна ол «Бэттиэмэҕэ» олохтоох Рожин диэн үөрэхтээх киһини улуус суруксута оҥостор.

«Бэттиэмэттэн» биир көс арҕаа икки түөлбэлээх киэҥ-дэхси хонуулаах улахан күөл «Дүҥүрдээх» диэн I Үөдүгэй нэһилиэгин сиригэр олорор Струкин Степан (Бөкөтөк уола) бэс маһынан үс хостоох немецкэй олук улахан дьиэни туттарбыт. Ону улуус быраабатыгар биэрэбин диэн кэпсэппитигэр, быраабаны «Бэттиэмэ» күөлтэн «Дүҥүрдээххэ» илпиттэр.

Быраабаны «Дүҥүрдээх» күөлтэн (Үөһээ Бүлүүгэ) Куорамыкыга 1859 сылга көһөрөн киллэртэр (оҕо санаторийын иннигэр). Хоһо суох биир киэҥ дьиэ эбит. Куһаҕан үс эркин сыһыарыы аан дьиэлээх дьиэҕэ бырааба олорбут. Ол дьиэ хаалан сиргэ тимирэн турбутун оҕо санаторийа көтүрэн уларытан үрдэтэн прачка дьиэ оҥостон турар.

«Дүҥүрдээх» киһитэ Струкин Степан өлбүтүн кэннэ быраабалар дьиэни «Дүҥүрдээхтэн» көтүрэн киллэрбиттэрэ. Билиҥҥи Октябрьскай уулуссаҕа 3 хостоох дьиэни холбоон улуус быраабата буолан турбута, почта уопсай дьиэтэ буолта, онтон билигин райсоюз уопсайа. Ол дьиэ тимирэн түннүгэр тиийэн эрэр.

Саҥа бырааба дьиэни 10.000 солк. харчыга бэдэрээттэһэн Аһыкай баайа Кривогорницын тутан 1915 с. бүтэрэн биэрбитэ. Ону оччотооҕу 10.000 солк. харчы 400 уулаах ынахха тэҥнэһэр дииллэрэ. Ол дьиэ оҕо санаторийа буолан турар.

Үөһээ Бүлүү киинэ Куорамыкыга таҥара дьиэтин тутан 1897 сылтан аҕабыт олоҕурбут.

            Куорамыкыга 1876 с. биир кылаастаах оскуоланы аһарга көҥүллэммитигэр, анал дьиэлэрэ суох буолан, чааһынай ыал дьиэтигэр аһан, 12 нэһилиэктэн биирдии оҕону пансиоҥҥа ылан, 12 оҕону үөрэтэ маҥнайгы учууталынан Неустроев Митрофан Гаврилович кэлэн 1876 сылтан 1891 сылга дылы олорон үөрэппит.

Л.Ф. Николаев архыыбыттан