
Былыр-былыргыттан күн бүгүҥҥэ диэри, Боотулу Эбэтигэр Сайылыктан Үөһээ Бүлүүлүүр аартыгынан киирэн кэллэххинэ, аан бастаан күөл уҥуор, үрдүк хаалдьаайы үрдүгэр дьэндэйэн турар таҥара дьиэтин көрө түһэҕин.
Боотулуутааҕы таҥара дьиэтин туһунан билигин элбэх ахтыы-сэһэн ордубатах. Бука сэбиэскэй кэмҥэ, былаас итэҕэлгэ кытаанах сыһыана дьон өйүттэн-санаатыттан бу ааспыт сыллар усталарыгар таҥара дьиэтин, кини үлэһиттэрин үлэлэрин туһунан өйдөбүлү адьас имири соппут быһыылаах. Онуоха эбии, билигин бу туһунан ыатарар, саастаах кырдьаҕас да дьоммут өлөн-сүтэн бүтэннэр, билэр-көрөр киһи суох.
Кэпсээҥҥэ арай таҥара дьиэтин тутар туһунан уураах тахсыбытын кэннэ, миэстэтин быһаарса чугастааҕы түөлбэлэртэн нэһилиэк тойотторо мустаннар, өрүөллээх көмүс манньыатынан сэрэбиэй түһэрбиттэр диэн баар. Сэрэбиэйи Чинэкигэ, Киэҥ күөлгэ, онтон Маҥааска түһэрбиттэр да, өрүөллээх өттүнэн түспэтэх. арай бу билигин турар сиригэр, Боотулуу эбэтин үрдүк халдьаайытыгар сэрэбиэйэ табыллыбыт. Ол кэнниттэн, бука Дьокуускайдааҕы епархияттан буолуо, дьоннор кэлэннэр, талыллыбыт сирин ньуурун көрөн-истэн, сөбүлээн уонна тутуллуохтаах сирин кээмэйдээн барбыттар эбит.
Онтон дьэ, олохтоох прихожаннарга, ыал аайыттан уоннуу талыы бэрэбинэни булан киллэрэргэ түһээн түһэрбиттэр. Манна олох ыраас эттээх, мас толуутун-модьутун, анал кээмэйинэн, талан киллэттэрэн, тутууну саҕалаабыттар. Чугастан-ыраахтан уус дьону үмүрү тардан аҕалан, Дьокуустайтан кэлбит таҥара дьиэтин тутуу маастарын салалтатынан үлэлэппитттэр. Дьон сэһэнинэн бу тутууга Далыртан Мыксан уус улэлэспитэ биллэр. Тутуллан бүтэн үлэҕэ киириитигэр, аҕабыыттар төгүрүччү хаама сылдьан ыллаан лоҥкунаппыттар уонна Ньукуола таҥаратын дьиэтэ диэн ааттаабыттар. Бу таҥара дьиэтэ 1919-1920 сс. сабыллыар диэри – Синицын, Заморщиков уонна Сизых аҕабыыттар үлэлээбиттэр.
Бу Ньукуола таҥаратын дьиэтин сааһын чуолкайдыыр бэрт интэриэһинэй докумуоннар Саха Республикатын Национальнай архивыгар харалла сыталлар. Олортон биир кэрэхсибиллээхтэрэ,таҥара дьиэтин акылаатын түһэриитин, онтон тутуллан бүтэн үөрүүлээхтик аһыллыытын туоһулуур, оччотооҕу олохтоох уонна кэлии аҕабыыттар илиилэринэн бэрт кыраһыабай буочарынан суруллубут аактар.
Бастакы докумуоҥҥа (Нац. архив РС (Я), ф. 226 и, оп. 2, д. 3980, №57) суруллубут:
Акт
1901 года июня 27 дня в день памяти Святаго и Преподобнаго Отца нашего Сампсона Странноприимца, по Архипастырскому благословению Его Преосвященства Преосвященнейшаго Никанора Епископа Якутскаго и Вилюйскаго, по чинопоследованию Святой Церкви, в Вилюйском округе в Верхневилюйском улусе в Ботулинском наслеге при озере Багаджа на месте Итии-булун (то же Мас-арыы) положено основание церкви во имя иже во дотворца, И.д. Благочинного 15-го благочиния Якутской епархии, Священником Походно-Угулятской Благовещенской церкви Александром Поповым в сослужении местного Священника Иннокентия Синицына, в присутствии многочисленного народа, о чем составлен сей акт за подтверждающими подписями составителя сего акта и некоторых из почетных лиц. Сей акт составил И.д. Благочинного Священник Александр Попов.
Священник Ботулинской Николаевской церкви Иннокентий Синицын
Ктитор храма Ларион Поскачин
Инородцы: Максим Николаев
Иван Николаев
Иван Иванов
Давыд Григорьев
Докумуонтан көстөрүнэн, таҥара дьиэтин акылаатын 1901 с., самаан сайын сатыылаан турдаҕына, бэс ыйын 27 күнүгэр түһэрбиттэр, түспүт сирэ оччотооҕу аата Итии булуҥ диэн эбит, эбэтэр иккис аата Мас арыы диэн. Ити билиҥҥи дэриэбинэ ортотунааҕы паарка аата быһыылаах.
Акылаат түһүүтүн Үгүлээт аҕабыыта Александр Попов уонна оччотооҕуга үлэлээбит Боотулуу олохтоох аҕабыыта Иннокентий Синицын сибэтии гыммыттар.
Бу үөрүүлээх бырааһынньыкка бэрт элбэх олохтоох дьон мустубута биллэр. Таҥара дьиэтин акылаатын түһэриитин туоһулуур докумуоҥҥа Боотулуу нэһилиэгин бас-көс дьоно илии баттаабыттар. Ол курдук, таҥара дьиэтин ктитора (ыстаарыһата) – Оноҕоччут нэһилиэгин бастакы кинээһэ Илларион Григорьевич Поскачин (суруйааччы Г.И. Поскачин уонна учуутал В.И. Поскачин аҕалара). Давыд Григорьев диэн Үөһээ Бүлүү улууһун быыпсай кулубата Давид Григорьевич Поскачин. Онтон Максим уонна Иван Николаевтар – Хахсык аҕатын ууһун тойотторо, эмиэ өр кэмҥэ кинээстээн, кулубалаан Боотулуу нэһилиэгин, Үөһээ Бүлүү улууһун салайсыбыт дьоннор.
Иккис докумуоҥҥа (Нац. архив РС (Я), ф. 226 и, оп. 2, д. 3980, № 60) суруллубут:
Акт
1906 года Ноября 19 дня, при озере Багджа на месте Итии-булун, что в Вилюйском округе в Верхне-Вилюйском улусе, в 1-м Ботулинском наслеге, по благословению Его Преосвященства Преосвященнейшаго Макария Епископа Якутскаго и Вилюйского, освящен храм во Имя иже во Святых Отца нашего Николая Архиепископа Мир-Ликийских Чудотворца по установленному чинопоследованию, при многочисленном собрании народа торжествнно И.д. Благочинного 13-го благочиния Якутской епархии, Походно-Угулятской Благовещенской Церкви,Священником Александром Николаевым Поповым, во сослужении нижеподписавшихся священнослужителей:
И.д. Благочинного 13-го благочиния Якутской епархии,
Походно-Угулятской Благовещенской церкви Александр Попов
Духовник XIII-го благочиния,
Священник Далырской Иннокентьевской церкви Евгений Винокуров
Священник Ботулинской Николаевской церкви Климент Заморщиков
СвященникБагаджинской Благовещенской церкви Иннокентий Попов
Бу дөкүмүөн көрдөрөрүнэн, Боотулуу таҥаратын дьиэтэ бэрт уһуннук олохтоохтук 6 сыл устата тутуллан 1906 с. сэтинньи 19 күнүгэр аһыллыбыт. Онно эмиэ Үгүлээт аҕабыыта А.Н. Попов кэлэн сибэтии гыммыт. Бу сулууспаны олохтоох нэһилиэк дьонун мунньан туран, далыр аҕабыыта Е.М. Винокуров, Боотулуу аҕабыыта Е.М. Заморщиков уонна Баҕадьа аҕабыыта И. Попов ыыппыттар.
Манна даҕатан эттээххэ, бу Е. Винокуров уонна А. Попов аҕабыыттар ааспыт үйэ саҥатыгар Боотулууга таҥара дьиэтин аһыспыт үтүөлээх эбит буоллахтарына, кинилэр оҕолоро – учууталлар Иннокентий уонна Михаил Винокуровтар, Анна уонна Андрей Поповтар 20-с сылларга Боотулуу трудовой оскуолатыгар үлэлээн, олохтоох нэһилиэнньэ ортотугар билиини-үөрэҕи тарҕаппыт сүҥкэн үтүөлээхтэр. Кинилэртэн А.А. Попов Боотулууга үлэлээн баран соҕуруу үөрэххэ баран, Ленинград куоракка олохсуйан ССРС НА Этнография институтугар өр сыл үлэлээбитэ.
Бу таҥара дьиэтэ, 1906 с. аһыллан үлэлээн баран, сэбиэскэй кэмҥэ төһөҕө сабыллыбыта чуолкайа суох, ол гынан баран архивка 1919 с. диэри толоруллубут докумуоннарга бааллар. Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар, ордук 1920-1930 сс. диэки – итэҕэли утары охсуһуу ордук сытыырхайан турар кэмигэр, таҥара дьиэлэрин үрэйии-алдьатыы Саха сиригэр эмиэ күүскэ барбыта. Ол түмүгэр, билигин биһиги улууспутугар бу соҕотох Боотулуутааҕы таҥара дьиэтэ арыый да чөллөөх көрүҥнээх ордон хаалбыт. Көтүрэллэригэр куупаллара, кириэстэрэ, куолакаллара уонна иһинээҕи тэриэбэлэрэ хаһан, ханна илдьиллибитэ эмиэ биллибэт. Биир сэһэнинэн Алын Бүлүүгэ киллэрбит курдуктар. Өссө үһүйээн курдук, дэриэбинэ таһынааҕы Чочу кыыһа диэн дьоҕус гынан баран, сүрдээх дириҥ күөлгнэ тимирдибиттэр диэн эмиэ кэпсэл баар.
Онон бу Боотулуутааҕы Ньукуола таҥаратын дьиэтэ – биһиги улууска эрэ буолбакка, Бүлүү бары улуустарын үрдүнэн соҕотох ордон хаалбыт, саха норуотун культуратын уонна историятын туоһулуур сэдэх пааматынньык.
Маннык архитектууралаах таҥара дьиэлэрэ, өскөтүн былыр улуус аайы баар буоллахтарына, билигин Саха сирин үрдүнэн бэрт аҕыйахтара, ону да киин улуустарга – Хаҥаласка (2-с Дьөппөн), Чурапчыга (Арыылаах), Уус Алдаҥҥа (Танда) уонна Тааттаҕа (Чөркөөх) ордон хаалбыттар.
Таҥара дьиэлэрин аҥаардас мас зодчество сэдэх памятниктарын эрэ быһыытынан сыаналыыр биллэр турар татым. Кинилэр Саха сирин норуоттарын историятыгар уонна культуратыгар киллэрбит кылааттарын сүҥкэн суолталара күн-дьыл ыраатан истэҕин аайы өссө ордук дириҥээн иһэр. Оччотооҕу таҥара дьиэлэрэ, кинилэр үлэһиттэрэ аҥаардас христианскай итэҕэли тарҕатыыга эрэ буолбакка , улуустар, нэһилиэктэр административнай тэринэн олорууларыгар толорбут үлэлэрэ сүрдээх улахан суолталаах. Ол курдук оччотооҕу аҕабыыттар билиҥҥи биһиги бэрт элбэх ахсааннаах, араас сельсовет, статистика, ЗАГС уо.д.а. административнай органнарбыт оҥорор үлэлэрин барытын толорон олорбуттара биллэр.
Холобурга, Боотулуу Николаевскай таҥаратын дьиэтин приходугар Боотулуу, Оноҕоччут, Сургуулук, Маҥаас, Күүлэт нэһилиэктэрин сирдэригэр-уоттарыгар олорор сахалар уонна көс омуктар киирэллэр эбит. Онон аҕабыыттар бу нэһилиэктэр олохтоохторун кытары сибээстээх бары событиелары барытын эридьиэстээн, кэмигэр докумуоҥҥа тиһэн-киллэрэн испиттэрэ, билиҥҥи историктарга, этнографтарга уонна краеведтарга, нэһилиэктэр историяларын үөрэтэргэ, биирдиилээн дьоннор саастарын уонна төрүччүлэрин чуолкайдыырга сүрдээх сыаналаах матырыйааллар буолаллар. Ол курдук, сыл аайы толоруллар халыҥ церковнай кинигэҕэ ким хаһан ыал буолбута, хайа ыалга хаһан оҕо төрөөбүтэ, төрөппүттэрин ааттара, оҕо аата, сүрэхтээбит дьонун ааттара, сорох дьон оннооҕор сахалыы хос ааттара кытта чуолкай, кыраһыабай буочарынан сурулла сылдьар. Ону таһынан сыл устатыгар ким, хаһан, туохтан өлбүтэ уонна ханна көмүллүбүтэ эмиэ барыта эридьиэстэнэн, сыл бүтэһигэр тус-туһунан своднай таблицаларга түмүллэн баран Якутскайдааҕы консисторияҕа ыытыллан испиттэрэ, билигин архивка харалла сыталлар.
Г. Н. Саввинов