
Потаповтар Үөһээ Бүлүү улууһугар биир улахан халыҥ аймах буолаллар. Кинилэр төрдүлэрэ 150-ча сыллааҕыта олоро сылдьыбыт 7 бииргэ төрөөбүт дьоннортон саҕаламмыттар. Кинилэртэн улаханнара Быһый Потапов (Николай Потапов) 300-ҕэ тиийэр сүөһүлээх баай киһи эбит. Кини Сөдүөччүйэ диэн кэргэнин, оҕолорун кытта Булугур сайылыкка (Сис Күөлүн бэтэрээ өттүгэр Үчүгэй үрэх диэки, Чүүттэн көһү эрэ кыайбат сиргэ) бырааттарын хамначчыт гынан олорбут. Орто уҥуохтаах киһи үһү.

Дьэкиимкэ убайыгар Быһый Потаповка хамначчыт буоларыттан күрээн Бүлүү куоракка киирэн Лоҕуй эмээхсин диэн (хаһаах нуучча) кыыһы ылан Ньалдьа Халбаакытын алын өттүгэр Элгээҥҥэ тахсан (порт таһын диэки) үлэлээн, балык таһан олорбут. Онно 7 оҕону төрөппүт. Онтон ол оҕолор улааталларын кытта убайа Быһый Потапов дойдуларыгар барыларын илдьэ кэлбит.
Георгий Ефимович Потапов 1870 с. төрөөбүт. Дьэкиимкэ улахан уола. Кини 6-тын туоларын саҕана Үөһээ Бүлүү улууһун киинигэр церковнай-приходской оскуола аһыллар (1876 с.). Бу оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммитин иһин буолуо бука, кинини баай абаҕата Быһый Потапов 3 сылгыны Бүлүү куоракка үүрэн киллэрэн салгыы үөрэттэрбит. Онон үөрэхтэнэн кэлэн улууһугар суруксуттаабыт. Ол сылдьан Карадчина Мария Даниловна диэн Карадчиннар кыыстарын кэргэн ылар.

9 оҕолоноллор, онтон бүтэһик кыра оҕотун төрөөрү ийэлэрэ 37 сааһыгар хаана баран өлөр. Ол уолу аҕатын баай Потапов аатынан Дьөгүөрүскэ диэн ааттыыллар. 3-с уол Капитон убайыгар Баһылай (Тэллэй Баһылай) Потаповка иитиллибит. Кини Бүлүү баайа Расторгуев Николай диэн атыыһыт кыыһын кэргэн ылбыт (Екатерина Николаевна). Онон Хаппытыан баай атыыһыт күтүөтэ, оттон Георгий Ефимович улуу атыыһыкка биллэхтии буолан хаалар. Онтон устунан Расторгуев атыыһыкка бу дойдуга агенныы сылдьан аны бэйэтэ дьиҥнээх атыыһыт буолан хаалар. Онон Үөһээ Бүлүүгэ Потапов бастакынан улахан атыыны-эргиэни тардыбыта. Кини бэдэрээччиттэрэ кыһын сыарҕалаах атынан сибиэбийэттэн сибиэбийэҕэ быһа икки суолунан Туобуйанан Өлүөхүмэҕэ, онтон Алдаҥҥа тиийэн таһаҕас тиэйэллэрэ. Ол саҕана кинилэр аҕалан атыылыыр табаардарын “Аанньаах табаара” диэн ааттыыллара. Ити курдук, 1925 с. диэри эргиммитэ биллэр.

1907 сыл улуус кулубатынан талыллан үчүгэйдик уонна чиэһинэйдик үлэлээбит. Нэһилиэнньэттэн ис түһээни, дьаһааҕы кэмигэр туох да иэһэ суох хомулларын хааччыйбыт. Норуоднай училище тутуутугар уонна үлэтигэр анаан Е.Потапов 2 тыһыынча солкуобай улахан сиэртибэ оҥорбут. Үөһээ Бүлүү быраабатын саҥа дьиэтин туттарбыт. Дьону кытта сатабыллаахтык, сиэрдээхтик кэпсэтэр буолан нэһилиэнньэҕэ эйэлээх-иллээх быһыы-майгы олохтоммут. Потапов кулуба үрдүкү турар былаастартан үс мэтээл ылбыт. Маҥнайгы бронзовай мэтээли 1897 сылга ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы перепись үлэтигэр кыттан ылбыт. Иккиһин кыһамньылаах үлэтин иһин Станиславскай лентатыгар иилиллэр үрүҥ көмүс мэтээли ылбыт. Үһүс мэтээл Романовтар династиялара ыраахтааҕылаабыттара 300 сылыгар аналлаах сырдык бронзовай мэтээл этэ. Е.Е.Потапов нэһилиэнньэҕэ дириҥ ытыктабылынан туһанар буолан улуус кулубатынан 5 төгүл талыллан 1917 сыл революция буолуор диэри үлэлээбит.

Кулаактааһын буолбутугар баайа барыта уоппустанар. Ол иһин Дьокуускайга баар улахан уолугар Саняҕа (Александр врач этэ) көһөн барбыт, онтон Марфатыгар (Потапова-Габышева диэн революционерка этэ) олорон 1934 эбэтэр 1935 сыллаахха өлбүт, Дьокуускай кылабыыһатыгар көмүллүбүт.
Георгий Кондакова Варвара Михайловна диэн Бүлүү куоратыгар олохтоох нуучча дьахтарыгар (Марк Жирков уруута) иккиһин кэргэннэммитэ, киниттэн оҕото суох үһү.

Маҥнайгы кэргэнэ Карадчина Мария Даниловна Куорамыкыга таҥара дьиэтин олбуорун иһигэр көмүллүбүт. Кини таһыгар Монастырев олох чугас көмүллүбүт.