1. Дягилев Андрей Алексеевич — императоры утары турбут киһи быһыытынан байыаннай полевой суутунан сууттанан Саха уобалаһыгар үйэтин тухары сыылкаҕа ыытыллыбыт. Совет былааһын олохтооһуҥҥа активнайдык кыттыбыта, волревкомҥа секретардаабыта, норуодунай судьуйанан үлэлээбитэ. Дружинаны хамаандалаабыта.
2. Павлов Андрей Петрович. Хочо улууһун киһитэ, коммунист, волревком председателэ, дружина командирын көмөлөһөөччүтэ.
3. Овчинников Яков Захарович. Тверскэй күбүөрүнэ дьадаҥы бааһынайын уола. 1906 сыллаахха Саха уобалаһыгар хаатыргаҕа ыытыллыбыта. 1914 с. Ньурбаҕа, 1918 с. Үөһээ Бүлүүгэ, Кэнтиккэ олорбута, милиция начальнигынан үлэлээбитэ.
4. Яковлев Герасим Михайлович. 1901 с. II Үөдүгэй нэһилиэгэр батараак кэргэнигэр төрөөбүтэ. Колхозтары тэрийсибитэ, кулаактары эһиспитэ, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.
5. Иванов Трофим Васильевич (Боккуо уола) 1900 с. II Үөдүгэйгэ төрөөбүтэ, 1934 с. Алдаҥҥа олорон өлбүтэ.
6. Николаев Данил Николаевич (Сэбирдэх) Кэнтик нэһилиэгин киһитэ. 1880 сыллаахха төрөөбүтэ. Дружина разведчига. 1922 с. муус устарга — Куорамыкыга бандьыыттар кыыллыы кэбилээн өлөрбүттэрэ.
7. Борон Митрофан Федорович. 1904 сыллаахха II Үөдүгэйгэ дьадаҥы кэргэнтэн төрөөбүтэ. Бандьыыттары утары Ньурбанан, Сунтаарынан сэриилэспитэ. 1923 сыллаахха Бэдьэкэ бандьыыт баандатын үлтүрүтүспүтэ.
8. Павлов Гаврил Федорович (Хабырыыска) 1898 с. II Үөдүгэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аатырбыт кыһыл партизан быһыытынан биллибитэ.
9. Павлов Федор Федорович (Болтуо) 1890 с. II Үөдүгэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бандьыыттары утары Ньурбанан, Сунтаарынан сэриилэспитэ. 1931-32 с. II Үөдүгэй нэһилиэгин Советын председателинэн үлэлээбитэ.
10. Седалищев Поликарп Иванович (Хоотоон) 1897 с. Үөһээ Бүлүү улууһугар дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. 1918 сыллаахтан милиционер. Гражданскай сэрии кэнниттэн 1931 сылга дылы эмиэ милиционер. 1931-1953 сылга диэри эргиэн тэрилтэтигэр үлэлээбитэ, 1960 с. ыалдьан өлбүтэ.
11. Егоров Максим Егорович (Боппос уола) 1881 с. Куорамыкыга төрөөбүтэ. 1927-1928сс. контрреволюционердары эһиигэ Р.И. Кардашевскай партизанскай этэрээтигэр сылдьыспыта. 1933 сыллаахха өлбүтэ.
12. Григорьев Данил II Үөдүгэй нэһилиэгин киһитэ, милиционер.
13. Ботаков Кирилл Григорьевич II Үөдүгэй нэһилиэгин киһитэ. Волревком үлэһитэ. Далырынан, Үгүлээтинэн эргийбитэ.
14. Саввинов Иван (Топпороох) 1888 сыллахха Үөһээ Бүлүү улууһугар Чочу нэһилиэгэр батараак кэргэнигэр төрөөбүтэ.
Үөһээ Бүлүү нэһилиэгиттэн атын улуустарга сылдьан үрүҥ баандалары утары кыргыһыыга кыттыбыттара
1. Тобохов Иван Алексеевич (Бордур уола). 1904 сыллаахха II Үөдүгэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Улуус оскуолатын бүтэрэн баран 1921 с. Бүлүү куоратыгар киирэн комсомол активнай чилиэнэ буолбута. Ити сыллаахха Якутскайга рабфакка үөрэнэ барбыта. Онтон ЧОН ротатын саллаатынан буолбута. 1922 сыл олунньу 22 күнүгэр Павловскай уонна Табаҕа икки ардыларыгар бандьыыттар төгүрүктээһиннэригэр түбэһэн ботуруона бүтүөр диэри хорсуннук сэриилэһэн өлбүтэ.
2. Григорьев Дмитрий Михайлович (Мотуруос). 1900 с. Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүтэ. Тулаайах уол борокуокка мотуруостаабыта. ЫРКС чилиэнэ. Н.И. Снитко этэрээтигэр сылдьан Хохочойго комсомолецтары кыргыбыт бандьыыттары урусхаллааһыҥҥа инники кэккэҕэ сылдьан 1922 с. муус устар 19 күнүгэр өлбүтэ.
3. Винокуров Николай Егорович 1905 с. Үөһээ Бүлүүгэ Мэйик нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Орто Бүлүүгэ В. Шатаев этэрээтигэр тахсан иһэн Хохочойдооҕу тоһууртан куоппутун бандьыыттар тутан ылан Хампаҕа илдьэн ыппыттара.
4. Салашин Гаврил Михайлович Үөдүгэй нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Үөһээ Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Сунтаарга буолбут кыргыһыыларга сылдьан баран Бодойбоҕо о.д.а. сирдэргэ Совет былааһын олохтооһуҥҥа активнай кыттыыны ылбыта. 1922 с. Төхтүргэ уонна Киллэмҥэ үрүҥ баандалары урусхалласпыта. 1923 сыл саас Саһыл Сыһыы оборонатыгар кыттан пепеляевщинаны бүтэһиктээхтик үлтү сынньыспыта. Дойдутугар кэлэн Советтар үлэлэрин сүһүөҕэр туруорууга, колхозтары тэрийсиигэ активнайдык үлэлээбитэ. Дойдутугар олорон 1964 с. өлбүтэ.
5. Павлов (Сунтаров) Василий Иннокентьевич 1900 с. Ньурба улууһугар Токос нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Хохочойго комсомолецтары кыргыбыт бандьыыттары урусхаллааһыҥҥа уонна Бүлүү куоратын оборонатыгар кыттыбыта, 1922 с. Үөдүгэй улууһугар саһа сылдьар 28 киһилээх Говоров баандатын бэриннэриигэ кыттыыны ылбыта. 1961 сыллаахтан персональнай пенсионер.
6. Тараяров Василий Георгиевич Сунтаар улууһугар Сиэйэ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Хохочойго комсомолецтары кыргыбыт үрүҥ баандалары урусхаллааһыҥҥа уонна Бүлүү куоратын оборонатыгар команднай дуоһунаска сылдьыбыта. Гражданскай сэрии кэнниттэн Үөһээ Бүлүү улууһун исполкомун председателинэн үлэлээбитэ. Онтон кэлин учууталлаабыта. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Фронтан дойдутугар эргиллэн кэлэн баран өлбүтэ.
7. Тимофеев Терентий Дмитриевич 1892 с. Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1922 с. Снитко этэрээтигэр сылдьан үрүҥ баандалары утары охсуспута. 28 сыл устатыгар милиция органнарыгар үлэлээбитэ. Туобуйаҕа, Ороһуга, Ыйыласка колхозтары тэрийсибитэ уонна Ыйыласка бэйэтэ тэрийсибит Блюхер аатынан колхоһугар председателинэн үлэлээбитэ. 1941-1945 сс. «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Германияны кыайыы иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин» медалларынан наҕараадаламмыта, ССКП чилиэнэ, ЫБСЛКС обкомун иһинэн революция уонна үлэ албан аатын республикатааҕы кулуубун чилиэнэ.
8. Потапова-Габышева Марфа Георгиевна Үөһээ Бүлүүгэ атыыһыт Потапов кэргэнигэр төрөөбүтэ. Якутскайга үөрэнэ сылдьан 1917 с. революционнай охсуһуу суолугар туруммута. Коммунист. 1922 с. Бүлүү куоратын оборонатын активнай кыттыылааҕа.
9. Потапова-Шапошникова Мария Георгиевна Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүтэ. Потапова-Габышева Марфа Георгиевна бииргэ төрөөбүт балта. Комсомолка. Бүлүү оборонатыгар кыттыбыта. Кэлин учууталлаабыта.
10. Потапов Серафим Георгиевич сахалартан биир бастакы историк, краевед, дьоҕурдаах журналист быһыытынан биллэр. Кини 1904 с. Үөһээ Бүлүү улууһугар төрөөбүтэ. 1920-22 сс. ЫРКС Бүлүү уеһынааҕы комитетын секретарынан үлэлиир. 1922 с. үрүҥ бандьыыттар Бүлүү куоратын осадалаабыт кэмнэригэр куорат коменданын көмөлөһөөччүтэ этэ уонна Мастаахха үрүҥнэри утары сэриигэ активнайдык кыттыбыта. Итинтэн кэлин, 1922-26 сс. I Московскай Государственнай университет советскай праваҕа факультетын үөрэнэн бүтэрбитэ. 1926-29 сс. Саха АССР Главсудугар бастаан прокурор көмөлөһөөччүтүнэн, онтон прокурорунан итиэннэ облглавлит сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. 1929 с. муус устарга БСК(б)П Намнааҕы ячейкатын секретарынан үлэлээбитэ. Ити сыл бүтэһигэр БСК(б)П Саха сиринээҕи обкомун информационнай отделын сэбиэдиссэйэ буолта. 1929-31 сс. Саха КСК секретара, Саха АССР Совнаркомун консультана. 1931 сылтан «Автономная Якутия» хаһыат рабселькоровскай отделын сэбиэдиссэйэ. Якутскайдааҕы кинигэ издательствотын, оттон издательство Москватааҕы отделениетын директора. 1938 с. репрессияҕа түбэспитэ. 1941 с. ахсынньыга өлбүтэ. 1957 сыллаахха, буруйа суоҕа быһаарыллан, ССКП Москва куораттааҕы комитета кинини партияҕа чөлүгэр түһэрбитэ. С.Г. Потапов 20-тэн тахса кинигэни уонна брошюраны суруйан бэчээттэппитэ.
«Үөһээ Бүлүү 1917-1967» диэн кинигэттэн.
Буурҕа — буулдьа уола

«Көрдөргүт эрэ мин уолбун урутаан тутуу былдьаһаарыҥ. Кутталлаах киһи, кытыгыраһа уонна ытааччыта бэрт», — диэн аҕата Бүөтүр Павлов бэйэтин урдуустарын сэрэппитэ биллэр.
Ити хаһан да эйэлэспэт буолбут икки утарыта турсар өй-санаа охсуһуутун быһа ыстанар түмүгэ.
Уол — Андрей Павлов аҕатыттан атырдьах салаатыныы арахсан саа-саадах тутан саҥа олоҕу көмүскүү турунар. Кини төрөппүт аҕата Бүөтүр Павлов — урукку Хочо улууһун, Үөһээ Мэйик нэһилиэгин (билигин Сунтаар оройуонун Бүлүүчээн нэһилиэгин) сис баайа, үөрэхтээх, Советскай былаас кыр өстөөҕө, бандьыыт атамаана, баһылыга.
Андрей кыра эрдэҕиттэн дьонуттан туспа өйдөөх-санаалаах, туора киһиттэн төрөөбүт курдук, ийэтигэр-аҕатыгар убамматах оҕо этэ. Кини аан бастаан Элгээйигэ Сунтаардааҕы сельскэй училищеҕа пансионатка олорон үөрэнэр. Онтон Бүлүү түөрт кылаастаах городской, Якутскай реальнай училищетыгар үөрэнэ сырыттаҕына Петр Хрисанфович Староватов кини өйө-санаата уһуктуутугар улахан сабыдыаллаах буолбута. Үөрэҕэр дьоҕурдаах буолан ханна барытыгар, дьоҥҥо, учууталларыгар олус сөбүлэтэрэ.
Үөрэнэн баран Бүлүүгэ сир суутугар, Элгээйигэ учууталынан, онтон Бүлүүгэ уезд үөрэҕин суутугар үлэлээбитэ. Андрей саҥа олоҕу сөптөөхтүк өйдөөн, биһирээн өй-санаа өттүнэн уһуктуута күүскэ барбыта. 1920 сыл күһүнүгэр комсомолга киирбитэ. Андрей Бүлүү комсомольскай тэрилтэтин төрүттэспит дьоннортон биирдэстэрэ. 1921 сыл тохсунньуга РКбП чилиэнин кандидатынан, онтон чилиэнинэн буолбута. Бастаан Бүлүү уеһынааҕы комсомол комитетын секретарынан талыллыбыта, итинтэн салгыы Үөһээ Бүлүү волоһын ситэриилээх комитетын председателинэн, ону сэргэ волость коммунистическай ячейкаларын секретарынан өрө таһаарыллыбыта. Оччолорто кини баара-суоҕа сүүрбэччэ саастаах этэ. Андрей партия, норуот, итэҕэлин чиэстээхтик толорбута. Бүлүүгэ Советскай былаас кыайыыларын көмүскээһин Андрей Павлов аатын кытта сибээстээх. Ону үгүс чахчылар туоһулууллар.
1922 сыллаахха саҥа былааһы сөбүлээбэт дьоннорбаанда тэринэн Советскай былаас утары турбуттара. Онно партия уонна комсомол иннилэригэр Советскай былааһы бөҕөргөтөр, үлэһит маассаны түмэ тардар сорук турбута.
Кини аҕата Бүөтүр Павлов олохтоох баайдары, кулаактары түмэн уонна сорох дьадаҥылары албыҥҥа үктэтэн, ити сыл муус устар бүтэһик күннэриттэн биирдэстэригэр Хоро улууһун киинин Тойбохойу ылбыта. Кини хааннаах илиититтэн Даниил Иванович Протопопов — Сахатаев, Гаврил Константинович Федоров, Григорий Алексеевич Козин, Прокопий Егорович Мартынов, Григорий Андреевич Марков кыыллыы өлөрүллүбүттэрэ. Сунтаар улууһугар бандьыыт Еремей Попов — Балтаанай этэрээтэ саба бүрүүкээбитэ.
Офицер Канин баһылыктаах Хотугу антисоветскай этэрээт Бүлүү куоратын осадалаабыта. Бүөтүр Павлов баһылыктаах Соҕурууҥҥу антисоветскай этэрээт Сунтаары, Ньурбаны уонна Үөһээ Бүлүүнү ылаттаан Каниҥҥа баран холбоһуохтааҕа. Тыҥааһыннаах күннэр тирээбиттэрэ.
Александр Гаврильевич Габышев уонна Вера Семеновна Синеглазова салалталарынан Бүлүү куоратын обороната тэриллибитэ. Оччотооҕу Бүлүү куоратыгар уокурук түүлээҕэ олорчу түмүллэн сыппыта. Өскөтүн бандьыыттар куораты ылар түбэлтэтигэр, кинилэр атыылаан эбии күүс мунньумматтарын наадатыгар ол түүлээҕи суох гыныллыахтааҕа. Куоракка байыаннай балаһыанньа биллэриллибитэ. Олохтоох гарнизонтан ураты Якутскайтан кэлбит Беляев командирдаах ГПУ дивизионун этэрээтэ куоракка баран, волостарга добровольнай кыһыл дружиналары, партизанскай этэрээттэри тэрийэргэ дьаһал ылыллыбыта. Үөһээ Бүлүүгэ Руф Кардашевскай уонна Андрей Павлов салалталарынан партизанскай кыһыл этэрээт тэриллибитэ. Разведка начальнигынан Андрей Павлов анаммыта.
1922 сыл сааһыгар таб. Пясталов командирдаах Сибиирдээҕи ГПУ сэриилэрин 80-с дивизионун 33-с отдельнай ротата Бүлүүгэ көмөҕө кэлэн иһэрин туһунан биллэрии ылыллыбыта. Пясталов этэрээтэ Бүлүү куоратыгар тиийэн кэлэригэр элбэх мэһэйдэр бааллара. Бастакынан, бандьыыттар Бүлүү уонна Үөһээ Бүлүү икки ардыгар суолу хас да сиринэн быһан сыталлара. Иккиһинэн, халаан уута мэһэйдиирэ. Бандьыыт Конон Никифоров этэрээтэ Нам Хомустааҕар тоһуур тэрийбитэ. Кырдьык даҕаны, Пясталов этэрээтин балаһыанньата кытаанах этэ. Иннилэригэр тумул хайаҕа бандьыыттар тоһуйан сыппыттара, кэннилэриттэн Канин этэрээтэ киирэн испитэ.
Дьэ ити мүччүргэннээх кэмҥэ Үөһээ Бүлүү улууһун председателэ Андрей Павлов командирдаах кыһыллар разведкалыыр бөлөхтөрө быһаарыылаах дьаһалы ылбыта. Разведчиктар Конон бандьыыт тоһуурун үрэйбиттэрэ, ытыалаһыы буолбута. Кыһыллар «максим» пулеметтара тибийбитэ, ыстаал буулдьа ардаҕынан өстөөхтөрү саба тибиирбитэ. Бандьыыт Никифоров нэһиилэ атахха биллэрбитэ, оттон Канин эмиэ тыынын дьаадьыппыта. Ити курдук Павлов разведчиктарын бөлөҕө Пясталов этэрээтин кутталлаах тоһууртан быыһаабыта.
Көҥүл саҥа олох иһин эттиин-хаанныын олорчу бэринэн охсуһууга туруммут Андрей өрөгөйдөөбүтэ, кыайыы-хотуу кынаттаммыта, саҥа олоҕу тутууга күүскэ туруммута.
Д. ПОПОВ, Г. ФЕДОРОВ. Сунтаар с.
«Кыым» хаһыат, 1967 сыл, ахсынньы ый.
Дягилев Андрей Алексеевич

Сыылкаҕа кэлбит дьонтон биирдэстэрэ: Дягилев Андрей Алексеевич— нуучча-япон сэриитигэр кыттыыны ылбыт, Россия аармыйатын саллаата. Кинини императоры утары турбут киһи быһыытынан байыаннай-полевой суутунан Саха уобалаһыгар үйэтин тухары сыылкаҕа ыыппыттара. Кини 1905 сыллаахха 35 саастааҕар Хоро нэһилиэгэр олохсутуллубута. 1907 сылтан 1917 сылга диэри Ньурба улууһугар Куочайга суруксутунан олорбута.
Революция бириэмэтигэр Үөһээ Бүлүүгэ төннөн кэлбитэ. Совет былааһын олохтооһуҥҥа активнайдык кыттыбыта, волревкомҥа секретардаабыта, онтон кэлин народнай судьуйанан үлэлээбитэ. Дружинаны командалаабыта. 1925 сылтан 1929 сылга диэри Хоро начальнай оскуолатыгар учууталлаабыта. 1930 сыллаахха ыалдьан өлбүтэ. («Үөһээ Бүлүү. Бэҕэһээ. Бүгүн. Сарсын».— Дьокуускай: Кудук, 2001.— С.21)
Овчинников Яков Захарович

Я.З. Овчинников 1879 сыллаахха Москуба уобалаһын, Тверскэй губерния Калязинскай уеһыгар төрөөбүтэ. Кини 19 үйэ бүтүүтүгэр «коммунист-максималист» аатын ылан Забайкальеҕа хаатыргаҕа ыытыллыбыт. Ити кэннэ тута Саха сиригэр Ньурба улууһугар көскө утаарыллыбыт. Онно икки оҕолоох М.А. Яковлева диэн дьахтары кэргэн ылбыт.
Овчинников иитийэх кыыһа ахтарынан, кини аҕатын дэҥҥэ көрөр эбит. Кэпсэтиилэриттэн иһиттэҕинэ аҕата ханнык эрэ байыаннай дьыаланан дьарыктанар быһыылааҕа. Ити 1920 сыл этэ. Кэлэ-бара сылдьыбыт. Онтон дьиэ-кэргэнин Үөһээ Бүлүүгэ көһөрөн илдьибит. Милиция дьиэтигэр олорбутгар.
А.Я. Овчинникова ахтыытын туоһулуур докумуон — удостоверениеҕа бу курдук суруллар: «…гр. Кентикского наслега… Я.З. Овчинникову… он с первого марта 1920 года состоял на должности начальника милиции 3-го участка Вилюйского округа…». Мантан көстөрүнэн, Үөһээ Бүлүү уокуругун милицията үһүс учаастагынан биллэр эбит. Онно Овчинников начальнигынан үлэлээбит. Ити иннинэ 1918 сыллаахха Овчинников Бүлүү уокуругун, Үөһээ Бүлүүтээҕи байыаннай комиссиятын чилиэнинэн үлэлээбит. Ону туоһулуур Исидор Барахов справката баар.
Я.З. Овчинников Үөһээ Бүлүүтээҕи кыһыл партизаннар добровольческай этэрээттэрин хамандыырынан 1922 сыллаахха сылдьыбыт. Бандьыыт этэрээтин утары «Сырдык Уулаах», «Түөкүн арыыта» уонна «Улахан муоста» диэн сирдэргэ сэриилэспиттэр. Гражданскай сэрии кэнниттэн Овчинниковтар дьиэ кэргэттэрэ Дьокуускай куоракка көспүттэр. Ол эрэн Я.З. Овчинников өр-өтөр буолбакка Үөһээ Бүлүүгэ төннүбүт. Ол курдук кини сөбүлүүрэ, бэриниилээҕэ Үөһээ Бүлүү сиригэр-уотугар, дьонугар-сэргэтигэр. Өссө Я.З. Овчинников доҕоругар Бүлүүгэ олорор А.Г. Габышевка: «Шлю тебе, Саша, это письмо с товарищеским приветом. Живем хорошо. Стоим на стороже и вряд ли эти негодяи явятся к нам. А если и явятся только на пагубу потому, что я за свою волость ручаюсь, кроме Делюкинцев, Оргетцев и Бырыканцев и Тобуй. Остальное население сознало все к чему ведет их КП (б). Писал бы и больше, но спешу подготовиться на митинг. Сегодня будет комсомольский митинг. С. Жирков выступит об экономической политике, т. Павлов о бандитизме и текущем моменте, я выступаю о новом строительстве: о кустарной промышленности. Сообщу почему подняты цены на товарах, о гужевой повинности, о натурналоге ознакомить детально, об организации сельхозартелей. Показать на факте какую-нибудь прибыль и экономию труда составляет эта артель, о посевной кампании, об охране телеграфной линии, пролегающей по территории наслегов. Избрать особый состав надзора. Об организации помощи и населения для окончательной ликвидации банд как материально так и физически. Обрисовать какую разруху и пагубу несут эти негодяи, хочу указать на факте.
Саша, хотя говорю я не с юридической точки науки, но вижу слушатели остаются довольны. Ну будь здоров. Пиши что-нибудь. Твой т. Яков Овчинников. 1922 г.-12.IV.» диэн ис хоһоонноох суругар, кини хайдах курдук иккис дойду оҥостубут Үөһээ Бүлүүтэ сайдыытыгар кыһалларын көрдөрөр.
Ахтыылартан көстөрүнэн Яков Захарович сүрдээх эйэҕэс, кэпсэтинньэҥ, элбэх доҕордоох эбит. Я.З. Овчинников 1935 с. кулун тутар 5 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ өлбүт, Чардааҥҥа көмүллүбүт. Кини өлбүтүн туһунан комиссия бу курдук иһитиннэрбит: «С глубоким прискорбием извещаем всех партизан: родных и знакомых о преждевременной смерти виднейшего партизана, честного организатора добровольческого отряда против бандитизма в Верхневилюйцах, отважного командира гражданской войны, пионер старателя золотой промышленности, жаждующего завоевания рудными богатствами, бывшего политссыльного, каторжника царского произвола…».
Полина ДМИТРИЕВА.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат, 2000 с., ахсынньы 8 к.