Саха АССР Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин Президиумун мунньаҕын 7 N-дээх боротокуолунан

1935 сыл олунньу 10 күнүгэр

Үөһээ Бүлүү туспа оройуон быһыытынан тэриллэн саҥа кэрдиис кэмҥэ үктэммитэ быйыл 90 сылын туолла.

Үөһээ Бүлүү оройуона өрөспүүбүлүкэ кииниттэн 750 км ыраах сытар. Оройуон сирэ-уота 420 км усталаах, 110 км туоралаах сиринэн тайыыр.

1935 сыллаахха Үөһээ Бүлүү туспа оройуон буолуутугар Үөдүгэйтэн Үгүлээт, Тылгыны, Күүлэт, Үөһээ Бүлүүттэн Кыадаҥда, 1-кы Чочу нэһилиэктэрэ Бүлүү оройуонугар хаалбыттара.

Оттон Мэгэдьэк (Ньурба) оройуонуттан Аһыкай уонна Оҥхой нэһилиэктэрэ Үөһээ Бүлүүгэ холбоммуттара. «Үөһээ Бүлүү оройуона Бүлүү уокуругуттан арахсарыгар нэһилиэнньэтин ахсаана 14.850 киһи этэ, ол иһигэр сахата — 14.705, нууччата — 82, итиэннэ 43 кэриэй, 18 кытай баара». («Үөһээ Бүлүү бэҕэһээ, бүгүн, сарсын» кинигэ, 50 стр.) Оройуон тэриллиитигэр 26 нэһилиэк, 45 колхуос, 4019 хаһаайыстыба, ол иһиттэн 1335 хаһаайыстыба холкуостаах, онон холбоһуктааһын 33,21% этэ. Холкуостаах ахсаана 4.279 киһи этэ. Оройуон үрдүнэн аҕыйах пиэрмэлэр бааллара ситэ куормалана, саҕалана илик этэ. От ыйынааҕы 1935 сыллааҕы учуотунан 11.329 сылгы, 27.684 ынах сүөһү, 79 сибиинньэ, 451 таба, онон барыта бастааҕынан 39.543 баар этилэр.

Сэбиэттэр 5-с Арҕаа Бүлүү (I-кы Үөдүгэй) улуустааҕы съезтэрин кыттыылаахтара

1935 сыл бүтүгэс түмүгүнэн ылан көрдөххө бааллар: 26 нэһилиэк, 55 холкуос — уопсайа 3553 хаһаайыстыба, олор истэриттэн 2010 холкуостаах, биитэр 56,56% холбоһуктанна, 34 ахсааннаах, 2684 сүөһүлээх үүт-табаарынай фермалара, биир суол — 476 сибиинньэ киирэр пиэрмэтэ, 7 суол — 717 төбө сылгы пиэрмэлэрэ баар буоллулар. Уопсайынан, балаҕан ыйдааҕы 1935 сыллааҕы учуот дааннай- ынан бааллар: 11.444 сылгы, 27.704 ынах сүөһү, 85 сибиинньэ, 454 таба. Онон холбоон бастааҕынан 39.687 сүөһү, бүтэһик 2 ый иһигэр 144 сүөһү эбиллибит. Итилэр истэриттэн холкуостамматтарга бааллар: 5040 сылгы, 12.485 ынах сүөһү, 77 сибиинньэ, 16 таба, онон барыта бастааҕынан 17.618 сүөһү, эбэтэр холхуостамматтарга (уопсайдамматтарга) баар сүөһү 44,5%-н хабар.

Сир быйаҥынан туһаныыга уопсайынан 29.458,37 га сир баар, ол иһиттэн ходуһата 24.819 га, бурдук ыһар сирэ — 4.639,37 га. Онтон сэссэлиийискэй сиэктэр туһаныытыгар турар: 9780 га ходуһа, биитэр         % уонна 2426,37 га бурдук ыһар сир эбэтэр %.  Ити сирдэр истэриттэн оттоммута — 24.819, отунан — 45.529,77 туонна эбэтэр биирдии га сиртэн 1,83 ту- онна оту ылбыттар.

«6-с Бассабыыктыы» ыһыыга 2.954,17 ганы оҥортор, 3.366,17 сиэнтиниэр сиэмэни ыһыллыбыта, онтон хомуллубута 2.929,17 га сир, хамыысыйа сыанатын быһыытынан 23.763,95 сэнтиниэр туораахтаах бурдугу, ол эбэтэр биирдии га сиртэн ортотунан 7,11 сэнтиниэр сиэмэни ылбыттар.

Бастакы колхозтары тэрийээччилэринэн нэһилиэктэр сэбиэттэрэ уонна бэрэссэдээтэллэрэ, чилиэннэрэ этилэр. Кинилэр бэйэлэрин тула батараактары, дьадаҥылары уонна сэбиэт актыыптарын түмэ тардаллара. Ол курдук II Үөдүгэй нэһилиэгэр бастакы тыа хаһаайыстыбатын артыалын оччотооҕу сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Кашлаков В.Е., Кэнтиккэ Шарапов Ф.С., Ороһуга Руфов Т.С., Намҥа Потап Васильев, III Үөдүгэйгэ Иван Бойлохов, I Үөдүгэйгэ Семен Трофимов, Кирилл Тимофеев о.д.а. тэрийсэннэр аан бастакынан колхоз чилиэнинэн киирбиттэрэ.

Руфов Терентий Спиридонович
Бойлохов Иван Федотович
Ортоку олорор Ленин уордьаннаах Нам нэһилиэгин “Чолбон” холкуоһун бэрэссэдээтэлэ Алексей Семенович Егоров

1938 с. оройуоҥҥа барыта 65 колхозтар тэриллибиттэрэ, онно 3183 хаһаайыстыба киирбитэ, а.э. холбоһуктааҕынынан бааһынайдар 93,5% хабыллыбыта. 1937 сыллааҕар колхозтар харчынан дохуоттара 2,2 төгүл улааппыта, хамнаабат фоннара 120% тиийбитэ.

“Чолбон” холкуос чилиэннэрэ
Бастыҥ үлэлээх холкуостаахтар IV слеттара. Бүлүү куорат, 1936 сыл.

1936 с. оройуоҥҥа 19 оскуолаларга 1929 оҕо үөрэммитэ, үөрэҕэ суохтар оскуолаларыгар 1653 киһи хабыллан үөрэммитэ, Өргүөккэ 1-кы Боотулууга куойкалаах медпууннар аһыллыбыттара.

Үөһээ Бүлүүтээҕи комсомол райкомун аппараата
1937 сыл. Үөһээ Бүлүү. Комсомольскай конференция кыттыылаахтара
1943-1944 сылларга Үөһээ Бүлүүгэ борохуот кэлиитэ
1957 сыл, ыам ыйын 1 күнэ. Параад кэнниттэн үөрүүлээх миитин

Х. Т. Орлова, Г. К. Боескоров хаартыскаларын архыыптара, У. Ю. Саввинова “Чолбон” холкуос туһунан ыстатыйатыттан хаартыскалар туһалыннылар