Главная / Библионовости / Тыл билимин хандьыдаата, “Биһирэм тыл” биэрии ааптара, ыытааччыта, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Боотулуу нэһилиэгин Ытык киһитэ – Михаил Петрович Алексеев – Дапсы “САЙАР САНААМ, ЭМЭР ИЭЙИИМ” саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла

Тыл билимин хандьыдаата, “Биһирэм тыл” биэрии ааптара, ыытааччыта, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Боотулуу нэһилиэгин Ытык киһитэ – Михаил Петрович Алексеев – Дапсы “САЙАР САНААМ, ЭМЭР ИЭЙИИМ” саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла

Бүгүн, олунньу 10 күнүгэр Дьокуускай куоракка, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотекатын тэрээһининэн, сарсыарда 11 чаастан Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа “Биһирэм тыл” биэрии ааптара, ыытааччыта, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Боотулуу нэһилиэгин Ытык киһитэ – Михаил Петрович Алексеев – Дапсы “САЙАР САНААМ, ЭМЭР ИЭЙИИМ” саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр Национальнай библиотека историческай саалатын толору саха тылын сайдыытыгар дууһаларынан ыалдьар тыл үөрэхтээхтэрэ, Дапсы биир дойдулаахтара, студеннар сырыттылар. Элбэх тыл үөрэхтээхтэрэ санааларын эттилэр, ытык киһибит Михаил Петрович Дапсы үөрүүтүн тэҥҥэ үллэһиннилэр.
Саҥа тахсыбыт “Сайар санаам, эмэр иэйиим” кинигэ сахалыы саҥабыт сайдарыгар төһүү күүс тирэх буолара саарбахтаммат.

Бу кинигэҕэ ааптар, үйэтин-сааһын тухары өй-санаа, тыл-өс ырааһын, төрөөбүт тыл эҥинэ бэйэлээх барҕа баайын тапталлаахтык сыа-сым курдук кичээҥитик тутарга, тупсаҕайдык туттарга үөрэппит-такайбыт киһи, тыл амтанын билэ илик ыччаттар, саха тылыттан салыйан эрэр буккуллубут тыллаах уолаттар, кыргыттар, сабаҕатыйбыт саха чиҥ дьоно барыта тыл ийэ айылгыта чөл, барҕа баайа ыраас сылдьарын, саха тыла уһуга биллибэт уһун үйэлэнэрин туһугар туруулаһыах тустаахпыт диэн ыҥырар.

Кинигэ сүрэхтэниитин түгэннэриттэн хаартыскалар