Үөһээ Бүлүүм – килбиэн сулус кэрэтэҕин,
Үөһээ Бүлүүм – кэҥии-тупса киэркэйэҕин,
Үөһээ Бүлүүм – тэбэр сүрэх мэктиэтэҕин,
Үөһээ Бүлүүм – дьоллоох олох сирдьитэҕин.

Бүгүн дьол уйата Үөһээ Бүлүүбүт төрүттэммитэ 90 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн киин бибилэтиэкэҕэ «Кэрэхсэбиллээх көрсүһүү» буолан ааста. Алтыс төгүлүн ыытыллар бырайыакка улууспут дьоһун дьонун кытта көрсөн атах тэпсэн олорон сэргэхтик сэһэргэһэр үтүө үгэстээхпит. Онтон бүгүн бары убаастыыр, ытыктыыр киһибит Арассыыйа үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, Үөһээ Бүлүү улууһун, Кэнтик, Хомустаах нэһилиэктэрин ытык киһитэ Тамара Сергеевна Николаева ыалдьыттаата. Истиҥ кэпсэтиини иилээн-саҕалаан ыытта Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара, 21 үйэ бэлиэ хаһаайына, М.А.Алекеев республикатааҕы лицей-интернат саха тылын уонна литературатын учуутала Маргарита Николаевна Николаева. Ытык киһибитин улууспут Аҕа баһылыга Валерий Валериевич Николаев кэлэн эҕэрдэлээтэ уонна сибэкки дьөрбөтүн туттарда. Сылга биирдэ ыытыллар тэрээһиммитин ылбаҕай ырыатынан киэргэттэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Вилена Ларионова.
Көрсүһүү түмүгэр өйдөбүнньүк уопсай хаартыскаҕа түстүлэр, кэлбит ыалдьыттар сибэкки дьөрбөтүн туттардылар уонна истиҥ баҕа санааларын эттилэр. Бу курдук олус истиҥ кэпсэтии, иһирэх көрсүһүү буолла!
