
Киһи аймах историятыгар саҥа эраны – пролетарскай революциялар эраларын тэлэйбит Улуу Октябрьскай социалистическай революция 40 сыла туолаары турдаҕына, саха норуота Саха сиригэр Советскай былааһы олохтуур иһин бэйэлэрин харыстаммакка охсуспут, үлэһит норуот көҥүлүн уонна дьолун иһин охсуһууга бэйэлэрин олохторун биэрбит дьоннор ааттарын улахан махталлаахтык ахтан ааһар.
Норуот итинник хайҕаллаах уолаттарын ахсааннарыгар саха маҥнайгы коммунистарыттан биирдэстэрэ, Саха сиригэр Советскай былааһы олохтуур уонна бөҕөргөтөр иһин активнай охсуһааччы, уобаластааҕы партийнай тэрилтэ уһулуччулаах деятелэ Исидор Никифорович Барахов киирэр.
Исидор Никифорович Барахов (Иванов) 1898 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Харбалаах нэһилиэгэр сүөһү иитиитинэн дьарыктанар бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кини үөрэххэ 9 саастааҕар киирэн баран, бастаан Үөһээ Бүлүүтээҕи сельскэй начаалынай оскуоланы, онтон Бүлүү куоратыгар үрдүкү начаалынай училищены бүтэрбитэ.
Исидор Бараахап аҕата Никифор Иванов быстар дьадаҥы балыксыт уола этэ. Ол гынан баран, баайдарга уонна атыыһыттарга бэдэрээччитинэн үлэлии сылдьан, байар санааҕа ылларбыта уонна уола исидор начаалынай оскуолалары бүтэрэригэр хайы үйэ кыанра кэргэн буолбута. Кини оннук байар баҕалаах буолан, уолун бэйэтин хаһаайыстыбатыгар үлэһитинэн хаалларарга дьулуһан, кини үөрэҕи ыларыгар букатын кыһаммат буолбута. Исидор Бүлүүтээҕи үрдүкү начаалынай училищены бүтэрбитин кэннэ Никифор иванов киниэхэ салгыы үөрэммэтигэр хаста да этэ сылдьыбытын туһунан Харбалаах нэһилиэгин кырдьаҕастара кэпсииллэр. Итини биир маннык түгэн туоһулуур: Исидор Бараахап, Якутскайдааҕы чительскай семинарияҕа үөрэнэ сылдьан, аҕатын кытта сибээһин быспыт, аҥаардас стипендиянан үөржммит уонна, семинарияны бүтэрэн баран, бэйэтин дьиҥнээх араспаанньатын уларытан, кини «Бараах» диэн ааттанар дьадаҥы балыксыт эһэтин хос аатын араспаанньанан ылыммыт.
Итинник эдэр уол Исидор, бэйэтин дьаныарын, дьоҕурун уонна билиигэ тардыһыытын түмүгэр Бүлүүтээҕи начаалынай училищены ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, 1915 сыллаахха Якутскайдааҕы учительскай семинарияҕа киирбитэ. И.Бараахап семинарияны 1918 сыллаахха бүтэрбитэ уонна учуутал идэтин ылбыта. Бараахап семинарияҕа үөрэниитин кэмэ кини олоҕор сырдык страницанан буолар.
Ордук 1914 сылтан ыла Саха сиригэр Коммунистическай партия уларыта тутар сабыдыала, норуоттар маассаларын революционнай тыыҥҥа иитэр үлэтэ күүһүрэн барбыттара. Саха сиригэр кэлбит ссыльнай большевиктар РСДРП Якутскайдааҕы кистэлэҥ тэрилтэлэрин төрүттээбиттэрэ уонна кини иһигэр большевистскай бөлөҕү тэрийбиттэрэ.
Саха сиринээҕи сыылкаҕа большевиктар ыыппыт революционнай үлэлэрин биир саамай дьоһуннаах сорҕотунан Саха сирин олохтоох ыччатын революционнай куруһуоктары тэрийии буолар. Якутскай куоракка оннук икки куруһуогу партия уһулуччулаах дечтелэ Емельян Ярославскай тэрийбитэ. Ол бириэмэҕэ куорат революционнай өйдөөх-санаалаах ыччаттарын киининэн Якутскайдааҕы учительскай семинария буолбута. Ссыльнай большевиктар тэрийбит революционнай куруһуоктарыгар маҥнайгы членнэри кытта бииргэ семинарист Исидор Бараахап киирбитэ. Кэнники биллиилээх большевиктарынан буолбут М.Аммосов, П.Слепцоа-Ойуунускай, С.Аржков уонна да атыттар семинарияҕа үөрэнэллэрэ уонна Ем.Ярославскай ити куруһуогар членинэн бааллара.
Олунньутааҕы революция маҥнайгы күннэригэр сыылынай большевиктар Якутскайга үөрэнээччилэр “Эдэр социал-демократ” диэн ааттанар кистэлэҥ революционнай куруһуоктарын тэрийбиттэрэ. Куруһуокка бастакы уочарат Емельян Ярославскай кистэлэҥ куруһуогун чилиэннэрэ бары кэриэтэ,ол иһигэр Аммосов, Ойуунускай, Аржаков, Барахов уо.д.а. киирбиттэрэ, маҥнайгы большевистскай тэрилтэ активнай кыттыылаахтарынан буолбуттара. «Эдэр социал-демократ» куруһуогу салайыыга В.И.Ленин эрэллээх учениктара Серго Орджоникидзе, Г.И.Петровскай кыттыыны ылаллара.
Сыылынай большевиктар саха ыччатын марксизм тыыныгар иитиэххэ, саха большевиктарын кадрдарын бэлэмниэххэ диэн соругу туруорбуттара. Кинилэр марксизмы-ленинизми пропагандалыыллара, сэрии, эйэ уонна революция боппуруостарыгар большевистскай партия теориятын уонна тактикатын өйдөтөллөрө. Итинэн Исидор Бараахапка уонна куруһуок атын кыттыылаахтарыгар Ем.Ярославскай уонна Серго Орджоникидзе дьиҥнээх учууталларынан буолбуттара, кинилэргэ норуоту социальнай уонна национальнай батталтан босхолооһуҥҥа дьулуһар, өйү-санааны ииппиттэрэ, большевик партиятын теоретическай ыйыыларын уонна программатын өйдөппүттэрэ.
Ити революционнай куруһуоктарга большевистскай иитиллиини ылар эрчимнээх сайаҕас үөрэнээччилэр, ол иһигэр И.Барахов, Саха сиригэр Олунньутааҕы революцияҕа активнай кыттыыны ылбыттара. Куруһуокка сылдьан И.Бараахап, Саха сиригэр Олунньутааҕы революцияҕа активнай кыттыыны ылаллар. Куруһуокка сылдьан, И.Бараахап марксизм классиктарын айымньыларын кыһамньылаахтык үөрэтэрэ, сахалыы тылынан листовкалары таһаарыыга кыттара, митиннэргэ уонна мунньахтарга тыл этэрэ, большевистскай партия программатын уонна политикатын өйдөтөн, буржуазия кубулҕаттарын саралаан туран, нэһилиэнньэ ортотугар агитационнай үлэни ыытара. Кини итинник сыалынан улуустарга тахсыталаан сылдьара, дьадаҥылар уонна хамначчыттар союзтарын тэрийиигэ кыттыыны ылара.
Ити курдук «Эдэр социал-демократ» куруһуок сыылынай коммунистар быһаччы идейнэй сабыдыалларынан олохтоох ыччаттан маҥнайгы большевистскай кадрдар буһан-хатан тахсыбыт тэрилтэлэринэн буолбута. «Эдэр социал-демократ» куруһуок членнэрин үгүс өттө Олунньутааҕы революция кэнниттэн сотору буолаат, социал-демократическай тэрилтэҕэ киирбитэ. Кинилэртэн элбэхтэрэ Якутскайдааҕы холбоһуктаах социал-демократическай тэрилтэ иһигэр баар большевистскай бөлөххө холбоспуттара. Онтон кэлин Саха сиригэр Советскай былааһы олохтооһун иһин охсуһуу ыарын бүтүннүүтүн кинилэр бэйэлэрэ сүкпүттэрэ. “Ити куруһуоктан Саха сиригэр Советскай былааһы тэрийээччилэр, биһиги партиябытыгар бэриниилээх үлэһиттэр иитиллэн тахсыбыттара». («Правда», 1943 сыл ахсынньы 5 күнэ).
Исидор Никифорович Бараахап РК(б)П чилиэнигэр 1917 сыллаахха балаҕан ыйыгар киирбитэ уонна ол кэмтэн ыла бэйэтин дьылҕатын бүүс-бүтүннүүтүн Коммунистическай партия дьыалатыгар сулууспалааһыҥҥа анаабыта, иитиэннэ кини ол дьыалаҕа бэйэтин олоҕун тиһэҕэр тиийэ бэриниилээх этэ.
«Эдэр социал-демократ куруһуок» кыттыылаахтарыттан биирдэстэрэ таб.Синеглазова В.С. кэнники бэйэтин ахтыыларыгар маннык суруйар: «И.Н.Барахов бэйэтин табаарыстарыгар улаханнык ытыктааһыннарынан туһанара. Кини тоҥкуруун характердаах киһи буолан баран, теоретическайдык түмэн толкуйдуурга хабааннааҕынан, биһиги бэйэбит икки ардыбытыгар кэпсэтэрбит курдук, бөлүһүөктүү өйдүүр өйдөөх киһи быһыытынан чорбойон биллэрэ. Кини эдэр эрдэҕинэ наһаа номоҕон, ону ааһан кыбыстыамтыа курдук майгылаах буолан, ардыгар элбэх киһилээх митиннэргэ уона мунньахтарга тыл этэртэн туттунар буолара. Киниэхэ мэлдьи даҕаны саҥарарынааҕар суруйара чэпчэки курдуга. Ол эрээри, партияҕа наадалаах түгэн тирээтэҕинэ, кини үчүгэй пропагандист эрэ буолбакка, ону ааһан төлөннөөх агитатор этэ, ыччат ортотугар, ол курдук куорат уонна улуустар саха сэлиэнньэлэрин ортолоругар большевистскай партия идеяларын көмүскээн тыл этитэлиирэ» (В.С.Синеглазова илиинэн суруйбут ахтыыларыттан).
И.Н.Бараахап Саха сиригэр Советскай былааһы олохтуур иһин охсуһааччылар маҥнайгы кэккэлэригэр сылдьыбыта. Кини атын большевиктары кытта бииргэ Якутскай куорат үлэһит маассатын ортотугар пропагандистскай үлэни ыыппыта, кинилэри үлэһиттэр былаастарын иһин охсуһууга бэлэмнээбитэ, рабочай депутаттар Советтарын тэрийиигэ активнай кыттыыны ылбыта. Итини тэҥэ таб.Бараахап кэнникинэн контреволюционнай характердаммыт «Обществоҕа куттал суох буолуутун Якутскайдааҕы Комитетын» (ЯКОБ) итиэннэ уҥа эсердар уонна тойоттор баһылыыр «Саха уобаластааҕы Советтарын» буржуазнай политикаларын саралыы тардара.
Таб.Бараахап Улуу Октябрьскай социалистическай революция кыайбытын туһунан сураҕы сүҥкэн үөрүүнэн ылыммыта уонна Саха сиригэр буржуйдар былаастарын самнарыы норуот маассаларын түмэ тардыыга өссө ордук эрчимнээхтик үлэни ыыппытынан барбыта.
1918 сыллаахха кулун тутарга, рабочай депутаттар Советтарын исполкомун уонна Советскай былаас иһин атын активнай охсуһааччылары хаайталааһын кэнниттэн, көҥүлгэ хаалбыт коммунистары кытта бииргэ таб.Бараахап кистэлэҥ балаһыанньаҕа киирбитэ уонна бэйэтин революционнай үлэтин салҕаан ыыппыта.
Большевиктар эсердэри уонна меньшевиктары – сөбүлэһиэхситтэри кытта эйэлэспэт охсуһууну ыыппыттара, үлэһит маассалары бэйэлэрин диэки тардыбыттара, кинилэри өстөһүүлээх «Уобаластааҕы Совет» утары сэбилэниилээх өрө турууга бэлэмнээбиттэрэ, куорат рабочайдарын уонна сулууспалаахтарын забастовкаларын салайбыттара, сэбилэниилээх этэрээттэри тэрийбиттэрэ.
Итинник күүрээннээх үлэни ыыта-ыыта, Исидор Никифорович улуустарга, уокуруктарга баар большевиктары – Советскай былааһы быһаччы тэрийээччилэри кытта быстыспат сибээһи тутара, тыа сирдэригэр олохтоох балаһыанньаны билсиһэрэ, кинилэри кытта суругунан сүбэлэһэрэ. Кини, Якутскайга сылдьан, киин бэчээт балачча түргэнник ылар буолан, бэйэтин тыа сирдэригэр барбыт табаарыстарыгар литературанан көмөлөһөрө.
Таб.Бараахап семинарияҕа бииргэ үөрэммит, «Эдэр социал-демократ» куруһуокка кыттыбыт, Бүлүү уокуругар Советскай былааһы тэрийиигэ үлэлиир бэйэтин табаарыһыгар, биллиилээх большвикка С.М.Аржаковка «Правда», «Социал-демократ» хаһыаттары ыыталыыра.
Якутскай подпольщиктарын бойобуой дружиналарын активнай кыттыыларынан А.С.Рыдзинскай командирдаах Иркутскайтан ыытыллыбыт этэрээт контрреволюционнай күүстэрин урусхаллааһынын түмүгэр 1918 сыллаах от ыйын 1 күнүгэр Якутскай куоракка Советскай былаас олохтоммута. Рабочайдар депутаттарын Советын хаайыыттан босхоломмут исполкома бэйэтин үлэтин саҥалыы сөргүппүтэ. Сити күн рабочайдар депутаттарын Советын исполкома Советскай былаас органнарын – комиссардарын тэрийбитэ, Народнай Комиссардары анаталаабыта. И.Н.Барахов Совдеп исполкомун Дьыалаларын управляющайынан анаммыта («Бараахап личнэй листога», ССКП Саха уобластааҕы комитетын партархива фона-2, опиһын №2, ед.хр№7).
Аҕыйах хонон баран рабочайдар депутаттарын Якутскайдааҕы Советын исполкомун уурааҕынан И.Н.Бараахап Советскай былааһы тэрийиигэ боломуочунай быһыытынан Бүлүү уокуругар ыытыллар, кини онно экспедиционнай этэрээти баһылаан барар. Борокуокка олорон этэрээт Бүлүү куоратыгар от ыйын 20 күнүгэр тиийэн кэлбитэ. Бүлүүгэ ити кэмҥэ баар С.М.Аржаков уонна кини Бүлүүтээҕи доҕотторо бааллара. С.М.Аржакову кытта бииргэ таб.Бараахап Бүлүү нэһилиэктэригэр уонна волостарыгар Советтары тэрийиигэ уонна кинилэр илиилэригэр былааһы биэриигэ чопчу дьаһаллары ылаттаабыта. Боломуочунай И.Бараахап, олохтоох комиссар С.Аржаков инициативаларынан уонна салалталарынан Бүлүү куоратын атыыһыттарыгар уонна бөдөҥ чиновниктарыгар 200 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх, ол иһигэр Н.А.Расторгуев атыыһыкка 100 тыһыынча солкуобайдаах, байыаннай контрибуцияны түһэрэр туһунан эбэһээтэлинэй уураах таһаарыллыбыта. Онтон салгыы байыаннай контрибуция улуустар баайдарыгар, атыыһыттарыгар эмиэ түһэриллибитэ (ССКП Саха уобаластааҕы комитетын партархива, ф.184,оп.1,дь.№22, л.72). Буржазия представителлэрин былаастара быһыллыбыта. Бүлүүтээҕи казак командатын саата-саадаҕа былдьаныллыбыта.
Таб.Бараахап уонна кинини кытта кэлбит табаарыстар куорат уонна улуустар үлэһиттэригэр Коммунистическай партия итиэннэ Советскай былаас сыалларын уонна соруктарын өйдөппүттэрэ, бэйэлэрин урукку көлөһүннээччилэрин кыта охсуһууга үлэһит маассаны өрө көтөхпүттэрэ. Ити курдк Исидор Никифорович Якутскайга Советскай былаас кыайбытын туһунан бэйэтин төрөөбүт сиригэр Бүлүү түҥкэтэх тайҕатыгар үөрүүлээх сонуну аҕалбыта уонна, кинини кытта бииргэ кэлбит, сүнньүнэн нуучча рабочайдарыттан састааптаах этэрээт көмөтүнэн, ол курдук олохтоох большевиктарга тирэҕирэн, Советскай былааһы олохтообута.
Онтон экспедиционнай этэрээт Бүлүү өрүһүн өксөйөн Ньурбаҕа барбыта. Ол гынан баран суолга истэхтэринэ, Сибирь контрреволюцията өрө туран, 35 хонукка олохтоно сылдьан баран, Якутскайга Советскай былаас самныбытын туһунан түрбүөннээх иһитиннэрии ылыллыбыта. Колчак адмирал хааннаах диктатурата Саха сирин сабардаан барбыта.
И.Бараахап этэрээтэ Бүлүү үөһээ баһыгар тиийэ өксөйөргө уонна Енисей диэки тиийэн Сибирь партизаннарыгар холбоһорго санаммыта, ол гынан баран ити былаан табыгаһа суох буолан тахсыбыта уонна Бараахап бэйэтин этэрээтин кытта Бүлүү куоратыгар төннүбүтэ, онтон кэлин эвакуацияланан иһэр Якутскайдааҕы совдепка холбоспута. Итиннэ Дальнай Востокка тобулу көтөн тиийэп сыалынан Якутскайга төннөргө диэн уураах ылыллар. Совдеп састааба уонна Советскай былаас иһин активнай охсуһааччылар бөлөхтөрө оҥочолорго олорон, күчүмэҕэй суолунан Бүлүү өрүһүн таҥнары устубуттара.
Ол иһэн балаҕан ыйын саҥатыгар этэрээт сорҕото Бүлүү төрдүгэр борохуотунан иһэр үрүҥ гвардеецтар улахан этэрээттэригэр эмискэччи кэтиллэ түспүтэ уонна утарсыы, куота сатааһын кэнниттэн плеҥҥэ түбэспитэ. Бараахап табаарыстарын кытта Якутскай түрмэтигэр тириэрдиллэр уонна онно алтынньы саҥатыгар хаайыылаахтар улахан бөлөхтөрүн, Советскай былаас активнай деятеллэрин кытта кытаанахтык хомбуойданыллан Иркутскай күбүөрүнэтигэр ыытыллар.
Түрмэ да, сыылка да кытаанах туруктаах большевик халбаҥнаабат дьулуурун тоһуппатахтара. Исидор Никифорович, сыылкаҕа сылдьан, бастанн Иркутскай уеһын Ясачная диэн дэриэбинэтигэр учууталлаабыта, ону кытта сэргэ улахан революционнай үлэни кистэлэҥинэн ыыта сылдьыбыта. Таб.Бараахап 1919 сыллаахха Иркутскай аттыгар Ушаковскай диэн сиргэ Колчагы утары охсуһар, пропандистскай үлэни тэрийэр большевиктар улахан бөлөхтөрүн баһылаабыта уонна кистэлэҥ тэрилтэни тэрийбитэ. Колчак былааһын сүгүн олордубатах И.Бараахабы ити сыл сайыныгар колчаковскай контрразведка сонордоон булбута. Таб.Бараахап хаайыллыбыта.
Олохтоох большевистскай тэрилтэ салалтатынан өрө күүрэн тахсыбыт рабочайдар, саллааттар уонна урукку фронтовиктар восстаниеларын түмүгэр 1919 сыллаахха ахсынньы 15 күнүгэр Саха сиригэр Советскай былаас бүтэһиктээхтик кыайбыта. Былаас кэнникинэн губревкомҥа уларытан тэриллибит Якутскайдааҕы байыаннай-революционнай штаб илиитигэр киирбитэ.
Сыылкаҕа сылдьыбыт уонна түрмэҕэ сыппыт Саха сирин атын большевиктарын кытта бииргэ, Колчак былааһын суулларбыт кыайыылаах Кыһал Армиянан босхолонон баран, таб.Бараахап Якутскайга 1920 сыл сааһыгар эрэ төннөн кэлэр кыахтаммыта.
Төрөөбүт сиригэр тиийэн кэлээтин 1920 сыллаахха бэс ыйыгар И.Н.Барахов РК(б)П Саха сиринээҕи Губбюротун секретарынан быыбарданар уонна Колчак былааһын тобохторун эһиигэ, хаһаайыстыбаннай үлэни оннун-туойун булларыыга уонна Саха сиригэр культурнай революция төрүт акылааттарын уурууга Саха сиринээҕи партийнай тэрилтэни бүтүннүүтүн кытта бииргэ киэҥ далааһыннаах үлэни ыытан барар.
Исидор Никифорович Бараахап Саха сиринээҕи партийнай тэрилтэттэн делегат быһыытынан 1921 сыллаахха кулун тутарга РК(б)П X съеһин үлэтигэр кыттыыны ылар. В.И.Ленин дакылаатынан съезд саҥа экономическай политиканы (НЭП) ылыммыта. Съезтэн төннөн кэлээтин таб.Бараахап съезд уураахтарын олоххо киллэрии дьыалатыгар, чуолаан саха бааһынай аймаҕын ортотугар үлэни тупсарыыга бэйэтин элбэх күүһүн биэрэр. Ону тэҥэ национальнай боппуруоска партия соруктарын туһунан боппуруоһу көрбүт X съезд уураахтарыгар сөп түбэһиннэрэн, И.Н.Барахов оскуолалары уонна учреждениелары сахатытар, Саха сиригэр автономияны биэрэр тустарынан боппуруостары көтөҕөр, национальнай кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ уонна да атын дьаһаллары олоххо киллэриигэ улахан үлэни ыытар. Нэһилиэнньэни кылаастарынан арыҥалааһын политикатын ыытыыга токурутуулары кытта таб.Бараахап утумнаахтык охсуһар, сорох табаарыстар наһаа “хаҥастыйар” алҕастарын көннөрүүгэ туруктаахтык көмөлөһөр. Оттон наһаа “хаҥастыыр” алҕаһы көннөрүү саха үлэһит маассаларын партия тула түмүүгэ көмөлөспүтэ.
Саха уобалаһа автономнай республика бырааптарын ылыытыгар И.Н.Бараахап улахан үтүөлээх. Автономия боппуруоһугар Саха сиринээҕи партийнай тэрилтэ иһигэр уһун мөккүөр барбыта. Саха сиринээҕи Губбюро сорох салайааччылара советскай автономияны тэрийдэххэ эрэ кытыы сирдэргэ олорор үлэһит маассаларга Советскай былаас ордук өйдөнүллэр, чугас уонна хаан-уруу буолуохтааҕын кыайан өйдөөбөт этилэр. Ону кытта сэргэ советскай автономия туһунан боппуруос буржуазнай автономияны уонна Саха сирэ РСФСР-тан букатын арахсарын модьуйар буржуазнай националистарынан бутуйаллара. Кинилэр дьиҥинэн Саха сирэ империалистическай государстволар колонияларынан буолалларыгар дьулуһаллара.
Бу боппуруоска М.К.Аммосовы, С.М.Аржакову, П.А.Ойуунускайы кытта бииргэ таб.Бараахап дьиҥнээх ленинскэй позицияны тутуспута уонна Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республикатын тэрийиини маҥнайгы көҕүлээччинэн буолбута.
Өссө 1921 сыллаахха муус устарга тт.Бараахап, Ойуунускай, Агеев РКП X съеһин уурааҕар уонна РСФСР үлэһиттэрин бырааптарын декларациятыгар олоҕуран, РКП Киин Комитетын Сибирдээҕи бюротугар Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республикатын тэрийии туһунан балаһыанньа бырайыагын түһэрбиттэрэ. Ол кэмтэн ыла Саха уобалаһыгар автономия туһунан боппуруос Наркомнайка, Бүтүн Союзтааҕы Киин Ситэриилээх Комитетка уонна партия Киин Комитетыгар дьүүллэһиигэ сылдьар боппуруоһунан буолбута.
Саха сирин үлэһит маассаларын уонна большевиктарын дьулуурдарын толорон, В.И.Ленин ыйыытынан, Бүтүн Союзтааҕы Киин Ситэриилээх Комитет уурааҕынан 1922 сыллаахха Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республиката тэриллибитэ.
Онтон салгыы И.Н.Бараахап гражданскай сэрии сылларыгар Советскай Саха сирин салайар партийнай уонна советскай постарыгар – РК(б)П Саха уобаластааҕы бюротун секретарынан, Ревком председателинэн, онтон кэлин Саха АССР Народнай Комиссардарын Советын Председателинэн үлэлии олорон-1921-1922 сыллардаахха буржуазнай националистар үрүҥ гвардейскай баандаларын уонна 1922-1923 сыллардаахха Пепеляев генерал үөрдэрин урусхаллааһын дьыалатыгар сүҥкэн оруолу толорбута. Хаһаайыстыбаны бөҕөргөтүүнү кытта сэргэ, кини Саха сиригэр Советскай былааска быһаччы суоһаабыт үрүҥ гвардеецтар сэбилэниилээх бууннаһыннарын суох оҥорууну бэлэмнээһиҥҥэ уонна кинилэри урусхаллааһыҥҥа Саха сирин большевиктарын кытта бииргэ үлэһит маассалар күүстэрин түмэ тардыыга, Кыһыд Армия этэрээттэрин тэрийиигэ бэйэтин харыстамат үлэни ыыппыта.
Бандитизм самнар дьылҕатын ыйан туран, И.Н.Бараахап бу курдук суруйбута: “Үлэһит саха норуота, Россия пролетариатын уонна быстар дьадаҥы бааһынай аймаҕын илиилэриттэн бэйэтин национальнай босхолонуутун ылан туран, Советскай былаас принциптэрин ситэри толкуйдаахтык өйдөөн туран, бэйэтин үлэһит былааһын халбаҥа суох туруулаһан көмүскүөҕэ, дьэ ол иһин кинини бандитизм ханнык да хаадьыната кини талан ылбыт суолуттан туоратыа суоҕа” (“Ленский коммунар” хаһыат, 1922 с.,№24).
Итини тэҥэ таб.Бараахап илиитигэр саа-саадах тутан, байыаннай комиссар быһыытынан үрүҥ баандалары эһии эппиэттээх учаастактарыгар барыталаан сылдьара. 1922 сыл сайыныгар Бүлүү уокуругун бары улуустарын бандьыыттартан ыраастааһыны, экспедиционнай этэрээт байыаннай комиссарын быһыытынан сылдьан, И.Н.Бараахап быһаччы салайбыта.
1922 сыл саҥатыгар Верхоянскайы ылбыт бандьыыттар баандалара ити сыл сааһыгар Бүлүү диэки сыҕарыйбыттара, Верхоянскай диэки өттүттэн Мастааҕы ааһан, Кэбээйи диэки өттүттэн Орто Бүлүү улууһун ааһан, кулун тутар бүтүүтүгэр бандьыыттар Бүлүү куоратыгар саба түспүттэрэ, куораты төгүрүйбүттэрэ. Сааһы быһа уонна сайын ортотугар диэри үрүҥ баандалар куораты көмүскээччилэри хаста да бэринэргэ модьуйбуттара уонна, аккааһы ылан баран, элбэх атаакалары оҥортообуттара. Өстөөхтөр өлөрүллүбүтүнэн элбэх күүһү сүтэрэннэр, өмүтүннэрэн ылар кыахтарыттан тахсаннар, чугуйан бараннар, куораты үс ыйтан ордук бириэмэҕэ (101 хонукка) осадаҕа олордубуттара уонна сотору-сотору ытыалааһыҥҥа түбэһинэрэллэрэ.
Куораты көмүскүүр кыһыл партизаннар уонна олохтоохтор, осадаҕа түбэһэн, ас-үөл саппааһа баранан, күчүмэҕэй усулуобуйаҕа киирэн иһэр күннэригэр, байыаннай комиссар таб.Бараахап баһылааһынынан Строд Иван Яковлевич командирдаах Якутскай куораттан ыытыллыбыт экспедиционнай этэрээт борокуокка олорон от ыйын 8 күнүгэр Бүлүү куоратыгар тиийэн кэлбитэ. Этэрээт борокуот чугаһаан иһэрин эрдэттэн билбит уона куотарга бэлэмнэммит үрүҥ баанда кыһыл этэрээт маҥнайгы ытыытыттан ыла куорат осадатын төлөрүппүтэ, бандьыытар үрүө-тараа куоппуттара.
Эрчимнээхтик уонна түргэн тэтиминэн куоракка бэрээдэги олохтоон, бастакы уочараттаах дьаһаллары ылан баран, кыһыл этэрээт Үөһээ-Бүлүү, Ньурба улуустарынан таарыйталаан, Сунтаарга тиийэ Бүлүүнү өксөйбүтэ уонна Сунтаарга тиийэн атырдьах ыйын ортотугар олохтоох буржуазнай националистар баандаларын урусхаллаабыта.
Ити курдук, 1922 сыллаахха балаҕан ыйын саҥатын эргин, сир ахсын барытыгар кэриэтэ хааннаах үрүҥ баандалар бүтэһиктээхтик эһиллибиттэрэ.
1922 сыллаахха балаҕан ыйыгар И.Н.Бараахап Саха АССР Народнай Комиссардарын Советын Председателинэн анаммыта. Итинник хайы-үйэ саха биллиилээх большевиктарыттан биирдэстэринэн буолбут, 24 саастаах Исидор Никифорович Бараахабы партия Саха автономнай республикатын правительствотын баһылыгын үрдүк поһугар өрө таһаарбыта.
1922 сыллаахха ахсынньыга Советтар Бүтүн Саха сиринээҕи маҥнайгы учредительнэй съезтэрэ аһыллыбыта. Съезд республика үрдүкү органын – Саха сиринээҕи Киин Ситэриилээх Комитетын быыбардаабыта. ССКСК (ЯЦИК) 1923 сыллааҕы тохсунньу 21 күнүгэр буолбут маҥнайгы сессията И.Н.Бараахабы хатылаан Саха АССР Народнай Комиссардарын Советын Председателинэн уонна итини тэҥэ ССКСК Президиумун чилиэнинэн быыбардаабыта.
Үрүҥ баандалар өрө турууларын эһии кэнниттэн Бүлүү уокуругуттан төннөн кэлээтин, Совнарком председателин поһугар олорон, РК(б)П обкомун секретара М.К.Аммосовы, ССКСК Президиумун председателэ П.А.Ойуунускайы кытта бииргэ, Саха сиринээҕи партийнай тэрилтэни салайан туран, таб.Бараахап эйэлээх хаһаайыстыбаннай уонна культурнай тутууну сэргэ, саҥа кутталга – Пепеляев баандатыгар харданы биэриигэ бэлэмнэниини тэрийбитэ.
РК(б)П губбюротун ыйыытынан балаҕан ыйын 13 күнүгэр Саха АССР Совнаркомун уонна Ревкомун холбоһуктаах мунньахтарыгар Пепеляева баандата саба түспүтүн туһунан боппуруос туруоруллубута. Мунньах сорох кыттыылаахтара (С.Донской I, А.Широких) “нэһилиэнньэ ортотугар уолуйууну үөскэтиэ” диэн матыыптаан, Пепеляев Айааҥҥа киирэн кэлбитин туһунан иһитиннэриини нэһилиэнньэттэн кистииргэ эппиттэрэ.
Ол эрээри мунньах кыттыылаахтарын баһыйар үгүстэрэитинник этии Пепеляев баандатын урусхаллааһыҥҥа республика үлэһиттэрин түмэ тардыыны тоҕуон сөптөөх диэн быһаарбыттара. Совнарком уонна Ревком мунньахтара, маҥнайгы этиини киэр охсон туран, маннык ис номохтоох уурааҕы таһаарбыта: «кинилэри, бандьыыттар итиэннэ нуучча атын дойду контрреволюциятын көкөттөрүн быһыытынан көрөн туран, Саха сиригэр каппелевецтар өтөн киириилэрин утары саамай быһаарыылах дьаһаллары ыларыгар байыаннай командованиеҕа соруйарга»… («Автономная Якутия» хаһыат, 1922 сыл, №3).
Ити кэнниттэн 1923 сыл адьас сааһыгар диэри партия обкомун пленумугар, Совнарком уонна Ревком мунньахтарыгар пепеляевецтары тиһэҕэр тиийэ урусхаллааһын, онуоха нэһилиэнньэни түмэ тардыы, доброволецтар этэрээттэрин тэрийии, куораты көмүскээһин, политическай үлэни тэнитии боппуруостара хаста да дьүүллэһиллибиттэрэ, саҥаттан саҥа быһаарыылаах дьаһаллар ылыллыбыттара.
Партия салалтатынан Саха сиригэр Советскай былаас иһин охсуһууга буспут-хаппыт опыттаах большевиктар тэрийэр үлэлэрин, кинилэр уобаластааҕы партийнай тэрилтэни, республика үлэһит маассаларын түмэ тардыыларын түмүгэр японскай-американскай империалистар агеннара Пепеляев геневрал авантюрата 1923 сыл сааһыгар толору суох оҥоһуллубута.
Республика үлэһиттэрэ эйэлээх тутууга киирбиттэрэ. Народнай Комиссардар Советтарын баһылаан олорон, уобаластааҕы партийнай тэрилтэ салалтатынан, Саха сирин хаһаайыстыбатын уонна культуратын өрө көтөҕүүгэ таб.Бараахапулахан үлэни оҥорбута, онуоха сүҥкэн улахан көмөнү РСФСР правительствота, нуучча рабочай кылааһа оҥороллоро. Республика экономикатын сайыннарыы, төрдүттэн кубулутан тэрийии саҥаттан-саҥа боппуруостарын миэстэтигэр туруорууну уонна быһаарыыны кытта сэргэ, Саха сирин делегациятын баһылыгын быһыытынан баран, таб.Бараахап РСФСР правительствотын иннигэр кэккэ боппуруостары туруорара.
Оччотооҕуга Советскай правительство уонна нуучча норуотун Саха сиригэр махталлаах көмөлөрүн туһунан И.Н.Бараахап бу курдук суруйар:
«… Федерация былааһын үрдүкү органнарынан: Бүтүн союзтааҕы Киин Ситэриилээх Комитетынан, Народнай Комиссардар Советтарынан итиэннэ РСФСР Үлэҕэ уонна оборонаҕа Советынан сирэйдээн, Россия үлэһит маассалара Саха сиригэр, кин оҥорумтуолаах күүстэрин чөлүгэр түһэриигэ бөдөҥ көмөнү оҥордулар уонна оҥороллор. Бэйэтэ даҕаны наһаа күчүмэҕэй усулуобуйаларга баастарын бытааннык оһорунар советскай Россия… биһиги Сахабыт сирин курдук, букатын ыраах кытыы сирдэри умнубатын ити быһыы-майгы ордук-хоһу тыла суох дакаастыыр уонна онон Россия рабочайдарын уонна бааһынайдарынкытта бырааттыы союзтаһыынан итиэннэ бииргэ үлэлээһининэн уонна кинилэр салалталарынан эрэ Саха сирэ бэйэтин атаҕар туруоҕа» («Автономное строительство» сурунаал, 1923 сыл, №2, 6 стр.)
Таб.Бараахап Алдан көмүһү хостуур промышленноһын тэрийии боппуруоһунан элбэхтик дьарыктаммыта, билигин аатырбыт кыраай сир аннынааҕы баайын туһаныы, суолун-ииһин тупсарыы тустарынан, туһулаан Усть-Кутка диэри тимир суол салаатын, Якутскайтан Амурдааҕы тимир суолга тиийэ шоссейнай суолу тутар, Ленаҕа өрүс пароходствотын тэрийэр уо.д.а. тустарынан боппуруостары дьаныйан туруорара. Ити соруктары түргэнник олоххо киллэрэ наадалааҕын дакаастаан туран, И.Н.Бараахап бу курдук суруйбута: «Саха сирин иһигэр сөҥөн сытар промышленнай уо.д.а.кыахтар сүүнэлэр. …Саха республиката хаһан да буолбатах экономическай өрө көтөҕүллүү суолунан иннин диэки эрчимнээхтик барыаҕа» («Жизнь национальностей» сурунаал, 1923 сыл, 5-с кинигэтэ, 70 стр.). Билигин биһиги улахан экономическай билиилээх, эрчимнээх уонна инициативалаах салайааччы таб.Бараахап өссө отуттан тахса сыл анараа өттүгэр партия ыйыыларыгар сөп түбэһиннэрэн туруорбут актуальнай соруктара олоххо киириитин, социалистическай Саха сирин экономиката уонна культурата дохсуннук үүнүүтүн туоһутунан буолабыт.
Партия Киин Комитета 1924 сыллаахха таб.Бараахабы Москваҕа Коммунистическай Академия иһинээҕи марксизм курсугар ыыппыта. Кини ол курсу бүтэрээтин, 1926 сыллаах бэс ыйыгар, БСК(б)П Саха уобаластааҕы комитетын секретарынан быыбарданар. Партия Саха уобаластааҕы комитетын секретара буолан олорон таб.Бараахап 1927 сыллаахха ахсынньыга Саха уобаластааҕы партийнай тэрилтэттэн делегат быһыытынан БСК(б)П XVсъеһин үлэтигэр кыттыбыта.
Коммунистическай партия уһулуччулаах деятеллэрин, В.И.Ленин учениктарын уонна саамай чугас соратниктарын Ем.Ярославскай, Серго Орджоникидзе революционнай куруһуоктарыгар аан бастаан кыттыаҕыттан ыла бэйэтин олоҕун бүтэһик күннэригэр тиийэ И.Н.Бараахап үгүс өттүлээх үлэтин бүтүннүүтэ биһиги партиябыт ленинскэй генеральнай линиятын туруулаһан көмүскээһиҥҥэ, бэйэтин хаан-уруу норуотун чэчирии сайдыытыгар, кини улуу нуучча норуотун кытта бырааттыы доҕордоһуутун бөҕөргөтүүгэ туһаайыллыбыта.
Таб.Бараахап бөдөҥ тэрийээччи, төлөннөөх пропагандист уонна агитатор эрэ буолбакка, кини кистэлэҥ революционнай куруһуок членинэн сылдьан большевистскай листовкалары тарҕатыыга кыттыбыт күннэриттэн ыла бөдөҥ журналист быһыытынан биллэр. Кини Саха сиригэр большевистскай бэчээт аан бастаан күөрэйиэҕиттэн ыла хаһыаттарга, сурунаалларга практическай өттүнэн дьоһуннаах уонна теоретическай өттүнэн актуальнай боппуруостарга даҕаны пропагандистскай ыстатыйалары элбэхтик суруйара, ону тэҥэ киин бэчээккэ, холобурга, «Жизнь национальностей» сурунаалга, эмиэ суруйара. Итилэри тэҥэ таб.Бараахап «Саха сирэ уонна Советскай былаас» диэн брошюра авторынан буолар («И.Н.Бараахап личнэй дьыалата», ССКП Саха уобаластааҕы комитетын партархива, ф.14, оп.1).
И.Н.Бараахап бириэмэтигэр сөп түбэһэр олох бары событиеларын мэлдьи түргэнник сэҥээрэрэ. Кини оччотооҕуга ыытыллар партия иһинээҕи бары мөккүөрдэргэ ленинскэй позицияны кытаанахтык туруулаһан көмүскүүрэ, партия кэккэлэрэ ыраас буоларын иһин уонна ол курдук оччотооҕуга сорох салайар үлэһиттэр «хаҥастыйар» тенденцияларын утары эйэлэһиитэ суох охсуһара.
Бэйэтин бокуойа суох практическай тэрийэр үлэтин кытта сэргэ таб.Бараахап кылгас болдьохтоох партийнай уонна советскай курстарга лекциялары ааҕара, үлэһиттэр мунньахтарыгар дакылааттары оҥороро. Итинник, республика салайааччыларыттан биирдэстэринэн буолан олорон, кини Саха сиригэр Коммунистическай партия политикатын утумнаахтык олоххо киллэрииигэ бэйэтин күүһүн бүтүннүүтүн биэрэрэ.
БСК(б)П Киин Комитета анаан ыытыытынан 1928 сыллаахха таб.Бараахап Кыһыл профессура институтугар үөрэнэ киирбитэ, ону 1933 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Ити кэнниттэн 1938 сыллаахха олунньуга сокуоннайа суох хаайыллыар диэри, Киин Комитет аппаратыгар эппиэттээх үлэҕэ сылдьыбыта.
Бу партия биллиилээх кадрдарын уонна Саха республикатын бөдөҥ деятеллэриттэн биирдэстэрэ революционнай сокуоннаһы толоостук кэһиилээр сиэртибэлэрэ буолан самныбыта. Ити норуот дьиҥнээх өстөөхтөрүн сытыган үлэлэрин уонна оччотооҕуга күүрэн тахсыбыт личноска сүгүрүйүү түмүгүнэн буолбута. Билигин биһиги партиябыт Киин Комитекка ис партийнай олох ленинскэй нормаларын саҥа күүһүнэн олоххо киллэриитин түмүгэр кини өлөн баран, ол сокуоннайа суох дьүүллээһинтэн тобус-толору босхолонно.
Исидор Никифоровиһы кытта бииргэ үлэлээн сылдьыбыт табаарыстара кинини киэҥ-куоҥ билиилээх-көрүүлээх уонна улазхан тэрийэр дьоҕурдаах, олус номоҕон, принципиальнай уонна курустаал курдук ыраас большевик быһыытынан характеристикалыыллар. Кини теоретическай билиилээх, үрдүк культуралаах киһи этэ, марксизм-ленинизм классиктарын айымньыларын дириҥник үөрэтэрэ уонна олору активнайдык пропагандалыыра. Саха боростуой бааһынайын уола Бараахап партия Киин Комитетын эппиэттээх үлэһитигэр тиийэ өрө таһаарыллыбыта, ону тэҥэ ССР Союзтарын Киин Ситэриилээх Комитетын чилиэнинэн быыбардана сылдьыбыта.
Исидор Никифрович Бараахап Коммунистическай партия итэҕэллээх уола, РК(б)П Саха сиринээҕи маҥнайгы парткомун секретара этэ. Кини Саха сиригэр кистэлэҥ революционнай үлэ, Советскай былааһы олохтооһун, гражданскай сэрии, итиэннэ социализмы тутуу төрүт этабын бары ыар күчүмэҕэйдэрин бэйэлэрин санныларыгар сүгэн ааспыт маҥнайгы саха большевиктарын ааттаах фалангаларыгар киирсэр.
Г.Чиряев, С.Базаров
«Коммунизм суолунан», №89 (1100)
1957 с. алтынньы 29 күнэ.