ЮРИЙ НИКОЛАЕВИЧ ПРОКОПЬЕВ ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮГЭ

Е. А. Афанасьев, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ,

Россия журналистарын Союһун чилиэнэ.

Юрий Николаевич улууспут киинигэр Ханча атах диэн ааттанар, бөһүөлэк хотугулуу-арҕаа өттүгэр оҕо сааһа ааспыта. Дьоно Николай Прокопьев, ийэтэ Марина уоллара Юра балтараа саастааҕар Ньурба Чуукаарыттан кэлэн олохсуйбуттара. Ийэлээх аҕата үтүө-мааны майгылаах дьоһун дьон этилэр. Аҕата бухгалтер идэлээҕэ.

Оччолорго да бухгалтердар сыанабылга сылдьалларыгар эбии Николай Васильевич киһитинэн дьоҥҥо-сэргэҕэ сыаналанан общественнай олоххо активнайынан Үөһээ Бүлүүгэ быһа этиллибэт мааны-үтүө киһи этэ.

Ийэлэрэ Марина ураты ис-киирбэх сэбэрэлээх, киһиэхэ барытыгар истиҥ-эйэҕэс сыһыаннаах, оҕолоругар ураты амараҕа, аламаҕайа. Оччотооҕу сэрии сылларынааҕы аас-аччык, куһаҕан таҥастаах оҕолор кинилэр чэбэр оҕолорунаан табаарыстаһан тиийдэхтэринэ ийэлэрэ туох баарынан-суоҕунан күндүлүүрэ. Кинилэргэ киирбит оҕолор төһө да оройдор сонно тута боччумура түспүккэ дылы буолаллара. Кыра Юрий кинилэри баһааттаан сайын лапталыыра, өрүскэ сөтүөлүүрэ, кыһынын хайыһардыыллара, хаҥкылыыллара. Сороҕор сэриилэһэ оонньоон хаар муус буолан Прокопьевтарга киирдэхтэринэ ийэлэрэ ириэрэн, сылаас чэй иһэрдэн абырыыра.

Юрий уонна балта Тамара үөрэхтэригэр өрүү бастыҥ буолан хайҕалга сылдьаллара. Хаартыскалара Бочуот дуоскатыгар баар буолара. Оннук үөрэнэ сылдьан оскуолабыт ситэтэ суох орто оскуола буолан Юрий Прокопьев уонна кини үөлээннээхтэрэ Якутскайдаабыттара. Онно Якутскайга аатырбыт 2 №- дээх оскуолатын бүтэрэн кэлбитэ. Ол кэлэн, оччотооҕу оҕолор үгэстэринэн үлэ булан үлэлээн барбыта. Кини улуус киинигэр үлэ булбатаҕа. Онон Кэнтик нэһилиэгэр ааҕар балаҕаҥҥа уонна ол иһинэн аҕыйах ыскаапка баар кинигэлэри дьоҥҥо уларсар библиотекарь диэн дуоһунастаммыта.

Сэрии кэминээҕи айгыраабыт норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэрии үлэтин-хамнаһын күүрээннээх күннэрэ, сыллара этилэр. Онон үөрэхтээх соҕустар уонна культураҕа үөрэххэ сыһыаннаах үлэһиттэр күннэри-түүннэри кэриэтэ үлэлииллэрэ. Күнүһүн колхоз араас үлэтигэр колхозтаахтартан хаалсыбакка үлэлииллэрэ. Оччолорго Кэнтиккэ Васька кытай оҕуруотугар хортуоппуйтан чесногар дылы араас культуралар үрдүк үүнүүлэрэ ылыллаллара. Ону биһиги усулуобуйабытыгар сыралаах үлэнэн ситиһиллэрэ. Киэһэтин үөрэхтээхтэр үксүн ыалларынан кэриэтэ сылдьан агитационнай- маассабай үлэлэри ыыталлара. Онно комсомолец Юрий Прокопьев агитатордары саҥа сонуннарынан сэбилиирэ. Дьоннор кини өрүү үлэҕэ сылдьан сибиэһэй сонуннары хантан билэ охсорун билиҥҥээҥҥэ диэри кырдьаҕастар сөҕөн-махтайан кэпсииллэр.

Сэрии үлэ ветерана  Ефрем Иванович Бороҥнуурап кырдьаҕас:

– Бэрт буолуох, оччоттон үөлээннээхтэриттэн чорбоччу турара. Көр, мин партия райкомугар пропаганда отделыгар үлэлии сылдьан, Кэнтиккэ биир күн кинини батыһа сылдьан билбит сонун нуомастарбынан уҥуоргу нэһилиэктэр дьоннорун балачча бириэмэҕэ сэргэхсиппитим. Онтум киһим салгын радиотынан түүнүн истэрин кэпсиир эбит,- диэн ахтар.

Кэнтик улуус кииниттэн 8 километрдаах. Ону, наар сатыы сылдьан үлэлээн иһэн күһүн Якутскайга үөрэххэ барбыт сураҕырбыта. Онтон аҕыйах сыл буолаат институтун кыһыл дипломунан бүтэрэн кэлэн, бастаан үөрэммит оскуолатыгар нуучча тылыгар учууталлаабыта, онтон райкомол I секретарынан талыллыбыта.

“Чэчир” литературнай айар түмсүү. Ю. Н. Прокопьев үөһэ эрээккэ хаҥастан иккис. Олороллор хаҥастан: саха норуодунай бэйиэтэ Семен Руфов, ортоку саха норуодунай суруйааччыта Николай Якутскай, саха норуодунай бэйиэтэ Петр Тобуруокап

Кимиэхэ баҕарар эдэр сааһынааҕы үтүөҕэ-кэрэҕэ көҕүлээбит күннэрэ-сыллара сааһыран олорон санаатаҕына ордук күндүтүйэллэр эбит. Биһиги – ол 1956-60 сылларга Юрий Прокопьев оройуоҥҥа ыччат, комсомол лидеринэн үлэлээбит сылларыгар общественнай өйбүт-санаабыт дьоҥҥо туһалааҕы оҥорорго, олох инники диэки хайдах үлэлээтэххэ түргэнник барҕарыан сөптөөҕөр, күнүскү күүстээх үлэ кэнниттэн киэһэ, түүн кытта сүбэлэһэрбит, үлэ дьоно культурнайдык сынньаналларыгар оройуон киинигэр эрэ буолбакка, ыраах нэһилиэктэргэ аһаҕас массыынаҕа олорон Сургуулугунан, Маҥааһынан, Кырыкыйынан сылдьан лекция ааҕарбыт, концерт оҥорорбут. Ол сылларга институттары, университеттары бүтэрбит – эдэркээн нуучча кыргыттара, уолаттара оскуолаларга, медицинскэй тэрилтэлэргэ кэлэн үлэлииллэр. Ама ким умнуой Владимир Петрович Останин курдук лэгиттэр талааннаах, ыччаты бэйэтин тула магнит курдук тардар хирург врач үлэлээн ааспытын. Останин сабыдыалынан биһиги музыка алыбыгар ылларбыппыт”,- диэн кэпсэтэр буолаллара биллэр мелодистар Георгий Никифоров, Николай Бойлохов, Трофим Семенов. “Күн тааһа” сюиталара республика фестивалыгар бастаан ЫБСЛКС райкомун секретара Ю.Н.Прокопьев, В.П.Останин ЫБСЛКС КК Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыттара.

Үөһээ Бүлүүгэ 50-60 сыллар чахчыта да тахсыылаах үлэлээх- хамнастаах сыллар этилэр. Партия райкомугар иккис секретарынан эдэркээн, күөгэйэр күнүгэр сылдьар Гаврил Иосифович Чиряев иккис секретарь этэ. Ол сыллартан олоҕун тиһэх кэмигэр дылы Үөһээ Бүлүүнэн, Якутскайынан биир өйүнэн-санаанан Юрий Прокопьевтыын үлэлээбиттэрэ, олорбуттара. Кинилэр аан бастаан үөскэппит идеялара этэ – “Оскуола-производство-үрдүк үөрэх” диэн. Эмиэ кинилэртэн саҕаламмыта кырдьаҕас кадрдары эдэрдэринэн солбуйуу. Ону бастакынан ЫБСЛКС Үөһээ Бүлүүтээҕи комитетын аппаратын үлэһиттэрэ тутуспутунан хаалыылаах Хороҕо “Максим Горькай”, Өргүөккэ Энгельс ааггарынан колхозтарга председателлэринэн, биригэдьиирдэринэн үлэлии тахсыбыттара.

Орто оскуола кэнниттэн производствоҕа үлэлээн баран үрдүк үөрэхтэнэн республикаҕа биллэр производствр салайааччылара, интеллигенция чулуу представителлэрэ буолбуттар да аҕыйаҕа суохтар. Соҕотох Үөһээ Бүлүүттэн ол хамсааһыны саҕалаабыттартан Дмитрий Ноттосов министр солбуйааччыта, Николай Дмитриев, Платон Львов, Константин Щадрин совхозтар директордара, Василий Титов, Николай Герасимов биллиилээх журналистар, суруйааччылар буола үүммүттэрэ.

Хаҥастан П. И. Докторов, П. П. Одорусов, И. Д. Семенов, Ю. Н. Прокопьев, Г. А. Степанов

Юрий Николаевич Прокопьевы ССКП уобаластааҕы комитета бастаан ЫБСЛКС Саха уобаластааҕы комитетыгар, онтон партия обкомугар пропаганда отделыгар үлэлэппитэ. Онно бэйэтин партийнай үлэҕэ ураты дьоҕурунан аппараат уонна республика партийнай активын үрдүк итэҕэллэрин ылан бастаан ССКП Якутскай куораттааҕы комитетын онтон ССКП обкомун бастакы секретарынан талыллан ССКП киин комитетын чилиэнигэр тиийэ үүммүтэ. ССРС Верховнай Советыгар түөрт төгүл, Саха республикатын Верховнай Советыгар алта төгүл депутатынан быыбарданан республикаҕа киэҥ биһирэбили, норуот тапталын ылбыта. Юрий Николаевич Сахатын республиката барҕара сайдарыгар, кыаҕырарыгар элбэх сыратын биэрбит, ол туһугар үгүстүк туруорсубут, туруорсубутун үксүн олоххо киллэртэрбит, республика билиммит, саха норуота дьиҥ чахчы таптаабыт партийнай-государственнай деятелэ

2000 с.