Главная / Библионовости / Киин бибилэтиэкэҕэ “Сахалыы дьыктаан” ыытылынна

Киин бибилэтиэкэҕэ “Сахалыы дьыктаан” ыытылынна

«Сахалыы дьыктаан» аахсыйа ыытыллыбыта быйыл номнуо 11 сыла.
Дьыктаан ыытыллар сыала-соруга: саха тыла киэҥ эйгэҕэ — билимҥэ, култуураҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, дьыала-куолу тылыгар, үлэ араас салааларыгар, тэрилтэлэргэ туттуллар, сайдыбыт истииллэрдээх, олоҕурбут нуормалаах судаарыстыба тыла буолар. Таба суруйуу литэрэтиирэ, сурук-бичик тылын нуорматын биир суолталаах салаата.
Бу тэрээһин оскуола оҕотуттан саҕалаан улахан дьоҥҥо тиийэ табатык суруйууну уонна төрөөбүт төрүт тыл кыһалҕаларыгар уопсастыба араас араҥатын болҕомтотун тардар сыаллаах ыытыллар.
Барыта холбоон 23 киһи кыттыыны ылла, быйылгы дьыктаан тиэкиһэ буойун – суруйааччыта Тимофей Сметанин «Кыайбыттар ыһыахтара” сэһэниттэн 206 тыллаах тиэкис.
Дьыктааны аахта РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, учууталлар учууталлара, СР үөрэҕириитин туйгуна, Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Светлана Трофимовна Слюгрова.

“Сахалыы дьыктаан” аахсыйа түмүгэ.
Үчүгэй суруксуттар:
Сайыына Филиппова
Терентьева Каролина
Кардашевская Екатерина
Бастыҥ суруксуттар:
Марианна Каташева
Ивана Кухотова
Алена Васильева
Елена Григорьева
Люлия Дярикова
Александра Акимова
Сардаана Егорова
Рая Кухотова
Бастыҥтан бастыҥ суруксуттар:
Мичээрэ Лазарева
Сандаара Буртахова
Эдуард Гаврильев
Зария Мойтохонова
Наталья Иванова.
Кыайыылаахтар Добун суругу киин библиотекаттан кэлэн ылаҕыт.

Саха тылын чөл хаалларарга уонна сайыннарарга туһаайыллыбыт тэрээһиҥҥэ көхтөөх кыттыыны ылбыт дьоммутугар-сэргэбитигэр махтанабыт.