Главная / Библионовости / Олунньу 20 күнүгэр Марфа (Муся) Георгиевна Потапова-Габышева төрөөбүтэ 125 сааһа

Олунньу 20 күнүгэр Марфа (Муся) Георгиевна Потапова-Габышева төрөөбүтэ 125 сааһа

Марфа Потапова 1900 с. олунньу 20 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ атыыһыт Е. Потапов дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Бүлүү начаалынай училищетын үөрэнэн бүтэрбитэ. Салгыы Дьокуускай гимназиятыгар үөрэнэн, олоҕор наадалаах билиини, сатабылы ылбыта. Маны сэргэ Е. Ярославскай, С. Орджоникидзе, Г. Петровскай “Эдэр социал-демократ” диэн политическай куруһуоктарыгар үөрэммитэ, политика араас боппуруостарыгар өйө-санаата чопчуламмыта, олоҕун суолун быһаарыммыта.

Марфа Георгиевна 1920 сылтан Ленин партиятын чилиэнэ уонна 60 сыл устата коммунист быһыытынан партийнай сорудахтары чиэһинэйдик толорбута. Уһун сылларга сэбиэскэй-партийнай аппараакка үлэлээбитэ. Кини Колчак Саха сиригэр, ол иһигэр Бүлүү уокуругар бүрүүкээбит былааһын утары кистэлэҥ үлэни ыыппыта. Хаайыыга сытар коммунистарга почтаны таһынан литературанан, аһынан, таҥаһынан көмөлөспүтэ. Ол үлэтин билэн үрүҥнэр кэтээн көрүүлэригэр түбэспитэ. Марфа Георгиевна онтон чаҕыйбатаҕа, Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы олохтооһуҥҥа, комсомолу уонна дьахтар хамсааһынын тэрийиигэ бастакы кэккэҕэ сылдьыбыта. Марфа Георгиевна Бүлүү куоратын оборонатын актыыбынай кыттыылааҕа, балтын Марияны, быраатын Серафимы кытта куораты үс ыйдаах бандьыыттар төгүрүктээһиннэриттэн босхолуур үлэни ыытыспыттара.

Марфа Георгиевна Бүтүн Саха сиринээҕи Сэбиэттэр I, II, IV, V съезтэрин делегата. Саха АССР КСК (ЦИК) И. Н. Бараховы кытта чилиэнинэн талыллан, Саха АССР экономиката, культурата сайдыытыгар дьоһуннаах түмүктэрдээх, былааннаах үлэни ыытыспыта. Кэргэнэ А. Г. Габышев хаайыллыбытын кэннэ, Марфа Георгиевна уһуннук, сорунуулаахтык А. Г. Габышев буруйа суоҕун дакаастыыр үҥсүү, утарсыы суруктары араас инстанцияларга суруйбута. А. Г. Габышев реабилитацияламмыта.

М. Потапова ортоку турар

Марфа Георгиевна олус дойдумсах этэ. Хаста да Үөһээ Бүлүүгэ дьүөгэлэрин А. А. Черепанова-Барахованы, Д. С. Жиркованы кытта, соҕотоҕун да кэлэрэ. Оччолорго баар кырдьаҕастары, дьону кытта көрсөрө, ыччаты кытта көрсөн кэпсэтэрин сөбүлүүрэ. Ыччакка кэс тылын этэрэ: үөрэниҥ, чиэһинэйдик олоруҥ, үлэлээҥ, оҕолоргутун олох үчүгэй да, ыарахан да кэмнэригэр чаҕыйбат, сатаан үлэлиир, олорор дьон буолалларыгар кыһаллыҥ диирэ.

М. Потапова уонна А. А. Черепанова-Барахова аймахтарын кытта Өлөн Күөлүгэр, Үөһээ Бүлүү

Үлэ, тыыл бэтэрээнэ Ульяна Тимофеева 2015 сыл от ыйын 3 күнүгэр “Үөһээ Бүлүү” хаһыакка таһаартарбыт ыстатыйатыттан кылгатыллан киллэрилиннэ

М. Г. Потапова-Габышева туһунан кинигэлэр