
Новгород уобалаһыгар Старай Русса оройуонугар баар Ильмень күөлгэ 1943 с. олунньу 23 күнүгэр сарсыарда хайыһарынан килэҥ мууһунан киирбит 19-с туспа хайыһар биригээдэтигэр 593 саха саллаата кыттыбыта биллэр. Эдэр, чэгиэн өттүлэрин 20-25 саастаахтары 19, 20, 21, 22 уонна 43 туспа хайыһар биригээдэлэригэр киллэрэн алта ыйы быһа сэрии кытаанах үөрэҕэр үөрэппиттэрэ. 19-с туспа хайыһар биригээдэтигэр хабыллыбыт уолаттарбыт бүтүн Уральскай байыаннай уокурукка ытыыга, хайыһарга бастакы кэккэҕэ сылдьыбыттара.
Ильмень алта көс усталаах, түөрт көс туоралаах, ортотугар арыылаах күөл дэнэр эрээри, тыа дьонун хараҕар “муора” этэ. 1943 сыл олунньу 22 күнүн түүнүгэр күөлү хайыһарынан туораан, өстөөх ылан олорор дэриэбинэлэрин босхолооһун бирикээһэ ааҕыллыбыта. Түүн түөрт көстөөх, ханан да хаара суох килэҥ муус үрдүнэн хайыһарынан айаннаабыттара. Сарсыарда 5 чаас саҕана икки дэриэбинэ эрбии тииһин курдук кырылаан көстүбүтэ. Санааларыгар халлаан түргэнник да сырдаабыта, сылайыы да буолбута. Муус устун, ханан да хаххата суох сэрииһиттэр оборонаҕа кэтэһэн сытар өстөөххө кимэн киирэн испиттэрэ.
Эмискэ күөлү туорааһын балачча чугаһаабытын кэннэ, өстөөх күүстээх уоту аспыта, эбиитин тутатына фашистар 25-32 ахсааннаах самолета алларанан көтө сылдьан пулеметунан ытыалаан, бомбалаан биэрбитэ. Муус күөрэ-лаҥкы түһэн сиҥнибитэ, тостубута, өлүү-сүтүү, ыһыы-хаһыы, муус аннынан барыы алдьархайа чыпчылыйыах түгэнигэр буолбута. Ордубуттар сорох тохтоон туран, сытан хаалбыта, сорох куттанан уолуйан төттөрү сүүрбүтэ, сорох иннин диэки күүскэ түһүнэн кэбиспитэ. Төттөрү чугуйар, саһар сир да суоҕа. Өстөөх икки самолетун суулларан күөл анныгар түһэрбиттэрэ.
Бирикээһи толорор сыалтан ордубут дьон өстөөх буулдьатын ардаҕын ортотунан күөл сыырын өрө сүүрэн тахсан хабыр атаакаҕа киирбиттэрэ уонна Ретли, Устрики дэриэбинэни босхолообуттара.
Салгыы 19-с туспа хайыһар биригээдэтэ олунньу 25 күнүгэр үс улахан дэриэбинэни босхолообута. Взвод дэриэбинэни босхолооһуҥҥа икки күннээх түүн өлөр-тиллэр киирсиитэ буолбута. Өстөөх 200 саллаатын өлөрбүттэрэ, 38 офицерын уонна саллаатын билиэн ылбыттара.
Олунньу 27 күнүттэн кулун тутар 2 күнүгэр диэри Балашусай дэриэбинэни икки өттүттэн элбэх сүтүктээх босхолообуттара. Ити гынан, аҕыйах күн иһигэр 19-с туспа хайыһар биригээдэтиттэн баара эрэ 300 киһи хаалбыта. Ити хаалбыт хорсуттар бирикээһи толорон кулун тутар 5 күнүн сарсыардатыгар Учно дэриэбинэни босхолообуттара. Өстөөх күүһэ түмүллэн элбэх буойун манна охтубута.
Кулун тутар 10 күнүгэр 1943 сыл 19-с туспа хайыһар биригээдэтэ уурайан ордубут саллааттар атын байыаннай чаастарга тарҕатыллыбыттара. Сэриигэ киирэллэригэр 19-с туспа хайыһар биригээдэтигэр 1712 нуучча, 597 саха, 253 украинец, 95 татаар, 66 белорус уонна 200 араас омук уолаттара киирбиттэрэ, ол аата барыта 2933 саллаат биригээдэҕэ баара. Үксэ Саха сириттэн барбыт омук дьоно уонна ити этиллибит саха дьоно этилэр.
Үөһээ Бүлүүбүт оройуонуттан Ильмень күөлүн мууһугар хаалбыт хорсун-хоодуот буойуттара:
- Алексеев Петр Максимович, Нам
- Анисимов Николай Иванович, Боотулуу
- Варфоломеев Роман Сергеевич, Ороһу
- Гаврильев Андрей Николаевич, Сургуулук
- Дмитриев Иев Васильевич, Хоро
- Дмитриев Степан Николаевич, Туобуйа
- Долгунов Афанасий Васильевич, Сургуулук
- Егоров Алексей Никифорович, Үөдүгэй
- Ефимов Филипп Гаврильевич, Балаҕаннаах
- Иванов Капитон Иванович, Дүллүкү
- Иванов Николай Прокопьевич, Дүллүкү
- Ильин Владимир Семенович, Нам
- Каменев Петр Егорович, Боотулуу
- Максимов Степан Данилович, Боотулуу
- Малахаев Роман Лаврентьевич, Ороһу
- Мачахов Леонтий Спиридонович, Кэнтик
- Николаев Андрей Васильевич
- Николаев Гаврил Иванович, Ороһу
- Николаев Ефим Петрович
- Николаев Петр Николаевич, Балаҕаннаах
- Осипов Семен Михайлович, Тамалакаан
- Петров Сидор Иннокентьевич
- Саввинов Лука Алексеевич, Ороһу
- Семенов Егор Данилович, Мэйик
- Семенов Егор Павлович, Кырыкый
- Семенов Константин Иванович, Сургуулук
- Семенов Никифор Спиридонович, Кэнтик
- Семенов Петр Гаврилович (Гаврильевич), Сургуулук
- Степанов Василий Степанович, Сургуулук
- Семенов Семен Дмитриевич, Кырыкый
- Тимофеев Лука Герасимович, Мэйик
- Тимофеев Увар Васильевич
- Тобуков Евгений Михайлович, Хоро
- Уйгуров Михаил Иванович, Сургуулук
- Федоров Петр Романович, Хомустаах
- Черепанов Данил Григорьевич
- Черастаев Данил Дмитриевич
- Яковлев Григорий Сергеевич, Кырыкый
- Степанов Дмитрий Михайлович, Туобуйа
- Лазарев Гаврил Васильевич, Нам
Старай Русса оройуонун устун айаннааһыҥҥа 19-с туспа хайыһар биригээдэтиттэн 19 киһи ыран, ыалдьан өлбүт, о.и. биһиги оройуоммутуттан:
- Захаров Лазарь Иванович, 1915 с.т.
- Иванов Константин Дмитриевич, 1920 с.т.
- Кардашевскай Назар Ильич, 1924 с.т., Балаҕаннаах
Госпитальга киирэн ыалдьан10 саллаат өлбүт, о.и. биир дойдулаахпыт:
- Васильев Василий Васильевич, Оҥхой
1943 сыл олунньу 23 күнүгэр буолбут алдьархайга төһөлөөх киһи, ол иһигэр сахалар муус анныгар барбыттара буолуой?!
Ситэ чуолкайдамматах испииһэгинэн бааһыран, инбэлиит буолан, биитэр Кыайыы кэннэ өлбөккө, сулууспалаан баран дойдуларыгар эргиллибит Ильмень күөл кыргыһыытын геройдарыттан – 80 киһиттэн Үөһээ Бүлүү оройуонугар маннык дьон эргиллибиттэрэ:
- Гаврильев Матвей Семенович, Нам
- Евдокимов Прокопий Лазаревич, Оҥхой
- Степанов Николай Сергеевич, Туобуйа
- Долгунов Семен Данилович, Боотулуу
- Ильин Иван Николаевич
- Майоров Сергей Иванович, Мэйик
- Петров Семен Иванович, Үөһээ Бүлүү
- Таныков Семен Игнатьевич, Ороһу
- Шологонов Дмитрий Иннокентьевич, Туобуйа
- Долгунов Егор Николаевич, Боотулуу
Н. А. Струкин-Дьулусхан
“Үөһээ Бүлүү” хаһыат, 2014 с., алтынньы 14 күнэ, 3-с сирэй
Ильмень күөлгэ кыргыһыыга сырдык тыыннарын толук уурбут уонна Ильмень күөлгэ кыргыһыыга кыттыбыт, Аҕа дойду сэриититтэн тыыннаах эргиллэн кэлбит буойуннар





























Ильмень күөлгэ кыргыһыы туһунан кинигэлэр



