
Күн-дьыл, олох устан ааһан иһэр. Олоххо сорох дьоннор, бэйэлэрин кэмнэригэр бар-дьон иннигэр оҥорбут үтүөлэрэ сүтүөхтээҕэр, умнуллуохтааҕар ордук чаҕылхайдык өйгө-санааҕа тиллэн, үрдээн булгунньах буолан көстөллөр. Кинилэр өйдүүр өйдөрө, саныыр санаалара бэйэлэрин олорбут кэмнэрин аһара көтөн, инники диэки тардар күүстээҕин үгүс дьоннор оччотооҕуга кыайан өйдөөбөтөхтөрө. Кэлин кэм-кэрдии ааһан, кинилэр көрүүлэрэ тиллэн кэллэ.
Саха сиригэр колхоһу тэрилтэ-хаһаайыстыба өттүнэн бөҕөргөтүүгэ салайыы саҥа ньыматын— рыногы киллэрбит новатор быһыытынан кини үтүө аата дьон өйүгэр-санаатыгар махталлаахтык оннук күүскэ иҥмитэ, хаалбыта.
Республика бөдөҥ хаһаайыстыбаннай салайааччыта, колхознай тутуу деятелэ, урукку «Чолбон» колхоз председателэ, Ленин орденнаах Алексей Семенович үтүө аата историяҕа кыһыл көмүс буукубанан суруллан хаалара чуолкай буолла.
Егоров Алексей Семенович Аҕа дойду сэриитэ саҕаланарын саҕана, 1941 с. «Чолбон» колхоз салалтата сатарыйбыт кэмигэр, онуоха эбии колхозтан үлэни кыайар дьоно армияҕа уонна үлэ фронугар баран мөлтөөн олордоҕуна, колхоһу салайа тахсыбыта.
Кини колхозка тахсыан иннинэ, 1935 сыллаахха Ньурбатааҕы трактористар түөрт ыйдаах курстарын бүтэрбитэ. Кини Үөһээ Бүлүү улууһугар маҥнайгынан трактор уруулугар олорбута. Ити сыл дойду үрдүнэн тарҕаммыт стахановскай хамсааһыҥҥа кыттан эдэр эрчимнээх, инициативалаах Алексей Егоров тракторынан сир оҥоһуутугар стахановскай ньыманан үрдүк үүнүүнү көрдөрүүнү ситиһэн улаханнык аатырар. Кини Саха АССР Верховнай Советын депутатынан талыллыбыта.
«Чолбон» колхозка үлэлии тахсыаҕыттан баай опытын, өйүн-санаатын күүһүн-күдэҕин бүтүннүү колхоһу салайыыга анаабыта.
Колхоз диэн улахан ыал курдук диэн толкуйдуура кини. Аҕа баһылыга председатель хайдах үлэлиириттэн колхозтаахтар материальнай олохторо тутулуктанарын үчүгэйдик, кытаанахтык өйдөөн, салалта сүнньүн таба тутара. Маҥнай үлэнэн үбү-харчыны эргитэн киллэрэр сорук туруоруллара. Кини “Чолбон” колхозка биһиги билигин 8 сыл устатыгар мунар-тэнэр, мунаарар, чугуҥнуур, өссө хаһан да олоҕун булуо биллибэт рынокпыт систематын сүрүн элеменнэрин, олоххо, колхоз усулуобуйатыгар сатабыллаахтык туттубута. Колхозтаахтар өйөбүллэрин, тирэхтэрин ылан, кинилэри кытта бииргэ үлэлиир суолун тобулбута. Дьыл араас ыарахан сылларыгар оҕустарбакка эрэ уопсай дохуокка тастан хайдах гынан, тугу оҥордоххо үбү-харчыны тардан колхозтаахтарын хааччыйарга сүрүн сорук туруорунан үлэлиирэ. Кини хара үлэттэн үүммүт буолан, колхозтаахтары кытта тапсан сэһэргэһэрэ, колхоз аарыма ытык кырдьаҕастара санааларын таптарар буолан, председатели тулалыыллара. Родионов Михаил, Родионов Савва, Родионов Николай, Иванов Василий (Бочоох), Васильев Матвей (Батакай), Гаврильев Степан (Тоҥсоо), Егоров Афанасий (Таакаа), Далыгыров Афанасий, Семенов Павел, Ильин Анисим, Ильин Акыым, Мухоплев Петр, Ильин Иван, Григорьев Евсей, Адамов Уйбаан, Адамов Куприян, Слюгров Уйбаан, Ильин Егор (Хара Дьөгүөр), Туручуокап Николай, Семенов Семен (Сэтэннээх Сэмэнэ), Мегежекскэй Николай, Алексеев Лазарь, Константинов Игнатий, Романов Семен, Егоров Иван, Егоров Иннокентий, Николаев Филипп, Лазарев Угар уо.д.а. бэйэлэрин истиҥ сүбэлэринэн көмөлөһөллөрө. Кинилэр истэр-билэр дьонноро Бүлүү сүнньүн аатырбыт атыыһыттара— Ньурба улууһугар Боһуут, Бүлүүгэ Расторгуев, Үөһээ Бүлүүгэ Потапов, Бытыакап курдук киэҥник биллэр атыыһыттар атыылыыр ньымалара болҕомтону тардара. Кинилэр, хайдах айаны тэрийэллэрэ, төһө киэҥ сибээстээхтэрэ, төһө агеннаахтара болҕомтону, интэриэһи үөскэтэрэ. Колхоз үүнээйиттэн, сүөһүттэн киирэр бородууксуйаны дохуоттан ордорунан төһө кыалларынан, сатанарынан Алданынан, Дьокуускайынан, Өлүөхүмэнэн эргиэни тэрийэрэ. Этин-үүтүн, арыытын, балыгын, табаҕын харчыга туруортарара. Колхоз тас эргиэнин боппуруостарынан дьарыктанар, уопуттаах, үөрүйэхтээх, идэтийбит, сытыы-хотуу, киириилээх-тахсыылаах, үчүгэй имигэс тыллаах-өстөөх, ылгын уолаттарынан Ильин Григорий (Кириисэ), Иванов Степан (Талахаччыйа), Егоров Афанасий (Таакаа), Николаев Григорий (Ньылатыы) буолаллара. Кинилэр сырыыны кыайан-хотон, эргитэн-урбатан кэлэллэрэ. Кинилэр хастыы да атынан Алдаҥҥа, Дьокуускайга, Өлүөхүмэҕэ бэдэрээт көтөҕөллөрө.
Сир барахсан киһи эрэйин-көлөһүнүн төлүүр диэн сир үлэтигэр сүрүн болҕомтотун уурара. Ол иһин колхоһугар сир үлэтин билэр олохтоох специалиһы сүүмэрдээн, миэхэ тоһоҕолоон туруорбута: «Иккиэн бииргэ үлэлээн көрүөх»,— диэбитэ. Саха киһитэ сайын тиритэ-хорута үлэлээтэҕинэ үптээх-астаах буолар диирэ. Онон сайын аайы колхозка туох баар киһи кырдьаҕастыын-эдэрдиин, оҕолуун-уруулуун, үүнээйи көрүүтүгэр-истиитигэр, хомуурга үлэлииллэрэ.
«Чолбон» колхоз сиэмэ хаһаайыстыбата буолан үүннэрбит бурдуга сиэмэттэн уонна дохуоттан ордуга государствоҕа туттарыллара. Бөдөҥ хаачыстыбалаах сиэмэ оҥорон туттарарга элбэхтик үлэлэнэрэ, үрдүк хаачыстыбалаах сиэмэ үрдүк харчыга баран дохуот үрдүүрэ.
Сиэмэ уонна киһи сиир бурдугун уҥуоргу колхозтарга окко, сүөһү аһылыгар атыылыыллара. Хардарыта ночоото суох атастаһаллара. А.С. Егоров кэлэн үлэлиэҕиттэн колхозтаахтар колхозка үлэлээбит эрэйдэрэ тиллэр буолан, активнайдык үлэлииллэрэ. Бурдугу, оҕуруот аһын, эти-арыыны, үбү-харчыны, ким төһө элбэхтик үлэлээбитинэн аахсаллара. Холобур, колхозтаахтар сылга маннык дохуоту аахсаллара. Уоттаах сэрии бара турдаҕына 1944 сыллаахха бастыҥ колхозтаах Тэлбиирэп Яков 1610 үлэ күнүгэр 5956 кг бурдугу, 6842 солкуобай харчыны, 1050 кг оҕуруот аһын, 67 кг эти, 45 кг арыыны дохуотугар ылбыта. 1946 сыллаахха 1081 үлэ күнүгэр 2702 солк. харчыны, 1318 кг бурдугу, 540 кг оҕуруот аһын, 13 тонна оту, 75 кг эти, 36 кг арыыны дохуотугар ылбыта. Оттон Бүлтээсэбэ Мария 1946 сылга 1236 үлэ күнүгэр 3095 солк. харчыны, 1550 кг бурдугу, 13 тонна оту, 86 кг эти, 42 кг арыыны ылбыта. Итинник өлгөм дохуоту Бугуулап Терентий, Гаврильев Давыд сылын аайы аахсаллара. Иванов Алексей Иванович 1951 сыллаахха 2737 кг бурдугу, 1500 кг оҕуруот аһын, 38 кг табаҕы, 77 кг арыыны, 95 кг эти, 2600 солк. харчыны аахсыбыта. Урукку 1 тыһ. солк. билиҥҥи 1 мөл. солкуобайга тэҥнэһэринэн суоттаатахха, колхозтаахтар дохуоттара кырата суоҕа.
Сэрии сылларыгар уһун улахан кураан, хаһыҥ буолан республикаҕа уонна Үөһээ Бүлүүгэ аһы кыайан булан аһаабакка сүүһүнэн киһи, сүөһү хоргуйан, сутаан өлбүттэрэ. Ол саҕана дьон, нэһилиэнньэ аччыктаата диэн айахтатан көр эрэ, сууттанан «төбөҥ» барара.
Колхоз председателинэн үлэлиир киһиэхэ улахан кыһалҕа этэ. Үөһэттэн колхозтаахтарга дохуоттарыттан ураты туох да аһы биэримэҥ диэн бобо олороллоро. Холобур, Өргүөт нэһилиэгинээҕи «Кэскил киинэ» колхоз председателэ Захаров Семен Семенович уонча аччыктаан иэдэйбит колхозтаахтарга 5 кг туорах бурдугу түҥэппитин иһин «колхоз аһын-үөлүн ыскайдаата» диэн үҥсүү киирэн 3 сылга хаайыыга барбыта.
Салайар партиябыт, правительствобыт личноска сүгүрүйүүгэ тирэҕирэн, улахан токурутууну таһаарбыттара. Ол Саха сиригэр тутуһуллубута.
Сэрии кураан, сут сылларын саҕана аччыктаан-хоргуйан, өлөр кыһалҕа тирээн, тыын былдьаһыгар, түөрт Бүлүү оройуоннарын нэһилиэнньэтэ ыһыллан, тугу эмэ булан аһаайабыт диэн ыалы кэрийээччи, хаамаайы, бырыдьаага, салааскалаах умнаһыт киһи элбээбитэ. Сураҕырда-сураҕырда бурдуктаах, оҕуруот астаах Нам нэһилиэгинээҕи «Чолбон», «Кыһыл үлэһит» колхозтарга кэлэн өлөртөн өрүһүллүбүт киһи элбэх. Биирдии ыалга аччыктаан ырбыт дьон иккилии-үстүү буолан хоноллоро.
Колхоз салалтатын тутаах үлэтигэр, хайа кыалларынан эдэр дьоннору сүүмэрдээн туруорара. Сылгы ферматын сэбиэдиссэйинэн 20- чэ саастаах Михайлов Нестер Петровиһы, тутуу биригэдьииринэн эмиэ оччотооҕуга эдэр киһини Павлов Спиридон Степановиһы, хонуу биригэдьиирин көмөлөһөөччүлэринэн Егоров Петр Егоровиһы, Иванов Василий Степановиһы, саһыл ферматыгар Иванов Михаил Ивановиһы уо.д.а. кадрдары туруортаабыттара. Бу дьон кэлин уһуннук айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ.
Оччотооҕу «Чолбон» колхозка колхозтаахтарыгар кэтэх хаһаайыстыбалара толору сайдыбыта. Хас колхозтаах хаһаайыстыба ахсын 2-3 ыанар ынах, 40 суотай уһаайба сирдэрэ бааллара. Ыаллар кэтэх хаһаайыстыбаларыгар ыстыбыт бурдуктара хастыы да сыл куруйара.
Билигин эриирдээх-мускуурдаах олоххо кэлэн олорон, уруккуну-хойуккуну кырдьыгынан ырытан, эргитэ саныыр кэм кэллэ.
А.С. Егоров колхозка үлэлиир сылларыгар, 1941-1953 сылларга, бэйэҥ колхозка хайдах үлэлииргинэн аһаан-таҥнан олоруллара.
А.С.Егоров колхозтаахтары аҥардастыы үлэлэтэринэн эрэ муҥурдаммакка, кинилэр доруобуйаларын тупсарарга-туругурдарга кыһанара. Ол курдук 4 хостоох дьиэни булан, ичигэс, сырдык, ыраас гына оҥорон 1945 сыллаахха сынньалаҥ дьиэтин аспыттара. Ону толору үчүгэй хаачыстыбалаах гостиницаҕа курдук оҥорон, 15 хонукка 5- тии киһини сынньатан таһаарар буолбуттара.
Сааскы-кыһыҥҥы кэмҥэ кымыһы, суораты таһынан көбүөрү, үүтү-сүөгэйи, эти, арыыны, алаадьыны, сымыыты, хортуоппуйу сөптөөх кээмэйинэн аһаталлара. Күҥҥэ 4- тэ аһыыллара. Дьон 4-5 килограмҥа тиийэ ыйааһыннара эбиллибитэ.
Сынньалаҥ кэмнэригэр саахыматтыыллара, дуобаттыыллара, хабылык, хаамыска оонньууллара. Оччотооҕу кэминэн гармошкалаахтара, патефоннаахтара. 1945 сыл түмүгүнэн 120 колхозтаах сынньанан олус астыммыттара.
А.С. Егоров Үөһээ Бүлүүгэ аҥардас «Чолбон» колхоһу эрэ сайыннарбыт, аатырдыбыт буолбатах. Кини Үөһээ Бүлүүнү бүтүннүүтүн, Бүлүү бөлөх оройуоннарын сортовой ыһыы сиэмэтин хааччыйбыт үтүмэн улахан өҥөлөөх. Онон Үөһээ Бүлүүнү Саха сирин бүтүннүүтүн үрдүнэн аатырдыбыта.
Өссө ону таһынан ССТА фотокорреспондена Л. Портер манна анаан-минээн кэлэн, «Чолбон» колхоз бурдук үрдүк үүнүүтүн ыларын туһунан фото-матырыйааллары бэлэмнээбитэ. «Чолбон» колхоз үлэтин туһунан «Крестьянка», «Огонек», «Советский Союз» сурунаалларга фотоинформациялар тахсыбыттара.
А.С. Егоров мэтириэтэ ССРС үрдүнэн тарҕанар 1951 сыллааҕы календарга бэчээттэммитэ. Онон саха омугу Советскай Союз, аан дойду үрдүнэн биллэрбит, аатырдыбыт дьонтон биир бастакыларынан А.С. Егоров буолар.
А.С. Егоров бэйэтин харыстаммат үлэтинэн, норуотугар, колхоһугар бэриниитинэн чахчы да үрдүк таһымнаах улуу үлэһит этэ.
Софрон ДОКТОРОВ,
Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
Докторов С.И. Дойдубуттан арахсыбатах киһибин: Ыстатыйалар хомуурунньуктара.— Дьокуускай: Саха государственнай уни-та, 2001.— С. 95-103.