Платонов Михаил Лазаревич

Платонов Михаил Лазаревич 1928 сыллаахха кулун тутар 10 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

1942 сылтан төрөөбүт колхуоһугар араас үлэҕэ үлэлээбитэ. 1954 сыллаахха трактористар курстарын бүтэрэн тракторист идэтин ылбыта. Бастаан МТС-ка, онтон Бүлүүгэ сир оҥоруутугар үлэлээбитэ. 1957 сыллаахха Дүллүкүгэ Ленин аатынан колхозка үлэлээбитэ.

1958 сылтан Исидор Барахов аатынан совхозка үлэлээбитэ. Таһаарыылаах үлэтин иһин 1960 сыллаахха Саха АССР Верховнай Советын президиумун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта, 1968 сыллаахха Саха АССР профсоюһун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. 1969 сылтан коммунистическай үлэ ударнига. 1974 сыллаахха ВЦСПС Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. 1970 сылга В.И. Ленин 100 сааһынан юбилейнай медалынан, 1971 сыллаахха ССРС Верховнай Советын Президиумун муус устар 8 күнүнээҕи Ыйааҕынан «Үлэ Кыһыл Знамята» орденынан, онтон 1973 сыллаахха Ленин орденынан наҕараадаламмыта.

Нам нэһилиэгин музейын архивыттан