Саҥаны, бастыҥы киллэрбитэ

Гаврил Иосифович Чиряев Бүлүү оройуонугар Чочу нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.
Мин кинини кытта 1955 с. саҥатыттан 1958 сылга ССКП обкомугар үлэҕэ барыар диэри бу оройуоҥҥа бииргэ үлэлээбиппит. Мин колхоз председателинэн, онтон тыа хаһаайыстыбатын инспекциятын начальнигынан, райисполком председателин солбуйааччынан. Ити кэм устатыгар ССКП райкомун бюротун чилиэнэ этим.
Гаврил Иосифович үрдүк культуралаах, киэҥ дириҥ билиилээх, улахан принципиальнай ирдэбиллээх киһи этэ.
Гаврил Иосифович күннээҕи, быстах кэмнээх боппуруостары үөрэтэ сылдьар үгэстээҕэ. Ол үөрэтэ сылдьар боппуруостарыгар компетентнай диэбит дьоннорун ыҥыран приемнаан биирдии налыччы дириҥник кэпсэтэрин сөбүлүүрэ, бастаан туруорар боппуруоһун хайысхатын кэпсээн баран эн бу боппуруоска туох мнениелааххын (санаалааххын) үчүгэйдик болҕойон истэрэ. Итинник дьон өйүн-санаатын түмэн баран эрэ түмүк быһаарыы ылара. Эн бу боппуруоска тугу сыыһаргын, тугу табаргын суол-суол быһаартаан биэрэр үгэстээҕэ. Итинэн киһини астыннарара, элбэххэ үөрэтэрэ.
Гаврил Иосифович туһааннаах боппуруостарга үлэһиттэри үксүн ыҥыран кэпсэтэрин сөбүлүүрэ. Онно ыҥырбыт үлэһитин үлэтин-хамнаһын иҥэн-тоҥон ыйыталаһан, инники өттүгэр туох былааннааҕын, ону толорорго туохтан саҕалыаҕын толору истэрэ уонна сүбэни, ыйыыны-кэрдиини оҥороро. Онон киниэхэ сылдьыбыт киһи улахан курсу барбыт курдук буолара. Ити үлэлиир ньымата ордук кадрдары аттаран туруорууга да, кадрдар төһө үрдүк таһымнаахтарын, туохха ордук дьоҕурдаахтарын билэригэр улахан кыаҕы биэрэрэ. Ити да түмүгэр Платонов С.Н., Егоров М.Т., Прокопьев Ю.Н., Николаев Н.С., Долгунов В.С. уо.д.а. курдук рядовой үлэҕэ сылдьар дьоннору партийнай, комсомольскай үлэҕэ өрө таһаарыллыбыттара.
Гаврил Иосифович саҥаны, бастыҥы үчүгэйдик иҥэн-тоҥон үөрэтэрэ уонна ону олоххо киллэрэргэ принципиальнайдык, эрчимнээхтик дьаһалы ыларын сөбүлүүрэ, ол туоһутунан кылгас кэмҥэ да үлэлээтэр олоххо киллэртээбит уонна саҕалаабыт боппуруостара да туоһулууллар. Холобура манныктар:
1. Хас да орто оскуолалар, врачебнай учаастактар аһыллыбыттара.
2. Орто оскуоланы бүтэрээччилэр тутуспутунан колхуостар производстволарыгар үлэҕэ тахсар үгэстэрэ олохтоммута уонна ити оҕолор Далырга, Кэнтиккэ звенонан үлэ кыымнарын сахпыттара.
3. Оройуон кыра колхуостарын холботолоон 8 колхуос оҥоһуллубута, РТС техниката колхуостарга атыыламмыта.
4. Колхуостар фермалара үксэ «Родина» диэн радиоприемниктарынан хааччыллыбыттара. Оччоҕо бу улахан событие этэ.
5. Нэһилиэктэр кииннэригэр радиоточкалар үлэҕэ киллэриллибиттэрэ.
6. Сир оҥоһуутугар, ордук от сирин оҥорууга фрезбарабанынан дулҕа ыраастааһынын үлэтэ саҕаламмыта.
7. Сибиинньэ, кыыл (саһыл) иитиитэ кэҥэтиллибитэ. Колхуостар элбэх отрасллаах хаһаайыстыба буолбуттара.
8. Колхуостар паровой двигателинэн (локомобилинэн) үгүстэрэ электричестволаммыттара.
9. Ньирэйи арааран илиинэн ыаһыҥҥа киириллибитэ, маточнай поголовьены улаатыннарар наадаттан уонна хаһаайыстыбаҕа улахан барыыстааҕынан ынах сүөһүнү сааһыгар, сылгыны убаһатыгар туттуу олоххо киирбитэ. Бу боппуруоска Гаврил Иосифович Мэйик нэһилиэгэр Гольдман А.С. уонна Григорьев (районо сэбиэдиссэйэ) буолан ый аҥаарын кэмҥэ лично тахсан үөрэтэн турар.
10. Сүөһү эдэр сааһыгар туттулларын быһыытынан скороспелай боруоданы үөскэтии соруга турбута. Ол иһин симментальскай тыһаҕастары, тяжеловоз тыйдары соҕурууттан колхуос аайы аҕалыллыбыттара.
11. Тутуу боппуруоһун быһаарар наадаҕа 1958 сылга стройучасток тэриллибитэ.
Үгүс боппуруостартан билэрбин томоонноохторун эрэ бу суруйдум.
Гаврил Иосифович партийнай уураахтары толорбот, партийнай дисциплинаны кэһэр, олох-дьаһах өттүнэн сатарыйар, аргылыыр, чабыланар, бэрдимсийэр дьону олох сөбүлээбэт этэ, ити туһугар кытаанах ирдэбиллээҕэ.
Гаврил Иосифович улахан боппуруостар уураахтарын үксүн бэйэтэ үлэлиир үгэстээҕэ, оттон докладын атын киһиэхэ суруйтарбат буолара.
Гаврил Иосифович кэнники партия Обкомун бастакы секретарынан да олорон биһиги оройуоммут олоҕуттан сибээһин быспатаҕа. Сыл ахсын кэлэн билсэн-көрсөн барара, хас да созывка биһиги оройуонтан Верховнай Совет депутатынан талылла сылдьыбыта, нэһилиэнньэ истиҥ ытыктабылын ылбыта.
Т. П. ОРЛОВ
1986 с., сэтинньи 18 к.