1)Бэлиэтэнии 09:30. – 10:00. (Дмитрий Спиридонович Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүү улууһун гимназията – Марфа Потапова уулусса, 9 дьиэтэ)
2)Сугулаан аһыллыыта 10:00. – 11:00.
– Алгыс – Миронов Трофим Васильевич;
-Олоҥхоттон быһа тардыы, Д.С.Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүү гимназиятын үөрэнээччилэрэ толороллор, салайааччы Семенова Валентина Владимировна;
-Улуус баһылыга Николаев Валерий Валерьевич киирии тыла, эҕэрдэтэ;
-Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин дьокутаата, Н.Г.Золоторев-Николай Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын дириэктэрэ Филиппова Федот Сергеевич;
-Физика уонна матымаатыка билимин дуоктара, өрөспүүбүлүкэ лисиэй интэринээтин дириэктэрэ Шамаев Иван Иванович;
-ХИФУ педагогика уонна психология кафедратын доцена, педагогика билимин хандьыдаата Никифорова Татьяна Ивановна;
-Cунтаар алын сүһүөх оскуолатын дириэктэрэ Еремеев Гаврил Михайлович;
-Бүлүү куоратыттан “Саха сиринээҕи норуот педагогикатын ассоциациятын” бэрэссэдээтэлэ Чиряев Еремей Константинович;
-Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕин салалтатын сүрүн исписэлииһэ Дмитриева Татьяна Михайловна;
-”Айхал Сахам тылыгар!” П.Н. Тобуруокап поэмата, Ю.Н.Прокопьев аатынан Үөһээ Бүлүү орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ ааҕаллар, салайааччы Силигиянова Марта Симоновна.
3)Сугулаан сүрүн мунньаҕа 11:00.-12:50.
-Кынатов Юрий Васильевич, Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин салаатын начальнига “Үөһээ Бүлүүгэ саха тылын үөрэтии туруга”;
Софронова Гульнара Ивановна, мэдисиинэ билимин хандьыдаата, невролог быраас, “Кустук” чөлүгэр түһэрэр киин үлэһитэ “Ийэ тылынан иитии – оҕо мэйиитин үлэтигэр сабыдыала”;
-Харитонова Гульнара Степановна, Үөһээ Бүлүү улууһун Ийэ тыл Сүбэтин Дьаһабылын чилиэнэ, “Улуус уһуйаанын оҕотун сахалыы саҥарар, өйдүүр таһымын чинчийии түмүгэ”;
-Васильева Варвара Васильевна, Үөһээ Бүлүү улууһун Ийэ тыл түмсүүтүн салайааччыта, “Улуус оскуолаҕа үөрэнэр оҕотун сахалыы саҥарар таһымын чинчийии 2023, 2025 сс. тэҥнии тутан ырытыы”;
-Макаров Бурхалей Степанович, Үөһээ Бүлүү улууһун Ийэ тыл Дьаһабылын салайааччыта, “2023 сыллаахха ыытыллыбыт “Омук күүһэ өйүгэр – өйүн күүһэ тылыгар” диэн улуус сугулаанын уураҕын туолуута”;
-Төрдүс оскуола төрөппүтүн кэмитиэтин салайааччыта Яковлева Хотууна Семеновна “Нам улууһугар ыытыллыбыт төрөппүт сугулаана”;
-Ил Дархан Тылы сайыннарар сүбэтин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Тиэрмин хамыыһыйатын кыттыылааҕа, мэдисиинэ билимин хандьыдаата Павлов Николай Николаевич-Халан “Тылы сайыннарар сүбэ уонна тиэримин хамыыһыйатын үлэтэ”;
Сугулаан кыттыылаахтарын бүттүүн хаартыскаҕа түһүүтэ, Аал Луук Мас түһүлгэтэ.
Күнүскү чэй 13:00.-14.00.
Д.С.Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүү улууһун гимназиятын Асханатыгар күнүскү аһылык.
4)Түһүлгэлэринэн үлэ: 14:00.-17:00.
Түһүлгэлэринэн үлэни сэргэ
“Ийэ тылбытын хараанныыбыт!” диэн нэһилиэктэр бырайыактарын көмүскээһиннэрэ 3 этээскэ, 312 хоско саҕаланар.
“Уһуйаан ийэ тылга уһуйар” улуус уһуйааннарын быыстапкатын көрүү 2 этээскэ, успуорт саалыгар саҕаланар.
4.1.Бастакы кэпсэтии – 14:00.-14.50.
Сүрүн этээччигэ 30 мүнүүтэ, онтон ыйытыыларга, кэпсэтиигэ 20 мүнүүтэ.
| Ханна буолара | Салайааччы | Сэһэнньит АААА | Тиэмэтэ |
| 1 түһүлгэ Аал Луук Мас түһүлгэтигэр -нэһилиэк баһылыктара, оскуола дириэктэрдэрэ, уһуйаан салайааччылара | Уларова Анна Михайловна, улуус баһылыгын солбуйааччы | Шамаев Иван Иванович, физика уонна матымаатыка билимин дуоктара, өрөспүүбүлүкэ лисиэй интэринээтин дириэктэрэ | “Тыа сирин бүгүҥҥү кыһалҕата: олохтоох бэйэни салайыныы, оҥорон таһаарыы, төрөөбүт тыл” |
| 2 түһүлгэ 202 хос -уһуйаан сүрүн иитээччилэрэ, алын сүһүөх кылаас үөрэтээччилэрэ | Харитонова Гульнара Степановна, улуус Ийэ тыл Сүбэтин Дьаһабылыттан | Никифорова Татьяна Ивановна, ХИФУ, педагогика уонна психология кафедратын доцена, педагогика билимин хандьыдаата | “Оҕо саҥарар, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы”. |
| 3 түһүлгэ 208 хос – саха тылын үөрэтээччилэрэ, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччылар | Терентьева Галина Васильевна, саха тылын үөрэтээччилэрин М.Х. салайааччыта | Попова Людмила Витальевна, ХИФУ, оскуола иннинээҕи саастаах оҕону үөрэхтээһин кафедратын доцена, педагогика билимин хандьыдаата | “Патриотическай иитиигэ “Үрүйэчээн” бырагыраамма”. |
| 4 түһүлгэ 209 хос -бибилэтиэкэ уонна култуура үлэһиттэрэ | Саввинова Тамара Герасимовна, Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэрин икки ардыларынааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин дириэктэрэ | Яковлева Зоя Ивановна, Дьокуускай куорат “Ситим” куукула тыйаатырын салайааччыта | “Куукула тыйаатыра ийэ тыл сайдарын кэскилэ (“Ситим” куукула тыйаатырын уопутуттан)”. |
| 5 түһүлгэ 210 хос -төрөппүт кэмитиэтин салайааччылара, уопсастыбанньыктар | Степанов Георгий Алексеевич, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыгын сүбэһитэ | 1)Харбалаах 2)Хоро 3)Нам нэһилиэктэрин түмсүүлэрин үлэлэрин туһунан | Маастар кылаастар 20 мүнүүтэ бэриллэр |
4.2.Иккис кэпсэтии – 15:00.-15:50.
Сүрүн этээччигэ 30 мүнүүтэ, онтон ыйытыыларга, кэпсэтиигэ 20 мүнүүтэ.
| Ханна буолара | Салайааччы | АААА | Тиэмэтэ |
| 1 түһүлгэ Аал Луук Мас түһүлгэтигэр -нэһилиэк баһылыктара, оскуола дириэктэрдэрэ, уһуйаан салайааччылара | Уларова Анна Михайловна, улуус баһылыгын солбуйааччы | Шамаев Иван Иванович, физика-матымаатыка билимин дуоктара, өрөспүүбүлүкэ лисиэй-интэринээтин дириэктэрэ | “Тыа сирин бүгүҥҥү кыһалҕата: олохтоох бэйэни салайыныы, оҥорон таһаарыы, төрөөбүт тыл” |
| 2 түһүлгэ 202 хос -уһуйаан сүрүн иитээччилэрэ, алын сүһүөх кылаас үөрэтээччилэрэ | Харитонова Гульнара Степановна, улуус Ийэ тыл Сүбэтин Дьаһабылыттан | Софронова Гульнара Ивановна, мэдисиинэ билимин хандьыдаата, невролог быраас, “Кустук” чөлүгэр түһэрэр киин үлэһитэ | “Оҕо саҥарар, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы”. |
| 3 түһүлгэ 208 хос – саха тылын үөрэтээччилэрэ, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччылар | Терентьева Галина Васильевна, саха тылын үөрэтээччилэрин М.Х. салайааччыта | Дмитриева Татьяна Михайловна, Мэҥэ Хаҥалас үөрэҕин сүрүн исписийэлииһэ | “Ийэбиниин сахалыы ааҕабыт” диэн марафон ыытыллыытын тэрээһинэ”. |
| 4 түһүлгэ 209 хос -бибилэтиэкэ уонна култуура үлэһиттэрэ | Саввинова Тамара Герасимовна, Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэрин икки ардыларынааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин дириэктэрэ | Николаева Тамара Сергеевна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Айсен Сергеевич Николаев күн күбэй ийэтэ | “Оҕону иитиигэ төрөөбүт тыл суолтата” |
| 5 түһүлгэ 210 хос -төрөппүт кэмитиэтин салайааччылара, уопсастыбанньыктар | Степанов Георгий Алексеевич, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыгын сүбэһитэ | -Афанасьева Сардаана Афанассьевна, Сунтаар улууһун “Күөрэгэй” хамсааһынын кыттыылааҕа, -Слепцова Омолло Афанасьевна, Горнай улууһун С.Ковров аатынан Күөрэлээх орто оскуолатын саха тылын учуутала | -“Сунтаар улууһугар”Күөрэгэй” хамсааһын үлэтэ” – 20 мүнүүтэ. -”Аныгы ыччаты, оҕону төрүт тылга куйаар ситимин нөҥүө сыһыарыы – 20 мүнүүтэ. |
4.3.Үһүс кэпсэтии – 16:00.-16.50.
Сүрүн этээччигэ 30 мүнүүтэ, онтон ыйытыыларга, кэпсэтиигэ 20 мүнүүтэ.
| Ханна буолара | Салайааччы | АААА | Тиэмэтэ |
| 1 түһүлгэ Аал Луук Мас түһүлгэтигэр -нэһилиэк баһылыктара, оскуола дириэктэрдэрэ, уһуйаан салайааччылара | Уларова Анна Михайловна, улуус баһылыгын солбуйааччы | Чиряев Еремей Константинович, Бүлүү куората “Саха сиринээҕи норуот педагогикатын ассоциациятын” бэрэссэдээтэлэ | “Ийэ тыл туһалыыр суолларын кэҥэтии” |
| 2 түһүлгэ 202 хос -уһуйаан сүрүн иитээччилэрэ, алын сүһүөх кылаас үөрэтээччилэрэ | Харитонова Гульнара Степановна, улуус Ийэ тыл Сүбэтин Дьаһабылыттан | -Д.С.Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия төрөппүтүн кэмитиэтэ -Павлов Николай Николаевич, Сахалыы Бикипиэдьийэни төрүттээччи, мэдисиинэ билимин хандьыдаата | -“Нам улууһугар ыытыллыбыт төрөппүт сугулаана”-10 мүнүүтэ. -Төлөппүөҥҥэ сахалыы бырагырааммалар” 20 мүнүүтэ. |
| 3 түһүлгэ 208 хос – саха тылын үөрэтээччилэрэ, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччылар | Терентьева Галина Васильевна, саха тылын үөрэтээччилэрин М.Х. салайааччыта | Шамаев Иван Иванович, физика уонна матымаатыка билимин дуоктара, өрөспүүбүлүкэ лисиэй интэринээтин дириэктэрэ | “Тыа сирин бүгүҥҥү кыһалҕата: төрөөбүт тыл” |
| 4 түһүлгэ 209 хос -бибилэтиэкэ уонна култуура үлэһиттэрэ | Саввинова Тамара Герасимовна, Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэрин икки ардыларынааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин дириэктэрэ | Дмитриева Татьяна михайловна, Мэҥэ Хаҥалас үөрэҕин сүрүн исписийэлииһэ | “Ийэбиниин сахалыы ааҕабыт” диэн марафон ыытыллыытын тэрээһинэ”. |
| 5 түһүлгэ 210 хос -төрөппүт кэмитиэтин салайааччылара, уопсастыбанньыктар | Степанов Георгий Алексеевич, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыгын сүбэһитэ | Софронова Гульнара Ивановна, мэдисиинэ билимин хандьыдаата, невролог быраас, “Кустук” чөлүгэр түһэрэр киин үлэһитэ | Маастар кылаас “Оҕо эт-хаан өртүнэн сайдыыта”. |
5)Сугулаан түмэр мунньаҕа. – 17.00.-18.00.
5.1.Быыстапка, бырайыак түмүгэ – 17:00.-17:18.
Быыстапка түмүгэ
Бырайыак түмүгэ;
Бастыҥ бырайыак кэпсээнэ.
5.2.Түмэр этиилэр: 17:20.-18.00.
-Тимофеева Ульяна Терентьевна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕэриитин үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун ытык олохтооҕо, “Төрөөбүт тылы үөрэтии суолтата“;
-Түһүлгэ салайааччылара үлэлэрин туһунан кылгас иһитиннэриилэрэ, уураахха эбии этии киллэриилэрэ.
5.3.Тыл Сүбэтин, Дьаһабылын талыы – 18.00.:18.10.
5.4.Түмүк уураах 18.10.-18.20.
6)Сугулаан бүтүүтэ – 18.20.-18.30.
Оһуохай.