Федотов Дмитрий Яковлевич

Дмитрий Яковлевич Бүлүү улууһун Төҥүргэстээх нэһилиэгэр 1935 с. кулун тутар 15 к. төрөөбүтэ. Үрдүк үөрэхтээх, Советскай Армияҕа сулууспалаан баран 1958-1965 сс. Аллайыаха оройуонугар учууталлаабыта.

Дмитрий Яковлевич 1965 с. Үөһээ Бүлүүгэ кэлэн “Урожай” ДСО оройуоннааҕы Сэбиэтин председателинэн үлэлиир. Бу кэмҥэ партия райкомугар бастакы секретарынан Спартак Егорович Софронов, райсовет председателинэн Марк Трофимович Егоров үлэлииллэрэ. “Урожай” общество уобаластааҕы Сэбиэтин Пленумугар Д. Я. Федотов, Н. П. Корякин этии киллэрэннэр, партия обкомун бюротун уурааҕа тахсан Саха АССР норуоттарын Спартакиадаларыгар национальнай герой Баһылай Манчаары аата иҥэриллэр. 1966 с. Дмитрий Яковлевич этии киллэрэн номоххо киирбит хапсаҕайдьыт Василий Иннокентьевич Степанов – Буучугурас аатынан оройуоҥҥа бастыыр иһин күрэхтэһии тэриллэр уонна тиһигин быспакка сыллатаыытыллан кэллэ. Бу күрэхтэһии Д. Я. Федотов тус үтүөтэ-өҥөтө, ырааҕы өтө көрүүтэ буолар, бу күрэхтэһии тэриллэн хапсаҕай тустуу Үөһээ Бүлүүгэ сайдарыгар сүрдээх улахан суолталаммыта.

Дмитрий Яковлевич оскуола оҕолоругар остуол оонньуутугар хабылыкка, хаамыскаҕа куруһуоктары тэрийэн гимназияҕа,оҕо эстетическэй киинигэр ыытар, аны республика салалтатыгар туруорсан республиканскай күрэхтэһиилэри тэрийтэрэр. Дьокуускай куоракка 1992 с. ахсынньы 20-21 к. буолбут “Өбүгэлэр оонньууларыгар” Үөһээ Бүлүү улууһуттан аҕыс буолан хамаанданан кыттан остуол оонньууларыгар кыайан-хотон кэлбиттэрэ.

Остуол оонньууларыгар СР спордун маастарын аатын 2000 с. Д. Я. Федотов республикаҕа бастакынан ылбыта, хабылыкка, хаамыскаҕа СР абсолютнай чемпионун аатын тоҕус төгүл ылбыта. Дмитрий Яковлевич тыыл уонна педагогическай үлэ ветерана, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах гражданина.

Дмитрий Яковлевич аны оһуохайы сөргүтүүгэ ылсыспыта, улуус оскуолаларын конкурстарыгар оһуохайы тэрийэн ыытары киллэрбитэ. Олохтоох бэчээккэ, телевидениеҕа, радионнан сырдатыыны тэрийбитэ. Дмитрий Яковлевич дэгиттэр спортсмен, спорт 9 көрүҥэр разрядтааҕа. Кини кыраайы үөрэтиинэн, төрүт культуранан дьарыктанара, кэлин хомуйбут, үөрэппит матырыйаалларынан кинигэ таһаарар баҕалааҕа.

Үрдүк категориялаах учуутал быһыытынан Дмитрий Яковлевич Федотов өбүгэ үгэстэригэр үгүс ыччаты үөрэтэн ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, кини оннук дьон-сэргэ өйдөбүлүгэр хаалыаҕа.

Үөһээ Бүлүү – сымсалар, быһыйдар, күүстээхтэр төрүүр төрүт түөлбэлэрэ / [хомуйан оҥордулар: К. И. Мандаров, В. В. Можуков, В. А. Федоров, А. В. Мохчоҕор ; эппиэттээх ред. И. Е. Чыычаахап]. – Дьокуускай : Компания “Дани-Алмас”, 2017. -С. 280-281.