Хайыһар

Илья Дорофеевич Винокуров - Чаҕылҕан

Саха норуотун биир чулуу бэйиэтэ Илья Дорофеевич Винокуров – Чаҕылҕан курдук “күлүм” гынан ааспыт ча5ылхай таланнаах суруйааччы. Кини саамай күөгэйэр кэмигэр, отут аҕыһыгар өлбүтэ. Ол да буоллар, кини сырдык мөссүөнэ уонна күлүмүрдэс күн уотуттан кутуллан оҥоһуллубут курдук, ырыалара-хоһоонноро тыыннаахтар.

1942 сыл саҕаланыытыгар этэ. Оччоҕо 28 саастаах Илья До- рофеевич Винокуров – Чаҕылҕан бары бүттүүн байыаннай үөрэхтээһин подразделениетын байыаһа “Хайыһар” диэн хоһоону суруйбута. Оччотооҕуга подразделение политруга бэйээттэн хайыһар туһунан ырыа буолар хоһоону суруйарыгар көрдөспүт уонна биир күн саньаатыйаттан босхолообут. Онуоха, Илья Дорофеевич политрук көрдөһүүтүн бойобуой бирикээс курдук ылынан суруйбут.

Бэйэтэ этиллибит кэм иһинэн хоһоону суруйан кэбиспит. Хоһоону ааҕан баран бары сөбүлээбиттэр, хайҕаабыттар. Онттон ырыа муусукатын Андрей Филиппович Костин суруйбута. Кини 1893 сылга Липецкой уобаласка төрөөбүт сааһырбыт киһи этэ. Кини 1941 сыллаахха Дьокуускайга кэлэр. Саха тийээтирин вокальнай чааһын сэбиэдиссэйэ хампасыытар Марк Жирковтуун бииргэ үлэлээбитэ.

Хайыһар

Чаҕылҕан тыллара
А. Костин муусуката

Хоту дойду хонноҕунан
Колонналар бардылар,
Хара тыанан, толоонунан
Хайыһардар дайдылар.

Хос ырыата:
Өстөөх ханна саһан сылдьар,
Өстөөх ханна хайыһар, –
Ситиэ онно сытыы буулдьа,
Ситиэ сыыдам хайыһар!

Сибирь улуу буолактара
Силлиэрдилэр иһиирэ,
Туундара тыйыс уолаттара
Туруннулар сэриигэ.

Хос ырыата:

Биллин фашист баһылыга
Биһи чаҕаан күүспүтүн,
Кыайыы сырдык дьаралыга
Биһигини кууспутун.

Хос ырыата: